Киир

Киир

Биһиги, “кыымнар”, урукку Өктөөп бырааһынньыгар түбэһиннэрэн, “Саныаҕыҥ, доҕоттоор, ааспыты!” диэн сыл аайы сэтинньи  саҕаланыыта кэнсиэр тэрийэн ыытабыт. Бу кэнсиэрбит саалата мэлдьи толору буолар, өссө тэбис-тэҥҥэ ыллаһа, арыт уруккуларын санаан харахтарын уутун сотто олорор көрөөччүлэр баар буолааччылар.


WhatsApp Image 2024 10 24 at 12.03.53

Дьэ, чахчы даҕаны, урукку эдэр эрдэҕинээҕи ырыаларын истэн хайа да киһи долгуйар буолуохтаах.  Дьокуускай куорат уонна чугас улуустан аҕам саастаах ааҕааччыларбыт анаан-минээн оптуобус сакаастаан кэлээччилэр. Кэнсиэрбит тиэмэтэ, сүнньүнэн, оччотооҕу холкуос, сайылык кэмин хоһуйар ырыалар, баартыйа, хомсомуол, пионер өрө күүрүүлээх, ньиргиэрдээх ырыалара. Ахтылҕаҥҥа куустарбыт дьонтон бэйэлэриттэн ыйыталаһыаҕыҥ.

Розалия СЕРГЕЕВА, Дьокуускай куорат, биэнсийэлээх:

WhatsApp Image 2024 10 24 at 11.16.21 4

–“Кыым” хаһыат ыытар кэнсиэригэр сыл аайы сылдьа сатыыбын. Хаһан ханна буоларын хаһыаттан ааҕан билээччибин, истээччибин. Төһө да сыаналаах буоллун, олох кэрэйбэккэ сылдьабын. Бастакы сылларга  босхо оҥороллор этэ, өссө кэнсиэргэ кэллэххэ,  мэлдьи бэлэх биэрэллэрэ, чэйдэтэллэрэ. Кэнники төлөбүрдээх да буоллар, атын кэнсиэрдэргэ холоотоххо, быдан чэпчэки, босхону эрэ үрдүнэн диэххэ сөп.

Тыйаатырга ааны аһан киирэн, фойеттан саҕалаан урукку сэбиэскэй олоххо төннүбүт курдук буолааччыбыт. Мин эдэр сааһым кэмигэр киирэн хаалабын. Киһи сүргэтэ тута көнньүөрэр, үөрэ түһэҕин.  Арыт иккис этээскэ байаанынан үҥкүү тэрийээччилэр, онно, дьэ, киһи бөҕөтө үҥкүүлүүр. Мин баттаһа кэллэхпинэ, эмиэ үҥкүүгэ кыттааччыбын. Саалаҕа киирдэххинэ, барыта саастыылаахтарыҥ олорор буолаллар. Кэнсиэргэ артыыстар биһиги үйэ ырыаларын ыллыылларын, сыаҥка туруоралларын киһи наһаа астынан истэр, көрөр.  Кэнсиэр устатын тухары оччотооҕу кэмҥэ үктэммит курдук буолабыт.

Урукку ырыалары ыллыыр ырыаһыттары бэркэ аттаран булаҕыт.   Былырыыҥҥы кэнсиэр эмиэ олус үчүгэй этэ, бэркэ астыммытым.

Уопсайынан, “Кыым” хаһыат сылын аайы аҕам саастаах дьоҥҥо анаан ыытар кэнсиэрин бэркэ тэрийэн ыытар, гуоруннаах, барабааннаах, хаалтыстаах фотозона баар, иккис этээскэ – байаанынан үҥкүү.

Мария СЫРОМЯТНИКОВА, Нам улууһун Партизан нэһилиэгин бэтэрээнэ:

WhatsApp Image 2024 10 24 at 11.16.21 2

– Биһиги дьиэ кэргэн сыл аайы “Кыым” хаһыаппытын суруйтаран ааҕабыт, чэппиэргэ кэлэрин кэтэһэбит. Онно алтынньыга хайаан даҕаны кэнсиэр биллэриитэ тахсааччы. Биһиги нэһилиэк дьаһалтата сыллата бэтэрээннэри “Кыым” кэнсиэригэр тэрийэн илдьээччи. Мин хаста да сылдьыбытым, олус сөбүлээбиппит. Барыта эдэр сааспытын санатар. Ордук хомсомуол сылларын ырыалара, үҥкүүлэрэ, документальнай хроникалара умнуллубат эдэр сааспытын санаталлар. Альберт Капрынов бэркэ тэрийэн ыытар. Сыл ахсын тэрээһинэ наһаа үчүгэй буолар. Киирэн истэххинэ, сибэкки дьөрбөтүн биэрэллэр, кыргыттар үөрэ-көтө көрсөллөр, түөспүтүгэр кыһыл баанчык иилэллэр. Иккис этээскэ байаанынан үҥкүү, оһуокай, атыы-тутуу барыта киһи сүргэтин көтөҕөр. Бэйэ үөлээннээхтэрин көрөр, билэр дьоҥҥун көрсөр астык. Киирээти кытта истиҥ сыһыантан, кэнсиэри көрө олорон, хас биирдии ырыаларын истэн дуоһуйуу, чахчы да, “олус үчүгэй кэмҥэ үөрэнэн, үлэлээн ааспыт эбиппит” диэн өйдөбүлгэ кэлэҕин. Ону ыччакка тиэрдии, өйдөтүү маннык кэнсиэр улахан оруоллаах дии саныыбын.

Екатерина САВВИНОВА, Сунтаар улууһуттан төрүттээх, Дьокуускай куоракка кыстыыр:

WhatsApp Image 2024 10 24 at 11.16.21

– “Кыым” хаһыаты дойдубар олорор эрдэххэ мэлдьи суруйтаран ааҕар этибит. Өссө биирдэ иһит сүүйэн турардаахпын. Иһиппин баччааҥҥа диэри тутта сылдьабын. Билигин Дьокуускайга олорор буолан, “Горбэчээт” киоскатыттан ылан ааҕабын.

“Кыым” хаһыат сыл аайы тэрийэн ыытар кэнсиэригэр куоракка кэлиэхпиттэн көтүппэккэ сылдьабын. Саамай үчүгэйэ – урукку ырыалары сэргээн истэбин. Хомсомуол саҕанааҕы өрө күүрүүлээх ырыалары биһиги эдэр сылдьан төһөлөөх ыллаан-ыллаан кэлбиппит буолуой?! Хас биирдии ырыатын киҥинэйэн ыллаһа олоробут.

Иккис этээскэ ыытыллар байаан доҕуһуоллаах үҥкүүгэ киирэн, урукку эдэр эрдэҕинээҕибитин санаан астына-дуоһуйа үҥкүүлээччибит. Оһуокайы эмиэ сэргиибин. “Кыымнар”, аҕам саастаах дьоҥҥутугар анаан киһи эрэ ахтылҕаҥҥа куустаран уйадыйар, долгуйар кэнсиэрин тэрийэргит оһуобай.

Олег ПАВЛОВ, Кэбээйи Мукучутуттан төрүттээх, билигин Дьокуускай куорат олохтооҕо:

WhatsApp Image 2024 10 24 at 11.16.21 3

– Кэргэним Галина Прокопьевнаны кытта тапталлаах  "Кыым" хаһыаппыт тэрийэр кэнсиэригэр көтүппэккэ сылдьабыт. Кэнсиэр буолар сураҕын хаһыаттан ааҕан билэбит. Быйыл бу сотору буолуохтаах кэнсиэри эмиэ билэн олоробут. Ааспыт да сылларга оннук этэ.

Биллэн турар, ааспыт кэм ырыаларын олус чугастык ылынабыт. Хас биирдии ырыа киһи сүрэҕин-быарын ортотунан киирэр, дууһабытын таарыйар, долгутар. Испитигэр ыллаһа олоробут, урукку кэмнээҕи олохпут, ньиргиччи үлэлии сылдьыбыт кэммит харахпытыгар көстөн ааһарга дылы буолар.  Эдэр дьон барахсаттар үҥкүүлэрин көрөр үчүгэйин.

Тохтоон хаалбакка, өрүү сыл аайы буола турара буоллар. Кыанарбыт тухары бара туруо этибит. "Кыым” хаһыат кэлэктиибигэр өссө да ситиһиилээх, айымньылаах үлэни баҕарабыт.

Былырыын көрбүт кэнсиэрбиттэн даҕаны субу маннык диэн тута этэрим суох курдук. Арай, хаһааҥҥы эрэ "Үүнэр көлүөнэ" тыйаатырын артыыстара көр-күлүү оонньуулара өйбөр хатаммыт. Иллэрээ сыллааҕы көрдөрүүгэ оҕолор 60–70-с сыллар саҕанааҕы муоданан таҥнан, сыана иннигэр сиэттиһэн хаамсаллара сонун, долгутуулаах этэ. Биһиэхэ, сааһырбыт көлүөнэҕэ, ырыа-үҥкүү быыһыгар көр-күлүү сыаҥкалара бааллара буоллар, өссө сэргэхситиэ этэ. Оҕо эрдэххэ “бостунуопка туруораллар үһү” диэни истэн, сүргэбит көтөҕүллэр буолара.

Ульяна ФЁДОРОВА, Дьокуускай куорат олохтооҕо, “Туллукчаан” уһуйааҥҥа үлэлээбит бэтэрээн:

–“Кыым” хаһыаты Сойуус саҕаттан суруйтарабыт. Билигин чэпчэтиилээх сурутууга түбэһэн, суруйтарбыппыт иккис сыла буолла. Бастаан утаа, кэнсиэр тэриллээтин кытта, түөрт сыл субуруччу сылдьыбыппыт. Онтон доруобуйам мөлтөөн, барбат буолбутум. Биирдэ тэринэн  бараары гыммытым – билиэт бэлиэр бүтэ охсон хаалбыт этэ.  Дьэ, ол курдук бастакы кэнсиэрдэри санаатахпына, олус астынан, долгуйан, үөрэн кэлэрим. Иккис кэнсиэртэн элбэх буолан хас да сыл сылдьыбыппыт. Урут сылдьарбытыгар “кыымнар” хайаан ырыанньык бэлэхтииллэр этэ. Киирээппитин кытта кыргыттар олус истиҥник көрсөллөрө, түөспүтүгэр баанчык иилэллэрэ, арыт сибэкки туттараллара.

Үксүгэр биһиги курдук саастаах дьон кэлэллэр. Онон билэр дьоммутун көрсөн, астына-дуоһуйа кэпсэтэрбит, хаартыскаҕа түһэрбит.

Кэнсиэр олус элбэх ырыалааҕын соччо сөбүлээбэппин. Ырыа быыһыгар киһини долгутар, урукку хомсомуол, баартыйа саҕанааҕы хоһоон ааҕыыта баара буоллар, кэнсиэри өссө киэргэтиэ этэ дии саныыбын.

WhatsApp Image 2024 10 24 at 11.58.39 3

Мария СУЗДАЛОВА, Нам улууһун Модут нэһилиэгин олохтооҕо:

– Биирдэ сылдьыбытым. Нэһилиэк бэтэрээннэрин сэбиэтин солбуйааччыта буоларым быһыытынан, “Кыым” хаһыат биллэриитин көрөн: “Биһиги эмиэ бу кэнсиэргэ бэйэбит бэтэрээннэрбитин илдьэн сынньатыахха баара”, –  диэн этии киллэрбитим.  Нэһилиэк дьаһалтата тута билиэт атыылаһан, оптуобус кэпсэппитэ. Ол сыл биир оптуобус толору дьону  киллэрбиппит. Кэлин бу сырыыбыт үтүө үгэскэ кубулуйан, 3–4 сыл курдук тэрийэн ыытар этибит. Кырдьаҕастарбыт даҕаны ыйыталаһаллар, барыахтарын баҕараллар. Кэнники 2020 сылтан хамсык ыарыыта туран, хаарыан үтүө үгэспит тохтоон хаалбыта. Дьон тэрээһиннэргэ сылдьара аҕыйаан барбыта. Кэнсиэри көрбүт дьон бары, биллэн турар, олус астынан,  сүргэлэрэ көтөҕүллэн, махтанан кэлэллэрэ.

Зоя КУПРИЯНОВА, Дьокуускай куорат олохтооҕо:

WhatsApp Image 2024 10 24 at 11.16.21 1

– “Кыымнар” тэрийэр кэнсиэрдэригэр дьүөгэлэрбитин кытта 2017 сыллаахтан көтүппэккэ сылдьабыт. Бастаан кэлбит көрөөччүлэргэ бэлэх-туһах бөҕө туттарар этилэр. Киирээппитин кытары түөспүтүгэр лиэнтэ иилэн, бэлэх туттаран тута настарыанньабытын көтөҕөөччүлэр. Бастакы сылларга фойеҕа итии чэйдээх остуол тардыллыбыт, быыстапка, атыы-тутуу тэриллибит буолара. Иккис этээскэ байаанынан, аркыастырынан урукку үҥкүүлэри тэрийээччилэр. Мин хойутаан, үҥкүүлээбэккэ хаалбытым.

Кэнсиэр ырыаларын наһаа үчүгэйдик аттаран туруораллар. Сыл аайы ырыалара да, артыыстара да хатыламмат, мэлдьи ураты буолар. Биһиги көлүөнэ ырыалара буолан, тылын барытын нойосуус билэбит, онон ыллаһа олорооччубут.

“Ситим” медиа-бөлөх тэрийээччитэ Мария Христофорова, “Кыым” хаһыат сүрүн эрэдээктэрэ Иван Гаврильев уонна үлэһиттэр кэнсиэри олус сэргэхтик тэрийэн, тиэмэтин талан, ырыаларын аттаран урукку көлүөнэ дьоҥҥо бэлэх ууналларыттан олус үөрэбит, махтанабыт.

Бэлэмнээтэ Туйаара СИККИЭР.

WhatsApp Image 2024 10 24 at 11.58.39

“Кыым” хатыламмат кэнсиэригэр ыҥырабыт!

Күндү доҕотторбут, ытыктабыллаах ааҕааччыларбыт! Эһигини сэтинньи 8 күнүгэр киэһэ 18:00 чаастан “Сэргэлээх уоттара” култуура киинигэр “Кыым” хаһыат Өрөгөйдөөх Өктөөп күнүгэр анаммыт кэтэһиилээх “Саныаҕыҥ, доҕоттор, ааспыты!” кэнсиэригэр ыҥырабыт.

Бары билэргит курдук, быйыл хас да көлүөнэ өйүгэр-сүрэҕэр ааспат суолу хаалларбыт Пионерия хамсааһына Саха сиригэр тэриллибитэ – 100, оттон холкуостааһын саҕаламмыта 95 сыллара. Онон, быйылгы кэнсиэрбитигэр сэбиэскэй кэми барытын кэриэтэ хабар, урукку сылларга ылламмыт чулууттан чулуу, бастыҥтан бастыҥ эрэ ырыалары истиэххит. Ырыалары сахабыт эстрадатын чаҕылхай сулустара, биллиилээх, норуот тапталлаах ырыаһыттара, кэлэктииптэрэ толоруохтара.

Өрүү да буоларын курдук, “тэрээһиммит удамыр сыаналаах эрээри, муҥутуур үрдүк таһымнаах булуоҕа” диэн бар дьоммутун бүк эрэннэрэбит. Урукку өттүгэр сылдьыбыт дьон ону туоһулуохтара! Ону тэҥэ, үгэс быһыытынан, хас биирдии кэлбит ыалдьыппыт илии тутуурдаах, бэлэхтээх барыаҕа. Санатан эттэххэ, бу 16 сыл тухары “Кыым” кэнсиэрэ мэлдьи толору саалалаах буолан ааста. Онон, 17-с да кэнсиэрбит оннук буолуо диэн эрэнэбит, билиэттэри эрдэттэн атыылаһарга сүбэлиибит.

Күндү бар дьоммут! Дьоро түһүлгэбитигэр кэлэн, сырдык-ыраас ыралаах, үлэни-хамнаһы, кырдьыгы, эйэни өрө туппут сэбиэскэй кэмнээҕи ырыалы истиҥ, астына-дуоһуйа сынньанан барыҥ диэн ыҥырабыт!

Билиэттэри Былатыан Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырын каассатыттан, Бэчээт дьиэтигэр 111-с хостон (Орджоникидзе уул. 31-с дьиэтэ), “Кыым” хаһыат эрэдээксийэтиттэн (Киров уул. 18-с дьиэтэ В блок, 709 хос) атыылаһыахха сөп. 

WhatsApp Image 2024 10 24 at 12.23.56

 

Бүтэһик сонуннар