Бүгүҥҥү ыччакка аналлаах “Тэбэнэт” балаһабытыгар Дьокуускай куоракка АГИКИ худуоһунньук-живописец идэтигэр үөрэнэн бүтэрбит, 25 саастаах, билигин Турция Анкара куоратын Хаджеттепе университетыгар “Түүр омук искусствоведа” идэҕэ үөрэнэр магистрант Юнона КИМ ыалдьыттыыр.
Быйыл Стамбул куоракка буолбут Турция Өрөспүүбүлүкэтин 100 сылыгар аналлаах Норуоттар икки ардыларынааҕы тэрээһиҥҥэ Юнона Ким Саха сириттэн бэрэстэбиитэл быһыытынан кыттан, Ататюрка аналлаах икки хартыынаны быыстапкаҕа туруорбута.
– Дойдугуттан тэйэ сылдьар устудьуон эдэр ыччат, туох сонуннааххын?
– Билигин сайыҥҥы каникулбар Турция Измир куоратыгар баарбын. Түмэллэри, араас былыргы тутуулары кэрийэбин. Оскуолаҕа үөрэниэхпиттэн Турцияҕа элбэхтик сылдьыбытым. Сөбүлээбитим. Элбэх түмэлгэ сылдьан, саха култууратыгар майгынныыр түгэннэри көрөн, сиһилии үөрэтиэхпин баҕарбытым. Ускуустуба хайысхатын сэҥээрэр буоламмын, ханна да сырыттарбын, ордук түмэллэри сэҥээрэбин, сөбүлээн көрөбүн.
– Бастаан ханна үөрэммиккиний?
– Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназияны үөрэнэн бүтэрбитим. Оҕо сааспыттан уруһуйдуурбун сөбүлүүр буоламмын, кыра эрдэхпиттэн худуоһунньук буолуохпун баҕарарым. Оскуола кэнниттэн АГИКИ-га «худуоһунньук-живописец» идэтигэр үөрэнэ киирбитим. Биһигини биллэр худуоһунньук Дь.А. Бойтунов үөрэппитэ. 6 сыл тухары саха култууратын уонна ускуустубатын эппитигэр-хааммытыгар иҥэриммиппит. Манна үөрэнэ сылдьан Питер куоракка Эрмитажка быраактыкаламмытым. Онно куоппуйалары уруһуйдуурга үөрэммитим. Саамай сөбүлээн уруһуйдуурум – мэтириэт. Кэлин түүр омук култууратын сиһилии дириҥник үөрэтиэхпин баҕаран, Казахстан Туркестан куоратыгар казах уонна турок тылларын үөрэтэр кууруска үөрэнэ киирбитим. Хара маҥнайгыттан Турцияҕа үөрэххэ киирэр былааннаах этим.
– Дьэ, ол гынан Турцияҕа тиийэн хааллыҥ?
– Казахстаҥҥа үөрэнэ сылдьан, «Искусствовед магистратуры» бырагырааматыгар сайаапка ыыппытым. Манна араас таһымнаах быыстапкаларга, куонкурустарга кыттыбыт ситиһиилэрбин суруйан, грамоталарбын ыытан, бэйэм туспунан резюме суруйан, тоҕо Турцияны уонна бу үөрэҕи таларбын баҕарарбын, туох чинчийиини оҥороору былаанныырбын барытын сиһилии суруйан ыыппытым.
Казахстаҥҥа үөрэнэ сылдьан, түүр 9 кумалак саахыматтарыгар Арассыыйа аатыттан норуоттар икки ардыларынааҕы турнирга кыттыбытым. Маны тэҥэ араас таһымнаах уруһуй куонкурстарыгар кыттан дьупулуомунан бэлиэтэнэр этим. Ол барыта бу дойду үөрэҕэр киирэрбэр олус туһалаабыта. Казахстаҥҥа Алматы куоракка бэсиэдэлэһиини ааспытым. Онно туох баар ситиһиилэрбин көрдөрбүтүм уонна «Турция үөрэҕин тоҕо талбыппын, бу үөрэххэ тоҕо киирэн үөрэниэхтээхпин» барытын турок тылынан кэпсээбитим. Онтон сайыныгар ол дьоллоох ыҥырыы сурук почтабар кэлбитэ. Онно «Турция «топ» университеттарыгар киирсэр Анкара куорат Хаджеттепе университетыгар «искусствовед тюркских народов» үөрэххэ киирдиҥ» диэн ыҥырбыттар этэ. Онно киирбиттэри Турция Өрөспүүбүлүкэтин 12 университетыгар аныыллар эбит. Бу университеттар Турция араас куораттарыгар бааллар. Бу университекка киирэр баҕа санаам туолбутуттан үөрбүтүм. Магистратура үөрэҕин бырагыраамата миэхэ турок тылынан буолар. Ол иһин бастакы сыл тылы үөрэтэн, билигин холкутук саҥарар буола үөрэнним. Балаҕан ыйыттан туроктары кытта наар турок тылынан үөрэниэхтээхпин. Онон долгуйабын. Кууруспар соҕотох атын омукпун.
– Уопсайга олороҕун дуо? Ыйга истипиэндьийэҕит төһө буоларый?
– Үөрэнэр университеппар биир даҕаны саха устудьуонун көрсө иликпин. Бастакы сылбар уопсайга олорбутум. Билигин кыбартыыра куортамнаһан олоробун. Бакалавриакка үөрэнэр устудьуоннарга – 1700 лир (6000 солк.), магистратураҕа – 2400 лир (8500 солк.), докторантураҕа – 3000 лир (10500 солк.) ыйга төлүүллэр. Үөрэҕи көтүтэр уонна мөлтөхтүк үөрэнэр устудьуоннарга истипиэндьийэни быһаллар. Манна Турция лиратын кууруһа күн аайы уларыйа турарынан, солкуобайынан буолбакка, лиранан ааҕар табыгастаах.
– Туроктар түүр омук бөлөҕөр киирсэр буолан, тыллара-өстөрө саха тылыгар майгынныырын истибит-көрбүт эрэ барыта бэлиэтиир.
– Биһиги тылбыт түүр бөлөҕөр киирэр буолан майгынныыр. Былыр туроктар тыллара араап тылын кытта булкуспут буолан, кырамаатыката уларыйбыт, элбэх киирии тыл баар эбит. Ататюрк ону ыраастыы сатаабыта. Саха тылынан төрүттэнэн.
– Бэйэҥ турок тылын төһө баһылаатыҥ?
– Турок тылын икки сыл үөрэппит буоламмын, холкутук кэпсэтэбин, суруйабын.
– Ас-үөл, дьиэ-уот сыаната хайдаҕый?
– Билигин аан дойдуга буола турар быһыыттан-майгыттан уонна инфляцияттан сылтаан сыана барытыгар үрдүү турар – аска-үөлгэ, дьиэҕэ-уокка. Арай оҕуруоттарын сыаната бэйэлэрин киэнэ буолан удамыр соҕус. Дьиэ-уот сыаната Саха сириттэн туох даҕаны уратыта суох.
– Сир хамсааһына буоларынан сэрэхтээх дойду эбит.
– Быйылгы сир хамсааһыныгар уопсайбар утуйа сыппытым. Онтон, арай түүн уһукта биэрбитим, хайдах эрэ мэйиим эргийэр курдук этэ. Бастаан утаа туох буолбутун өйдүү охсубатаҕым, хаһан сир хамсааһыным билбитим баарай! Бииргэ олорор омук кыргыттарым бары даҕаны өйдөөбөтөхтөр этэ. Онтон аҕыйах мүнүүтэ ааспытын кэннэ, биир кыыс хоспутугар киирэн: «Бары, бастакы этээскэ түһүҥ! – диэн хаһыытаабытыгар, биирдэ өйдөнөн, хоспутуттан тахсыбыппыт. Дьиҥинэн,
Анкара куорат сир хамсааһыныгар кыһаммат диэн эрдэттэн этэллэрэ. Онон улаханнык уолуйбатахпыт.
– Худуоһунньук-живописец идэлээх буолаҥҥын быһыылаах хартыыналаргыттан айылҕа, алаас, дэриэбинэ сыта кэлэргэ дылы. Ханна сылдьан айаҕыный?
– Төрөппүттэрим Тааттаттан төрүттээхтэр. Бэйэм Дьокуускайга төрөөбүтүм. Дьиэбэр үһүс оҕобун. Сорох айымньыбын дэриэбинэҕэ, тыаҕа тахсан уруһуйдуубун.
– Үөрэххэ туттарсааччыларга тугу сүбэлиэҥ этэй?
– Омук сирин үөрэҕэр грант сүүйүөн баҕалаахтар эрдэттэн бэлэмнэниэхтэрин наада. Манна саамай наадалааҕа уонна ирдэнэрэ – тылы үөрэтии. Мин аангылыйа тылын эмиэ холкутук билэбин. Онтум эмиэ сүрдээҕин туһалыыр. Грант баар саайтара, сүрүннээн, аангылыйа тылынан тахсаллар. Хас биирдии оҕо, эдэр киһи туох идэни талан, үөрэниэн баҕарарын эрдэттэн билиэн наада. Онон көрөн, ханнык университет эйиэхэ сөптөөҕүн билэҕин, талаҕын. Оскуолаҕа үөрэнэр кэмҥитигэр олоххо актыыбынай позициялаах актыбыыс буолар наада. Бу хаачыстыба идэни сөпкө таларга, омук сиригэр үөрэнэргэ олус туһалыыр. Маны сэргэ олимпиадаларга, куонкурустарга, волонтёр бырагыраамаларыгар төһөнөн элбэхтэ кыттыбыккынан, хайа баҕарар үөрэххэ киирэр кыахтанаҕын.
Мин устудьуоннуур кэммэр Финляндия Лапландия университетыгар атастаһык бырагырааманан баран үөрэнэ сылдьыбытым. Онно аангылыйа тылын үчүгэйдик билэрим иһин талбыттара. Аны хайаан да, ханна да сырыттаргын, үөрэннэргин, төрөөбүт сахаҥ тылын, култууратын билэриҥ туһаттан атыны аҕалбат. Ийэ тылгын, омугуҥ сиэрин-туомун, үгэһин билэр буоллаххына, эйигин омук быһыытынан убаастыыллар, интэриэһиргииллэр.
– Дьэ, Юнона, хартыыналаргын көрөн сөхтүм-махтайдым. Айылҕа талааны маанылаабыт талааннаах ыччата эбиккин. Инникитин Саха сиригэр эрэ буолбакка, аан дойду таһымнаах быыстапкаларга аатыҥ дорҕоонноохтук иһиллэригэр баҕарабын, алгыыбын.
Саргылаана БАГЫНАНОВА.