Киир

Киир

Сэтинньи 8 күнүгэр Дьокуускай куорат “Сэргэлээх уоттара” култуура киинигэр “Кыым” хаһыат өрөгөйдөөх Өктөөп бырааһынньыгар анаммыт уочараттаах 17-с кэнсиэрэ буолан ааста (хамсык 2 сылыгар тохтуу сылдьыбыппыт). “Усулуобунай“ соҕустук да буоллар, кэнсиэртэрбитин устуоруйа чопчу ханнык эрэ кэрдиис кэмнэригэр аныыр үгэстээхпитинэн, быйылгы кэнсиэр Саха сиригэр Пионер хамсааһына тэриллибитэ – 100, бастакы холкуостар үлэлээн барбыттара 95 сылларыгар ананна. Холобур быһыытынан, былырыыҥҥы кэнсиэр Ленин Комсомола тэриллибитэ 105 сылыгар туһуламмыта.

Көрөөччүлэрбит туох дии санаабыттарын бэйэлэрэ билэллэр, оттон тэрийээччилэр санаабытыгар – кэнсиэрбит былаан быһыытынан, санаа хоту буолан ааста.

Кэнсиэри А.Макарова аатынан Култуура уонна ускуустуба колледжын (дириэктэр Захар Никитин) уһуйааччыта Айдыс Черноградскай режиссердаан ыытта. Кэнсиэр идиэйэтин тобулууга, ырыаны уонна ырыаһыттары наардааһыҥҥа, булууга-талыыга “Кыым” хаһыаттан Альберт Капрынов үлэлэстэ.

Этиллибитин курдук, “усулуобунай” соҕустук да буоллар, быйылгы кэнсиэр пионерия уонна холкуостааһын бэлиэ дааталарыгар анаммыта. Билигин “Кыымы” ааҕар дьон бука бары пионер буола сылдьыбыттара саарбахтаммат эрээри, сахаҕа пионер туһунан ырыа-тойук бэрт кэмчи. Илии тарбаҕын иһинэн ахсааннаах ырыа баар, аны ону ыллыыр кыахтаах киһи билигин суоҕун тэҥэ. Оттон холкуос туһунан санаттахха... 1960-с сыллар саҕаланыыларыгар, ол эбэтэр 60 сыл анараа өттүгэр, Саха сиригэр холкуостар сопхуостарынан солбуллубуттара. Онон билигин “Кыым” ааҕааччыларын ортотугар холкуоска буһа-хата үлэлээбит киһи бэрт кэмчи, “биһиги дьоммут”, сүрүннээн, сопхуос үлэтин бэтэрээннэрэ. Быһата, кэнсиэргэ ону барытын аахсарга, учуоттуурга кыһалынныбыт.

5292140706950932345

Кэнсиэрбит, үгэс курдук, киэһэ 5–6 чаастан саҕаланар эбит буоллаҕына, үгэс курдук, 3–4 чаастан саҕалаан дьон “Сэргэлээх уоттарыгар” мустан барар. Эрдэ кэлбит дьон – чуҥкуйбаттар. Кинилэргэ анаан кэллиэксийэһиттэр быыстапкалара, атыы-тутуу, сэбиэскэй кэмнээҕи атрибуттар (кыһыл былаахтар, Ленин-Сталин мөссүөннэрэ, пионер-хомсомуол символлара, сэбиэскэй былакааттар, горн-барабаан уо.д.а.) тастарыгар хаартыскаҕа түһүү, үҥкүү-битии, оһуокай тэриллэр. Дьон үксэ бу кэнсиэргэ сылдьыбыттарын үтүө өйдөбүнньүгүн быһыытынан, пионердыы хаалтыстаах, барабааннаах-горннаах, пионердыы чиэс биэрэн туран үөрэ–көтө хаартыскаҕа түһэн бараллар.

5292140706950932377

Быйыл кэнсиэргэ кэлбит дьон тута сэбиэскэй кэмҥэ “киирэн” хаалалларын хааччыйыыга култуура киинин былаһын тухары бытарыһа сылдьар кыһыл хаалтыстаах пионердар көмөлөстүлэр. Даҕатан эттэххэ бу – “сымыйа, кубулуммут” пионердар буолбакка, Дьокуускай куорат 26-с оскуолатыгар баар дьиҥнээх пионер тэрилтэтин иитиллээччилэрэ. Бу оҕолору, барыта 30 пионеры, Людмила Оконешникова диэн СӨ ыстаарсай пионер-баһаатайа иилээн-саҕалаан, дьаһайан илдьэ кэлбит. Кинилэр речевкаларын, тэрээһиннэрин бэлэмнээһиҥҥэ эмиэ 26-с оскуола түмэлин үлэһитэ, пионер баһаатайа Христина Чусовская үлэлэспит эбит.

5292140706950932459

“Кыым” бырааһынньыгар кэлбит дьоҥҥо, үгэс быһыытынан, бука барыларыгар түөстэригэр кыһыл лиэнтэ иилиллэр, кинигэ бэлэх туттарыллар.

Анаан лаппыйан санатабыт, “Кыым” кэнсиэрэ – барыһы биэрэр кэмиэрчэскэй бырайыак буолбатах. Холобур, урукку үтүө дьылларга “Саныаҕыҥ, доҕоттор, ааспыты” тэрээһиҥҥэ кэлбит дьон үчүгэй кэнсиэри көрөллөрүн таһынан,  кэнсиэр билиэтин саҕа сыаналаах ботуччу суумалаах бэлэҕи тутан тарҕаһаллара. Олох ыараан, күн-дьыл ыбылы ылан истэҕин аайы, бэлэх сыаната эмиэ чарааһаан иһэрэ өйдөнөр. Быйылгы тэрээһиҥҥэ кэлбит дьон ылбыт билиэттэрин сууматын (1 тыһ. солк.) аҥаарын кэриҥэ сыаналаах кинигэ бэлэх туттулар.

5292140706950932301


Оттон билиҥҥи кэмҥэ ханна да ылламмат буолбут, көрөөччүлэргэ дьоллоох эдэр саастарын эргитэр ырыалары истии, оччотооҕу сценалары көрүү, ама, ханнык харчынан сыаналаныай! 

Тэрээһин туһунан уопсай өйдөбүл баар буоларын туһугар, быйылгы кэнсиэр туһунан аҕыйах тылы ахтан аһарар сиэрдээх буолуо.

5292140706950932358

Кэнсиэри Людмила Шумилова салайааччылаах, Г.Кривошапко аатынан СӨ Судаарыстыбаннай филармониятын хора “Подмосковные вечера”, “Песня о тревожной молодости” ырыаларынан арыйда. Бу филармония хора ыҥырыыбытын хас сыл аайы үөрэ-көтө ылынан, буор босхо кэлэн ыллаан көмөлөһөрүн иһин истиҥ махталлаахпыт. Уопсайынан даҕаны, “Кыым” бу тэрээһинигэр артыыстар бэйэлэрэ үөрэ-көтө кэлэн, аҕам саастаах көрөөччүлэргэ босхо үөрүүнү-көтүүнү бэлэхтээн баралларын анаан санатабыт. 

5292140706950932500

СӨ норуодунай артыыһа Владимир Заболоцкай көрдөһүүбүтүн ылынан кэлэн, Ф.Лобанов “Комсомол” диэн ырыатын толорбутун таһынан,  сакааспытын толорон, бэйэтин кэмигэр киэҥник ыллана сылдьыбыт “БАМ тутааччыларын туһунан ырыаны” (“БАМы тут, оҥор диэн партия ыҥырда...”) субу саҥа үөрэтэн ыллаата (кини урут бу ырыаны толорботох эбит).

5292140706950932493

“Тэрээһин кэмигэр билиҥҥи саха култууратын-ускуустубатын маастардарын, эстрада туйгуннарын толоруутугар “Доҕордоһуу ырыата”, “Маҥнайгы учууталбар”, “Кэскил ырыата”, “Эҕэрдэ ырыата”, Өлүөнэ эбэккэм”, “Көрдөһүү”, “Быраһаай, күөх сайын”, “Как молоды мы были”, кэнсиэрбит аайы көтүппэккэ ылланар “Аан дойду ыччатын сүрэҕин” уо.д.а. ырыалары иһиттибит.

5292140706950932499

Быйылгы кэнсиэр урукку сыллааҕылартан биир улахан уратыта – элбэх нууччалыы ырыа киирэн биэрдэ. Чахчы, сэбиэскэй кэмнээҕи тыа кулууптарын да кэнсиэригэр ырыа-тойук быстар быһаҕаһа нууччалыы толоруллара. Ол сиэринэн, “Саныаҕыҥ, доҕоттор, ааспыты” тэрээһин нүөмэрин 3 гыммыт 1-рин урут сэбиэскэй кэмнээҕи, киһи барыта өйдүүр-сөбүлүүр киинэлэрин ырыалара (“Кубанские казаки”, “Девчата” уо.д.а. киинэлэртэн) ыллылар. Ону “Русь” ансаамбыл бэрт сэргэх толорооччулара дохсун ытыс тыаһа доҕуһуоллаах толорон “былааһы ыллылар”.

5292140706950932456

Бу да иннинэ элбэхтик эппиппит курдук, маннык ырыалары өрөспүүбүлүкэбит олохтоохторо билигин “Кыым” кэнсиэриттэн атын ханна да түбэһэн истэллэрэ саарбах. Саалаҕа олорор дьон эдэр сылдьан ыллаабыт-туойбут, нойосуус кэриэтэ өйдүүр ырыаларын барытын иэйэ-куойа ыллаһа олордулар.

Кэнсиэр барыта биир күдьүс ырыанан-тойугунан эрэ “күрдьэн” барбакка, быыһыгар үҥкүүлээх-битиилээх ааста. Ону барытын култуура уонна ускуустуба колледжын устудьуоннара толордулар. Култуура уонна ускуустуба колледжа уонунан сыллар усталарыгар бу курдук көмө-өйөбүл буолан кэлбитигэр – истиҥ махтал.

5292140706950932446

Аҕа саастаах ааҕааччыларбыт, көрөөччүлэр бу тэрээһиҥҥэ сылдьан эдэр-чэгиэн, күүрээннээх, дьоллоох-соргулаах, истиҥ иэйиилээх үтүө кэмнэрин эргиппиттэрэ кыратык да саарбахтаммат. Онон, билбэккэ дуу, истибэккэ дуу, ыраах олорор буолан дуу, быйыл сылдьыбакка хаалбыт дьон эһиил “Кыым” хаһыат үгэскэ кубулуйбут, бар дьон биһирэбилин ылбыт “Саныаҕыҥ, доҕоттор, ааспыты” тэрээһинигэр кэлэн көхтөөхтүк кыттаргытыгар ыҥырабыт. Аҕа саастаах көлүөнэҕэ үтүө бэлэх-тэрээһин, этэргэ дылы, “Кыым” хаһыат баарын тухары, “тиһэх комомолец, бүтэһик пионер хаалыар диэри” салҕанан бара туруоҕа.  

5292140706950932581

Кэнсиэр хаартыскалара:

Матырыйаалга суруналыыс, фотограф Владислав Коротов түһэрбит хаартыскаларын туһанныбыт: https://t.me/VladKorotov54

"Кыым" хаһыат үлэһитэ Мария Санникова түһэрбит хаартыскаларын киирэн көр: https://vk.com/album-47459109_305258508

Бэй. кэр.

Санааҕын суруй