Киир

Киир

Сахаларга былыр-былыргыттан күһүн устата уһун кыһыммытыгар бэлэмнэнии үгүс түбүктээҕинэн биллэр: кыстыкка көһүү, идэһэни өлөрүү, сылы туоруур хаһаас аһы-үөлү булунуу, дьиэ-уот, уруу малааһыннара, булт-алт уо.д.а. Онон бу таһаарыыга былыргы дьыллар быыстарыгар саха барахсан күһүҥҥү кэмҥэ хайдах-туох сиэрдээҕин-туомнааҕын туһунан кылгастык сырдата түһэргэ сананным. Дьиҥинэн, күһүҥҥү сиэри-туому, үгэһи барытын киллэрдэхпинэ, быйыл бүтүөхпүт суоҕа. Ол иһин аҕыйах, умнуллан эрэр, олохтон сүппүт төрүт итэҕэлбит күһүҥҥү сиэрин-туомун туһунан биллэр-көстөр анал үөрэхтээх дьонтон сурастым.

 Былыргы сахаларга кыстыкка көһүү сиэрэ-туома баар буолар эбит. Бу туһунан ааттаах-суоллаах алгысчыт, өбүгэ үөрэҕин уһуйааччыта, РФ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Афанасий Семенович Федоровтан ыйыттым.

– Афанасий Семенович, кыстыкка киирии диэн былыргы сахаларга олох биир тыын боппуруос буолар буоллаҕа. Кыстыкка киирии сиэрэ-туома хайдах этэй?

– Сахалар балаҕан ыйын саҥатыгар сайылыктан көһөн оторго тахсаллара. Сүөһүлэрэ алааска үүммүт кэнчээри оту мэччийэр, оччоҕо кыһыны этэҥҥэ туорууругар уойар эбит. Алтынньы ыйга отортон кыстыкка көһөллөрүгэр анал сиэри-туому толороллор. Кыстык дьиэлэригэр киирэн баран, дьиэ иһин-таһын хомуйаллар, сууйаллар, ыраастыыллар. Хотоннору уонна балаҕаннарын «хара сыбах» диэн ааттаан сыбыыллар, маныаха туой буорга сүөһү сааҕын холбоон хойуу соҕус гына оҥороллор. Сүөһүлэр кыстыыр хотонноругар урут турбут оннуларын билэр буолаллар эбит, онно киирэн турунан кэбиһэллэр. Онтон дьиэлээх хотун хотон ортоку баҕанатын аттыгар эбэтэр бастыҥ ынаҕын таһыгар дьиэттэн таһаарбыт кыһыл чоҕун уурар (сороҕор уот оттор). Ол кэнниттэн хотон иччитигэр Ньаадьы Ньаҥхаҕа үҥэн-сүктэн алгыс этэр:

Сайылыкка сайылаан,
Оторго олорон,
Этэҥҥэ кыстык
дьиэбитигэр
Көһөн кэллибит.
Быйылгы кыһыны этэҥҥэ
туорат,
Саҥа кэлэр төрүөҕү
Этэҥҥэ биэр,
Айыыһыты атарахсытыма!
 

Маныаха дьиэлээх хотун арыы, саламаат, маҥан сиэл, алаадьы бэрсэр, оччоҕо хотон иччитэ үөрэр-көтөр диэн өйдөбүллээх. Онтон этиҥ охсубут маһынан саах күрдьэр хоруудатын үрдүнэн буруолатар уонна ситэ умуллубатах этиҥ охсубут маһын тымтыгын хотон аанын үрдүнэн уурар. Кыстыыр балаҕаннарыгар киирэллэригэр дьиэлээхтэр таҥастарын күрүөҕэ ыйаан салгылаталлар. Кинилэр айаннаан кэлэн иһэн араас иччилээх сирдэринэн ааһаллар, ол иһин куһаҕан тыын дьиэ иһигэр киирбэтин диэн таһырдьа хааллараллар эбит. Оттон дьиэлэрин иһигэр алаадьы астыыллар, куһу, куобаҕы, ынах этин буһараллар. Сиэл уматан сыт таһаараллар, аал уот, дьиэ, тэлгэһэ иччилэрин үөрдэллэр. Алгыс тылыгар: «Этэҥҥэ кыстат, оһол-моһол уолаттарын чугаһатыма, очурга-чочурга оҕустарыма», – дииллэр. Маны таһынан, этиҥ түспүт маһын уматан дьиэлэрин эмиэ ыраастыыллар, маныаха аан хаҥас өттүттэн са­ҕа­лыыллар эбит. Хас биирдии киһини эмиэ бу буруонан ыраастыыллар.

kystyk

– Аныгы кэмҥэ кыстыкка киириигэ, биллэн турар, уруккулуу туому тутуспат буоллахпыт. Ол эрээри дьоҥ­ҥо тугу тутуһалларыгар сү­бэлиэҥ этэй?

– Аныгы сахалар даачаларыттан, сайылыктарыттан кыстыыр дьиэлэригэр көһөн кэлэн баран дьиэлэрин-уоттарын хайаатар даҕаны ыраастыахтарын наада. Бэйэ оһоҕор эбэтэр гаас оһоххо даҕаны кымыс кутан эбэтэр атыыга баар оттору атыылаһан кэҥсик сыт таһааран ыраастыахтааххыт. Бу аата дьаҥ, ыарыы кэлбэтин диэн уонна этэҥҥэ дьылы туоруурбут туһугар оҥоһуллар.

СӨ үөрэҕириитин туйгуна, А.Д. Макарова аатынан Дьокуускайдааҕы култуура уонна ускуустуба колледжын төрүт култуураҕа салаатын уһу­йааччыта Михаил Николаевич Винокуровтан идэһэ өлөрүүтүн сиэрин-туомун ту­һунан ыйыталастым.

– Михаил Николаевич, дьэ, сотору кэминэн Сахабыт сиригэр идэһэ кэмэ кэ­лиэҕэ. Былыргы сахаларга идэһэни өлөрүү сиэрэ-туома хайдах ааһар этэй?

– Күһүн биир кэтэһиилээх, үөрүүлээх кэминэн идэһэ өлө­рүүтэ буолар. Идэһэ өлөрүүнү ийэм идэһэ туттуу диэн ааттыыр этэ. Былыр, ынах да, сылгы да сүөһүнү идэһэлэннэллэригэр анаан сүөһүнү үчүгэйдик көрөн, аһатан тутталлара. Оннук сүөһүнү байтаһын, кур оҕус диэн ааттыыллара. Идэһэ сылгыны хаһатын сыатынан үс тарбах хаһалаах, түөрт тарбах хаһалаах диэн сыаналыыллара. Оттон кур оҕус диэн хас эмэ сыл уотан, анаан аһатан туттар оҕустарын ааттыыллара. Идэһэ сүөһүнү былыр улахан тымныы түстэҕинэ, сэтинньи ый саҕатыгар туттуллара. Бу туһунан саха уус-уран литэрэтиирэтигэр «балаҕан аана кыычырҕаан-хаачырҕаан тыа­һыыр буолла, идэһэ кэмэ саҕа­ланна» диэн суруллар. Идэһэ сиэрин-туомун туһунан научнай литэрэтиирэҕэ Г.У. Эргис «Очерки по якутскому фольклору» үлэтигэр сиһилии суруллар. Онно этиллибитинэн, былыр кырдьаҕас ынаҕы идэ­һэлэнэллэригэр хотонтон сиэтэн таһааран «ыарахан дьыл тирээтэ, үүттээх үчүгэй ынах этин, үүккүн-аскын тиэргэҥҥэр хааллар» диэн алгыс тылын этэн баран, кутуругуттан түүтүн кырыйан ылаллара. Ол кутуругуттан түү кырыйан ылан баран биирдэ өлөрөллөрө. Кутуругуттан кырыйан ылбыт түүлэрин суораттаах туос тууйаска уган, булкуйан баран, хотон сэбэргэнэтигэр үс хоннороллоро. Ол кэнниттэн хотоҥҥо турар сүөһүлэрин ол суоратынан арҕастарын, систэрин сотоллоро. Ол аата, бу идэһэ буолбут үтүө сүөһүлэрин кута-сүрэ ыччат сүөһүгэ иҥэр диэн өйдөбүллээх. Оттон кырдьаҕас атыыр оҕуһу идэ­һэлэнэллэригэр эмиэ тиэр­гэҥҥэ сиэтэн таһааран баран, ууһатар тэрилин түүтүттэн эмиэ кырыйан ылан баран: «Үтүөкэн сүөһү этин, кэнчээри ыччаккын тиэргэҥҥэр хааллар, түөрт туйаххын туура тэп», – диэн бараннар тутталлара. Ол кэнниттэн эмиэ ити суораттаах туос иһиккэ булкуйан баран, хотон сэбэргэнэтигэр үс хоннороллор уонна хотоҥҥо кыстыыр сүөһүлэрин үрдүгэр сотоллор, онтон били атыыр буолуохтаах оҕустарын сиһин арҕаһын суоратынан үчүгэйдик сотоллор. Былыр сүөһүнү туттуу туһунан элбэх кинигэлэргэ сурулларынан, сүөһүнү охторон түһэрэн баран иһин хайытан, сиһин үөһүн быһа тардан өлөрөллөр эбит. Иһин хайытан, сиһин үөһүн быһа тардыахтарыгар диэри сүөһү орулаабатын диэн, айаҕар хардаҕас анньаллар эбит. Былыр сүөһүнү сүүскэ охсон өлөрбөттөрө. Эһэм кэпсииринэн, сылгыны үрүҥ сүнньүн быһаҕынан анньан өлөрөр этэ диэн кэпсээбитэ. Уопсайынан, былыр сүөһү, кыыл, киһи баһын, төбөтүн ытыктыыр үгэс баар этэ, тоҕо диэтэр төбөҕө киһи, сүөһү кута-сүрэ, өйө-санаата баар диэн өйдүүллэр. Оттон саха киһитэ үйэлээх сааһын тухары мииммит атын уонна үчүгэйдик үөрүн тутан илдьэ сылдьар сылгытын, кырдьаҕас биэтин идэһэ тутуннаҕына, сорохтор тириитин туйахтары холбуу сүлэн баран кэрэх ыйыыллар эбит.

– Аныгы кэмҥэ идэһэни өлөрүүгэ дьоҥҥо тугу сүбэ­лиэ этигиний?

– Төһө кыалларынан идэһэ­лэнэр кэмҥэ үгэстэри, сиэри-туому тутуһалларыгар сү­бэ­лиэм этэ. Тоҕо диэтэххэ, түҥ былыргы үйэлэртэн саханы саха дэппит ынах, сылгы буоллахтара. Билиҥҥи кэмҥэ хайа баҕарар сүөһүлээх тыа ыала былыргы сиэри-туому, үгэстэри тутуһарыгар туох даҕаны ыарахаттара суох диэн этэбин. Сахам дьоно, төһө кыалларынан хаһан даҕаны, хайдах даҕаны буолларгыт ынах, сылгы ииттэргитин быра­ҕымаҥ, сүөһүлээх киһи өлөн-охтон биэрбэт.

Икки сүрүн күһүҥҥү сиэри-туому кытта билистибит. Салгыы былыргы күһүҥҥү ыһыаҕы ахтан ааһар тоҕоостоох дии санаатым. Бу туһунан биллиилээх кыраайы үөрэтээччиттэн, худуоһунньуктан, устуоруктан, этнографтан, «Туймаада ыһыаҕа» архитектурнай-этнографическай комплекс дириэктэрэ Вильям Федорович Яковлев-Түһүлгэнтэн ыйыталастым.

ysyakh

– Сахаларга былыр күһүҥ­ҥү ыһыах баарын туһунан устудьуоннуу сырыттахпына кылгастык кэпсээн ааспыттаахтара. Оттон билигин сахам дьонуттан “күһүҥҥү ыһыах туһунан билэҕит дуо?” диэн туоһуластахпына, үгүстэр олох билбэттэр эбит. Сорохтор, бэл, соһуйа ис­тэллэр. Күһүҥҥү ыһыах диэн тугуй? Бу туһунан ханнык кинигэлэртэн булан кө­рүөх­пүтүн сөбүй?

– Былыр-былыргыттан ыһыаҕы Үрүҥ Айыыларга анаан оҥороллор этэ. Оттон кэлин буоллаҕына, бу XVII үйэттэн ынах-сүөһү элбээн, Аллараа дойдуга, Үөһээ дойдуга ыарыыга кыырар үрүҥ-хара ойууннар үксээн күһүҥҥү ыһыахтар диэн баар буолбуттара. Тоҕо диэтэххэ, күһүҥҥү ыһыах аллараа абааһыларга аналлаах. Аллараа баар абааһылар Орто дойдуга тахсан, ыарыыны, өлүүнү, тоҥууну-хатыыны аҕалбатыннар диэн, көрдөһөр-ааттаһар сиэр-туом оҥорон, ыһыах ыһаллар этэ. Ол ыһыа­ҕы идэһэ кэмин саҕана анал таҥастаах-саптаах айдарыылаах ойууннар иилээн-саҕалаан ыыталлар этэ. Манна, саамай сүрүнэ диэн, ыһыах ыһалларыгар үрүҥ илгэнэн буолбакка, хаанынан ыһыах ыһаллар эбит. Ойууннар сүөһү хаанын таһааран, Аллараа дойду абааһыларыгар бэрик биэрэн, уҕарытан, бу Орто дойдуга үчүгэй, саргылаах кэм буоллун, өлүү-сүтүү тахсыбатын диэн, көрдөһөллөр-ааттаһаллар этэ. Бу хааннаах ыһыах кэлин умнууга барбыт. Чинчийээччилэр Үөһээ дойду Айыыларыгар сүгүрүйэр Үрүҥ Тунах ыһыахпытыгар болҕомто уурбуттар. Онтон кэнники сэбиэскэй былаас кэмигэр күһүҥҥү ыһыах олох даҕаны умнуллан хаалбыт. И.А. Худяков кинигэтигэр «абааһы ыһыаҕа» диэн ыытылларын туһунан ахтан ааспыт. Кини суруйарынан, 9 дьөлөҕөстөөх, түөрт кырыылаах баҕана туруоран баран, атыыр сылгыны баайаллар эбит. Бу баҕана үөһээтигэр киһи сэбэрэтин арҕаа диэки хайыһан турар гына кыһан оҥороллор. Маныаха бытыгын, баттаҕын чопчу гына ойуулаабаттар эбит. Бу кыһыллыбыт киһи сэбэрэтин моойугар хара эриэн атыыр сылгыны баайаллар. Бу барыта балаҕан таһыгар буолар. Туому ыытар ойуун илиитигэр 3 эбэтэр 9 дьөлөҕөстөөх кэтит хамыйаҕы тутан баран баайыллыбыт сылгыга көхсүтүнэн буолар. Бу сылгыны ойуун үс төгүл эргийэн баран сиэлин, түүтүн бары өттүттэн ити кэтит хамыйаҕынан таҥнары гына тарыырдыы кумалаан барар эбит уонна сотору буолаат улаханнык: «Дьиэлээх тойон! Хара тыыныҥ харыһыгар, үрүҥ тыыныҥ толугар, бу маны илдьэммин эйиэхэ эрэйдэнэн көрөөрү турдаҕым!» – диэн хаһыытыыр эбит... Билиҥҥитэ күһүҥҥү ыһыах туһунан чинчийээччилэр быстах этиилэрэ эрэ бааллар. Холобура, И.А. Худяков, В.Л. Серошевскай, В.Ф. Трощанскай үлэлэригэр, Э.К. Пекарскай тылдьытыгар кылгастык ахтыллан ааспыттар.

– Ол аата, күһүҥҥү ыһыах­ха көннөрү киһи сылдьыбат эбит дуо? Аныгы кэмҥэ бу сиэр-туом умнуллубут көстүүтэ оҥоһуллубат буоллаҕа.

– Дьиҥинэн, ыһыах даҕаны диэн аатырбат буоллаҕа. Аллараа абааһылартан, иччилэртэн тымныы буоларын саҕана өлүү-сүтүү аччаатын диэн бэрик биэрэр, сүөһү хаанын ыһар сиэр-туом буоллаҕа. Ол иһин сайыҥҥы ыһыахпытыгар курдук дьон-сэргэ тоҕуоруһан кэлбэт. Оттон билиҥҥи кэмҥэ сиэри-туому толору тутуһан, үөрэтэн баран, кыһын өлүү-сүтүү тахсыбатын, чөл олох буоллун диэн, чахчы, уһуйуллууну ааспыт, сиэр-туом силигин ситэрэр анал айылҕаттан айдарыылаах ойууннар ыыталлара ирдэнэр. Ол эрээри хараҥа иччилэргэ, абааһыларга киирэр улахан эппиэтинэстээх, кутталлаах даҕаны дии саныыбын. Күһүҥҥү ыһыах сиэрин-туомун толороллоругар бастаан Аллараа дойду аанын аһар, ол кэнниттэн ол ааны сабар ураты күүстээх буолуохтаахтар буоллаҕа...

Дьэ, бу курдук өбүгэлэр­бит барахсаттар умнууга хаалбыт сиэрдэрин-туомнарын ахтан-санаан аастыбыт. Арай, аныгы үйэҕэ төрүт итэҕэлбит бу көстүүлэрин сөргүтэргэ дьулустахпытына хайдах буолуоҕай?..

Ираида Коркина- Чугдаара.