Киир

Киир

Быйыл от ыйын 12 күнүгэр “Саха бэчээтин сайдыытын саҕахтара” диэн төгүрүк остуол буолан ааспыта. Онно олус “туруорутук” уонна аһаҕастык да буолбатар, бүгүҥҥү саха бэчээтин эйгэтигэр улахан кыһалҕалар үөскээбиттэрин туһунан, таайтара былаан, ахтан аһарыллыбыта. Чуолаан, сахалыы судаарыстыбаннай хаһыаттарга...

Ол кэпсэтииттэн сиэттэрэн, бүгүн хаһыаппытыгар СӨ Суруналыыстарын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Галина Алексеевна Бочкареваны кытта кэпсэттибит. Санаттахха, Галина Бочкарева Сахабыт сирин суруналыыстарын сойууһун 12-с сылын салайар.

pressa4

Арассыыйа таһымыгар – үчүгэйбит!

Уопсайынан, бары да билэрбит курдук, Арассыыйа атын национальнай өрөспүүбүлүкэлэрин бэчээтигэр холоотоххо, сахалыы бэчээт тахсар уопсай ахсаан да, тираж да, хаачыстыба да өттүнэн ойуччу ордук туруктаах. Онно төрүөт элбэх. Холобур, сорох норуоттарга тылларын туруга уустук, кимнээх эрэ матырыйаалынай өттүнэн кыамматтар, бэчээт үлэтин тэрийии уонна олоҕурбут үгэс тутах уо.д.а. Арассыыйа үгүс национальнай эрэгийиэннэригэр, ордук чуолаан Хотугу Кавказка, Сибиир өрөспүүбүлүкэлэригэр, төрүт олохтоох омук тылынан, сүрүннээн, бэрт сэмэй тиражтаах биирдии судаарыстыбаннай хаһыат тахсар.

pressa5

Атыттартан ордукпут, биллэн турар, саныахха үчүгэй эрээри... Чуолаан бэйэбитигэр кэллэххэ, кэнники сылларга уопсай турук бэрдэ суох. Дьон аахпат буолла, онон хаһыакка-сурунаалга сурутуу түһэ турар. Ыччат, оҕо аймах интэриниэккэ нууччалыы, аангылыйа тылынан контеҥҥа көһөр. Биллэрин курдук, саха тыла интэриниэккэ улахан тыллары кытта күрэстэһэр кыаҕа кыра. Саха тыла оскуолаҕа, үрдүк үөрэх эйгэтигэр күөмчүлэнэрэ онно хос мэҥэһик буолар. Оттон төрөөбүт тылынан аахпат-суруйбат, саҥарбат буолбут омук эстэрэ – көстөн турар суол.

Тирээн турар кыһалҕалар

Өрөспүүбүлүкэбит судаарыстыбаннай бэчээтин эйгэтигэр, сороҕор, сымнатан эттэххэ, өйдөммөт түгэннэр бааллар. Холобур, биһиги Сахалыы бэчээт күнүн олохтууру туруорсубуппут 3-с сыла буолла. Ол тухары туох да дьаһал ылылла илик. Дьиҥинэн, аҥаардас ол да төрөөбүт тылынан тахсар бэчээти өйүүргэ, кыһалҕалары быһаарсарга, сааһыланарга үчүгэй төрүөт буолуо этэ.

Билиҥҥитэ сахалыы тыллаах хаһыаттар-сурунааллар бэйэлэрин хааһыларыгар буһа сылдьаллар. Кинилэр таһымнарын үрдэтэр анал куурустар суохтар, сайдыы – бэрт бытаан, интэриниэт эйгэтигэр хайдах киирэргэ чопчу көрүү суох. Холобур, сахалыы хаһыат бэйэтин электроннай барыйаанын, саайтын олус үчүгэйдик оҥорор түгэнигэр, кумааҕы хаһыатын ким да суруппат буолан хаалар кутталлаах. Ол иһин манна ханнык эрэ туспа суолу тобулуу ирдэнэр курдук.

Кэнники кэмҥэ, сылын аайы кэриэтэ, сахалыы тылынан үлэлиир суруналыыстарга анаан сэминээрдэри ыытабыт эрээри, улахан күттүөннээх түмүк, хамсааһын көстүбэт курдук. Үксэ ким сыыһа суруйарын эридьиэстээн, тылы ырытыһан баран тарҕаһан хаалабыт курдук. Бытархайбыт. Онно туох эмэ хамсааһыны таһаарар соруктаах, быйыл сайын саха бэчээтин уопсай проблемаларын туһунан аһаҕас кэпсэтиини таһаарбыппыт. Каадыр боппуруоһун, интэриниэккэ киирии, почтаны кытта үлэ, хамнас, хаһыат ис хоһоонун, бүгүҥҥү күннээҕи бэчээт уустуктарын уо.д.а. туһунан. Ол түмүгүнэн, СӨ салалтатыгар, идэлээх сойуустарга сурук ыыталаабыппыт. Даҕатан эттэххэ, СӨ суруналыыстарын сойууһа Национальнай СМИ-лэр ассоциацияларын кытта кыттыһан, быйыл аан бастаан “Уһун Дьурантаайы” диэн сахалыы публицистика жанрдарыгар өрөспүүбүлүкэ таһымнаах күөн күрэһи тэрийэн ыыппыппыт.

“Сүрүн хаһыаттар” балаһыанньалара

pressa3

Бары бэркэ билэрбит курдук, кэнники сылларга судаарыстыбаннай хаһыаттар салалталарыгар кэккэ уларыйыылар таҕыстылар. Оттон саҥа дуоһунаска анаммыт салайааччы бэйэтэ хайдах көрөрүнэн, саныырынан эрэдээксийэ реорганизациятын бырайыагын оҥорор. Ол бырайыак ситэ үөрэтиллибэккэ, ырытыллыбакка, үлэлии сылдьар суруналыыстар санааларын истибэккэ эрэ тута олоххо киирэр.

pressa2

Холобур, 2016 с. “Сахамедиа” холдинг урукку салалтата “Саха сирэ”, “Якутия” хаһыаттары босхо түҥэтэр бырайыагын биһиги хара бастакыттан утарса сатаабыппыт. Ол босхо ыһыы-тоҕуу түмүгэр, өрөспүүбүлүкэбит “сүрүн” дэнэр хаһыаттара маҕаһыыннарга, эргиэн туочукаларыгар, балыыһаларга уо.д.а. босхо өрөһөлөнө сытар, ыраах нэһилиэктэргэ тиийбэт буолбуттара. Босхону дьон хаһан да сыаналаабат үгэстээх. Билигин бу хаһыаттар сурутууга төнүннүлэр эрээри, бу иннинэ босхо ыһылла сыппыты дьон саҥалыы сурутан, атыылаһан барара уустук. Билигин бу хаһыаттары сүрүннээн бүддьүөт тэрилтэлэрэ, тэрилтэ үлэһиттэрэ эрэ, олуйуу-моһуйуу күүһүнэн, сурутар буоллулар. Бэрт аҕыйаҕы. Бу барыта сыыһа “реорганизация” түмүгэ буолара көстөн турар.

Суруналыыстарга хабыр сыһыан

Ити курдук өрө-таҥнары тутуу, “реорганизация” түмүгэр, төһө эмэ өр үлэлээн кэлбит, туспа устуоруйалаах, туспа куттаах, олоҕурбут үгэстэрдээх “Саха сирэ” хаһыаттан хас да биллиилээх, талааннаах, тарбахха баттанар суруналыыс барарга күһэлиннэ. Быһаччы сарбыйыыттан эбэтэр киһи кыайан үлэлээбэт усулуобуйатын тэрийииттэн. Ол курдук, өр кэм устата “Саха сирэ” хаһыакка Тыа хаһаайыстыбатын отделын салайбыт, суруналыыстыкаҕа судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, тыа сиригэр күүтэн ааҕар суруналыыстара Василий Никифоров 55 сааһын туолар-туолбат сылдьан биэнсийэҕэ утаарылынна. Син эмиэ ол курдук, Поповтар диэн суруналыыстар династияларын биир биллэр бэрэстэбиитэлэ Роман Попов сарбыйыыга түбэстэ. Дьиҥинэн, суруналыыска 50-55 диэн саас үһү дуо? Бу билигин биһиги биэнсийэлээх суруналыыс кырдьаҕастарбыт 70-80 саастарыгар диэри тигинэччи сүүрэ-көтө, кинигэ бөҕөнү суруйа сылдьаллар. 50 саас кэнниттэн, төттөрүтүн, киһиэхэ муударас кэлэр кэмэ этэ буоллаҕа. Оннооҕор судаарыстыбаны салайыы курдук эппиэттээх үлэни сааһырбыт эрэ дьоҥҥо итэҕэйэллэр.

Аны, субу аҕыйах хонуктааҕыта, “Саха сирэ” хаһыаттан быраап уустук тиэмэлэригэр суруйар, СГУ кэнниттэн ханна да халбарыйбакка бу хаһыакка 25 сыл устата бэриниилээхтик үлэлээбит, хаһыат тыыныгар үүммүт-улааппыт правовед-суруналыыс Вера Макарова-Бэрээдэк Биэрэ тахсан барда. “Дьулурҕан” сыһыарыыны тэрийбит эрэдээктэр, успуорт биллиилээх суруналыыһа Петр Павлов эмиэ барарга күһэлиннэ.

Университет ыскамыайкатыттан ыла хаһыакка суруйбут, кэлин сүрүн эрэдээктэргэ тиийэ үүммүт, “СЫП” (саха ыччатын бырамыысыланнаска) уо.д.а. бырайыактар ааптардара, суруналыыс Прокопий Бубякин эмиэ уурайда.

Ити барыта биир хаһыакка – “Саха сиригэр”.

Эппитим курдук, суруналыыска итинник сааһынан хааччах оҥоруу ханнык да киһилии сиэргэ баппат. Биллиилээх суруналыыстар, эрэдээктэрдэр Нина Протопопова, Василий Кириллин, Эдуард Рыбаковскай, суруйааччылар Амма Аччыгыйа, Рафаэль Баҕатаайыскай, Петр Аввакумов уо.д.а. хас саастарыгар диэри хаһыакка-сурунаалга үлэлээбиттэрэй?

pressa1

“Кэскил” кэскилэ мунаах

Быйыл миэхэ аны “Кэскил” хаһыат үлэһиттэрэ иккитэ кэлэктиибинэй сурук суруйдулар. Үчүгэй олохтон буолбатах. Бу хаһыакка 17 сааһыттан ыла үлэлээбит, Амма Аччыгыйа, Нина Протопопова алгыстарын ылбыт, “Бэлэм буол-Кэскил” хаһыат тыынын-кутун илдьэ сылдьар Евдокия Иринцееваны, бу иннинэ хаһыат сүрүн эрэдээктэринэн үлэлии олорбут биллиилээх суруналыыһы, дэлби олуйан-моһуйан, сойуолаһан уураттылар. Бу хаһыаттан “сааһырдылар” диэн матыыптаан, өссө хас да биллэр-көстөр суруналыыһы туораттылар. Ол туоратыы барыта соруйан олуурдаахтык, оҕуруктаахтык уонна ыарыылаахтык оҥоһуллар. Холобур, сааһыран эрэр дьон кыайан үлэлээбэттэрин курдук балаһыанньаны тэрийэн, Саха сиригэр барытыгар биллэр успуорт кэмэнтээтэрэ, суруналыыс Александр Васильевы-Көрдүгэни – интэриниэт саайка, үтүө суруналыыс уонна уостан түспэккэ ылланар ырыалар ааптардара, мелодист Василий Иванову эрэкэлээмэ менеджеринэн көһөрө сатааһын төһө сиэрдээх быһыыный! Кинилэр эмиэ “Кэскилтэн” баран эрэллэр.

keskil

Салалта – бүгүн баар, сарсын суох, оттон бу 80-100 саастаах хаһыаттар, дьиҥинэн, баар буола туруохтаах этилэр. Бу барыта өрөспүүбүлүкэбитигэр каадыр резервэтэ доҕолоҥнуурун, бэчээт эйгэтигэр каадыры үүннэрии бэлиитикэтэ суоҕун чаҕылхай туоһута. Биллэн турар, суруналыыс эрэ барыта салайааччы буолан тахсыбат. “Дьоҕурдаах суруналыыс” уонна “үчүгэй салайааччы” диэн тус туһунан өйдөбүллэр. Ол эрээри, ама, дириҥ устуоруйалаах, олоҕурбут үгэстэрдээх судаарыстыбаннай хаһыаттар эрэдээксийэлэригэр биир да салайааччы буолар кыахтаах киһи үөскээн-үүнэн тахсыбатах үһү дуо? Хаһыакка быстах кэмҥэ ананан үлэлии кэлбит (бу салайааччылар өр үлэлээбэттэрин саарбахтаабаппын), судаарыстыбаннай бэчээт туһунан өйдөбүлэ суох, суруналыыстыканы кытта ыпсыылара кыттыбатах эрэдээктэр-салайааччылар талааннаах уонна уопуттаах каадырдарга харыстабыллаахтык сыһыаннаһыахтарын сөп этэ. Ол сарбыйбыт дьоннорун солбуйар кыахтаах эдэр каадыры үүннэрэр кыаҕа суох эрээри... Бу “салайааччылар” барыахтара, оттон кинилэр “реорганизацияларын” кэнниттэн хаһыат салгыы үлэлиир туруктаах ордон хаалыа дуо?

Өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай СМИлэригэр каадыр бэлиитикэтигэр утумнааһын (преемственность) суох буолбута дьиксиниини үөскэтэр.

Дьокуускай куорат салалтата “Эхо столицы” муниципальнай бас билиигэ сылдьар хаһыатын “Якутск вечернэйи” кытта холбоон, “икки хаһыаты биир сыананан” диэн тарҕатыыга киирдэ. Бу балаһыанньаҕа куорат саха тылынан тахсар соҕотох “Киин куорат” хаһыатыгар болҕомто ууруллубата. Кыра ахсаанынан тахса турар, инникитин хайдах дьылҕаланыа биллибэт.

Өскөтүн суруналыыс оччо сааһырбыт буоллаҕына, өр үлэлээбитин өйдөөн-санаан, киһилии чиэстээн-бочуоттаан атаарар тоҕо сатаныа суохтааҕый? Итинник, кыр өстөөххө курдук оруо маһы ортотунан сыһыаннаспакка эрэ... Бу дьон үлэлиир кэмнэрин устата СӨ салалтата ыытар үлэтин-хамнаһын сырдатан, судаарыстыбаннай бэлиитикэни тарҕатыһан кэлбиттэрэ эбээт...

Билигин улуус хаһыаттарын эрэдээксийэлэрэ бэйэлэрин быыкаа хамнастарыгар хос ноҕурууска быһыытынан, өрөспүүбүлүкэ интэриниэт-саайтарыгар сонуннары бэлэмниир хос эбээһинэстэннилэр. Үөрүйэх каадыр сарбылла, “реорганизацияҕа” түбэһэ турар, оттон нэһиилэ тииһинэн олорор эрдээксийэлэргэ өссө эбии хос, төлөммөт үлэ сүктэриллэр. Эбиитин, эрэдээксийэлэр сөбүлээбэттэрин, утаралларын үрдүнэн, “Сахабэчээккэ” холбуур бэлиитикэ ыытылла турар. Хоту улуустар онно хайыы үйэ холбонон бүтэн олороллор. Итинник уларыта тутуу төһө көдьүүстээх дуу, омсолоох дуу буоларын сыл-хонук аастаҕына биирдэ билиэхпит турдаҕа.

Ити курдук үлэлии-хамсыы олоробут, сахалыы тыллаах судаарыстыбаннай бэчээт уорганнара.

Биллэн турар, Сахабыт сирин суруналыыстыкатыгар киһи үөрэрэ-көтөрө, киэн туттара, ситиһиилэрэ эмиэ элбэхтэр эрээри, хомойуох иһин, бүгүҥҥү кэпсээммит маннык.

Кэпсэттэ Иван Гаврильев.