Ханнык да кэмҥэ астаах-үөллээх киһи өлөн-охтон биэрбэт, тирэхтээх буолар. Ол да иһин дойдулар Ас-үөл өттүнэн куттала суох буолуу доктринатын ылынан, онно сүрүн болҕомтолорун уураллар. Буолаары буолан, билигин, сааҥсыйа саба күөнтээн турар, байыаннай дьайыы буола турар кэмигэр, дойдубут хаһааҥҥытааҕар да күүстээх, кыахтаах буолара ирдэнэр. Дойду инникитэ, үп-харчы өттүнэн туруга, оҥоһуллар өҥө сыаналаныыта толкуйдатар. Маннык кэмҥэ олохтоох оҥоһууну үксэтии соруга күүһүрэр.
Тастан киирии бородууксуйаҕа, о.и. биһиги кэлии, бэлэм аска саантыырбыт сыыһа буолуоҕун дойду салалтата ылынар дьайыыларыттан да өйдүөххэ сөп. Тоһоҕону да бэйэбит оҥорбот буолбуппутун, бэл, Госдуума биир тутаах дьокутаата саҥа өйдөөн, соһуйа үллэстибитэ толкуйдатар. Ол курдук, АПК-ҕа эрэ буолбакка, уопсайынан, дойду уопсай оҥорон таһаарыытын улаатыннарар сорук турар.
Арассыыйаҕа бэйэ оҥорон таһаарыытыгар, АПК үлэтигэр болҕомто күүһүрбүтэ, тус сыаллаах бырагыраамалар үбүлээһиннэрэ, холобур, сүөһү аһын бэлэмин, оҕуруот аһын уонна хортуоппуйу үүннэрии салаатын, мелиорация уо.д.а. киэнэ кэнники кэмҥэ улаатта. Үчүгэйэ, ылыллыбыт дьаһал түмүгэ көстөр. Росстат чахчыларынан, Арассыыйаҕа тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарыыта сыл иһигэр 10-тэн тахса % улааппыт.
Ол курдук, ордук тэтимнээх эбиллии бааһынай хаһаайыстыбаларыгар көстөрүн, пиэрмэрдэр көрдөрүүлэрэ 20 % улааппытын соторутааҕыта буолбут Бааһынайдар уонна тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтииптэрин ассоциациятын (АККОР) ХХХIV сийиэһигэр эттилэр.
РФ ТХМ миниистирэ Дмитрий Патрушев бурдук муҥутуур үрдүк үүнүүтэ ылыллыбытыттан 1/3-ин бааһынай хаһаайыстыбалара оҥорон таһаарыыларын 28 % улаатыннаран ситиспиттэрин бэлиэтээтэ.
Былырыын пиэрмэрдэргэ уонна кэпэрэтииптэргэ 14 көрүҥ тус аадырыстаах көмөнү оҥорууга12 млрд солк. туттуллубут. Быйыл ити кээмэйи 1,5 млрд солк. кэриҥинэн улаатыннарарга суоттаналлар эбит.
Арассыыйаҕа олохтоох сэлиэксийэнэн, үүнээйи сиэмэтинэн анаан дьарыктанар национальнай түмсүү (Национальный селекционно-семеноводческий консорциум) тэриллибит. Онно тустаах хайысхаҕа үлэлиир «Био-Тон», «Русид», «Эфко» уонна В.Пустовой аатынан Бүтүн Арассыыйатааҕы арыылаах култууралары үөрэтиигэ билим-чинчийэр института курдук инники күөҥҥэ сылдьар тэрилтэлэр киирбиттэр. Бу консорциум ырыынак ирдэбилигэр эппиэттэһэр үүнээйи олохтоох гибридтэри үөскэтиинэн уонна олохтоох суортар, гибридтэр киэҥник тарҕаныыларыгар үлэлэһэр соруктаах. О.э., сэлиэксийэ уонна подсолнечник сиэмэтинэн хайысхатыгар биисинэс уонна билим бииргэ үлэлэһэн, тас дойдулартан тутулуга суох буолуу ситиһиллиэхтээх. "Русид" хампаанньа управляющайа Марк Гехт, олохтоох селекционердар эһиилгиттэн бэлиэр үрдүк хаачыстыбалаах ыһыы матырыйаалынан толору хааччыйар кыахтаныахтара диэн этэр эбит.
Сири туһаҕа таһаарыыга уонна мелиорацияны сайыннарыыга “Сир” федеральнай бырагыраама үлэлээн, тыа хаһаайыстыбатын аналыгар туттуллар 66 тыһ. гаа сир чөлүгэр түһэриллэн, Арассыыйа үрдүнэн 560 бааһынай сирдэммит. Бу сыалга 4,5 млрд солк. туттуллубут.
Былырыын мелиорацияҕа 25% үгүөрү, 6,6 млрд субсидия көрүллүбүт. Ол үп суотугар 50 тыһ. гааҕа – гидромелиоративнай, 170 тыһ. гааҕа – культуротехническай үлэ барбыт. Тыа хаһаайыстыбатын 200 тыһ. тахса гаа сирин харыстыыр, көмүскүүр тэрээһиннэргэ, 200 тыһ. гаалаах тураҥ сири тупсарыыга (испиэскэни эбэллэр) туһаммыттар. Бу хайысхаҕа көрүллэр субсидиятын Саратов, Самара, Ульяновскай уобаластара, Ставрополь кыраайа уонна Татарстан кыайа-хото туһаммыттар.
РФ Бырабыыталыстыбата тыа хаһаайыстыбатын аналыгар туттуллар сир судаарыстыбаннай реестрин оҥоруу бэрээдэгин бигэргэппит. Реестргэ сир учаастагын туруга, туохха, хайдах туттулла сылдьара, туох тутуулардааҕа толору бэлиэтэниэ. Сибидиэнньэлэри ТХМ биэдэмистибэннэй тэрилтэлэрэ, былаас уорганнара уонна “Роскосмос” госкорпорация киллэриэхтэрэ. Дааннай кэмигэр саҥардыллан иһиэхтээх. Сирдээх дьон, түүлэһээччилэр сири бас билээччилэр, сир туһанааччылар ол реестргэ киирбит учаастактар тустарынан иһитиннэриини Госуслуги порталы туһанан, босхо билэр кыахтаныахтара. Бу реестир т/х сирдэрин көдьүүстээхтик туһаныы, мелиорацияны сайыннарыы госбырагыраамаларын тэрээһиннэрин олоххо киллэриигэ тирэх буолуохтаах эбит.
Дмитрий Патрушев 2022 с. бааһынайдар тыа хаһаайыстыбатыгар анаммыт сирдэргэ бородууксуйаларын атыылыыр бырааптаммыттарын, 2023 сылтан дьоҕус уонна орто урбаан, о.э. бааһынайдар тыа хаһаайыстыбатын сирин 5 сылга диэри болдьоххо түүлэһиигэ ылаллара мачайа суох (без торгов) кыаллар буолбутун иһитиннэрдэ.
Оҥорон таһаарыы сириэстибэлэрэ сыаналаммыттарын быһыытынан, “Агростартап” гранын кээмэйигэр уларыйыыны киллэрээри сылдьаллар. КФХ бары көрүҥ дьарыктарыгар көрүллүөн сөптөөх муҥутуур үрдүк көмө кээмэйэ кээмэйэ 3-тэн 5 мөл. солк. диэри үрдэтэр, оттон сүөһү көрүүтүгэр грант ылааччыларга – 5-тэн 7 мөл. солк. оҥорор уураах бырайыагын РФ Бырабыыталыстыбатыгар киллэрбиттэр.
Дойду т/х миниистирэ: “Тыа сирин кэлимник сайыннарыы бырагырааматыгар (2020–2023) сылларга бүддьүөттэн – 180 млрд солкуобай, бүддьүөтү таһынан – 230 млрд тыырыллыаҕа. Быйылгыттан 2030 с. диэри үлэлиэхтээх нэһилиэнньэлээх тирэх пууннары кэлимник сайыннарыы бырайыага баар буолуоҕа. Ол биир бастакынан үбүлэниэҕэ. Оннук сирдэр испииһэктэрин эрэгийиэннэр бэйэлэрэ быһаараллар” – диэтэ.
КФХ-ларга МСП Корпорациятын тарҕаммыт маркетплейстарыгар (о.и. «Ozon», «Цифровая платформа» уонна «Яндекс») тахсалларыгар көмөлөһүүнү биир тутаах хайысханан ааттаабыт.
Кэтэх хаһаайыстыбалаахтар болҕомтолоругар
Сийиэскэ кэтэх хаһаайыстыбаҕа сыһыаннаах эмиэ таарылынна. РФ ТХМ миниистирэ 2022 сылтан Арассыыйаҕа агроконтракт ньыматын киллэрбиттэрин бэлиэтээтэ. “Агроконтракт олоҕуран, кэпэрэтиип эбэтэр астыыр тэрилтэ ЛПХ-ҕа оҥорон таһаарыы сириэстибэлэрин биэрэр (о.и. үбү, сиэмэни, ыччат сүөһүнү, уоҕурдууну уо.д.а. – Л.), ол кэнниттэн хаһаайыстыба үүннэрбит үүнүүтүттэн эбэтэр сүөһү төбөтүнэн ылар. Итинник дьаһаныы түмүгэр табаары оҥорон таһаарааччы оҥорон таһаарыытын, хаһаанар, астыыр кээмэйин улаатыннарар, оттон ЛПХ бородууксуйатын сэртипикээссийэлии, батара сатыыр кыһалҕаттан босхолонор”, – диир кини.
Кини өссө т/х кэпэрээссийэтин уонна пиэрмэрдэри өйүүр Кииннэргэ итиниэхэ дьүөрэ бииргэ үлэлэһии моделларын бэлэмнииллэригэр сорудах бэриллибитин эттэ.
Дмитрий Патрушев этиититтэн сэдиптээн көрдөөбүтүм, 2022 с. муус устар 2 к. РФ Бырабыыталыстыбатын 573 №-дээх уурааҕар олоҕуран, былырыыҥҥыттан кэтэх ыал судаарыстыбаттан быһаччы өйөбүлү да ылбатаҕын иһин, кэпэрэтиип эбэтэр астыыр-үөллүүр тэрилтэ нөҥүө көмөҕө хапсар кыахтаах эбит. Ол аата? Онуоха ЛПХ агроконтракт диэни түһэрсиэн наада. Оччотугар астыыр-үөллүүр тэрилтэ эбэтэр кэпэрэтиип ЛПХ-тан сабыыта суох буорга үүнэр оҕуруот аһын, хортуоппуйу, үүтү эбэтэр эти (сибиинньэ этиттэн уратыга) дуу ыларга кэпсэтэн, агроконтракт түһэрсэн баран, эрдэттэн ЛПХ-ҕа абаансанан төлөһөр кыахтаах.
Аgrobook.ru матырыйаалыгар сигэнэр буоллахха, ЛПХны кытта агроконтракт түһэрсибит ТХПК ити кэтэх хаһаайыстыбалартан бородууксуйа атыылаһарга көрсүбүт ночоотун кэккэ өлүүскэтин судаарыстыба бүддьүөтүттэн кэмпэнсээссийэлэтиэн сөп эбит. Итинник кэмпэнсээссийэни ЛПХ-ны кытта агроконтракт түһэрсибит астыыр-үөллүүр тэрилтэ (о.и.ХЭУо) эмиэ ылар кыахтаах. Чопчулуубун, бу манна кэпэрэтиипкэ киирбэтэх көҥүл ЛПХ туһунан этиллэр. Биһиги өрөспүүбүлүкэҕэ ити туһунан тоҕо эрэ иһиллибэт?
Дмитрий Патрушев аһы-үөлү батарыыга көмөлөһүү сүрүн соруга – тыа хаһаайыстыбатын кэпэрээссийэтин сайыннарыы диэн туран, иккис таһымнаах кэпэрэтииптэрин тэрийиигэ эмиэ болҕойорго эттэ. Логистиканы, харайыыны уонна бородууксуйаны атыы туочукаларыгар батарыы хаачыстыбатын тупсарар кыаҕы биэриэҕин үллэстэр. Бэйэтин кэмигэр биһиэхэ “Сахагропродукт” тэриллэн үлэлээн ааспытын санаан кэлэҕин.
ЛПХ бэйэ дьарыктаах буоллаҕына
Салгыы Аgrobook.ru “Жизнь на селе: Господдержка ЛПХ в России: на что можно рассчитывать и как её получить” матырыйаалыгар олоҕурар буоллахха, тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы бырагырааматыгар уларытыыны киллэрэр РФ бырабыыталыстыбата 2021 с. ахсынньы 24 күнүгэр 2451 №-дээх уурааҕа тахсыбыт. Ол саҥа балаһыанньаларга олоҕуран, судаарыстыбаттан ЛПХ субсидия быһыытынан көмөнү ылар бырааптаах, өскө:
1) ЛПХ бэйэ дьарыктаах (самозанятай) быһыытынан регистрацияланнаҕына. Бу түгэҥҥэ “профессиональнай дохуот” эрэ нолуогун төлүүрүн билэҕит.
2) Эбэтэр субъект бүддьүөтүттэн үбүлэнэр эрэгийиэннээҕи ЛПХ-ны өйүүр бырагыраама баар буоллаҕына. Ол курдук, эрэгийиэннэр тыа хаһаайыстыбатын кыылын төбөтүгэр (на 1 голову), 1 гааҕа эбэтэр 1 т бородууксуйа иһин диэн, бэйэлэрин быһаарыыларынан субсидияны олохтуулларыгар көҥүл бэриллибит. Ол эрээри итинник өйөбүл булгуччу баар буолуохтааҕа этиллибэт. РФ субъегар суох буолуон сөп” диэннээх.
Дмитрий Патрушев кэтэх хаһаайыстыбалар өйөнөр буолбуттарын, чуолаан бэйэ дьарыктаах быһыытынан регистрацияламмыттары өйүүр үстүрүмүөннэр олохтоммуттарын бэлиэтээтэ. Ол курдук, былырыыҥҥыттан кинилэр үүт, эт, оҕуруот аһын бэлэмигэр судаарыстыбаттан субсидия ылалларын этэр.
Аны 2023 сылтан 2030 сылга диэри үлэлиэхтээх РФ ТХМ оҕуруот аһын уонна хортуоппуйу үүннэриини сайыннарыыга федеральнай бырайыак үлэлиэҕин иһитиннэрдэ. Ол иһин бу хайысхаҕа бэйэ дьарыктаах кэтэхтэргэ көрүллэр субсидия ити бырайыак иһинэн бэриллиэ үһү. Бэйэ дьарыктаахтар өссө чэпчэтиилээх кирэдьииккэ хапсар бырааптаммыттар. Онон бэйэ дьарыктаах буолааччы элбиирэ буолуо.
Чувашия холобура
Сийиэскэ этиллибиттэн сиэттэрэн, хасыһан көрбүтүм, ЛПХ ынаҕар бэриллэр субсидияны эрэгийиэннэр араас усулуобуйалыыллар. Көмө суумата да араастаһар. Х-р, Чувашияҕа 2020 сылтан итинник субсидия көрүллэр буолбут. 1 ынахтаах ЛПХ – 2400, 2 ынахтаах – ынаҕын аайы – 3400, оттон 3 уонна онтон элбэх ынахтаахха – ынах аайы 4400 солк. көрбүттэр. Аны кинилэр муус устар 1 к. туругунан баар ынах ахсаанынан биэрэллэр эбит. Х-р, 2021 с. бүддьүөттэригэр, 35 тыһ. кэтэх хаһаайыстыбалаах ылыахтаах диэн, 171,4 мөл. солк. былааннаабыттар. Кэтэх хаһаайыстыбалаах сайабылыанньатыгар тохсунньу 1 күнүгэр субсидия ылбыт ынахпын туттубакка, атыылаабакка, тыыннаах илдьэ сылдьыам, түмүгүн отчуоттуом диэн суруйар эбит. Манна даҕатан эттэххэ, Чувашияҕа т/х оҥорон таһаарыытыгар ЛПХ ылар өлүүскэтэ 37,3%. үүт, хортуоппуй оҕуруот аһын улахан аҥаарын кэтэхтэр бэлэмнииллэр эбит.
2 сыл иһигэр 50 460 ынахха 33 тыһ. ЛПХ көмө ылбыт. Оттон 2022 сылтан саҕалаан, ынах субсидиятын бэйэ дьарыктаах быһыытынан регистрацияламмыттарга эрэ биэрэллэр. Ол оннугар субсидия лаппа үрдээбитин ТХМ-нарын миниистирэ иһитиннэрбитэ баар.
Биһиэхэ ЛПХ ынаҕар бастаан – 35 тыһ. солк., быйыл 37 тыһ. солк. көрүллэр. Бу сыалга 1 млрд 458 мөл. 600 тыһ. былааннаммыта. Көрүллэр көмө кээмэйэ биһиэхэ үрдүк. Ол гынан баран Чувашияҕа 2022 сылтан сабыыта суох буорга үүнэр оҕуруот аһын уонна хортуоппуйу үүннэриини, үүт бэлэмин улаатыннарар, анал эт хайысхалаах сүөһүнү иитиини сайыннарар, барааны уонна козаны иитиини элбэтэр туһугар бэйэ дьарыктаах буолбут хаһаайыстыбалар ити хайысхаларга көрсүбүт ночоотторун 40-ҥҥа тиийэ %-ын сабыналларыгар субсидия көрүллэр. Бэйэ дьарыктаахтары өйүүргэ кинилэр 200 мөл. солк. көрбүттэр. Ону таһынан биир ынаҕы атыылаһарга 70 тыһ. солк. ыстаапкалаах көмө баар. Ол гынан баран онтулара атыыласпыт ынахтарын сыанатын 99%-ныттан үрдүө суохтаах, 2 ынахтан элбэххэ төлөммөт, сааһа 4-тэн аҕыйах буолуохтаах эҥин диэн усулуобуйалаах. Оттон козаны ылыыга 15 тыһ. солк. субсидиялаах.
Аны бэйэ дьарыктаах ЛПХ тиэхиньикэ уонна тэрил атыыластаҕына, ночоот 40 %-гар диэри кээмэйэ субсидияланар. Онуоха тыраахтар РФ оҥоһуга, 90 ат күүһүгэр диэри кыамталаах буолуохтаах диэн быһаарыылаах. Дьоҕус тыраахтары, тыраахтарга холбонору, бырысыабы атыыластахтарына, ынах ыыр аппарааты, үүтү, эти астыырга туттуллар тэрили ыллахтарына эмиэ итинник субсидия ылар кыахтаахтар. Чувашияҕа ордук сүөһү атыылаһыытын сэргээбиттэр. 60-ча бэйэ дьарыктаах итинэн туһаммыт. 5,8 мөл. солк. кинилэргэ төлөммүт. Т/х тиэхиньикэтин атыылаһыан баҕалаахтар сайаапкаларынан 2,4 мөл. солк. төлөммүт. Ити курдук мүөттээх ыҥырыаны иитиигэ, барааннары, козалары иитии усулуобуйатын тупсарыыга эмиэ өйөбүл ылаллар эбит. Анаан бэлиэтиибин: ити барыта бэйэ дьарыктаах кэтэх хаһаайыстыбаларга федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтэ үп көрөр буолан, олоххо киирбит. Федеральнай көмө быһыытынан, бэйэ дьарыктаахтар тыа хаһаайыстыбатын потребительскай кэпэрэтииптэригэр туттарар түгэннэригэр 1 т сабыыта суох буорга үүннэрэр оҕуруот аһын иһин 2 тыһ. солк, оттон хортуоппуйу атыылаан – 3 тыһ. солк. ылаллар. Субсидия муҥутуур улахан кээмэйэ – тустаах бородууксуйаны бэлэмнииргэ көрсүбүт ночоотторун 30 %-ҥа диэри өлүүскэтэ буолар эбит. Бэйэ дьарыктаахтар ынаҕы көрүү иһин 50 тыһ. солк. диэри өйөбүлү ылар кыахтаахтар. Биир туҥуй бургунаһы көрүүгэ – 5500 солк, икки бургунастаахха иккиэннэригэр 6 500 солк. көрүллэр, оттон 3-тэн элбэххэ – 7 500 солк. диэн, араас усулуобуйата-тойо балачча.
Ону таһынан минеральнай уоҕурдууну атыыластахтарына 30 %-на кэмпэнсээссийэлэнэр, буору уонна ыһыы сиэмэтин агрохимическай чинчийиитин ыыттары ночоотун аҥаара сабыллар, атыыр оҕус сиэмэтин ылыыга тахсыбыт ночоот 90 %-ҥа тиийэ кээмэйигэр субсидия көрүллэр. Бэртээхэй буолбатах дуо?
Түмүк оннугар
Оттон биһиэхэ тоҕо бэйэ дьарыктаах буолары күүскэ көҕүлээбэттэрэ өйдөммөт.
Өскөтүн 2010–2019 сс. ыстатыыстыка чахчытын көрдөххө, уопсай бэлэмнэнэр үүт 51,8 %-нын ЛПХ оҥороро. Оттон 2022 сылга өрөспүүбүлүкэҕэ 62812,2 т үүт соҕотуопкаламмытыттан кэтэх хаһаайыстыба бэлэмниирэ – 3401,2 т. Бу – уопсай кээмэй 5,4%-гар тэҥ. Иллэрээ сыл 4434,52 т эбит. Оттон тыа хаһаайыстыбатын уопсай оҥорон таһаарыытыттан ЛПХ-лар билигин даҕаны 44,8% -нын оҥороллор.
Иккис өттүттэн Дмитрий Патрушев АККОР сийиэһигэр тыа хаһаайыстыбатын кэпэрээссийэтигэр сыһыаннаан, дьоҕус бааһынай хаһаайыстыбалары эрэ буолбакка, кэпэрэтииптэри эмиэ холбооттуурга ыҥырбыт. Ол логистика, харайыы, атыы-тутуу тиһиктэригэр батарыы тупсарыгар тиэрдиэҕэ диэбит. Дьэ, оччотугар хайдах дьаһанан ас-үөл бэлэмин үрдэтэрбит ордугуй?
Хаартыска: Ил Түмэн