Алтынньы 30 күнүгэр Арассыыйаҕа инженер-механик уонна суоппар күннэрэ бэлиэтэнэллэр. Бэлиэ күннэргэ тоҕооһуннара тимир көлөнү доҕор оҥостон, ыраах-чугас сирдэри тэлэһийэ айанныыр суоппардары кытта кэпсэттибит.
Виталий С., судаарыстыбаннай тэрилтэ суоппара:
– СӨ Бырабыыталыстыбатын уонна бэрэсидьиэнин автобазатыгар үлэлээбитим алта сыл буолла. Үлэбит чааһа атын тэрилтэлэргэ курдук буолбатах, сарсыарда алтаттан түүн уон иккигэ диэри, өссө сороҕор оннооҕор хойукка диэри сылдьыахпытын сөп. Бырааһынньыктарга, өрөбүллэргэ салалтабыт үлэлиир буоллаҕына, биһиги эмиэ хайаан да үлэлии тахсабыт. Тимир көлө онно мэлдьи бэлэм, үчүгэй туруктаах, ыраас, сылаас буолуохтаах. Саамай эппиэтинэстээх түгэммит, мин саныахпар, Арассыыйа атын эрэгийиэннэриттэн дэлэгээссийэ кэллэҕинэ буолар. Туох да хойутааһына, суһал түбэлтэтэ суох айанныахха наада. Командировкаҕа үксүгэр чугас улуустарга сылдьабыт, үлэбинэн ыраах айаннаабыппын өйдөөбөппүн.
Роман С., ыраах айан суоппара:
– Мин 2018-2019 сс. сыллартан улахан уйуктаах көлөнөн анаан-минээн таһаҕас тиэйиитинэн дьарыктанабын. Үксүн хоту улуустарга ас-үөл, тутуу матырыйаалын илдьэбит. Сакаасчыттар биирдиилээн дьон да, улахан тэрилтэлэр да буолаллар, хайдах түбэһэринэн. Бырысыаптаах “Камазка” 20 т, оттон бырысыаба суохха 10 т таһаҕас тиэллэр. Онон, ону толорор эмиэ манан аҕай дьыала буолбатах.
Магадаан Эвенскэйигэр айаммын өйдөөн хаалбыппын, “Аэропорты Севера” тэрилтэҕэ аспаалы тэҥниир катогу илдьибиппит. Онно кыра массыына эҥин сылдьыбат, вездеход “Камаз” эрэ тиийэр сирэ. Аара “Полиметалл” артыалыгар диэри суол син баар буоллаҕына, салгыы суох этэ. Кварцевоны ааһан баран, буурҕаҕа хаайтаран турбуппут. Иннибитигэр икки массыына барбыта, өссө биир массыына аара алдьанан хаалбыта, биһиги үс буолан икки нэдиэлэ турбуппут. Онтон буурҕа бүппүтүгэр омуннаах элбэх хаары ыраастаан салгыы айаннаабыппыт. Кэнтиэйнэрдээх “Уралы” сабар хаар түспүтэ. Хайа хаспаҕар мунньуллубут 5-6 миэтэрэлээх дириҥ хаары илиинэн күрдьүбүппүт. Буурҕаҕа түбэспиппитин билэн, Эвенскэй дьаһалтата вездеходунан ас-үөл ыыппыта. Кэлэрбитигэр эмиэ буурҕалаах этэ, күҥҥэ 15 км эҥин айанныырбыт. Хаар кытааттаҕына тэбистэрэн кэлбиппит. Туустаах муора кытыытын хаара кытаанах буолан, онно массыына үрдүнэн уйдарар. Омоллоон диэн сиргэ олорор үтүө санаалаах балыксыт ыал “өйүө гыныҥ” диэн дьарҕаа биэрбиттэрэ, дьиэлэригэр чэйдэппиттэрэ.
Ыраах аһыыр-хонор сир суох, онон массыынабытыгар хоно-хоно бородууктабытын тиэнэ сылдьабыт. Уопсайынан, ыраах айаҥҥа аһы-таҥаһы, сапчааһы илдьэ сылдьыахха наада. Биллэн турар, туох эмит буолар түгэнигэр суоппардар бэйэ-бэйэҕэ төһө кыалларынан көмөлөһө сатыыбыт. Кэлиҥҥи өттүгэр кыһыҥҥы суолу “Дороги Арктики” үчүгэйдик оҥорор. Өрөспүүбүлүкэ хайа баҕарар муннугар таһаҕаһы тиэрдиэххэ сөп.
Былырыын алтынньыга Забайкальеттан Уус Алдан Кылаайытыгар уонна Эһэлээҕэр от таспыппыт, бүтэһик сырыыбытын төлүү иликтэр. “Кыралаан биэртэлии сылдьабыт” дииллэр, биһиги уочараппыт кэлэ илик быһыылаах. Онон күүтэбит. Дьиҥэ сакааспыт хамнаһын аҥаара уматыкка барар, бэйэбит эмиэ аһаан, сапчаас атыылаһан сылдьыахпытын наада буоллаҕа.
Бу саас-сайын “МАЗ”-нан Москуба эргин сылдьыбытым. Соҕуруу өттүгэр айанныыр усулуобуйа өттүнэн, биллэн турар, ордук. Аһыыр, утуйар, суунар сир субу-субу кэлэр.
Алгыс А., “Суһал көмө” суоппара:
– 1987 с. Бэрдьигэстээхтэн биир выпустан уонча уол буолан ДОСААФка суоппар идэтигэр “В”, “С” категорияларга үөрэммиппит. Эһиилигэр аармыйаҕа бараммын икки сыл суоппардаабытым. Итинник 18 сааспыттан саҕалаан, балай да тэрилтэҕэ үлэлээбитим: лесхозка лесовозка, бодобуоска, кыра кэмҥэ тыраахтарга эмиэ үлэлээбитим. Ханнык баҕар киһи сөптөөх идэтин, дьарыгын көрдүүр буоллаҕа, оннук Биэнсийэ пуондатыгар “доставка отделыгар” суоппардыы сылдьыбытым. Улууспут нэһилиэктэрин кэрийэ сылдьан биэнсийэ тарҕатар этибит. Ол кэннэ Арассыыйа почтатыгар эмиэ баһыылка, биэнсийэ түҥэтиигэ суоппарынан үлэлээбитим. Дьэ онтон 2011 с. күһүн “Суһал көмөҕө” киирбитим. Үлэлии киирэн баран “Суһал көмө”, балыыһа үлэтин сиһилии билбитим. Түүннэри-күнүстэри сүүрэҕин, дьэ манна эн хайдах үлэһит буоларыҥ, киһи быһыытынан хаачыстыбаҥ барыта өтөн тахсар. Тоҕо диэтэххэ, сайын буоллун, кыһын буоллун, ардаҕы-хаары ортотунан, ыҥырыы киирдэ даҕаны, ханнык баҕарар нэһилиэккэ айанныыгын. Бастаан үлэлии киирэн баран ыарырҕаппытым, “туох сүрдээх тэрилтэҕэ киирдим” дии санаабытым. Түүннэри сүүрдэн баран, күнүһүн ыҥыран ылан, тыаҕа ыыппыттара, куоракка да сылдьыбытым. Биллэн турар, мэлдьи оннук буолбат. Онтон үөрэнэн “бу чахчы мин тэрилтэм, аналлаах идэм” эбит диэн санааҕа кэлбитим. Төһө да суоппар хамнаһа сэмэй, үлэтэ ыарахан буолбутун иһин син биир сөбүлээн сылдьаҕын, ис искиттэн дьоҥҥо көмөлөһүөххүн баҕараҕын.
Холобур, сүрэх ыарыытыгар, инсулька балыыһаттан “специализованнай” массыына баран, биригээдэни кытта ыарахан туруктаах ыарыһаҕы тиэйэн аҕалаҕын. Саас суол хаалан, үрэхтэргэ уу киирэн турдаҕына, тыраахтарынан соһулла-соһулла айанныыр түгэннэр эмиэ бааллар. Уопсайынан, туох эмэ ыксаллаах быһыыга-майгыга, кириминээллээххэ даҕаны, аан бастаан “Суһал көмөҕө” төлөпүөннүүллэр. Итинник ыҥырыыга ыарыһах хараҕар “эрэл, куттал, ыарыы” барыта мунньустан, “баһаалыста, быыһааҥ” диэбиттии көрөр-истэр. Онтон быраас итинниккэ уйулҕа өттүнэн бэлэмнээх буолан, уоскутан, көрөн-истэн бардаҕына, хайдах эрэ харахтара сырдаабыкка, эрэл кыыма саҕыллыбыкка дылы буолар.
Биһиги тэрилтэбит, этэргэ дылы, байыаннай аҥаардаах буоллаҕа, ол иһин суукка буола-буола дьуһуурустубалаатарбыт даҕаны, сынньалаҥҥа төлөпүөммүтүн “кулгаахпытыгар баана” сылдьабыт. Хаһан баҕар ыҥыран ылыахтарын сөп, халтараан кэмигэр түүнүн эбэтэр сарсыарданан, суоппар сылайар кэмигэр, суол быһылааныгар эҥин ыксал буолааччы. Оннукка ойон турдуҥ да, бараҕын.
Хамсык саҕаламмытыгар охсууну бастакынан “Суһал көмө” үлэһиттэрэ ылбыттара. Хайдах бэрээдэктээхтик үлэлиэхтээхпит чопчулана илигинэ, ыарахан этэ. Аны күнү быһа СИЗ көстүүмнээх сылдьаҕын, итинник үлэлии сылдьан хамсыкка бэйэбит дьоммут элбэхтик хаптарбыттара. Уопуттаах, урут биэлсэрдии сылдьыбыт эҥин диспиэччэрдэр икки буолан сынньанары, сылайары билбэккэ үлэлээбиттэрэ. Онтон тыаттан стационар массыыналарын, суоппардарын көмөҕө ыҥыран, үлэ хаамыыта сааһыламмыта.
Тимир көлө алдьаммакка, тохтообокко үлэлииригэр мэхээнньик үлэтэ суолталаах. Массыына барыта саҥа буолбат, көрүүгэ-истиигэ, өрөмүөҥҥэ наадыйар. Биһиги улууска чугас нэһилиэктэрбит 30 км сиргэ, ыраахтарбыт 100-түү км, онтон суола суох нэһилиэкпит 200-түү км сиргэ бааллар. Суоппар сыала-соруга – тиийэ охсуу, быраастар көрбүттэрин кэннэ, тиэйэн аҕала охсуу. Итиннэ бириэмэ быһаарар суолталаах. Онон, “Суһал көмө” – хамаанда үлэтэ.
Өрөспүүбүлүкэ “Суһал көмөтүн” суоппардара бассаап бөлөхтөөхпүт, онно кэпсэтэбит, санаа үллэстэбит. Бары биир өлүүгэ сылдьар дьон буоллахпыт. Биһиги быраастартан урабыт диэн Гиппократ андаҕарын биэрбэтэхпит, ол эрээри хайдах да түгэҥҥэ быраастарбытын, биэлсэрдэрбитин кытта бииргэ сылдьабыт. Түүн ол-бу араас сиргэ ыҥырыы киирэр, онон арыт харабыл, арыт көмөлөһөөччү быһыытынан киирсэбит. Холобур, сүрэхтэрэ тохтообут дьону реанимациялыырга биэлсэргэ, бырааска көмө наада буоллаҕына, туора туран хаалбаккын. Ыҥырыынан кэлбит киһиҥ этэҥҥэ бэттэх кэллэҕинэ искиттэн үөрэҕин. Онтон кыаллыбатаҕана, хомойоҕун, санааҥ түһэр.
Итинник ис-иһигэр киирдэххэ, кэпсиир баһаам элбэх. Мин бэйэм “Суһал көмөҕө” күүстээх санаалаах, чиэһинэй, аһаҕас дьон үлэлииллэр диэн санааҕа кэллим.
Георгий И., чааһынай тэрилтэ суоппара:
– Быйыл бу тэрилтэҕэ үлэлээбитим 7 сыла буолла. Урут-уруккуттан массыына мадьыалларын мунньабын, тимир көлөҕө сыһыаннаах туох да буоллун, хас сыллаахха тахсыбытын, ким айбытын, устуоруйатын интэриэһиргиибин. Мунньубут мадьыалларым ахсаана, быһа холоон эттэххэ, отучча буолла быһыылаах. Ону тэҥэ массыына “шильдиктэрин” (анал бэлиэлэрин, о.э. логотип) мунньабын. Манна “Ретромузейга” былыргы эһэлээх абаҕабыт сүүрдэ сылдьыбыт Минск “Москва” матасыыкылларын хомуйан туттарыахтаахпыт, сылын чопчу бу диэн этэр кыаҕым суох, быһа холоон, 1950-1960 сыллар буолуо. Эрдэ абаҕабыт оскуолаҕа “Юный техник” куруһуокка биэрэ сылдьыбыт этэ, онон сорох сапчааһа суох. Онтон урукку сыллааҕы тиэхиньикэҕэ сапчааһы булар ыарахан. Түмэлгэ атыылыыр бэрээдэгинэн буолбакка, дьиэ кэргэн сыаннаһын үйэтитии быһыытынан биэриэхпитин баҕарабыт.