Киир

Киир

Галина Алексеевна Бочкарёва – суруналыыстар ийэлэрэ, эдьиийдэрэ, балтылара, дьүөгэлэрэ... диэтэхпинэ, сыыстарбаппын. Бу эйгэҕэ салайар дуоһунаска үлэлээбитэ ыраатта. Сүрүн үлэтин таһынан өр сылларга Суруналыыстар сойуустарын салайан кэлбитэ. Суруналыыстар туох баар кыһалҕалара кининэн ааһар. 

Билигин “Ил Түмэн” хаһыат сүрүн эрэдээктэрэ. Үлэ хааллын... Галина Алексеевна, бастатан туран, дьахтар эбээт... Тапталлаах кэргэн, истиҥ ийэ, эйэҕэс эбэ. Бүгүн биһиги кинини кытта кэпсэтэбит.

Дьолбор көрүстэҕим

– Галина Алексеевна, эйигин суруналыыс, салайааччы быһыытынан дьон-сэргэ билэр буолуохтаах. Онон үлэҕин таарыйбакка, бүгүн эйигин дьахтар, ойох, ийэ быһыытынан арыйыахпыт. Олоҕуҥ аргыһын кытары аан бастаан көрсүспүт түгэҥҥин, күндү иэйиигин быктарыаҥ буолаарай...

– Кэргэним Михаил Ильич Бочкарёву кытта билсиһиим бэйэтэ туһунан устуоруйалаах. Уус Алдан улууһун “Мүрү саһарҕата” хаһыатыгар үлэлии сылдьан билсибиппит. Кыһын учууталлар тохсунньутааҕы мунньахтара буолбута. Оччолорго университекка бииргэ үөрэммит дьүөгэм Наталья Гаврильевна Семёнова Суотту орто оскуолатыгар учууталлыыра. Кини миэхэ тиийэн кэллэ. Киэһэ улуус дьаһалтатын мунньахтыыр саалатыгар баартыйалаахтар мунньахтара буолбута. Мин онно сэкирэтэрийээккэ талыллан, суруксутунан олорбутум. Ол олордохпуна саппыыска биэрдилэр. Дьүөгэм суруйбут эбит. Көрүдүөргэ тахсыбытым Наташам үөрбүт аҕай уонна: “Биһиги тохсунньутааҕы мунньахха кэллибит, эйиэхэ күүлэйдии бараары гынабыт”, – диэтэ. “Мунньах хаһан бүтэрэ биллибэт”, – диэбиппин саҥардыбата. Дьиэм күлүүһүн ылан, онно күүтүөх, таарыччы ас бэлэмниэх буолла. Күлүүспүн биэрээри баран иһэн көрбүтүм, биэс-алта киһи турар. “Элбэх баҕайы эбиккит дии” диэбиппэр кыыһым хап-сабар: “Галка, эйиэхэ биир наһаа үчүгэй уолу билиһиннэриэхпин баҕарабын, кэллиэгэм, учуутал уол”, – диэтэ. Дьүөгэм этиитин сөбүлээбэтим: “Эмиэ туохпутуй? Олох наадата суох!”, – диэтим. “Чэ, хайдах бачча сааскар диэри соҕотох сылдьыаххыный?! Мин хайыы үйэ икки кыыһым улааттылар дии...” – диэн иннин биэрбэтэ. Мунньах кэнниттэн биир дьүөгэ кыыспар хонорго тылланным. Кыыһым биричиинэтин истэн баран төрүт чугаһаппата. Хайыахпыный, дьиэлээтим. Киирэн кэлбитим, били дьонум хаартыскалаах альбоммун көрө олороллор. Ону көрөөт, настарыанньам төрүт алдьанна. Остуол тардыллыбыт. Наташаны, Коляны эрэ билэбин. Дьүөгэм биир кыра соҕус уҥуохтаах сырдык уолу аттыбар олордон баран: “Билсэн кэбис, Михаил Ильич”, – диэтэ. Аттыбар олорооччум спортивнай көстүүмнээх. Оннук таҥна сылдьар киһини көрө да барбатым. Арааһы кэпсэтэ-кэпсэтэ аһаан баран, түүн үөһэ тарҕастыбыт, кыыһым тахсаары туран уолун үрүт-үөһэ хайгыыртан атыны билбэтэ. Оннук тарҕастыбыт. Аҕыйах хонон баран эрэдээксийэҕэ үлэлии олордохпуна, биир уол киирэн кэллэ дорооболоһоот: “Хаһыакка биллэрии биэрэ кэллим. Наталья Гаврильевнаттан привет”, – диэбитигэр биирдэ биллим. Тугу эрэ кыратык кэпсэттибит. Киһим сотору-сотору эрэдээксийэҕэ кэлэр буолла. Мин мэлдьи хомон­дьуруоп­каҕа сылдьабын, төрүт бокуойум суох. Кини мунньахтарга кэллэҕинэ киирэн тахсар. Соннук үс сыл курдук билсэн баран, ыал буолбуппут.

WhatsApp Image 2024 09 20 at 13.34.34

– Эһиги тапталгытын, сылаас сыһыаҥҥы­тын бачча сыллар тухары дьиэ-уот кыһал­ҕата, аалсыы соччо “сиэ­бэтэх” дуу диэн бэлиэтии көрөбүн ээ. Дьахтар быһыытынан маныаха туох муудараһын, кистэлэҥин туттаҕын?

– Биһиги отут сааспытын ааһан баран ыал буолбуппут. Эппиккэ дылы, өйбүтүн-төйбүтүн туппут дьон. Бэйэ-бэйэбитин таптаһан, убаастаһан, отуттан тахса сыл бииргэ олоробут. Ханнык баҕарар дьахтар кэргэнигэр таба тайаныытыттан, табыллыытыттан кини инники олоҕор дьоло тосхойор эбит. Мин чахчы табыллан, олохпор толору дьолу биллим диэн сааһыран эрэн билиниэхпин сөп. Натальябар мэлдьи махтана саныыбын, кини “күүһүнэн” кэриэтэ билиһиннэрэн, Мишаны көрсөн кэргэн таҕыстаҕым дии. Үлэ диэн баран сылдьыбытым буоллар, билигин даҕаны кэргэнэ суох сылдьыа эбитим буолуо... Кэргэним – мин баар-суох көмөлөһөөччүм, өйөөччүм, туохха барытыгар санаабын аһаҕастык үллэстэр, онно сөптөөх хоруйу ылар, санаабын салгыыр эрэллээх доҕорум. Суруналыыстыка үлэтэ хайдах курдук ыараханын бэйэҥ да билэҕин, олус эппиэтинэстээх, киирсиилээх, сүүрүүлээх. Арыт өрөбүлэ да суох сылдьар этибит, нэдиэлэ аайы хомондьуруопкаҕа, бүппэт мунньахтарга, тэрээһиннэргэ. Ол аайы барытыгар кэргэним эрэ өйүүр, өйдүүр буолан сырыттаҕым дии. Оҕобут кыратыгар бэйэтэ көрбүтэ диэххэ сөп, түүннэри кытары турара. Ханнык баҕарар дьахтар кэргэнин кытта сыһыаҥҥа бэйэтэ тутуһар кистэлэҥнээх буолар. Чахчы таптыыр дьахтар кэргэнэ кэлэригэр сылаас аһын бэлэмнээн, дьиэтин-уотун көрөн олорор буоллаҕына, эр киһи дьиэтигэр үөрүүнү кытта кэлэр буоллаҕа. Биһиги олорорбут тухары маны тутуһан кэллибит. Ыраах айантан кэлэр киһиэхэ хайаан да эт миинин уонна алаадьы астыыбын. Ол да иһин сылаас сыһыаммытын ыһыктыбакка тута сырыттахпыт. Мин кэргэммин мэлдьи хайгыы, киниэхэ махтана сылдьабын, дьоҥҥо эмиэ кини үчүгэйин кэпсиибин. Ити хас биирдии дьахтар тутуһар кистэ­лэҥэ, биир эмиэ муудараһа буолуо. 

WhatsApp Image 2024 09 19 at 18.17.40

– Эр дьону төһөнөн хайгыыгын да, соччонон эн тускар барытын да оҥоруохтарын сөп дииллэр дии...

– Оннук. Аны туран, биир муудараһым диэн, ойох быһыытынан эрим баҕа санаатын толоро сатыыбын. Эппиккэ дылы, ас-таҥас мааныта барыта киниэхэ ананар. Кэргэн тахсан баран аан бастаан кини туох баҕа санаалааҕын ыйыталаспытым. Элбэх оҕолоох ыал бастакы оҕото буолан, үгүс баҕа санаалаах этэ. Холобур, кини устудьуоннуу сылдьан хайыы үйэ массыына ыытар көҥүл ылбыт этэ. Ону мин эмиэ хайгыы санаабытым. Ол аата, кини үтүөҕэ, сырдыкка тардыһар, дьону кытта тэҥ таһымҥа сылдьар баҕалаах эбит диэн сыаналаабытым. Сотору буолаат, массыына ылынарга үлэлэһэн барбыппыт. 90-с сыллар ортолоругар, туох барыта мэлийэн эрдэҕинэ ылыммыппыт. Кэмэрсээннэр Ульяновскайтан саҥа УАЗ массыыналары аҕалар буолбуттара. Онтубут эмиэ туһунан көрүдьүөстээх кэпсээн диэххэ сөп.

– Кэпсээ...

– Массыына ылынаары эдэрбиттэн мунньуммут киэргэллэрбин, араас муодунай таҥаспын-саппын, дьиэм миэбэлин барытын атыылаан кэбиспитим. Үөрүөм иһин, онтум барыта былдьаһыгынан атыыга барбыта. Оччолорго аҕам тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар салайааччы этэ. Куоракка киниэхэ эрийэн “массыына булуоҥ дуо?” диэбиппэр Госснабтарга эҥин бара сылдьыбыт этэ уонна эрийэр: “Билигин ГАЗ-САЗ” диэн самасыбаал массыына баар эбит. Тыаҕа олорор дьоҥҥутугар наада бөҕө буоллаҕа, билигин харчыгыт умайыан кэриэтэ ылынан кэбиһиҥ”, – диэтэ. Инньэ гынан тимир куусаптаах чааһынай самасыбаалланан хаалбыппыт. Ол массыынабытын дьоммутугар биэрбиппит, кинилэр харчыларын хомуйан биһиэхэ төнүннэрдилэр. Мин харахпар УАЗ массыына көстөр. Аҕабар эрийбиппэр аны: “Т-40 тыраахтар баар, тыа дьонугар олус наадалаах, оттуурга-мастыырга оһуобай”, – диэтэ. Дьоммут “ылабыт” диэтилэр. Бэйэбит харчыбытыгар ылан дьоммутугар биэрдибит. Кинилэр тохтуу түһэн баран, харчыларын хомуйан биһиэхэ эмиэ төнүннэрдилэр. Дьэ, ол кэннэ били баҕалаах УАЗ массыынабытын үһүстээн төхтүрүйэн туран ылыммыппыт.

Кыыһырдахпына саҥарбаппын

– Кистэл буолбатах, ыал аайы кыраттан кыыһырсыы, кыҥкыйдаһыы, өйдөспөт быһыы-майгы тахсааччы. Маныаха эн кэргэҥҥин уҕарытарга эбэтэр бэйэҥ уоскуйаргар туох албаһын туттаҕыный? Эһиэхэ кыыһырсыы кэннэ көнсөргө ким бастакы хардыыны оҥороруй?

– Биллэн турар, ханнык баҕарар ыалга биирдэ эмэ өйдөспөт быһыы-майгы тахсыан сөп буоллаҕа. Биһиэхэ мин элбэх саҥалаахпар тэптэрэн, санаабыппын барытын аһаҕастык этэ сылдьабын. Кыыһырдахпына, эмиэ оннук тута биллэрэбин. Михаил Ильич утарыластаҕына, мин хомойдохпуна, олох саҥарбат буолан хаалабын, оччоҕо бастакынан кини эйэлэ­һэр этии көтөҕөөччү. Уопсайынан, мин кыыһыр­дахпына да, этиһэ эҥин барбаппын, көннөрү кэпсэппэппин, саҥарбаппын. Оччоҕо кини тулуйбат, өйдөспөтөх өрүппүтүн тута быһаарсан кэбиһэбит. Уопсайынан, мин элбэх кэпсээннээх, өрүү саҥара-иҥэрэ сылдьабын. Оттон Мишам төттөрүтүн аҕыйах саҥалаах буолан тапсабыт. Икки утарыта полюстар курдуктарбыт. Иккиэн саҥата суохпут буоллар, чуҥку олох буолуо эбитэ буолуо, эбэтэр төттөрүтүн иккиэн эмоциялаах дьон эбиппит буоллар баҕар арахсыбыппыт ырааппыт буолуо этэ.

WhatsApp Image 2024 09 20 at 13.29.29
 

– Галина, өрүү кэрэ сэбэрэлээх, оҥоһуулаах бүрүчүөскэлээх, мааны таҥастаах буолаҕын. Тас дьүһүҥҥэр эмиэ улахан болҕомто уураҕын быһыылаах.

– Мин дьахтар киһи буолан, бэйэбин таптыыбын, көрүнэбин, таҥнарбын, киэргэнэрбин сөбүлүүбүн. Дьиэ иһигэр даҕаны кырааскаламмакка эрэ боростуой халааттаах сылдьыбаппын. Мэлдьи бэйэбин көрүнэн, баттахпын бүрүчүөскэлэнэн, кырааскаланан, маанытык таҥнан дьоммор тахсабын. Ханна баҕарар сырыттахпытына, атын дьон миэхэ мэлдьи кэмпилимиэн этэллэр. Ону барытын Михаил Ильич истэ сылдьар буоллаҕа. Кэргэнин хайгыылларын, кэрэтин чорботоллорун ким астына истиэ суоҕай?!

– Оннук буоллаҕа... Бэйэҕэр харчыгын харыстаабаккын...

– Суох буоллаҕа дии... Дьахтар киһи быһыытынан маҕаһыыҥҥа сылдьарбын, тугу эрэ атыылаһарбын олус сөбүлүүбүн. “Шопоголикпын” да диэххэ сөп. “Дьахтар настарыанньата суох буоллаҕына, сөбүлүүр маҕаһыыныгар сылдьан тугу эмэ атыыластаҕына санаата көтөҕүллэр” диэн сөпкө да этэллэр уйулҕа үлэһиттэрэ. Арыт баҕарбыппын барытын ылан иһиэхпин санаталыыбын да, Михаил Ильичтэн ыйыттахпына, сөбүлээбэтэҕинэ ылбаппыт. Сотору буолан баран, туох эрэ наада буолан хааллаҕына: “Ити баар дии ыллаттарбатаҕыҥ, наада буолла дии”, – диэн тоһоҕолоон этэбин, оччоҕо дьэ сөбүлэһэр. Хаһаайка дьиэтигэр туох наадатын, тиийбэтин билэр буоллаҕа эбээт.

– Эйигин киһи эрэ бары “былаас­таах” дьахтар, хамандыыр, салайааччы быһыытынан ылынар. Дьиэҕэр-уоккар, тойон эргэр хайдаххыный, былаастааххын биллэрэҕин дуу эбэтэр төттөрүтүн сыалыһар быарыныы сымнаҕаскын дуу?

– Кырдьык, мин үйэм тухары оскуола эрдэхтэн лиидэр, кэлин салайар дуоһунастаах буолан хамаандалыы, дьаһайа сылдьарга үөрэнэн хаалбыппын. Бэйэм санаабар, кырдьыгы этэр курдукпун. Үксүгэр оннук да буолар буоллаҕа. Дьиэбэр-уоппар эмиэ дьахтар оҥорор өттүн бэйэм дьаһайабын. Саҥа дьиэ туттан киирэрбитигэр, дизайнын барытын бэйэм оҥорбутум. Үлэбэр дьаһайан аҕай кэлбитим кэннэ, дьиэбэр туох эмэ гыныллыбатах буоллаҕына этэрин этэбин эрээри аала сылдьыбаппын. Кыыһырдахпына, саҥата суох баран дьыалаларбынан дьарыктанабын. Наһаа даҕаны “сыалыһар быарыныы сымнаабатарбын”, бэйэм майгыбынан чугас дьоммор сымнаҕаспын дэнэбин. Уопсайынан, эр киһиэхэ хаһан даҕаны ыһыытыы-хаһыытыы сылдьыбаппын, миэстэтин буллара сатаабаппын. Кини бэйэтэ да аҕыйах саҥалаах, майгытынан олус сымнаҕас киһи.

WhatsApp Image 2024 09 20 at 13.34.33

– Галина, эһиги айанныыргытын олус сөбүлүүгүт, сыл аайы онно-манна бараҕыт.

– Аҕам Алексей Семенович кэргэн тахсыбыппар үөрэр уонна: “Дьэ, Галя туристаан бүтэр ини. Кэргэннэммит, дьиэлэммит киһи быһыытынан тохтоон олороруҥ буолуо”, – диэтэ. Онуоха мин: “Дьэ, паапа, ким турист буоларын өссө көрүөхпүт”, – диэн күлбүтүм. Оннук да буолбута. Михаил Ильич бэйэм курдук эмиэ айанныырын, сири-дойдуну көрөрүн сөбүлүүр. Кыыспытын илдьэ дьиэ кэргэнинэн элбэхтик тас дойдуларга сырыттыбыт. Сылга иккитэ күүлэйдии барааччыбыт. Ону бары да сөбүлүүбүт.

Оҕоҕо көҥүл бэриллиэхтээх

– Соҕотох кыыскыт Рада ийэтин, аҕатын тапталыгар улааттаҕа. Тугу үлэлиирий? Улаатан туһунан барбыта дуу, бэйэҕитин кытта баар дуу?

–Биһиги күҥҥэ көрбүт соҕотох кыыстаахпыт. Аатын да мээнэҕэ ааттаабатахпыт. Олохпут баар-суох үөрүүтэ Рада буоллун дэспиппит, сахалыы Үөрүүчээнэбит диибит. Билигин кини мэдиссиинэ кэллиэһин бүтэрэн саҥа үлэһит буолла. Дьиҥэр, мэдиссиинэ институтун 1 кууруһуттан тохтоон хомотон турардаах. Ону кэпсэтэн салгыы үөрэттэриэххэ да сөп этэ, онуоха кыыспыт кыккыраччы аккаастаан кэбиспитэ, онон орооспотохпут. Инньэ гынан оҕобут идэ ылбытыттан олус үөрдүбүт. Кини кэргэн тахса сылдьан баран, хомойуох иһин, бастакы олохторугар табыллыбакка арахсыбыттара. Кыыстаахтар, биһиги сүрэхпитин манньыта сылдьар күммүт-ыйбыт сиэммит буолар. Бу соторутааҕыта биэс сааһын туолла.

– Эдэр ыаллар олохторугар төһө орооһоҕунуй? Бэйэлэрэ быһаар­сал­ларыгар кыах биэрэҕин дуо?

– Биһиги мэлдьи даҕаны үлэбитигэр сылдьар, күн солото суох буоламмыт, кыыспыт быыкаатыттан бэйэтэ бэйэтин тэринэ-бэринэ үөрэммитэ. Аҕабыт бастаан Майаҕа олорбута, онтон биһиэхэ кэлэн да баран баан ревизора буолан улуустарынан мэлдьи хомондьуруопкаҕа сылдьар. Онон оҕо иитиитигэр улаханнык орооспот этэ. Мин эмиэ үлэбинэн мэлдьи солото суох сылдьарым. Онон төһө да соҕотох кыыспыт буоллар, отой атааҕа суох иитиллибитэ. Тугу барытын сатыыр, хаһаайка быһыытынан олох үчүгэй, асчыт бэрдэ, дьиэни-уоту сатабыллаахтык тутар. Туох баар боппуруоһун барытын бэйэтэ быһаарынар. Оскуолаҕа үөрэнэр эрдэҕинэ, кылааһыгар төрөппүт кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ этим. Онон оҕолор иитиилэригэр орооһорум. Ону, биллэн турар, кыыһым сөбүлээбэт этэ. Ол кэннэ олох орооспот буолбутум. Оскуоланы үчүгэйдик үөрэнэн бүтэрбитэ, бэйэтин баҕатынан үөрэххэ киирбитэ. Биһиги төрөппүттэр кыыспытыгар суолун солоноругар көҥүл биэрбиппит.

WhatsApp Image 2024 09 19 at 18.17.40 1

– Билигин күҥҥүт сиэн кыыскытыттан тахсар буолуохтаах. Төһө бэрт эбэбин дэнэҕиний?

– Биһиги соҕотох кыыспытын курустаал курдук көрөн ииппит-харайбыт буоллахпытына, сиэн диэн өссө минньигэс буолар дииллэрэ чахчы эбит. Билигин күммүт-ыйбыт киниттэн тахсар. Наһаа минньигэс киһи, албыннаталыыра да сүрдээх, онон эбэлээх эһэ күүскэ ылларан сылдьабыт. Эбэ, эһэ быһыытынан сарсыарда аайы дьыссаакка илдьэбит, киэһэ көрсөбүт. Биһиги кыраныыссаны кэһэн, тугу барытын ылан биэриэх курдукпут, буорту эрэ гынабыт быһыылаах. Онон иитиитинэн ийэтэ бэйэтэ дьарыгырар. Билиҥҥи оҕолор ураты сайдыылаахтар, куһаҕаны үчүгэйи түргэнник араараллар. Сиэммитин кытта тэбис-тэҥҥэ араас ойуулуктары көрөбүт, оҕо кинигэлэрин ааҕар буоллубут. Киэһэ аайы кинигэ, остуоруйа кэпсэтэбит. Билигин балыктары, акыйааны сэҥээрэр буолан, кинини кытта балык арааһын биллибит. Кып-кыра да буоллар, дьыссаатыгар ситиһии бөҕөлөөх. Ырыа ыллаан хаста даҕаны лауреат буолбута. Хоһоону, ырыаны сүрдээх түргэнник ылынар.

WhatsApp Image 2024 09 20 at 13.19.08

Ыалдьытымсах хаһаайка

– Эйигин дьиэҕиттэн-уоккуттан да көрдөххө, эппиккэ дылы, холобурга эрэ сылдьар хаһаайкаҕын быһыылаах.

– Бастаан куоракка көһөн кэлэн баран үс хостоох кыбартыыра ылбыппыт. Онно икки аҕаларбыт иккиэн кэлэн эҕэрдэлээн барбыттара. “Дьэ, үчүгэй дьиэҕэ түбэстигит, оҕолорбут манна дьоллоохтук олоруохтара” диэн иккиэн үөрүү-көтүү буолбуттара. Ол дьиэбитин, биллэн турар, мин дизайммынан уларытар буолбуппут. Сотору буолан баран, “евроремонт” оҥоробут диэн истиэнэбитин бүтүннүү көтүрдүбүт. Биирдэ ол өрөмүөн кэмигэр мин аҕабын ыҥыран аан манаттым. Урусхалламмыт дьиэбитигэр кэлэн баран олус диэн соһуйда уонна “бу үлүгэр үчүгэй дьиэни тоҕо алдьаттыгыт” диэн харааһынна. “Чэ сотору барыта өссө кырасыабай буолуо”, – диэн уоскуттум. Хайа да дьиэбитин барытын бэйэм көрөн-истэн, дизайннаан оҥорторобун. Кэргэним мин көрүүбэр, буочарбар толору сөбүлэһэр, харчытын эрэ биэрэн иһэр. Дьиэ ис-тас бараана бэйэҥ, кэргэниҥ дууһатыгар киирэр буоллаҕына, сылаас, сырдык, тупсаҕай буоллаҕына киһи дьиэтигэр үөрэ-көтө кэлэр буоллаҕа.

– Ас астыыры эмиэ баһыйа тутар буолуохтааххын. Тойон эргин, оҕолоргун минньигэс аһынан хадаҕалыырыҥ буолуо. Ордук тугу астыыргын сөбүлүүгүнүй?

– Мин ийэм Мария Николаевна олус сатабыллаах хаһаайка этэ. Биир дойдулаахтара ону билэллэр. Бастыҥ оҕуруотчут этэ. Аһа минньигэһэ, ииһэ үчүгэйэ. Уопсайынан, илиитигэр олус талааннаах, сатабыллаах, түргэн туттунуулаах этэ. Мин эмиэ ийэм курдук барыны бары сатыыбын. Арай бэрэскини эрэ кыайан астаабаппын. Оҕом, хата, үөрэнэн бэрэскини бэркэ диэн буһа­рар. Онтон атын аһы барытын астыыбын, дьиэ­тээ­ҕилэрим тугу сиэхтэрин баҕа­ралларын астаан аһатабын. Биһиги эт аһылыгы ордук сөбүлүүбүт. Бары миини туохтааҕар да ордоробут. Араас омук аһын эмиэ буһарабыт. Холобур, наар узбек омук давлама диэн соркуойун астыыбын, дьонум олус астыналлар.

Untitled 2024 09 20T135521.450

– Кэргэниҥ дьиэҕэ-уокка, кууку­наҕа төһө көмөлөһөрүй, ас астаһар дуо?

– Михаил Ильич, дьиҥэ, олус минньигэстик астыыр эрээри, куукунаҕа сыстыбат. Бэйэтин дьиэ кэргэнигэр ийэтэ уонна сэттэ кыыс быыһыгар улааттаҕа дии. Ол иһин бородууктанан хааччыйар. Билигин биһиэхэ эмиэ икки дьахтар баарына тоҕо да куукунаҕа орооһо сылдьыай? Ол иһин бэйэбит астыыбыт. Биирдэ эмэ суох буоллахпытына астыан сөп.

– Дьиэҕэр бырааһынньыктары тэрийэргин, ыалдьыттары көрсөргүн олус сөбүлүүгүн быһыылаах. Ити үлүгэр дьону аһатарга түбүк бөҕөҕө түһэр буоллаҕыҥ, сылайбаккын дуо?

– Мин дьиэбэр бырааһынньыктары тэрийэрбин, ыалдьыттары ыҥырарбын олус сөбүлүүбүн. Уу кыыһын курдук уруумсахпын. Эдэр сылдьан аймахтарбын барытын хас бырааһынньык аайы мунньар этим. Аймахтар бэйэ-бэйэбитин билсиэхтээхпит, өйөһүөхтээхпит диэни санаалаах буолан тэрийэр этим. Уус Алдаҥҥа, Мэҥэ Хаҥаласка үлэлээн бүтэрбитигэр кэллиэгэлэрбитигэр махтанан “атаарыы, махтаныы” дьоро киэһэлэрин тэрийбитим. Дьон оннуктан наһаа үөрэр. Сорох киһи таас дьиэҕэ олорон ыалларын билсибэт эбит буоллахтарына, мин ыалларбын кытары билсэбин, сылдьыһабын. Туох эмэ интэриэһинэй эрэсиэптээх буоллахпына, көҥөммөппүн, ким сэҥээрбиккэ үөрэ-көтө биэрэбин, маастар-кылаас да көрдөрүөхпүн сөп. Биһиги киэҥ дьиэлээх, араас минньигэс аһы астыыр, ыалдьытымсах буоламмыт, бары биһиэхэ кэлиэхтэрин баҕараллар. Хата, ону киһилэрэ, сааһыра быһыытыйан сылайар буоллум. Онон кэнники мустар да буоллахпына, биирдии бүлүүдэлээх кэлэллэр. Арыт бүлүүдэҕэ куонкурус тэрийээччибит. Чэ, ситинник араас тиэмэлээн бырааһынньыктарбытын, көрсүһүүлэрбитин тэрийэбит. Биллэн турар, ыалдьыттары көрсөргөр, ас астыыргар сылайаҕын, ол гынан баран, ыалдьыттаргар үөрүүнү бэлэхтииргиттэн дуоһуйаҕын.

WhatsApp Image 2024 09 20 at 13.19.07

– Ону таһынан, дьиэҥ ис-тас бараанын киэргэтэргэ бэйэҥ толкуйдаан, мындырдаан оҥороҕун, тупсараҕын. Ол аата, айар-тутар сатабыл баар буоллаҕа дуу?

– Дьиэм ис-тас бараанын барытын бэйэм толкуйдуубун, киэргэтэбин. Дьиэбит тула, балконнарбар сибэкки бөҕө олордобун. Кэнники “дорожка” диэн оҥорбутум, кэккэлэһэ олорор ыалларбытыгар барар ыллык икки кытыытыгар сибэкки үүннэрэбин. Быйыл бархатцы икки эрэ дьүһүнүн олортум. Хата, онтум олус кырасыабай көрүҥнээх буолбута. Балаҕан ыйын бастакы тоҥорууларыгар бэриммэккэ баччааҥҥа диэри киһи хараҕын үөрдэн тэтэрэн тураллар. Дьиэм таһыгар өрүс тааһын хомуйан аҕалан араас ону-маны киэргэтэргэ туһанабыт. Саадпытыгар харас, яблоня, сирень, акаассыйа, талах оруоса үүнэллэр. Сирень көстүүтэ, сыта-сымара киһи сүрэҕин ортотунан киирэр. Сибэккилэрбин кытта хас сарсыарда аайы туран дорооболоһобун, кэпсэтэбин, таптыыбын, ол иһин, үөрэ-үөрэ үүнэллэр быһыылаах. Дьиэбит бырайыагын ол-бу сурунааллары көрөн бэйэбит оҥорбуппут. Анал тэрилтэҕэ илдьэн маннык буолар диэн көрдөрөн оҥотторбуппут. Иккис этээспит биэс түннүгүн барытын сиргэ диэри тиийэр үрдүк гынан французскай истииллээбиппит, аан курдук. Францияҕа бара сылдьан итинник идиэйэлэнэн кэлбитим. Аан дойдуну кэрийэ сылдьан, туох үчүгэйдээхтэрин көрөн киһи бэйэтин олоҕор туттар. Кованай тимир болкуоннаабыппыт. Олбуорбутун эмиэ тимиринэн оһуордаах-мандардаах гыммыппыт. Дьиэбитин алта сыл туттубуппут.

WhatsApp Image 2024 09 19 at 18.17.40 2

– Айар иэйии киир­дэҕинэ, тугу баҕарар оҥо­руох­хун сөп буоллаҕа дуу? Иллэҥ­ҥэр хобби курдук тугунан эмэ дьарыктанаҕын дуо?

– Иэйии киирдэҕинэ, тугу баҕарар оҥоруохха сөп. Ону-маны бары мунньабын, кэллиэксийэлиибин. Значоктары, Саҥа дьыл аккырыыккаларын хомуйбутум отуттан тахса сыл буолла. Итиэннэ брошкалары оҥоробун, жаболары тигэбин. Хамсык кэмигэр олорон уруһуйдуурга үөрэммитим. Уопсайынан, кэнники кэмҥэ үлэлээбэккэ олорор дьүөгэлэрбэр олус ымсыырабын, бириэмэлээх буолан дьарыктара аһара элбэх. Маастар-кылаастарга сылдьарбын сөбүлүүбүн. Былырыын бырааһынньыкка түбэһиннэрэн, бэргэһэ тигиитин маастар-кылааһыгар сылдьан, хара саһылынан, кииһинэн икки бэргэһэ тикпитим. Быйыл өссө таҥас уруһуйдуур маастар кылааска сылдьыбытым. Оҕом үс путбуолкатын, бэйэм лүөн былаачыйабын уруһуйдаабытым. Наһаа табыллыбыта.

Кэргэммэр кэпсээн аһарынабын

– Бачча саҥалаах, кэпсээннээх киһи, булгу, дьон ортотугар сылдьаргын сөбүлүүрүҥ буолуо? Төттө­рүтүн, биирдэ эмэ бэйэҥ бэйэҕэр соҕотох хаалан иһийэн, чуумпуран ыларгын сөбүлүүгүн дуу?

– Кырдьык, дьон ортотугар сылдьарбын олус сөбүлүүбүн. Айака, биэнсийэҕэ барыам, олоруом диэтэхпинэ, дьүөгэлэрим: “Эн, арааһа, хайдах даҕаны олорунан кэбиспэтиҥ буолуо, тэһийиэҥ суоҕа. Син биир дьон ортотугар сылдьан уопсастыбаннай үлэнэн дьарыгырыаҥ” дииллэр. Мин төттөрүтүн дьиэбэр олорон сиэммин кытары дьарыгырыахпын, уруһуйдуохпун, иистэниэхпин баҕарабын. Биллэн турар, соҕотох хаалан сынньанан ыларбын сөбүлүүбүн. Хайаан даҕаны киһи чуумпуран, сынньанан ылыахтаах дии саныыбын. Биһиги курдук мэлдьи дьону кытта аалсар сылаалаах. Мин ханна эрэ баран, айаннаан атын сири көрдөхпүнэ, билбэтэхпин биллэхпинэ ордук сынньанабын. Дьэ, ол кэннэ эмиэ саҥа сүүрээн киирэр, настарыанньаланаҕын, сэниэлэнэҕин. Ол иһин, хайаан даҕаны сылга биирдэ-иккитэ ханна эмэ баран кэлэбин.

– Туохтан эмэ олус санааҥ түс­тэҕинэ, кимтэн эмэ хомойдоххуна, хоргуттаххына хайдах аһарынаҕы­ный, тугу гынан уоскуйаҕыный?

– Ордук Суруналыыстар сойуустарын салайар кэммэр араас барыта тахсар. “Мин сулуспун” дэммит суруналыыс элбэх. Тыл-тылга киирсибэт буолуу, бэйэ-бэйэни кириитикэлэһии сүрдээх элбэх буоллаҕа дии. Тылбын ылыннарбатаххына, туохтан эрэ хомойдохпуна, саамай чугас дьоммор кэргэммэр, оҕобор кэпсээн аһарынабын. Дьону кытта ис санаабын үллэһиннэхпинэ табыллар курдук. Санаам олус түспүт буоллаҕына, киэһэ тутатына дуустанан, туох-баар куһаҕан санааны барытын ууну кытта ыытан кэбиһэбин. “Бу куһаҕан санаа, быһыы-майгы, ыарыы барыта сир ийэҕэ барар, оттон мин ырааспын, кэрэбин, эдэрбин, чэгиэммин, сэниэлээхпин, күүстээхпин”, – диибин. Ол эппитиҥ барыта бэйэҕэр кэлэр, оччоҕо тута туругуҥ тупсар. Сарсыарда туох эмэ дьыалабыай кэпсэтиигэ барар буоллахпына эмиэ “мин күүстээхпин, мин барытын кыайабын, миэхэ барыта табыллар” диэн эмиэ санаабын бөҕөргөтүнэбин. Биһиги үлэбитигэр барарбытыгар, тахсааты кытта күн көрөн турар буолар, онон тахсаат күнү кытта дорооболоһон, үтүөнү баҕараҕын, махтанаҕын.

whatsapp image 2024 09 18 at 16

– Олоххор саамай кимтэн, туохтан эмэ кэлэйбитиҥ дуо? Оннук мөкү түгэни төһө өр бэйэҕэр тута сылдьаҕыный, тута ыытан кэбиһэҕин дуу?

– Киһи киһиттэн кэлэйэрэ диэн баар. Мин элбэхтик оннукка түбэспитим. Хаһан даҕаны ону умнубаппын. Ол гынан баран, ону мэлдьи тута сылдьан ыарыы оҥостубаппын. Ыытарын ыытан кэбиһэбин эрээри, син биир хаһан эмэ санаан кэлэҕин. Мин дьоҥҥо куруук үчүгэйи эрэ баҕарабын. Барыта үчүгэй буоларын туһугар сүүрэ-көтө, үлэлии, тэрийэ сырыттаххына бэрт былдьаһааччылар, ордук санааччылар хайаан даҕаны тугу эмэ саҥараллар эбэтэр кэннигэр саҥарбыттара син биир иһиллэр. Сэбиэскэй тутул оҕото, төрөппүттэрим да иитиилэринэн мэлдьи кырдьык иһин туруулаһан кэлбит киһи буоллаҕым. Онон кырдьык дии санаатахпына, санаабын аһаҕастык этэбин, туруулаһабын. Хайа да салалта кырдьыгы этэр киһини сөбүлээбэт. Кириитикэни төрүт ылыммат, сөптөөҕү этэргин өйдөөбөт дьону мин эмиэ ылыммаппын. Суруналыыстар сойуустарын бүтүн Арассыыйаҕа, Уһук Илиҥҥэ биир тарбахха баттанар сойуус буолуор диэри үлэлэппитим кэннэ, биир отчуоттуур-быыбардыыр мунньахха уурата сатаабыттарын, “туох иһин?” диэн олох ылымматаҕым, өйдөөбөтөҕүм. Мин салалтаны утары саҥарбытым да, суруйбутум да, кириитикэлээбитим да суоҕа. Саха сирин суруналыыстарын түммүтүм, араас таһымнаах тэрээһиннэри тэрийбитим кэнниттэн тоҕо итинник сыһыан буолбутун онно билбэтэҕим. Кэлин истибитим “ким эрэ балта, аймаҕа эбиппин, ол иһин уурата сатаабыттар. Мин оннугу олох сөбүлээбэппин, киһи үлэтинэн эрэ сыаналаныахтаах этэ буоллаҕа.

– Дьоҥҥо туох хаачыстыбаларын ылынаҕыный, ылыммаккыный?

– Улахамсыйары, албыннааһыны, бэрт буолууну төрүт сөбүлээбэппин. Салалтаҕа, былааска бэрт буола сатыыр сирэй көрбөх дьон элбэх. Оттон ол үлэҕиттэн бүттүҥ да, дорооболоспокко да ааһар дьон баар буолаллар. Олоруҥ хайыы үйэ саҥа салалтаҕа бэрт буолаллар. Оннук дьону, хомойуох иһин, олохпор эмиэ көрсүбүтүм. Итинниктэри төрүт убаастаабаппын. Мин үйэлээх сааспар салалтаҕа илэ-сала түспэтэҕим, түһүөм да суоҕа. Хайа да салалтаттан тугу даҕаны туһамматаҕым. Миигин чугас дьонум, кэллиэгэлэрим мин майгыбын, мин санаабын, мин көрүүбүн билэллэр.

WhatsApp Image 2024 09 19 at 18.17.40 3
 
– Галина Алексеевна, истиҥ, аһаҕас кэпсэтииҥ иһин махтал.

Кэпсэттэ Туйаара СИККИЭР.