Киир

Киир

“Отучча сыл т/х-тын сүрүн үлэтэ буолан кэлбит үүт туттарыытын көрдөххө, сыыһа хайысхаҕа киирэн, тыа олоҕун алдьатар, саханы сүөһүтэ суох хаалларар суол буолбут” дии саныыбын. ТХМ сыл аайы сүөһү ахсаана, үүт туттарыыта аҕыйыыр сыыппаратын эриэхэбэйдээн эрийэн, барыта үчүгэй отчуоту оҥороругар былаас, дьокутааттар, нэһилиэнньэ да үөрэнэн, т/х-тын дьиҥнээх кыһалҕатыгар наадыйбат буоллулар.

Тэҥ усулуобуйа тоҕо суоҕуй?

Бу ыстатыйабар билиҥҥи үүт туттарыытын олоҕурбут систиэмэтин тэрийии сыыһатын арыйа сатыам. Дьиҥнээх ырыынак сокуонунан туттарыллар үүт сыанатын атыылаһааччы уйунуохтааҕа туола илик, бүддьүөккэ төлөтөбүт.  Ырыынак кыттыылаахтарыгар тэҥ буолар усулуобуйа суох.

Ынахтаах дьоҥҥо төбөтүн аайы 30-40 тыһ. солк. тэҥҥэ биэрэн баран, үүтү барыларыттан биир сыанаҕа көҥүл туттарар мэхэньиисими оҥорору тоҕо ким да наадалааҕынан аахпатын сөҕөбүн. Ол түмүгэр астыыр тэрилтэлэр киилэ үүтү 15 солкуобайга тута-тута, бүддьүөт суотугар 65 солкуобайы эбии төлөөн, тиэрэ байа олорон, онно эрэ кыһаллыбаттар. 15 солкуобайга туппут үүттэриттэн киилэтэ 1400-1500 солк. сыаналаах арыыны оҥорон, 300 солк. ороскуоттарын 5 төгүл үрдэтэн атыылаан, барыһыра олорон тугу толкуйдуу сатыахтарай?

Аны ынахтан 3-4-5 т үүтү туттарар тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар үүттэрин бэйэҕэ турар ороскуотун кыччатыыга буолбакка, үрдэтиигэ үлэлииллэр. Элбэх үүтү ыырга соччонон элбэх иҥэмтэлээх, сыаналаах аһылык наада. Ону чэбдигирдии бырагырааматыгар киирэн, бүддьүөттэн субсидия ылан улаханнык барыстаналлар! Онон тэрээһиннээхтэр “ороскуоту аччатарга үлэлэһэбит” дииллэрэ киһини итэҕэппэт.

Куорҕаллааһын буолбатах дуо?

Саҥа мэхэньиисим киирбитин тэрээһиннээхтэр уонна астыыр тэрилтэлэр сөбүлээбэтилэр. Тоҕо диэтэххэ, саҥа мэхэньиисим ороскуоттарын аччатар. Оччоҕо харчы хаамыыта уларыйан, бэлэмҥэ олорон сатаан үлэлээбэт,  отчуоту хайдах баҕарар барыстаах өттүгэр оҥоро үөрэммит дьон эстиэхтэрин сөбүн көрө-билэ олордохторо.  Ил Дархан Айсен Николаев элэ-была тыла бараныар диэри тыа дьонун олоҕун таһымын үрдэтиэхтээхпит, үрдүк дохуоттаах буолалларын ситиһиэхтээхпит, ол туһуттан икки суолу тутуһан үлэлиэхтээхпит дии сатаан кэллэ.

Бастакыта, дьон төрүт дьарыкка ылсан бэйэ аһын аһыылларын, төрүт култуураларын, тылларын-өстөрүн харыстыылларын, үтүө үгэстэри утумнуулларын, төрөөбүт алаастарын таптыылларын, ботуруйуоттуу иитиини баралларын туһугар кэтэх сүөһү иитиитин өйүөхтээхпит!

Иккиһэ, аныгы технологиянан үлэлиир, үрдүк оҥорон таһаарыылаах, хамнастаах производстволары, тэрээһиннээх хаһаайыстыбалары тэрийии! Хомойуох иһин, бырабыыталыстыба даҕаны, нэһилиэктэр, улуустар салалталара даҕаны ол туһунан куойаларыгар-маҥкыларыгар оҕустарбакка кэллилэр. Ити оннугар уруй-айхал тыллардаах, өрө күүрүүлээх, күүркэтиилээх пиар, флешмоб ыыталлар. Ол түмүгэр, т/х-тын көрдөрүүлэрэ таҥнары түһэ, сүөһү ахсаана аҕыйыы турар. Итиниэхэ “ынах төбөтүгэр харчы биэрэн, тыа сирин иэдэттилэр, арыы сыанатын үрдэттилэр” диэн саҥа мэхэньиисими буруйдуу оҕустулар. Инники отучча сыл т/х таҥнары барбыта букатын умнуллубут.

Былаас, ТХМ өттүттэн кэнники 3 сылга үүт туттарыыта, сүөһү ахсаанын хамсааһына хайдах барбытын уонна инники өттүгэр хайдах барыаҕын ааҕан-суоттаан, дьиҥнээх таҥнары түһүү биричиинэтин быһаарар экэнэмиичэскэй сулууспаларбыт суохтара сөхтөрөр. Тоҕо диэтэххэ, саҥа мэхэньиисим “алдьатыытын туһунан” туһунан кириитикэлиир сүрүн суруйуулары көрдөххө, букатын “хой баһын” туойаллар.

Ааспыт сылга өрөспүүбүлүкэҕэ сүөһү 12 тыһ. аҕыйаабытыгар, үүт туттарыыта 10 тыһ. тахса т түспүтүгэр саҥа мэхэньиисими буруйдуур суруйуулары көрүөҕүҥ. Итинник этиини уруккута үрдүк дуоһунастаах, сүбэ-ама буолар, ыйар-кэрдэр дьон күөртүүллэрэ хомолтолоох.

Отучча сыл кэтэх дьонтон үүт тутуута ТХМ сүрүн көрдөрүүтэ буолан кэлбитэ. Саҥа мэхэньиисим киириэн иннинэ, Саха сиригэр ортотунан 75 тыһ. кэриҥэ ыанар ынах баара. Мэхэньиисим киирбитин кэннэ, кэтэхтэр 10 тыһ. төбө сүөһүлэрин эһэн, 65 тыһ. эрэ хаалла диэн муҥун ытыыллар. Итинтэн 40 тыһ. сүөһү урут да, билигин да кэтэх ыалларга баар. Балартан иллэрээ сыл  хаһаайыннара 10 тыһ. сүөһү иһин харчынан ылбыттар. Былырыын итинтэн 500 ынах көҕүрээн, харчыны 9,5 тыһ. төбөҕө биэрбиттэр. Ол аата, хаалбыт 30-тан тахса тыһ. кэтэх ынахтаахтар бааһынай, араас тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар нөҥүө үүттэрин туттара олороллор диэххэ. Ол аата, мэхэньиисим киириэҕиттэн ынаҕы кэтэхтэр 500 эрэ кыччаппыттар, 40 тыһ. ынахтара, сүрүннээн, хамсаабакка хаалбыт. Оччотугар 75-тэн 65 тыһ. диэри 10 тыһ. кэриҥэ ынаҕы тэрээһиннээхтэр кыччаппыттар дуо? Оччотугар кэтэхтэр да, саҥа мэхэньиисим да ынах ахсаана, үүт туттарыыта аҕыйааһыныгар туох да буруйа суох буолан тахсаллар.

Мэхэньиисим киириэр диэри ортотунан отчуокка 80 тыһ. т үүтү туталлара. Утарааччылар билигин “кэтэхтэр ыабат буолан, үүтү туттарыы 20 тыһ. т аҕыйаата, ол иһин арыы ыараата” дииллэрэ чахчы дуо? Ааҕан көрүөҕүҥ эрэ. 10 тыһ. сүөһүгэ харчынан ылбыттар урут “Раманы” атыылаһалларын тохтотон,  туттара олорбут биирдии туонна үүттэрин бэйэлэрэ аһыыр буолбуттар. Ити дьон 10 тыһ. т үүттэрин ити 20 тыһ. т көҕүрэттэххэ, өссө 10 тыһ. кимиэнэ буолара биллибэт үүт ыйанан хаалар. Бу урукку кумааҕы отчуот “приписка” үүтэ тахсан кэллэ дуо?

Отчуоттарга саарбахтатар өссө холобур. Урут биир ынахтан үүт квотанан 1 т туттарар көҥүллэнэрэ. Былырыын “эмискэ” биир ынахтан 1,5 т үүтү туттардылар дэммит. Аны урут наар биир ынахтан  2,0-2,2 т үүт ыанар диэн отчуоттанара. Былырыын ол ынахтарбыт эмиэ “эмискэ” 2,5 т үүтү биэрбиттэр. Ити дьиҥээх производство көрдөрүүтэ буолбакка, отчуот сыыппаратын тэҥнии сатаан сырсар “приписка” буолаарай?

Үүт туттарар кыахтаах кэтэх ынахтаах дьоҥҥо 35-39 тыһ. солк. биэрэн баран, үүтү 10-15 эрэ солк. тутар, 65 солк. туттаралларын бобор балаһыанньа оҥорон, тыа дьоно  дохуоттарын үрдэтэр кыахтарын быспыттара олох сыыһа. Бу – сүөһү ииттэн, төрүт дьарыктарын тутан, оҕолорун, сиэннэрин, чугас дьоннорун, аймахтарын төрүт аһынан хааччыйа олорор тыа дьонун атаҕастааһын! Үп-харчы тиийбэтинэн кыһайан босхону эрэ үрдүнэн үүттэрин тутан, сүөһү иитиититтэн соруйан тэйитии, куорҕаллыыр үлэ!

Ынах төбөтүгэр 35-37-39 тыһ. биэрэн баран, үүтү киилэтин 10-15 солк. эрэ тутабыт диэн, үүт астааччыларынан кэтэх дьон үүтүн туттарбат усулуобуйата оҥоһуллан, тыа дьонун дохуотун  соруйан кыччаттылар дии саныыбын. Кэтэхтэр, сүрүннээн, дьоннорун сайыҥҥы үүтү астаан аһаталлар, арыы хаһааналлар. Оттон бастакы, иккис кыбаарталга эрдэ төрөөбүт ынахтарыттан үүт туттаран эбии дохуоттаныахтарын “төбөҕө ылбытыҥ” диэн, бобон кэбиһии – олох сыыһа, үүт туттарыытын аҕыйатар дьаһал. Атыннык көрдөххө, бу – Ил Дархан тыа ыала дохуоттаах буоларын хааччыйыыга туһуламмыт сорудаҕын соруйан сабатаастааһын. Аһара баран эттэххэ, бүддьүөттэн  үүт туттарыытыгар киилэтигэр бэриллэр 65 солк. кэтэхтэртэн кэмчилээтэх аатыран, ыаммыт баар үүтү туппакка үүт, арыы оҥоруутун былаанын толорбот “мэхэньиисими” оҥоруу тыа сирин экэниэмикэтин куорҕаллааһын (вредительство), харчыны эргитиигэ туттар ньымалара буолуон сөп.

Харчы хаамыытын иһэ хараҥа 

Биир өйдөммөт түгэни, дьокутааттар, ТХМ быһааран биэриҥ эрэ.  Сыл аайы кэтэхтэргэ 40 тыһ. сүөһүгэ улахан үп ааҕыллан, бүддьүөттэн бастакы кыбаарталга ТХМ киирэр буолбат дуо? Онтон муус устарга тыаттан сайаапкалар хомуллан, 9500 төбөҕө дуогабардаһан төлөнөр. Оччотугар  30,5 тыһ. төбөҕө ылыахтара диэн оросчуоттаммыт, ол эрээри үүт туттараллар диэн биэрбэтэх  бүддьүөттэрин үбэ сэтинньигэ, ахсынньыга диэри ТХМ счётугар таах сытар дуо? Эбэтэр атын счёкка киирэр дуу?

Аны ТХМ быһаччы дьарыктаныахтаах тэрээһиннээх хаһаайыстыбалара үлэ оҥорон таһаарыытын төһө үрдэттилэр, хайдах үлэлээн кэллилэр диэн ыйытыыга туох эппиэти биэриэхтэрэй? Судаарыстыба өттүттэн кинилэр ороскуоту аччатан үлэһиттэрин үрдүк хамнастыылларын, социальнай көмүскэллэрин мэктиэлээһин сүрүн ирдэбил буолуохтаах этэ. Бүддьүөттэн  т/х-тын үбүлээһин үрдүү турарынан, тэрээһиннээхтэргэ техническэй, технологическай сэбилэниигэ харыыта суох үбү-харчыны 80-95% диэри субсидиялаан биэрэллэр. Ол үрдүнэн бу тэрилтэлэргэ үлэ, хамнас да “үрдээһинин көрдөрүүтэ” киһини үөрдүбэт. Ити тыа сирин оҥорон таһаарыыта сезоннайын билбэт, билэ да сатаабат, тугу да оҥоро-тупсара сатаабат, бүддьүөттэн кырата суох хамнас ылар эрэ туһугар миэстэ сылытааччы, үөһэттэн хамаанданы эрэ толорор, сыыппара экэниэмикэтин, оҥоһуу интеллект уопсай өйдөбүллэрин үчүгэйдик баһылаабыт эдэр ыччат дьоммут салалтаҕа киирбиттэрин түмүгэ дуу? Оннук буоллаҕына, тыа сирэ салгыы иэдэйэр балаһыанньаҕа киирбит.  Кырдьыгынан анаалыстанан көммөт түбэлтэтигэр эстэр суолга үктэммит эбиппит.

Этиим

Тахсар суолбут биир эрэ, ол – Ил Дархан т/х-та сайдарыгар ыйбыт икки суолун быһа дьаһал гынан, күүстээх хамсаныылары түргэн кэм иһинэн үлэҕэ уталыппакка киллэрии. Тугу гыныахха?

1. Хас биирдии саха ыалын баайа сүөһү, сылгы буоларынан, нэһилиэнньэ көмүскэллээх, дохуоттаах ас-үөл өттүнэн көмүскэллээх буоларын туһугар төбөҕө биэриини салгыы ыытарга. Хас биирдии ыал аймаҕынан, аҕа ууһунан көрүнэн кэлбит удьуор утумун салгыыр инниттэн ыал аайы биирдии ынахтан, биэттэн итэҕэһэ суоҕу иитиэхтээхтэр диэн нуорма быһарга. Элбэх сүөһүнү иитэр түбэлтэҕэ тэрилтэлэнэн эбэтэр оннукка киирэн, дьиҥнээхтик производствоҕа үлэлииллэрин ситиһэргэ! Үбү төбөнөн биэрии олорор сиринэн, сүөһүлэрэ, сылгылара турар нэһилиэктэринэн хаһаайыстыбаннай кинигэҕэ киллэрэн быһа ыытыллыахтаах.

2. Тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар үлэлэрин кытаанах хонтуруолга ылан, исписэлиистэри күүскэ үлэлэтэн, саҥа технологияны киллэриини, аҕыйах ороскуотунан элбэх бородууксуйаны оҥорууга былааннаах үлэни ирдээн үлэ оҥорумтуотун үрдэтэр ирдэбили туруорарга. Т/х-тын производствотыгар үлэлиир үлэһиттэр орто хамнастара эрэгийиэн орто хамнаһыттан итэҕэһэ суох буоларын ситиһиэххэ. Итиннэ хамнас салааларынан ааҕыллар (отраслевой) тарыыбын хаттаан көрөн, ТХМ боропсойуустары уонна тыа сиригэр үлэлиир уопсастыбаннай холбоһуктары кытта сөбүлэһиннэрэн бырабыыталыстыбаҕа бигэргэттэрэ охсуохха.

3. Т/х-тын салгыы сайыннарыыга сири туһаныыга урут ылыллыбыт дьаһаллар охсуулара улаханын билигин бары билэ-көрө сылдьабыт. Сири туһаныы сокуонугар, быраабылатыгар уларытыы киириэхтээҕэ – олох ирдэбилэ буолла. Онон оттуур, мэччирэҥ сирдэри нэһилиэктэргэ сыһыаран, олохтоохтор бэйэлэрэ аһыылларыгар сири дууһанан сыһыарыы наада. Ол тэрээһин кыаллара буоллар, нэһилиэктэр бииргэ түмсэн үлэлииллэрэ ситиһиллэн, дьон аймаҕынан, аҕа ууһунан түмсэн үлэлииллэрэ хотуулааҕын өйдөөн, нэһилиэнньэ бары араҥата сүөһү, сылгы иитиитигэр кыттыһыа этэ.

4. Нэһилиэнньэ кыаммат араҥатын олохтоох этинэн-үүтүнэн хааччыйыыга нэһилиэктэргэ дууһанан нуормалаан былаан, сорудах тириэрдэн, ирдэбили туруоран үлэлэтэр сөп. Оччоҕо нэһилиэнньэни олохтоох бэйэ бородууксуйатынан хааччыйар наадаттан нэһилиэктэргэ потребительскай кэпэрэтиип тэриллэн, ордор эти-үүтү хомуйан батарыы ситиһиллиэ этэ! Итини урукку "Холбос" систиэмэтин хос сөргүтэн эбэтэр билигин үлэлиир "Арктика-торг" тэрилтэ нөҥүө үлэлэттэххэ, кэтэх сүөһүлээх дьон дохуоттарын үрдэтэр үлэ күүскэ барыа этэ.

5.  Производствоҕа үлэлиир тэрээһиннээх тэрилтэлэр үлэлэрин астыыр тэрилтэлэр нөҥүө кытаанах хонтуруолга ылан, былааннаах үлэни ыытан, бородууксуйаны элбэтэллэрин ирдииргэ. Билигин улуустар 3,5-4,5-7,5 тыһ. т үүтү астыы-астыы “20-25-35 тыһ. нэһилиэнньэбитин үүт-эт аһылыгынан толору хааччыйан баран, ордор аспытынан Дьокуускайы аһатабыт” дииллэрэ итэҕэппэт. Астыыр тэрилтэлэр бары куоракка эрэ батарар интэриэстээхтэр. Улуустар онон, сүрүннээн, кэлии аһы аһыыллар. Итини сааһылыыр туһугар билиҥҥи астыыр кэпэрэтииптэр тутуллара төрдүттэн уларыйыахтаах. Кинилэр аҕыйах тэрийээччиттэн тураллара тохтотуллан, хас биирдии үүт туттарааччытын пайщигынан ылыахтаахтар. ТХМ, улуустар дьаһалталара пайщиктаахтар өлүү паайдаах буолалларын ситиһиэхтээх, кытаанах хонтуруолга ылыахтаах. Бүддьүөттэн төлөнөр 65 солк. көдьүүһүн үрдэтэн, элбэх эт-үүт астанарын ситиһиигэ эмиэ үлэлиэхтээхтэр.

***

Бу тэрээһиннэри олоххо киллэрэллэрэ буоллар, тыа сиригэр тыа хаһаайыстыбатыгар көнөр хамсааһын саҕаланыа этэ диэн, эрэл санаалаах ыстатыйабын түмүктүүбүн. Бэйэм туспунан: бааһынай хаһаайыстыба баһылыга, Сунтаар улууһун Бааһынай ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ, АККОР сэбиэтин чилиэнэ, Саха сирин т/х-тын сойууһун чилиэнэ буола сылдьыбытым; кэтэх сүөһүнү 50-тан тахса сыл көрөбүн; билигин 10-тан тахса сүөһүлээх, 10-тан тахса сылгылаах тыа ыалын аҕа баһылыгабын.

Владимир Васильев, Мэҥэ Хаҥалас
II Наахара нэһилиэгин
уопсастыбаннай сэбиэтин
бэрэссэдээтэлэ.

Бүтэһик сонуннар