Киир

Киир

Ыал арахсыыта оччоттон баччаҕа диэри олохпутугар баар суол. Ыстатыыстыка көрдөрүнэн, кэлиҥҥи сылларга Арассыыйаҕа сыл аайы төһө ыал холбоһор да, биир оччо ыал сокуонунан арахсар эбит. Чэ, арахсалларын-арахсыбаттарын тустаах дьон бэйэлэрэ билэн-быһаарынан эрдэхтэрэ. Ол эрээри бииргэ олорбут кэмнэригэр күн сирин көрбүт оҕолор олохторугар иккиэн эппиэтинэһи сүгэллэр. Сокуон да ону ирдиир.

Оҕо төрөппүттэрэ араҕыстахтарына, охсууну ылара биллэр. Бу уустук кэмҥэ (уопсайынан, оҕо бэйэтин бэйэтэ хааччынар буолуор диэри) оҕоҕо икки төрөппүт иккиэн болҕомтону уураллара наада. Оҕону үп-харчы өттүнэн хааччыйбат, көмөлөспөт төрөппүккэ элимиэн суутунан эбээһинэс быһыытынан сүктэриллэр.

Элимиэн – сокуоннай сааһын ситэ илик оҕоҕо эбэтэр сокуоннай сааһын сиппит эрээри, олоҕун бэйэтэ кыайан хааччынар кыаҕа суох дьиэ кэргэн чилиэнигэр төлөнөр харчы. РФ Дьиэ кэргэн кодексыгар ыйылларынан, сокуоннай сааһын ситэ илик уонна сокуоннай сааһын сиппит эрээри доруобуйатын туругунан бэйэтин кыайан көрүммэт оҕону төрөппүттэр иккиэн иитэллэр.

Сорох түгэҥҥэ төрөппүттэр оҕоҕо төһө харчы наадатын бэйэлэрэ эйэ дэмнээхтик быһаарсаллар, элимиэн төлүүр сөбүлэҥи суутунан буолбакка, нотариуска бигэргэтэллэр. Оннук түгэҥҥэ эр киһи олохтоммут (фиксированнай) ыстаапканы төлүүр. Оҕо биир ыйга олорорун, аһыырын (ыйдааҕы тииһинэн олоруу алын кээмэйин) ааҕан таһааран, төлүүр сууманы таһаараллар. Билиҥҥитэ – биирдии оҕоҕо, быһа холоон, 12-лии тыһыынча. Үлэлиириттэн-үлэлээбэтиттэн тутулуга суох бу сууманы төлүөх тустаах.

Онтон өскөтүн төрөппүттэр биир санааҕа кэлбэт, мөккүһэр түгэннэригэр дьыала суут нөҥүө көрүллэр. Элимиэни суутунан төлөтөргө маҥнай “иск” суруллар, онтон гражданскай ирдэбилинэн тахсыбыт быһаарыыны толорторор туһунан суут бирикээһэ (исполнительнай лиис) тахсар. Ол кэннэ суут бириистэптэрэ элимиэн төлүөхтээх киһиэхэ дьыаланы тэрийэллэр. 

Кээмэйэ төһөнүй?

РФ Дьиэ кэргэн кодексын 81-с ыстатыйатыгар олоҕуран, сокуоннай сааһын туола илик оҕоҕо суутунан төлөнөр элимиэн кээмэйэ бигэргэтиллэн турар. өскөтүн нотариус бигэргэппит сөбүлэҥэ суох буоллаҕына, ый аайы төрөппүт маннык сууманы төлүүрэ ирдэнэр:

– биир оҕоҕо – дохуотун 1/4-дэ (ол эбэтэр 25 %-на);

– икки оҕоҕо –  дохуотун 1/3-һэ (33 %-на);

– үс уонна онтон элбэх оҕоҕо – дохуотун 1/2-тэ (50 %-на).

Төрөппүт материальнай балаһыанньатын көрөн элимиэн кээмэйэ улаатыан эбэтэр, төттөрүтүн, кыччыан сөп. Сокуоннай сааһын ситэ илик оҕо элимиэн төрөппүт хас тэрилтэттэн хамнас аахсар да, олор бары учуоттаналлар (ол иһигэр харчынан бириэмийэтэ эмиэ).

Элимиэн харчынан эрэ төлөнөр. Суут кэмигэр оҕо ийэтэ элимиэн төлүүр аҕатыттан бэлэх аҕаларыгар, аһынан, бородууктанан хааччыйарыгар туруорсара эмиэ баар буолар. Ити – төрөппүт бэйэтин тус баҕата. Элимиэн аһынан-таҥаһынан, оонньуурунан, хомунаалынай өҥө төлөбүрүнэн уо.д.а. төлөммөт. Итилэр баҕа өттүнэн көмөлөһүүгэ киирсэллэр, элимиэҥҥэ туох да сыһыаннара суох.

“Дьиэҕэ элимиэн” диэн баар буолла...
 

2020 сыл олунньутуттан 10-ФЗ №-дээх саҥа сокуон тахсыбыта. Ол сокуоҥҥа олоҕуран оҕо олорор дьиэтин ороскуотугар эбии элимиэни төлөттөрүөххэ сөп. Бу иннинэ олорор дьиэ ороскуота элимиэн уопсай сууматыгар киирэ сылдьар диэн буолара. Холобур, арахсыбыт дьахтар дьиэ куортамнаһан эбэтэр ипэтиэкэ төлөөн олорор буоллаҕына, оҕо үчүгэй усулуобуйаҕа олоруохтааҕын быһыытынан, аҕатыттан эбии иккис элимиэни көрдүүр бырааптаах.

Туох докумуон нааданый?
 

– Куортамнаһан олорор буоллаххына: куортам дуогабара, куортамы төлүүргүт туһунан араспыыска, бас билэр дьиэҥ суоҕун бигэргэтэр ЕГРН ыспыраапката, сибидиэтэл көрдөрүүтэ.

– Ипэтиэкэни төлүүр буоллаххына: баантан ыспыраапкалар, ипэтиэкэ дуогабара, ипэтиэкэни төлөөбүккүн туоһулуур квитанциялар, ЕГРН докумуона уо.д.а.

Төлөөбөт түгэҥҥэ

Өскөтүн төрөппүт элимиэни төлөөбөт түгэнигэр административнай уонна холуобунай эппиэтинэскэ тардыллар. Соруйан төлөөбөт, куотунар буоллаҕына, холуобунай миэрэ ылыллар: “исправительнай” үлэни толорор, оннооҕор биир сылга диэри хаайыыга киириэн, көҥүлэ сарбыллыан сөп. 

Сорох эр дьон дьиэтэ-уота, үлэтэ-хамнаһа суох хаалан, санааҕа баттатан, устунан олохторо алдьанан ускул-тэскил сылдьаллара баар буолар. Бу кэмҥэ суут кинилэри аһыммат: элимиэннэрин төлөбүрүн иэһин мунньа турар. Дьэ, мунньуллубут иэстэн босхолонор өссө уустук буолар. Маннык түгэҥҥэ эр киһи түптээх үлэтэ-хамнаһа суох буоллаҕына, Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун киинигэр учуокка турара наада. Оччоҕо ый аайы босуобуйа ылар кыахтанар. Ол босуобуйатыттан алта ый тухары бырыһыанынан ыстаапката ааҕыллан иһэр. Хамсык кэмигэр босуобуйа муҥутаан 16 000 солкуобайга тиийэ сылдьыбыта. Онон суоттаатахха, биир оҕоҕо ый аайы 4000 солкуобайы төлүүр буолар.

***

Саха сиригэр элимиэн төлөөччүлэр төһө элбэхтэрий? Төлөөбөт дьоҥҥо туох миэрэ ылылларый?

Былырыын тохсунньуттан ыам ыйыгар диэри 7000 киһи иэстээҕэ билиэтэммит. Олортон 318 дьыала оҕо дьиэтигэр олорор оҕолоох төрөппүттэргэ көтөҕүллүбүт.

Бу кэм иһигэр Саха сирин үрдүнэн уопсайа 117 мөл. солк. суумалаах элимиэни төлөөбүттэр. 2020 сылы кытта тэҥнээтэххэ, 35 мөлүйүөнүнэн элбээбит (ол аата ыал арахсара үксээбит диэн өйдүөххэ сөп). Элимиэҥҥэ иэстээх 56 киһиэхэ баайын-дуолун (имуществотын) тутарга дьаһал тахсыбыт. 3000-тан тахса киһиэхэ кыраныысса таһыгар тахсар көҥүлүн быспыттар.

Элимиэни төлөөбөт дьону «Неуплата родителем без уважительных причин... средств на содержание несовершеннолетних детей» КоАП РФ 5.35.1 №-дээх ыстатыйанан административнай эппиэккэ тардаллар. Ол курдук, былырыын сыл аҥаарыгар 342 административнай дьыала көбүтүллүбүт. Ону истибэт буоллахтарына, дьыаланы холуобунайга көһөрөллөр. 

Төрөппүт оҕоттон элимиэн көрдүүр бырааптаах дуо?
 

Этэҥҥэ олордоххо, оҕо түргэнник улаатар. Кыратыгар эрэ киниэхэ ол-бу наадатын, мэлдьи туох эрэ тиийбэтин айдаана буолар. Аныгы оҕолор эрдэ сайдаллар: үгүстэр сүүрбэлэриттэн бэйэлэрин хааччыммытынан бараллар.

Онтон күн-дьыл аастаҕын аайы ийэлээх аҕатын кыырыктыйбыт баттахтара хойдон, кэлэллэрэ-бараллара бытааран иһэр. Кыайан көрүммэт-хааччыммат түгэннэригэр аны оҕолоруттан элимиэн төлөттөрүөхтэрин сөп. Арахсыбыт төрөппүттэрдээх оҕолор ордук ийэлэригэр чугас буола улааталлар. Ийэлэрин ханнык да түгэҥҥэ көрөллөр-истэллэр, иитэллэр. Оттон аҕаларыгар сыһыаннара атын буолуон сөп.

Манна биири өйдүүр наада. Үгүстэр “элимиэн төлөөбүт эрэ киһи кырдьан баран оҕотуттан элимиэн көрдүүр бырааптаах” диэн өйдүүллэр. Арахсыбакка, сарын-санныларыттан өйдөһөн-өйөһөн олорбут дьон кырдьан баран оҕолоро кинилэри көрбөт, көмөлөспөт буоллахтарына, эмиэ элимиэҥҥэ түһэрэр бырааптаахтар.

Ханнык түгэҥҥэ оҕоттон элимиэн харчытын төлөтүөххэ сөбүй?

Сокуоннай саастарын сиппит, үлэлээх-хамнастаах оҕолоруттан эрэ элимиэн төлөбүрүн ылар кыахтаахтар.

Онтон төрөппүт доруобуйатын туругунан үлэлээбэт эбэтэр биэнсийэҕэ тахсыбыт (ийэтэ 55, аҕата 60 сааһын туолбут) буоллаҕына, төлөнөр. Аны туран ыйдааҕы ороскуота ылар биэнсийэтиттэн лаппа тахса буолуохтаах.

Элимиэн төлөттөрөр бырааба суох төрөппүттэр:

– оҕолорун иитиспэтэхтэр, аһынан-таҥаһынан, дьиэнэн-уотунан хааччыйбатахтар;

– ийэ, аҕа быраабыттан быһыллыбыттар.

Оҕону, биллэн турар, төһө да арахсыбыттарын иһин ийэ, аҕа тэҥинэн иитиэхтээхтэр, сокуоннай сааһын туолуор диэри олоҕун хааччыйарга кыһаллыахтаахтар. Манна ордук хос саҥата-иҥэтэ, айдаана-аахсыыта суох орто сүнньүн тутуһан дьаһанар ордук. Ол аата, дьахтар аһара барыа суохтаах, оттон эр киһи сокуон киниттэн тугу ирдиирин толорорго кыһаныахтаах.

 Диана КЛЕПАНДИНА.

Санааҕын суруй