Киир

Киир

Бу күннэргэ бассаабынан массыынанан убаһа тириитин моонньунан быһан баран, массыынанан хастыы тартарар видео тарҕанар. Омос санаатахха, быһаҕынан тымныыга сүлэн эрэйдэнэрдээҕэр быдан судургу. Ол эрээри манна сахалыы сиэри-туому тутуһуу көстүбэт. Урут сүөһүнү, сылгыны кэбилээн өлөрөр видео элбэх буолара.

Итинник сиэри-майгыны кэһэн, атын омуктар харахтарыгар норуоппутун кыыл аҥаардаах курдук түһэрэн көрдөрүү киһи өйүгэр баппат дьыала буолбатах дуо?

Бренд буолуохтаах култуурабыт сүттэ

Оттон сахаҕа былыр сүөһүнү туттууга (наадаҕа туттабыт дииллэрэ) бүгүн өрө тутуллан, бренд буолуохтаах, т/х-тын аатырдар ураты култуура, сиэр-туом баарын ыччаппытыгар тиэрдибэккэ сүтэрэн эрэбит. “Ити тыабыт сирэ, тыабыт хаһаайыстыбата харгыстанар биир сүрүн биричиинэтэ буолуон сөп” диэн ким да хоҥоруутугар хоннорбот.

2014 с. тохсунньу 10 күнүгэр саха ынаҕын көмүскэлигэр “Төрүт баай” диэн уопсастыбаннай тэрилтэ төрүттэммит “Кыым” төгүрүк остуолугар З.И. Иванова, генетик, биология билимин дуоктара: “Американка Сьюзи Крейт 20-чэ сыл саха сүөһүнү өлөрөр сиэрин-туомун үөрэтэр. Сахалар сүөһүнү көрөллөрүгэр киһи уонна сүөһү икки ардыгар хаһан да, ханна да үөскээбэтэх итэҕэйсии (священная практика доверия) баар диир. Кинигэ, ыстатыйа суруйар, аан дойдуга барытыгар тарҕатыахха диэн санаалаах.

Киһи уонна сүөһү итэҕэйсиитин култууратын үрдүк чыпчаала – саха эмээхсинэ ынаҕын кытта өр быраһаайдаһара уонна киниттэн көрдөһөн “эн туйаҕыҥ суола сүтүө суоҕа” диэн сөбүлэҥин ылан баран туттара. Аан дойдуга сүөһүнү өлөрүүгэ “гормоны страха” тахсара улахан кыһалҕа буоларын билэҕит. Биһиги аан дойду сайдыытын ылынан, аан дойдуга ханна да суох ынах сүөһүнү иитэр култуурабытын харыстаан хаалларбыппытынан кыттан байытарбыт наада”, – диэн турар.

Сүөһүнү, сылгыны кэбилээн өлөрүү аан дойдуга омукпутун хайҕатыахтаах култуурабыт Сьюзи Крейт омук тылынан суруйбут кинигэтигэр сымыйа аҥаардаах номох буолан хаалыан сөбө хомолтолоох.

Ити видеоны биир сылык, быраабы араҥаччылыыр уорганнар бэтэрээннэрэ, саха итэҕэлиттэн ыраах курдук эрээри, сорох “айылҕалаахтааҕар” саха көстүбэт эйгэни кытта сыһыанын дириҥник билэринэн сөхтөрөр киһибэр ыыппытым. Ону сахалар сылгыны сүлэр “саҥа технологияламмыттар” диэн хайҕаабата.

“Айылҕалаах” киһи тойоннооһуна

“Биир дьыала – сүлүү ньымата, иккис өттө – айылҕа тыын биэрбит харамайыгар сыһыан. Былыр сылгыны эбэ диэки эбэтэр күн тахсар сирин диэки хайыһыннаран баран, хараҕын баайан туран охтороллоро. Билигин “Дьөһөгөй айыытыттан төрүттээхпит” дэһэбит да, утары хараҕын көрөн туран өлөрөбүт. Ити – дьон “үөрэхтээҕимсийэн” күннээҕи олох-дьаһах сиэрин-туомун туттарга наадыйбат буолбуттарын көрдөрөр.

Оттон былыр дьиэ кыылын идэһэҕэ туттуу Орто дойдуга тыыннаах буолуу, олоруу үрдүк үөрэҕэ этэ. Сиэри-туому кэстэххэ, сылгы, ынах турбат буолара былыргы фольклорга баар. Сиэри билэр дьон урут сылгыны охторон баран, иһигэр олорон кыратык ас хабаллара, чэй иһэллэрэ, бу сылгы олоҕор туһалаабытын, үтүөтүн кэпсэтэллэрэ. Астыырга эмиэ сиэри тутуһаллара. Тиэргэҥҥэ “сылгы турдун” диэн хаан таммалаталлар (куталлар) диэччилэр. Ол сыһыан диэн буолар. Сиэри кэһии – аньыы, сэттээх-сэмэлээх.

Бассаапка быйыл өссө убаһалары атахтарыттан баайталаан, мас курдук массыына куусабыгар тыыннаахтыы үрүт-үөһэ тиэйтэлээбит уолаттар үөрэн-көтөн тураллара.  Онтон илдьэн киэҥ хонууга сорохторун охторо, сорохторун сүлэ сылдьалларын таһаарбыттара баара. Сахалар сүөһүнү тутталларыгар атын сүөһүнү чугаһаппаттар, көрдөрбөттөр. Көрөн уонна хаан сытын ылан, иирэн хаалаллар. Мөхсүү, маҥырааһын бөҕө буолар. “Сүөһү хаанын тоҕууну көрбүт сүөһү майгыта алдьанар, киҥнэнэр” диэн буолара. Оннооҕор оттуурга оргууй кэпсэтэн, наҕыллык туттан оттотоллор. Кыыһырсыы, бу “от хаһан бүтэр баҕайытай” диэн киҥир-хаҥыр үөхсүү суох буолуохтаах. Тугу тылласпыттарын салгын иччитэ сир тутулун чараас эйгэтигэр тиэрдэр.

Сылгыны хайдах сиэри-туому тутуһан туттуу туһунан Эдьиий Дора кинигэтигэр сурулла сылдьар. Урукку дьон халбаҥнаабакка тутуһаллара. Мин сылгылаах аймахтарым, сылгы хараҕын баайан баран, “кыһалҕаттан туттабыт” диэн анараа эйгэҕэ салгын иччитинэн биллэрэн баран охтороллоро. Иһигэр олорон сылгыларын уонна хайдаҕын-тугун туһунан хайҕаан кэпсэтэ-кэпсэтэ, чэй иһэ түһэллэрэ. Онтон дьэ биирдэ астыыллара.

– Сылгыны сиһин үөһүн быһа тардан өлөрүүнү былыргы итэҕэлинэн диэччилэр, ол төһө сөбүй?

– Өлөрүү ньымата, сүлүү албаһа уонна итэҕэлгэ сыһыан өйдөбүллэрэ арахсаллар. Сиэр-туом быһыытынан тыынар тыыннааҕы охтороору туран, хайаан да туох туһугар туттаргын этиэхтээххин. Холобур, Байанайтан дьоҥҥун аһатаары-таҥыннараары көрдүүгүн дии. Ол курдук сылгыгын, сүөһүгүн эмиэ дьоҥҥун аһатаары эбэтэр туох эрэ наада буолбутугар толук туттар буоллаҕыҥ. Саха итэҕэлинэн, ойуун кими эрэ эмтээри туттарыгар толук биэрэр буолбат дуо? Онно ыйбыт өҥнөөх сүөһүтүн тутталлар. Ол аата, сиэр-туом быһыытынан туттар буоллаххына, киэбирбэккэ, “эн баҕас” диэбит курдук сыһыаннаспакка, кэбилээбэккэ туттуохтааххын.

Сир иччитин өһүргэтимэҥ

– Киһи – эмиэ айылҕаттан тыын ылбыт харамай. Ельцин киһини көмүү туһунан ыйааҕа баар. Онно “погребение – обряд” диэн сурулла сылдьар. Ол аата, киһини анараа дойдуга дьоһунун түһэрбэккэ ыытыллыахтаах. Олохтоох муниципалитет судаарыстыба үбүгэр босхо көмүүнү тэрийиэхтээх, сирин биэриэхтээх. Оттон сыаналаах хоруопка сытыарыы, анал тиэхиньикэнэн тиэйии эҥин ол харчыланар буоллаҕа. Буор хаһар киһини хамнастааһын – эмиэ туһунан. Ол гынан баран хайаан да киһи дьоһуна сиэринэн-туомунан өрө тутуллуохтаах. Айылҕаҕа киһилиин-сүөһүлүүн, кыыллыын-көтөрдүүн, оттуун-мастыын – бары тэҥмит, бары биир Орто дойдуттан тахсыбыппыт. Отоһут, эмтэнэр да дьон, оннук сыһыаннаһан, оту эмкэ ылалларыгар “мин эмиэ хаһан эрэ бу от-мас, буор буолуом, кутум кубулуйуо, билигин кыһалҕа буолбутугар эмтииргэ эйигин туттаары ылабын” диэн баран ылаллар.

– Сиэр-туом, иччилээх тылы туттуу туохха эрэ күлүүс буоллаҕа...

– Оннук. Сылгыны сүлэ туран, сылгыны биэрэр эйгэни манньытаары “эмис, абыраммыппыт” диэн хайҕааччылар. (Собону сии олорон,  хайаан да “бу Эбэ балыга бэрдин” диирбит курдук). Тириитин туттаары алдьаппакка сүлэллэрэ. Оттон ити убаһа төбөтүттэн тириитин торуоһунан саралыы тардан ылыы – киһиргээһин, сиэри кэһии. Холобура, өлбүт киһи үс хонук истэ сытар дииллэр буолбат дуо? Сылгы да дууһалаах харамай, туох эрэ баара чахчы. Эмээхситтэр “сүөһү өлөрүн билэн, саҥата суох ытааччы” диэччилэр. Ол иһин бэйэлэрэ өлөрүмээри атастаһан кэбиһэллэрэ. Хотоҥҥо үлэлииргэ уонна сылгыны аһатарга үтүөнү саныы-саныы оҥоруохтааххын. Сүөһү, сылгы төннүбэтин, кэхтибэтин туһугар. Оччоҕо биэрэр үүттэрэ, эттэрэ эйиэхэ иҥэмтэлээх, туһалаах буолар.

Сир иччитин өһүргэтиллиэ суохтаах. Куһаҕаны эппиккин чараас эйгэ эмиэ истэр. “Улаханнык саҥарыма, бэйэҕэр төннүөдииллэр. Ол төннөн киирэн, эккэр-хааҥҥар иҥэн, доруобуйаҕын кэрбиэн сөп, тыл ол курдук иччилээх.

– Атын улахан итэҕэллээх омуктар дьиэ кыылын тутталларыгар сиэри-туому төһө тутуһалларый?

– Исламҥа тутуһаллар. Барааны сиэртибэҕэ анаан туспа иитэллэр. Ол эрэ дьонтон ылаллар. Ити аата, кинилэр эмиэ сиэртибэҕэ туттуу туох эрэ суолталааҕын билэллэр диэн. Христианнар Биибилийэлэригэр бастакы барааны сиэртибэҕэ туттуу сиэрэ-туома суруллар. Ол аата, чараас эйгэ “маннык оҥор” диэн сиэртибэни көрдүүрүн биэрэр буоллахтара.

Онон биһиэннэрэ билигин дьиэ кыылын тутталларыгар куһаҕаннык өлөрөрбүтүн чараас эйгэ сөбүлээбэтин өйдүөхтээхтэр.

Биирдэ Ньыыкан кырдьаҕас, биһиги билэр, улахан сылгыһыт, булчут киһибитин ыҥыртаран, сылгытын астаппыт этэ. Ол киһи кырдьаҕас туттар сылгытын охторон киирэн баран: “Отой биирдэ да илиим таһынан сыыһа туттубатым, Ньыыкан үөрдэ, барыта наһаа үчүгэйдик барда”, – диэн кэпсээбитэ. Ньыыкан туттар кыылын охтороругар мээнэ киһини ыҥырбатаҕа чахчы. Ол иһин мэник уолаттары кытта кэпсэппэтэҕэ чахчы. Кини курдук улахан айылҕалаах киһи Орто дойдуну салайар, тутар атын модун күүс, эйгэ баарын билэр буолан, сиэри-туому тутуһар  буоллаҕа.

Сылгы сэтин-сэмэтин туһунан

Сылгы Үрдүк Айыылары, атын эйгэни кытта сыһыаннааҕын бигэргэтэр олоххо буолбут үс түбэлтэни билэбин.

1. Баччаларга, хаар түһэн турдаҕына, сылгы базатыгар улахан үөр ыһыллан, сылгыларын кыайан далга киллэрбэтэхтэр. Айылҕалаах киһини “көмөлөс” диэбиттэр. Кини кэлэн баран: “Бу турар уонча киһиттэн саамай эдэргит сиэбигэр эбиэстэ угуҥ. Толооҥҥо киирэн, оол көстөр кэбиһиилээх окко хааман тиийэн, оту утары көрөн туран чэпчэтиннин, эбиэһин ыстын уонна эргиллибэккэ кэлбит суолунан көхсүнэн хааман төннүөхтээх”, – диэбит. Уолаттар күлсүбүттэр. Ону кырдьаҕастара “хайдах буолаҕыт?” диэн буойбут. Ыыппыт уоллара сиэри-туому үчүгэйдик толорбут. Чэйдии олорон көрбүттэрэ, сылгылар үмүөрүһэн барбыттар. Оҕонньор “үүрэн киллэриҥ” диир. Сылгылара ыһыллыбакка, бары далга киирбиттэр. Ити – айылҕа биһиги көрөрбүт курдук буолбатаҕын, атын тутуллааҕын, атыннык салалларын көрдөрөр

2. “24 снега”  диэн киинэ “Киин” киинэ тыйаатырыгар буолбут сүрэхтэниитигэр эт кулгаахпынан истибитим. Ити киинэ тахсарыгар көмөлөспүт, сылгыга олус кыһаллар, сылгыттан олус үчүгэйдик астаан, дьону аһатар биллэр урбаанньыттаахпыт. “24 снега” киинэҕэ убаһа бөҕөтүн өлөрбүттэрэ көстөр. Убаһалар өлөөрү турдахтарына, быанан чиккэччи тардан, камеранан харахтарын уһул да уһул буолбуттара. Сылгылар хаһаайыннара, Эбээн Бытантай киһитэ: “Ыһыахха сүүрдэр атым саамай элбэх харчыны киллэрэр”, – диир атыттарыгар аахайбат курдук. Омоллоон хааннаах ыһыаҕын ыһа сылдьалларыгар кыһаммат. Онно урбаанньыт сыанаҕа тахсан, сылгы туһунан үчүгэй баҕайытык эппитэ. Бүтэһигэр: “Киинэ сүрүн дьоруойа, ити сылгылар хаһаайыннара, хайа үрдүттэн атыныын суулларыгар үүрүк ата быһыылааҕа) ата үрдүгэр баттыы түспүт, киһи өттүгэ уонна атын уҥуохтара тостон, санэриэйсэнэн бүгүн куоракка кэллэ, онно көмөҕө кыттыһыҥ”, – диэбитэ. Ити – дьиэ кыылын өлөрүүнү устуу, кэпсээһин, аһары туттан көрдөрүү, тарҕатыы сиэри кэһии буоларын, сэттээҕин көрдөрөр.

3. Бу түбэлтэ аҕыйах сыллааҕыта буолбута. Биир “айылҕалаах” киһиттэн улахан дьон “Саха сирин тыатын хаһаайыстыбатын хайдах өрө тардабыт?” диэн ыйыппыттар. Онуоха: “Көтөҕүөххүтүн баҕарар буолаххытына, биир биллэр киһини чиэстээҥ (аатын эппит), чиэстээһиҥҥэ ол киһи сахалыы сиэринэн-туомунан үс маҥан сылгылаах, биирин миинэн, иккини сиэтэн түһүлгэҕэ киириэхтээх, иннигэр күөх оту ыһа-ыһа сиэрин-туомун оҥорон, биир биэдэрэ ыаммытынан үүтү кутан сиэр толоруохтаах, сандалы тэрийэн, мустубут дьону аһатыахтаах, оччоҕо сүөһүгэ-сылгыга өҥ кэмнэр кэлиэхтэрэ”, – диэбит. Айылҕалаах эппитин толорорго биир киһиттэн “үс маҥан сылгыта булан биэр эбэтэр бэйэҥ киэҥҥиттэн үс сылгыта биэр дуу” диэбиттэр. Ону сөбүлэспэтэх, “киниэхэ тугун үс сылгытай, элбэҕэ да бэрт” диэн сэнэбиллээхтик, аахайбаттыы эппит.  Ол да буоллар сиэри-туому толорбуттар. Т/х-тын көтөҕөр киһилэригэр улуус бочуоттааҕын, онтон өрө тахсыы бэрээдэгинэн дабайан, саамай үрдүк наҕарааданы Москубаттан ылар буолбут. Ону ыла Москубаҕа көтөр күнүгэр, били, сылгытын көҥөммүт киһи бохоруоната этэ. Ол аата, Үрдүкү күүс итини барытын көрөн туран накаастаабыт диэххэ сөп.

Кутурук салайыыта

Алыһардаах удаҕан эдэр, кэрэ сылдьан, күбүрүнээтэр тэрийэр көрсүһүүтүгэр ыҥырыллан олордоҕуна, биир уол "бачча кэрэ кыыс, ама, ити ыарыһахтар баастарын ириҥэлэрин обороро буолуо дуо?" дии саныы олорбут. Алыһардаах: "Аны манна сиилэһэ олоробут дуо?" –  диэн баран, биилкэтин талыр гыннара уурбут. Ол уол кытаран хаалбыт диэн кэпсээн баар.

Ньыыкан, Чирков Көстөкүүн киһи санаатын истэллэрэ диэччилэр. Оччотугар Айылҕа кинилэрдээҕэр лаппа үрдүк күүс буоларынан киһи санаатын өтө билэр буоллаҕа.

Онон дойдубутугар, дьоммутугар үтүөнү баҕаран, саха итэҕэлигэр суолта ууран, идэһэ кэмигэр сиэр-туом тутуһуллар видеоларын, хаартыскаларын тарҕаталлара норуоппут төрүт култууратын, итэҕэлин бырапагаандалыа этэ.

Владимир Степанов.