Киир

Киир

Роскомнадзор испииһэгинэн, 2021 с. Арассыыйаҕа барыта 149 288 регистрацияламмыт СМИ тэрилтэтэ баара, ол иһигэр 7327 хаһыат, 6708 сурунаал тахсара. 2022 сылга дойдуга тахсар хаһыаттар уопсай тиражтара мунньан-тараан 3,94 млрд экземплярга тиийэ сылдьыбыта. Ол эрээри, 2022 сыл түмүгүнэн дойдуга тахсар хас биирдии хаһыат ахсаана, 2021 сылга холоотоххо, 10 % түспүтэ бэлиэтэммит. 2023 сыллааҕы дааннай суох эрээри, хаһыат-сурунаал ахсаана өссө түргэн тэтиминэн аҕыйыы турара сылыктанар.

Этиллибитин курдук, билигин дойду үрдүнэн хаһыаттар-сурунааллар маассабайдык сабылла тураллар. Онно төрүөт элбэх... Холобур, кэнники сылларга кумааҕы сыаната – 20–25 %, бэчээт өҥөтө 30 % ыараата... Бэлиитикэ балаһыанньата халбархай уонна хаҕыс, хонтуруол кытаатан иһэр... Угуйук киирбэт, тас дойдуттан лиссиэнсийэлээх сурунааллар-хаһыаттар тохтууллар. Бэчээт тэрилтэлэрэ социальнай ситимнэргэ көһөллөр. Хаһыаты-сурунаалы ааҕа үөрэммит сэбиэскэй көлүөнэ “барар”.

“Арассыыйа почтата” иһитиннэрэринэн, 2024 сыл бастакы аҥаарыгар сурутуу түмүгүнэн, “Кыым” хаһыат сурутуутунан дойдуга 13-с миэстэҕэ (!) сылдьар. Икки сыллааҕыта 25-с миэстэ этибит. Чэ, быһата, бэрт түргэнник иннибит диэки тахсан иһэбит. Саха дьоно өйөөтөхтөрүнэ, эһиилгэ диэри Арассыыйаҕа “10 бастыҥ” иһигэр киирэр кыах толору баар. 

Ити 13-с миэстэ – Арассыыйа барытын үрдүнэн! Арассыыйаҕа билигин, быһа холоон, барыта 14 тыһ. чугаһыыр хаһыат-сурунаал баарын санатабыт!

Сахалар – ааҕарбытынан тэҥнээҕэ суох  дьоммут!

“Кыым” хаһыат бүгүҥҥү сурутуута

2010-с сылларга “Кыым” хаһыаты өрөспүүбүлүкэ барытын үрдүнэн 28 тыһ. кэриҥэ киһи сурутар этэ. Ол саҕана, саха улахан улуустарыгар барыларыгар кэриэтэ “Кыымы” 2 тыһ. тахсалыыны суруталлара. Холобур, мэҥэ хаҥаластар 3 тыһыынчалаах кирбиини кытта куоһара сылдьыбыттаахтара. Ол үтүө кэмнэр ааспыттара, билигин – атын кэм.

Бүгүҥҥү туругунан, ол эбэтэр 2024 сыл бастакы аҥаарыгар, Саха сирин барытын үрдүнэн “Кыым” хаһыаты 9409 киһи сурутар (биирдиилээн атыыны кытта холбуу аахтахха, хаһыат уопсай ахсаана 13 тыһ. кэриҥэ). Улуустарынан наардаан көрдөххө, сурутуу хартыыната маннык ойууланан тахсар...

Мэҥэ Хаҥалас – 1195
Сунтаар – 809
Бүлүү – 733
Ньурба – 677
Таатта – 672
Нам – 599
Чурапчы – 573
Дьокуускай – 565
Уус Алдан – 538
Үөһээ Бүлүү – 482
Хаҥалас – 472
Амма – 430
Горнай – 401
Дьааҥы – 216
Орто Халыма – 179
Муома – 137
Өлүөхүмэ – 122
Кэбээйи – 108
Томпо – 94
Эбээн Бытантай – 54
Мииринэй – 52
Абый – 45
Өлөөн – 44
Ленскэй – 43
Анаабыр – 41
Эдьигээн – 22
Үөһээ Дьааҥы – 20
Булуҥ – 20
Уус Майда – 16
Усуйаана – 15
Аллараа Халыма – 9
Өймөкөөн – 7
Алдан – 6
Аллайыаха – 4

Манна тугу бэлиэтээн этиэххэ сөбүй? Мэҥэ хаҥаластар, ахсааннара да элбэҕинэн, бу испииһэккэ мэлдьи бастакы сылдьаллара өйдөнөр. Бу иһин кинилэргэ улахан махтал! Урукку сылларга балай эмэ өр кэм устата 2-с миэстэҕэ бүлүүлэр тахса сылдьыбыттара. Бу сырыыга сунтаардар бэрт эрэллээхтик 2-с миэстэни былдьаабыттар (кинилэр бүлүүлэри “кыайар” буолбуттара 3–4 сыл буолла). Таарыйа санаттахха, 2005 сылтан саҕалаан, уонтан тахса сыл устата, ньурбалар уонна сунтаардар сурутуулара мэлдьи киһи бэркиһиэн курдук тэбис-тэҥ буолара. Быйылгы дааннайы көрдөххө, ньурбалар лаппа хаалбыттар.

Таатта – хаһыаты ааҕар улуус. Нэһилиэнньэтин бырыһыаныгар таһаардахха, Саха сирин биир саамай ааҕар улууһа. Таатталар быйыл даҕаны бэйэлэрин кытта биир хаан-аймах Боотуруускай, быдан элбэх ахсааннаах чурапчылары (Таатта нэһилиэнньэтэ – 17 тыһ., Чурапчы – 22 тыһ.) куоһара сыталлар.

Нэһилиэнньэтин быры-һыанынан көрдөххө, горнайдар – “Кыымы” саамай элбэҕи сурутар дьон. Урукку дьылларга сурутууларынан 1,2 тыһ. аһара сылдьыбыттара. Билигин – мөлтөөбүттэр, 400-чэкэлэр эрэ.

Нам улууһа уонча сыллааҕыта сурутуутунан лаппа кэнники миэстэҕэ сылдьыбыт эбит буоллаҕына, быйыл өрөйөн-чөрөйөн 6-с миэстэҕэ тахсыбыта – үөрүүлээх чахчы.

Хоту улуустартан сахалыы бэчээти саамай ааҕааччылар: Дьааҥы, Орто Халыма... Манна Муома эмиэ киириэн сөп. Бу да сырыыга кинилэр иэл-тиэл эриһэн иһэллэр эбит. Билбэт дьоҥҥо санаттахха, сайыҥҥы өттүгэр бу олус уустук суоллаах-иистээх улуустар.

“Уустук суоллаахтарга”, биллэн турар, өссө кэбээйилэр киирсэллэр. Бу улууска төһө да уонча саха бөһүөлэгэ баарын, улуус сахалыы нэһилиэнньэтэ 10 тыһ. чугаһаабытын иһин, быйыл “Кыымы” онно 100-чэкэ эрэ киһи сурутан олорор. Онтон киһи үөрэрэ туох да суох.

Улахан суолтата суох соҕус да буоллар... Урут Аллараа Халыма улууһугар уонча сылы быһа “Кыымы” 1 эрэ киһи сурутан кэлбитэ. Саамай элбээбитэ 2 буолааччылар. Быйыл онно хаһыаппытын “бүтүн” 9 киһи суруппута – бэйэтин туһугар улахан сонун.

Хаһыаттар уопсай туруктара

Саха сиригэр хаһыаттарга сурутуу эмиэ күүскэ түһэ турар. Тираж уопсай түһүүтүттэн, сурутуу аҕыйаабытыттан сылтаан, кэнники сылларга өрөспүүбүлүкэбитигэр бэрт элбэх хаһыат-сурунаал сабылынна. Чугастан холобурдаатахха, 2024 с. бастакы аҥаарыгар “Туймаада уоттара” хаһыат сабыллыбыта.

Билиҥҥи хаһыаттар да туруктара бэрт уустук. Ону, СӨ судаарыстыбаннай хаһыаттарын холобуругар да ырылыччы көрүөххэ сөп. Ол курдук, 2024 с. бастакы аҥаарыгар “Саха сирэ” хаһыаты – 1,5 тыһ., “Якутияны” 600-чэкэ киһи сурутар. Атын хаһыаттар-сурунааллар балаһыанньалара эмиэ онтон атына суох.

Билигин "Кыым" хаһыакка чэпчэтиилээх сурутуу бара турар. Арассыыйа почтатын бары салааларыгар тиийэн, тэйиччиттэн баан сыһыарыытыгар киирэн куар-кодунан эбэтэр өссө судургутук 8 (968) 150-67-15 нүөмэргэ эрийэн сурутуоххутун сөп. 

Бэйэ кэр.