Өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр урбаанньыт, мэссэнээт, Амма улууһун бочуоттаах мэссэнээтэ, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ил Түмэн дьокутаата Р.Е. ФЕДОТОВ эрэдээксийэбит бүгүҥҥү ыалдьыта.
– Руслан Еремеевич, кэлэр сыл бүддьүөтэ хайдах тыырылынна? Тыа хаһаайыстыбатын хайысхатыгар туох сэргэх сонун-нуомас баар?
– Быйыл тыа хаһаайыстыбатын бүддьүөтүн Ил Түмэҥҥэ көрүүгэ Ил Дархан “эбии 2,5 млрд солк. үбү эбиэххэ” диэн этии киллэрбитэ. Онно үп-харчы булуллан, кини сорудаҕа туолан, 2023 сылга бүддьүөттэн тыа хаһаайыстыбатыгар 14 млрд 200 мөл. солк. көрүлүннэ.
Онон хаһан да көрүллүбэтэх улахан суума тыа хаһаайыстыбатыгар тыырылынна, ордук тыа сирин олохтоохторугар көмө буолара саарбахтаммат.
Ол курдук, урут 1 л үүт 50 солк. туттарыллар эбит буоллаҕына, быйыл 10 солк. эбии үрдэтиллэн, 60 солк. диэри улаатарыгар 617 мөл. солк. эбилиннэ. Сылгыны үөрдээн иитэр тэрээһиннээх хаһаайыстыбаларга 1 биэ төбөтүгэр эрдэ 3000 солк. көрүллүбүт эбит буоллаҕына, билигин 5000 солк.тиийэ үрдээтэ. Онон сылгы иитиитигэр 132,5 мөл.солк. эбии төлөбүр тэрээһиннээх хаһаайыстыбаларга көрүлүннэ.
Аны ынах-сүөһү көрөр кэтэх хаһаайыстыбалаах дьоҥҥо ынах төбөтүгэр 35000 солк.көрүллэр этэ, быйыл 2000 солк. эбиллэн, 3700 солк. төлөнөр буолуоҕа. Бу төлөбүргэ бүддьүөккэ 79 мөл. солк. эбии көрүлүннэ. Хоту улуустарга дьиэ табатын иитэр хаһаайыстыбаларга таба төбөтүгэр 5000 солк. кэриҥэ көрүллэ сылдьыбыт эбит буоллаҕына, ол суума билигин 5,335 солк.буолла. Ол эбэтэр 1 млрд 100 мөл.солк.тэҥнэстэ.
Дьиэ кыылын түргэнник иитэр салааҕа сибиинньэ, куурусса, о.д.а. иитэр хаһаайыстыбаларга 60%-наах субсидия көрүллэр. Ол курдук, комбикорм, эбии уотурба атыылаһалларыгар 443 мөл. солк. судаарыстыба өттүттэн толуйуллар. Ол эбэтэр атыыласпыт ороскуотун 60%-нын өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтэ сабар.
Оттон тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар (кээпэрэтииптэр, бааһынайдар, ХЭУо-лар) мэхэньисээссийэлээх улахан хотон туттар ороскуоттарын судаарыстыба суотугар 98 %-ҥа тиийэ толуйууга анал ыстатыйанан 204 мөл. солкуобай көрүлүннэ. Итини таһынан мелиорацияҕа тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар сирдэрин дулҕаттан, талахтан ыраастаан, тупсарыналларыгар 100 мөл. солкуобай угулунна итиэннэ улуустар сүөһү аһылыгын бэлэмнээһиҥҥэ туһуламмыт бырагыраамаларын өрөспүүбүлүкэ кыттыгас үбүлэһэр өлүүтэ 75 мөл.солкуобайынан эбиллэн, 175 мөл.солк. буолла. Ону тэҥэ хаһаайыстыбалар бурдуктарын уурар-харайар ыскылааттары тутталларыгар, бааһынаҕа элбэх үлэни биир хамсаныынан толорор тиэхиньикэни атыылаһалларыгар 130 мөл. солкуобай көрүлүннэ.
– Мэлдьи да буоларын курдук, быйылгы кыстык сүөһүгэ-сылгыга уустук буолара сабаҕаланар.
– Курааннаан уонна халаан уута ылбыт, үчүгэйдик оттооботох улуустарга кыстыкка киириигэ эбии от тиэйиитигэр 251 мөл.солк. суума бүддьүөттэн угулунна. Сир оҥоруутугар – дулҕаны, талаҕы ыраастаан, туһаҕа таһаарыыга 175 мөл. кэриҥэ үп көрүлүннэ. Бу 251 мөл. диэн биһиги Амур уобалаһыттан, Читаттан от атыылаһан аҕаларбыт ороскуота буолар. Ол эбэтэр бу уобаластар тыаларын хаһаайыстыбата сайдыытыгар Саха сирэ көмөлөһө олорор курдук буолан тахсар.
Манна тус бэйэм маннык санаалаахпын. Атын эрэгийиэнтэн оту атыылаһыыны тохтотон, ол үбү бэйэбитигэр сир оҥоруутугар угар табыгастаах буолуо этэ. Ким баҕалаах сирин оҥостон, өр сыллаах оту, бурдугу ыһан, үүннэрэр усулуобуйатын тэрийэн, база оҥостор усулуобуйаларын хааччыйдахпытына, дьоммутугар-сэргэбитигэр ол харчыбыт дохуот быһыытынан киириэ этэ. Хаһаайыстыбалар материальнай-тэхиниичэскэй базалара сайдарыгар тирэх буолуо этэ.
– Сир чааһыгар киирдэххэ, мелиорация, нүөлсүтүү үлэлэрэ... Оһорбо бааһыналары хайдах сөргүтүөххэ сөбүй? Тыа сиригэр сылдьан, оһорбо бааһыналары киһи харааста көрөр.
– Бэйэм “Амма” сопхуоска оҕо эрдэхпиттэн, кэлин оскуоланы бүтэрэн бараммын, урбаанньыттыы барыахпар диэри үлэлээбитим. Үлэм киниискэтигэр “Амма сопхуос” эрэ диэн сурулла сылдьар. Эдэр сылдьан үлэлээбит бааһыналарбар өр сыллаах оту, бурдугу ыһан, өлгөм үүнүүнү ылар буоллахпытына, билигин ол бааһыналар туһаныллыбакка тураллар. Ол курдук, Хойуу, Эргэ Өлөннөөх уонна Дьабы диэн улахан бааһыналар быраҕыллан тураллар. Урут манна элбэх сыллаах от өлгөмнүк да үүнэр буолара. Ону быйыл 352,7 гектар сири дуогабардаһан, “Амма” сопхуос тиэхиньикэтинэн, бары көмөлөөн, сирин хорутан диискэлээтибит.
2022–2023 сылларга сирин-уотун өссө үчүгэйдик оҥороммут, өр сыллаах оту ыһарга былааннанабыт. Бу өр сыллаах от сиэмэтин ыламмыт, чугастааҕы улуустарга удамыр сыанаҕа түҥэтиэхпитин сөп. Оччотугар өрөспүүбүлүкэбитин отунан хааччыйар кыахтаныа этибит. Холобурун ылан көрдөххө, киин улуустар өр сыллаах от сиэмэтэ суох буолан, кыайан дьаһаммакка олороллор. Атыыланар сыаната сүрдээх ыарахан. Аны өр сыллаах оту ыһан баран, 3 сыл устата ол сиэмэтин хомуйбаккын. Ыһыллыбыт оту 3 сылынан биирдэ хомуйаҕын. Бу өттүнэн ылан көрдөххө, сүрдээх ночооттоох курдук буолан тахсар. Бааһыналары ынах, сылгы тэпсибэтин наадатыгар күрүөлүөххүн наада. Онон сүрдээх ночооттоох диэн, биир да хаһаайыстыба ылыммат.
Ол иһин ити этэн ааспыт гектар сири быйыл таҥастааһын (обработка) үлэтэ ыытылынна. Кэлэр 2023 сылга салгыы таҥастаан, күрүөтүн-хаһаатын оҥорон бараммыт, өр сыллаах оту ыһан, 3 сылынан от сиэмэтин хомуйан, Саха сирин хаһаайыстыбаларыгар чэпчэки сыанаҕа хааччыйар буолуохпут.
Оччоҕуна эрэ инникитин Сахабыт сирэ бэйэтэ отунан толору хааччынар буолуоҕа. Амур уобалаһыттан, Читаттан, Забайкальеттан мөлтөх хаачыстыбалаах оту ыарахан сыанаҕа атыылаһан, ону тиэйэн аҕаларга тырааныспар ороскуотугар өрөспүүбүлүкэ улахан ороскуоту көрсүө суох этэ.
Инникитин өрөспүүбүлүкэҕэ маннык өр сыллаах отунан дьарыктанар бырагыраама оҥоһуллуон наада дии саныыбын. Онон дьарыктанар хаһаайыстыбаларга үп, материальнай-тэхиниичэскэй көмөлөөх бырагыраамалары толкуйдуохха наада. Оччоҕуна эрэ бу сүрүн кыһалҕа быһаарыллыа этэ.
Билигин бу саамай кыһалҕалаах, тыын боппуруоска кубулуйан турар. Улахан сыаналаах тиэхиньикэлэр суохтар, уматык, сиэмэ от, бурдук сыаналара ыараата. Маны көннөрү хаһаайыстыбалар кыамматтар. Онон бэйэм курдук атахтарыгар турбут урбаанньыттар бэйэлэрин улуустарыгар оһорбо бааһыналар сирдэрин оҥорон, анал тиэхиньикэлэринэн хааччыйан көмө оҥороллоро буоллар, тыа сирин дьонугар-сэргэтигэр сүрдээх улахан көмө буолуо этэ.
Бэйэм былыр холкуос саҕана быраҕыллыбыт төрөөбүт дойдум Лээгигэ ходуһаҕа үүммүт талахтары барытын анньаммыт, сүрдээх улахан хочону ыраастааммыт, билигин үчүгэйдик оттонор ходуһаларга кубулуйдулар.
– Амма Эркээйи сиригэр 10-тан тахса сыл үлэлээн кэллиҥ. Бу үлэ хайысхатын билиһиннэриэҥ дуу?
– Саха сиригэр ытык кэрэ сирдэр тиһиктэригэр киирэр 78 араҥаччыланар сирдэртэн биирдэстэрэ Эркээйи сир “Амма” буолар.
Алданы кытта быысаһар Амма кыраныыссатыгар Төгүлтэ Төрдүгэр диэри 735 430 гаалаах Эркээйи сир “Амма” Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын 371№-дээх уурааҕынан 2000 сыл от ыйын 11 күнүгэр тэриллибитэ. Икки зоналаах: бобуулаах зона уонна олохтоохтор туһанар зоналара. Манна үүнээйи 304 көрүҥэ баар, олор истэригэр 40 эмтээх, 20 Кыһыл кинигэҕэ киирбиттэр, ону таһынан кыыл 36 көрүҥэ, көтөр 64 көрүҥэ үөскүүр-ууһуур дойдута.
2011 сылтан Экология уонна айылҕа харыстабылын министиэристибэтин кытта судаарыстыбаннай-чааһынай партнерство бырагырааматынан дуогабар түһэрсэммит, бииргэ үлэлээн кэллибит. Тыа баһаара буолар түбэлтэтигэр дьонунан, тиэхиньикэнэн, уматыгынан хааччыйыахтаахпыт бу дуогабарга сурулла сылдьар. Билигин Экология министиэристибэтин кытары 2023 сылга үлэбит хайысхатын былаанныы сылдьабыт.
Манна мас кэрдиитин, сирин баайын, уутун, балыгын, сүүрэрин-көтөрүн барытын харыстааһын барыта киирэр. Маны тэҥэ мас кэрдиитигэр, сирин баайын туһаныыга сүрдээх сытыы боппуруостар тураллар. Бу Эркээйи сиригэр 10-тан тахса сыл устата биир да мас кэрдиллибэтэ. Онон сирин баайын туһаныыта бэрээдэктэнэн, сир баайын үөрэппэттэр, хостооботтор.
Бу сиргэ билигин олохтоох дьон оттууллар-мастыыллар. Маны тэҥэ “Үгэс быһыытынан айылҕаны туһаныы” (“Традиционное природопользование”) хайысханан сокуонунан көҥүллэнэр булка олохтоох каадырабай булчуттар түүлээхтииллэр, күһүн, саас кустууллар, балыктыыллар. Маны барытын Айылҕа министиэристибэтин нөҥүө биология ресурсаларын дэпэртээмэнэ бэрээдэктиир. Тоҕо диэтэххэ, аһарар-киллэрэр (пропускной) эрэсиимнээх тэрилтэ. Саас кус манна хаалан төрүүр-ууһуур. Балык ыамыгар ый биллэриллэр. Онон манна балыктааһын сааскы өттүгэр балык ыыр бириэмэтигэр бобуллар.
Дьон-сэргэ сылдьыбат сирдэригэр, үрэхтэр быысаһар сирдэригэр, туус кутан тураҥнары оҥоробут. Маннык үлэ хайысхата элбэх кулааһай, таба сылдьар сирдэригэр оҥоһуллуон наада. Саҥа мотоблогунан сири хорутан, кырыһын илдьиритэн бараммыт, бэс ыйын саҥатыгар эбиэс ыһабыт. Ол күһүн күөхтүү тоҥон хаалар. Күөхтүү тоҥмут маассаны кулааһай сүрдээҕин сөбүлээн сиир. Үлэ бу хайысхата саҥа саҕаланан эрэр. Мантан инньэ үлэни күүскэ саҕалыахпыт. Тиэхиньикэни, сиэмэ бурдугу барытын үөһэ таһаардыбыт. Онон кэлэр сылтан күөх маассаны ыһыыга күүскэ үлэлэһэр былааннаахпыт. Бу күөх маассаны кулааһай, элик, куобах, ойуур хамсыыр харамайа барыта сиир эбии аһылыга буолар. Бу Эркээйи сиригэр дьон киирэр сирдэригэр быһаарар суруктары ыйыыбыт. Ол курдук, сир аатын, туох суолталааҕын.
Бу Эркээйи сиргэ сүрүн үлэ – тыа баһаардарын кэтээн көрүү, ону умулуннарыы буолар.
Тыа баһаара сүрүннээн өртөөһүнтэн турар. Сайыҥҥы өттүгэр элбэх турист бөҕөтө тоҕуоруһа мустар. Олор уоту сэрэҕэ суох туттууларыттан баһаар тахсар. Кэнники сылларга Саха сиригэр ойуур баһаара күүскэ туран, өрөспүүбүлүкэҕэ ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ биллэриллэ сылдьыбыта. Онон бу Эркээйи сиригэр дьон сылдьыыта аҕыйаан, баһаар турар куттала намыраан, урукку курдук буолбатах, бэрээдэктэнэн турар. Эркээйи сирдэригэр баар үүтээннэргэ тула баһаары утары траншея хаһан, балаһалары оҥорбуппут. Ол олус туһалыыр.
Амма сиригэр-уотугар бу саамай улахан Эркээйи сирэ буолар. Манна улахан уот туруута, мас кэрдиитэ уонна сир баайын хостооһун куттала улахан. Онон бары көмөлөөн, айылҕабытын харыстыахпытын наада. Айылҕа харыстабыла – бу саха дьонугар саамай инники күөҥҥэ турар улахан тыын кыһалҕабыт.
Саргылаана БАГЫНАНОВА.