Киир

Киир

Ааһан эрэр сылы Ил Дархан Айсен Николаев Ийэ сылынан биллэрбитэ. Сыл саҕаланыаҕыттан өрөспүүбүлүкэ балыыһаларыгар аһаҕас аан күннэрэ буолла. Араас саастаах дьахталлар доруобуйаларын көрүү, чинчийии күүһүрдэ, ийэ буолууга, оҕо сааска сыһыаннаах үгүс хабааннаах тэрээһин ыытылынна.

Саха сиригэр биллэриллибит Ийэ сылын иитинэн “Ийэлэр” диэн Култуура, Доруобуйа харыстабылын, Успуорт министиэристибэлэрин, өссө атын тэрилтэлэр кыттыылаах өрөспүүбүлүкэтээҕи бырайыак оҥоһуллубута. Хас биирдии министиэристибэ аахсыйатын олоххо киллэриигэ үлэлэстэ. “Ийэ уонна оҕо аһылыгын күннүгэ” сүрэхтэннэ. Ийэ уонна аҕа быстыспат ситимнээхтэринэн, сыллата ыытыллар “Аҕа уонна уол күрэҕэ” эмиэ Ийэ сылыгар ананна. Оҕону кэмин былаанныырга, төрөтүүгэ уонна иитиигэ сыһыаннаах QR-кодтаах брошюра таҕыста. Дьиэ кэргэни уонна ийэ буолууну өйүүр бырайыактары олоххо киллэрэргэ грант икки төгүл улаатта. Ааһан эрэр сыл биир сүүнэ бырайыага – Саха АССР 100 сылынан “Үйэ оҕолоро” диэн тус сыаллаах хапытаал. Сүүһүнэн ыал бу көмөнү туһанар дьолго тигистэ.

Өрөспүүбүлүкэ хас биирдии улууһа үлэтин-хамнаһын эмиэ анаан биллэрбит сылыгар туһаайар. Ааһан эрэр 2022 сыл улуустарга туох сылынан биллэриллибитэй? Хайдах ааһан эрэрий?

Таатта

Талыы-талба Таатта сиригэр ааһан эрэр сыл Ийэ сылынан биллэриллибитэ. Үлэ былаанынан, бастатан туран, дьахтар аймах доруобуйатын туругун быһаарыыга, чинчийиигэ бары өттүнэн үлэ ыытылынна. Дьахталлар искэн ыарыыны утары “Розовая ленточка” диэн аахсыйаҕа кытыннылар. Дьоллоох ийэ буолуу, чөл аһылык тиэмэтигэр балачча тэрээһин буолуталаата. Быйыл “Үйэ оҕото” тус сыаллаах хапытаалга хапсыбыт ийэлэри чиэстээһин, ыал буолуу дьоро түгэннэрэ өрөгөйдөөхтүк бэлиэтэннилэр. Бэйэ дьыалатын саҕалыыр, үлэ көрдүүр ийэлэргэ үлэ булууга болҕомто уурулунна. Сыллата ыытыллар “Эдэр дьиэ кэргэн”, “Тыа сирин ыала”, “Дьиэ кэргэн – үгэһи төрүттээччи” өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурустарга таатталар көхтөөхтүк кытыннылар. Улуус дэлэгээссийэтэ Уһук Илиннээҕи дьахтар пуорумугар, Саха сирин дьахталларын ХV сийиэһигэр кытынна. Кулун тутар ыйга Дьоруой-ийэ Февронья Малгина аата “Полярные авиалинии” АУо көтөр аалыгар иҥэриллиитин дьоро түгэнэ буолбута.

Итини тэҥэ “Саллаат ийэтин сүрэҕэ” диэн тиэмэҕэ төгүрүк остуол, ийэҕэ сыһыаннаах араас быыстапка, лиэксийэ, литэрэтиирэлии-тыйаатырдыы киэһэлэр, маастар-кылаастар, дьаарбаҥкалар, тыйаатырдыы туруоруулар, уруһуй, оҥоһуктар, ырыа, үҥкүү, фольклор, хаартыска куонкурустара тиһигин быспакка ыытылыннылар. Актыбыыс, үлэ бэтэрээнэ, айар куттаах, көмүс тарбахтаах ийэлэргэ аналлаах хас да кинигэ сүрэхтэннэ. “Сардаана” үҥкүү ансаамбылын 20 сылынан эрэгийиэннээҕи куонкурус, Изабелла Элякова “Ааллаах Үүн таһаҕасчыттарын таҥаһа” быыстапката, ый аайы уран тарбахтаах кэрэ аҥаардар быыстапкалара, эдэр ийэлэр куонкурустара, Өксөкүлээх Өлөксөй “Сүүс саастаах эмээхсин тойуга” айымньытынан испэктээк, биллэр хоһоонньут Ирина Колодезникова-Ымыы айымньыларын ааҕыыга куонкурус, “Саха сирин кыһыл көмүс ыаллара” кинигэҕэ киирбит дьиэ кэргэннэри чиэстээһин Ийэ сылын чэрчитинэн ыытылыннылар.

Горнай

Ааһан эрэр сыл бу улууска Экология сылынан биллэриллибитэ. Бөх тоҕор сирдэри, сыбаалканы бэрээдэктээһин буолла. Бөҕү таһар ыстаансыйа бырайыактанна. Толору хааччыллыылаах дьиэ элбээн, кирдээх убаҕаһы таһыы кыһалҕаҕа кубулуйан испитэ. Былырыын “Тыа сирин сайыннарыы” федеральнай бырагыраама көмөтүнэн киин бөһүөлэккэ кирдээх убаҕаһы ыраастыыр ыстаансыйа үлэҕэ киирбитэ. Онно кииннэммит канализация коллекторын холбуур үлэ былааннанна. Нэһилиэнньэни хаачыстыбалаах иһэр уунан хааччыйарга 90-с сылларга үлэҕэ киирбит “Маатта” быһытын уутун ыраастыыр ыстаансыйа тутуллар. Уу скважинатын тутуу икки нэһилиэккэ былааннанар. Мытаах нэһилиэгин эргэ сыбаалкатын ыраастааһыҥҥа үбүлээһин көрүллэн, үлэ хаачыстыбалаахтык толорулунна. Түөрт күөлгэ балыгы ууһатыыга научнай-чинчийэр үлэ саҕаланна. Ойуурга лесопатологическай чинчийии барда. Ойуур баһаарын умуруорууга тиэхиньикэ кэллэ. “Авиалесохрана” Горнайдааҕы салаатын үлэһиттэрин ахсаана туолла. Бу тэрилтэ бастыҥ үлэлээҕинэн ааттанна.

“Айылҕа уонна биһиги” өрөспүүбүлүкэтээҕи аахсыйаҕа кыттыы түмүгэр Горнай “Бастыҥ улуус” аатын ылла. Экологическай халандаар бэлиэ күннэринэн улуус оскуолаларыгар, уһуйааннарыгар, нэһилиэнньэҕэ тэрээһиннэр тиһигин быспакка ыытылыннылар.  410 субуотунньукка 10 тыһыынчаттан тахса киһи кыттан, бөһүөлэктэр көстүүлэрэ лаппа тубуста. Олорор бөһүөлэги, сайылыктары, алаастар, үрэхтэр, күөллэр кытыыларын ыраастааһыҥҥа, эргэ тутуулары көтүрүүгэ “Ыраас гектар”  куонкурус нэһилиэк аайы ыытылынна. Хаалбыт чөл айылҕалаах сирдэри кэлэр көлүөнэҕэ энчирэппэккэ тиэрдэр туhуттан нэһилиэнньэ бүттүүн ылсан үлэлээтэ.                 

2023 сыл Горнай улууһугар Тупсарыы (благоустройство) сылынан биллэрилиннэ.

Аллараа Халыма

Дьиэ кэргэн сылынан быйыл улууска элбэх үлэ ыытылынна. Бастатан туран, дьиэ кэргэн олорор усулуобуйатын тупсарыыга болҕомто уурулунна. Ол курдук, социальнай тирэҕи оҥорор сыалтан элбэх оҕолоох, кыаммат ыаллар оҕолорун, тулаайах оҕолору култуурунай тэрээһиннэргэ, түмэллэргэ, кулууптарга сырытыннардылар. Оҕо, төрөппүт доруобуйатын тупсарыыга туһааннаах исписэлиистэр үлэлэстилэр.

Дьиэ кэргэн туруктаах олоҕо ону тэрийэр эдэр дьонтон, кинилэр олоххо сыһыаннарыттан улахан тутулуктаах. Сыл устата эдэр ийэлэр оскуолалара күүскэ үлэлээтэ. Улуус хаһыатыгар туһааннаах матырыйааллар тиһигин быспакка таҕыстылар. Эдэр ыалларга, ыал буола илик эдэр дьоҥҥо туһалаах көрсүһүүлэр, чөкө тэрээһиннэр, быыстапкалар уопсастыба биир тутаах салаатын туһунан өйдөбүлү күүһүртүлэр. “Сыл дьиэ кэргэнэ”, “Ийэ сүрэҕэ” куонкурустарга сыллата кыттааччы элбээн иһэрэ дьиэ кэргэн суолтата дириҥээн иһэрин көрдөрөр.

Сунтаар

Улууска 2022 сыл Дьиэ кэргэн сылын чэрчитинэн ааһан эрэр. Араас үлэ ыытылынна. Олортон аҕаллахха, түөрт уонна онтон элбэх оҕолоох ыалларга 50 %-наах чэпчэтиинэн 375 тэпилииссэни тэҥэ 1 туонналаах 400 уу иһитэ бэрилиннэ. 670 тыһ.солк. суумаҕа бааһынай, кэтэх хаһаайыстыбалаах ыалларга Ленскэйтэн 250 куул сиэмэ хортуоппуй түҥэтилиннэ. Дьиэ кыылын иитиэн баҕалаах ыаллар эмиэ сыана аҥаарыгар сибиинньэни, кууруссаны тэҥэ эбии аһылыгы ыллылар. Улуус иһигэр олорор, 60 саастарын ааспыт, үлэлээбэт бэтэрээннэр “Сир уустара” эмтиир кииҥҥэ –50 %, Москубаҕа “Бэс Чагда” сонотуоруйга 25 % чэпчэтиилээх путевкалары туһаннылар.

Быйыл саҥа төрүттэммит 85 эдэр ыалга 10 тыһ.солк. суумалаах биирдэ бэриллэр харчы көрүлүннэ. 25 эдэр ыал бастакы оҕотугар – 50 тыһ.солк., 28 Дьоруой ийэҕэ – 100 тыһ.солк., оҕо иитэ ылбыт 6 ыалга 50 тыһ.солк. харчынан көмө оҥоһулунна.

Улуус сайдыытын пуондата элбэх бырайыакка үбүнэн көмөлөстө. Ол курдук, оҕолору кэтэх хаһаайыстыба үлэтигэр сыһыарар сыалтан 6 агрооскуолаҕа – биирдии, Тойбохойдооҕу оҕо дьиэтигэр 3 тэпилииссэ бэрилиннэ. Кыһалҕалаах дьиэ кэргэттэргэ олорор усулуобуйаларын тупсарыыга, истэр аппарааты атыылаһыыга, мобилизацияламмыт аҕалаах оҕону эмтэтиигэ, дойду иһинээҕи да, таһынааҕы да куонкурустарга, күрэхтэһиилэргэ кыттыыга пуонда 645 мөл. 50 тыһ. солк. биэрдэ. Үөрэнээччилэри бырамыысыланнаска сыһыарар сыалтан Мииринэйгэ уонна Бүлүү улуустарынан тэриллибит идэҕэ сыаллыыр туурга 120 тыһ. солк. үп көрүлүннэ.

Улуус баһылыгын быһаарыытынан, Сунтаарга кэлэр 2023 сыл Төрөөбүт тыл сылынан биллэрилиннэ.

Чурапчы

Тоҕус томтордоох Чурапчыга ааһан эрэр 2022 сыл Сир ийэ сылынан биллэриллэн, сир үлэтигэр улахан болҕомто уурулунна. Оттуур ходуһаны бэйэ күүһүнэн ыраастыырга ылсыбыт хаһаайыстыбаларга үп көрүллэн, 13 тэрээһиннээх хаһаайыстыба уопсайа 408,3 гектар сири ыраастаатылар. Эбии аһылык бырагырааматыгар улуустан уонна өрөспүүбүлүкэттэн үп көрүллэн, 140 туонна сиэмэ бурдук уонна тиэхиньикэ атыылаһылынна. Онон, 84 гектар сир чөлүгэр түһэрилиннэ. Ону тэҥэ күрүө тутуутун ороскуота сабылынна. Бу – чуолаан Ийэ сир сылынан ситэриллибит үлэ буоларын бэлиэтиир оруннаах.

Кураан сирдээх-уоттаах Бахсы, Алаҕар, Сылаҥ нэһилиэктэрин хаһаайыстыбалара сүөһү аһылыгын бэлэмнээһиҥҥэ эмиэ күүскэ ылсыбыттар. Эһиилгигэ бэлэмнээн, 400 гектар бааһына сирэ паардаммыт, 534 гектарга күһүҥҥү хорутуу оҥоһуллубут. “Мындаҕаайы” кэпэрэтиип – 100, “Комплекс” б/х – 31, ИП Седалищев М.С. 25 туонна эбиэһи ылбыттар.

 Чурапчыга кураан күн-дьыл элбэхтик турар. Быйыл даҕаны ардах түспэтэҕэр эбии аһыҥа элбээн, сүөһү дороххой аһылыгын бэлэмнээһиҥҥэ балачча ыараханы көрсүбүттэр. Оттооһуҥҥа 1063 тыраахтар, 840 звено, ол иһигэр 232 толору мэхэньисээссийэлээх звено 36436 иэннээх сири охсоннор,  миэстэтигэр 21388,5 туонна оту бэлэмнээбиттэр. Ону таһынан 57 мобильнай биригээдэ тэриллэн, 10303,5 туонна от кэбиһиллибит.  Дьокуускай куорат арыытыгар – 8, Хаҥалас улууһугар – 3, Мэҥэ Хаҥаласка – 2, Аммаҕа 6 хаһаайыстыба уонна Нам, Уус Маайа, Таатта улуустарыгар биирдии хаһаайыстыба биригээдэлэрэ  таһаарыылаахтык үлэлээн, былааннарын толорбуттар. Онон   улуус 31692 туонна оттоох, 1900 туонна сиилэстээх, 900 туонна сенажтаах кыстыкка үктэннэ. Чурапчылар Ийэ сир сылынан үлэ тэтимирбитин бэлиэтииллэр, сыл үтүө түмүгүттэн үөрэллэр.

Көстөрүн курдук, өрөспүүбүлүкэбит үгүс улууһугар сыл устата үлэ-хамнас чопчу тиэмэҕэ ананар. Маннык быраактыка нэһилиэнньэни биир сыаллыыр, түмэр, үлэни сааһылыыр. Бу күннэргэ кэлэр сыл соруга, туохха туһаайыллара быһаарыллар. Сорох улуустар хайыы үйэ ылынан, үлэ-хамнас торумнанна. Үүнэр 2023 сылбыт, эмиэ быйылгы курдук, үлэтэ түмүктээх, хамсаныыта таһаарыылаах буоллун!

Оксана ЖИРКОВА.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар