Киир

Киир

Отучча сыллааҕыта улахан айылҕалаах, дьоҕурдаах эмчит Клавдия Максимова-Сайыына элбэх киһи аартыгын арыйбыта, арчылаабыта. Биир үөрэҕэр сүүһүнэн киһи сылдьара. Кини үөрэҕэр сылдьыбыт дьон үксүлэрэ талааннарын таба тайаммыттара, ис кыахтарын арыйбыттара, муна-тэнэ сылдьыбыт суолларын булбуттара. Билигин маныаха майгынныырдыы үлэлиир, Үөһээҥҥилэр анаан бэлэмнээбит улахан айдарыылаах киһилэрэ эмиэ бэйэтин тула баҕалаах дьону мунньар. Александра Дмитриева-Күн Кыыһа диэн аатынан биллэр. Дьону эмтиир, чөллөрүгэр түһэрэр, дьоҕурдарын арыйар, талааннарын уһугуннарар, суолларын тэлэр, салгын куттарын көннөрөр.

- Александра, дорообо. “Кыым” хаһыат ааҕааччыларыгар бэйэҕин билиһиннэриэҥ буолаарай. Уруккута, бука, боростуой киһи буолуоҥ. Чараас эйгэҕэ хайдах киирбиккиний?

- Муома улууһуттан төрүттээхпин. Оҕо сылдьан Улахан Чыыстайга олорбутум. Онно нуучча тыллаах кылааска үөрэммитим. Биир учуутал дэлби мөҕөн, өсөһүннэрэн, саха тылын абааһы көрө улааппытым. Дьокуускайга көһөн кэлэн баран, эйгэм барыта нууччалыы этэ: дьүөгэлэрим, кэллиэгэлэрим бары нууччалар эбэтэр нуучча тыллаах сахалар. Уон тоҕус сыл “Якутия” хаһыакка эрэкэлээмэ салаатыгар үлэлээбитим. 2015 с. хаһыаппытыгар үлэһиттэри сарбыйыы буолбута. Мин эмиэ, хомойуох иһин, онно хапсыбытым. Сүүрбэччэ сыл биир тэрилтэҕэ үлэлии сылдьыбыт киһиэхэ олус ыарахан этэ. Эмискэ үлэбиттэн мэлийэн эбитэ дуу, истириэстээбитим аҕай. Бастаан утаа, быстах санаабар, түргэнник үлэ булуом дии санаабытым.  Аны ол кэннэ волейболлуу сылдьан, атахпын эчэтэн, олох даҕаны үс ыйы быһа балыыһа икки дьиэ икки ардыгар эрэ сылдьар киһи буолбутум. Ол кэмҥэ араас толкуйга бары киирбитим. Ис санаабын, көрүүбүн сааһыланан көрбүтүм.  “Тоҕо тугум да табыллыбат буолан хаалла?” диэн, хоруй көрдүүрүм. Оннук сылдьан медитациялыыр дьахталлары кытары билсибитим. Кыра түмсүүлээх этилэр. Бастаан кэтээн көрөөччүнэн киирбитим. Оччолорго олох бүтэй, баары баарынан көрөр, ылынар судургу киһи буоллаҕым.  “Хайдах маннык буолуой, сымыйанан тугу эрэ лахсыйаллар”, -- диэн  ылыммат этим.

- Бастаан бүтэй эттээх киһи буоллаҕыҥ, буолаары буолан, суруналыыстары кытары бииргэ үлэлээн, өйүҥ-санааҥ эмиэ кинилэр курдук буоллаҕа...

- Бэйэм да соһуйуом иһин, испэр баарым, кутум бэйэтэ билэр эбит. Ыҥырдахтарына, наһаа түргэнник хомунан тиийэн хаалбыппын билбэккэ да хаалааччыбын. Санаабар, атаҕым бэйэтэ илдьэр курдук. Онно тиийэн баран, эмиэ турукка да кыайан киирбэккэ, сыл аҥаара курдук таах сылдьыбытым. Ол гынан баран, санаабын түһэрбэккэ, буолар күнүгэр хайаан даҕаны тиийэр этим. Ити кэмҥэ сирдээҕи настаабынньык, уһуйааччы көрдөнө сылдьыбытым. Били, Сайыына төрүттээбит “Көмүлүөктэригэр” кытары тиийэ сылдьыбыттааҕым да, ааннара хатыылаах этэ. Биир үтүө күн эмискэ кулгаахпар сахалыы тыллар кутулла түстүлэр. Тугу өйдөөбүппүнэн сурунан ыллым. Аны туран, ол сурукка туох сурулла сылдьарын төрүт өйдөөбөппүн. Бииргэ сылдьар чүөчэлэрбэр көрдөрбүппэр “этиттэрии кэлбит” диэтилэр. Онтон ыла миигин сир ыҥырар буолбута.

Untitled 2024 03 12T160146.839

- Туох сирэ?

-  Үөһээҥҥилэрбиттэн сир ыҥырыытын истэр буолбутум. Ол курдук, айылҕалаахтарым ыҥырыыларынан аан бастаан Өймөкөөҥҥө баран кэлбитим. Ол кэлбитим кэннэ, аны Сунтаарга ыҥырбыттара. Сунтаар Кириэстээҕэр Григорьевтар диэн эмиэ чараас эйгэлээх дьон бааллара. Кинилэр миэхэ “Күн Кыыһа” диэн ааты биэрбиттэрэ. Эмиэ Үөһээҥҥилэрэ эппиттэр. Бастаан наһаа дьиибэргии санаабытым. “Уой, олус күүстээх аат, мин ону уйуом дуо?” – диэн толло да быһыытыйбытым. Онтон ыла ити ааппын илдьэ сылдьабын. Ити аат, уопсайынан, уларыйар эбит. Биир кэлим сылдьыбат буоллаҕым. Билиим-көрүүм дириҥээн, өйүм-санаам сытыырхайан, ис кыаҕым күүһүрэн истэҕин аайы, аатым эмиэ туһугар суолтата, өйдөбүлэ дириҥээн, уларыйан, уһаан иһэр. Ситинник ыйыынан, ыҥырыынан сылдьыбыт сирим элбэх. Бу, холобур, күн сарсын Байкалга бараары олоробун.

- Киһи аата эн ким-туох буоларгын кэпсиир дииллэр. Нууччалыы эйгэлээх киһи дьиктитик сахатыйбыт эбиккин. “Үөһээҥҥилэрим” диэн кимнээҕи эттиҥ?

- Үөһээҥҥилэрим уу сахалыы малтаччы саҥараллар, илдьит ыыталлар.  Бастаан ити  тыллары сороҕун билбэт да, өйдөөбөт да этим. Утуйар-утуйбат түлэкэдийэр кэммэр үс киһи кэлбиттэрэ. Үһүөн “улахан” дьон, саха дьоно бары билэллэр. Кимнээҕин эппэппин, көҥүллээбэттэр. Кинилэр бастаан утаа “батыһыннара” сылдьан арааска бары уһуйбуттара. Сирдээҕи олохпор ким даҕаны миигин туохха да үөрэппэтэҕэ, уһуйбатаҕа. Ол кинилэр эрэ уһуйууларынан сылдьыбытым. Ол аата, көстүбэт эйгэҕэ баар ити күүстээх ойууннар уһуйдахтара. Кинилэр илдьиттэрин, тугу сорудахтаабыттарын сурукка тиһэн иһэбин. Бастаан биир кэмҥэ өйдөнөн кэлэн: “Айыбыын, төбөбүнэн бырахтаран эрэбин дуу?!” -- диэн санаа киирэрэ. Боростуой киһиэхэ оннук курдук буолар. Мин айдарыылаахпын, бу суолунан барыахтаахпын диэн өссө өйдүү иликпинэ. Биирдэ соҕуруу олорор биир айылҕалаах дьахтар миигин көрөн баран: “Аттыгар үс ойуун сылдьар, кинилэр эйиэхэ бакаа көмөлөһөллөр. Онтон кэнники эн кинилэргэ тугу эрэ оҥоруохтааххын”, -- диэбитэ. Мин онтон ыла уһуйааччыларбын ылынан, уоскуйа быһыытыйбытым. Ол кэннэ дьону эмтииргэ бэлэмнээн барбыттара.

- Ордук туох ыарыыны кыайаҕыный? Хайдах эмтиигиний? Эмтэнэн олох үтүөрбүт дьон бааллар дуу?

- Илиибинэн тутан-хабан эмтиибин. Биир үксүн, дьахтар ууһатар уорганын, иһи-үөһү кыайа тутабын. Ону сэргэ уйулҕа өттүнэн дьон өйдөрүн-санааларын уһугуннарабын, ис туруктарын сааһылыыбын, муна-тэнэ сылдьааччылары суолларын булларабын, салгын куттарын ыраастыыбын, аартыктарын, ааннарын арыйан биэрэбин, алгыс түһэрэбин. Кэнники төрүттэриттэн кэлбит кармаларынан дьарыктанан эрэбин. Итини бэйэм оҥорбоппун, Үөһээҥҥилэрим барытын оҥортороллор, мин илиибинэн кинилэр эмтииллэр. Илиим бэйэтэ хамсаабытынан барар. Ис уорганнара, ноордоро, үөстэрэ үтүөрбүт буолар. Дьахталлар ууһуур уорганнара эмиэ. 

Уһуйааччыларым миигин бачча көстөөх сиргэ, баараҕай мас анныгар ыҥыраллар. Мин ол эппит сирдэригэр айаннаан тиийэбин уонна үөһэттэн эниэргийэ түһэрэн, үлэ бөҕөнү ыыталлар. 

Untitled 2024 03 12T160116.687

- Бөлөҕү кытта хайдах үлэлииргин, дьону турукка киллэрэргин илэ көрөн сөхтүм. Бэйэҥ эмиэ турукка киирэр эбиккин, төрүт атын киһи саҥарарын курдук.  

Турукка киирэн туран медитация ыытабын. Сырыы аайы атын-атыннык. Бу күн туох буолуохтааҕын ким да билбэт. Бу бөлөххө сылдьар дьон бары бастаан туох эрэ кыһалҕалаах кэлбиттэрэ. Ким эрэ ыалдьар буолан кэлэр, ким эрэ олоҕор улахан охсуу ылан, барар-кэлэр сирэ суох муна-тэнэ сылдьар эбэтэр дьоҕурдарын, талааннарын, ис кыахтарын арыйтараары кэлэллэр. Бу дьон бары уһуйааччыларым көмөлөрүнэн уоскуйаллар, чуумпураллар уонна ис туруктарын иһиллэнэллэр. Хас биирдии киһи атын-атыннык. Ким эрэ Орто дойдуга суох чугас төрөппүттэрин кытары көрсүөн сөп. Сорох ис-иһиттэн иҥиэттэн, оҕолуу ытыан сөп. Ким эрэ хамсанан ыарыытын кытары охсуһар. Биир киһи хомус тардан арыллар, иккис киһиэхэ иһин түгэҕиттэн тойук тахсан соһутар.  Өбүгэлэрин, төрүттэрин кытары көрсөллөр.  Бүтэһигэр ким туох турукка тиийбитин, кими көрсүбүтүн, тугу гыммытын, ханна сылдьыбытын кэпсииллэр.

- Илэ көрдүм дии... Бэл, хаһан даҕаны туойбатах дьон туойар, хоһоон диэни хоһуйбатахтар кытары хоһоонньут буолан хаалаллар эбит. Аны туран, үксүлэрэ хомус тардаллар эбит дии. Хомуһунан эттэрин-сииннэрин уһугуннараллар, өйдөрүн-санааларын сааһыланаллар дуо?

- Манна кэлбит киһи иһигэр кистэнэ сылдьыбыт кыаҕын уһугуннаран, хостоон таһаарар. Киһи медитация көмөтүнэн бэйэтин ис дьиҥин дьэ өҥөйөн көрөр ээ. Сааһыланар, бэйэтин кытта үлэлиир, ис эйгэтин кытары ситимнэһэр. Ол сылдьан, туохха талааннааҕын, дьоҕурдааҕын хостоон таһаарар. Сорох дьон мин курдук эмиэ айылҕалара уһуктар, көрөр, сэрэйэр, билгэлиир дьоҕурдара сайдан барар.

- Отучча сыллааҕыта Сайыына эмиэ сүүһүнэн киһини биир саалаҕа мунньар этэ дии. Бары, эмиэ турукка киирэн, ис кыахтара арыллара. Хас эмэ тыһыынчанан киһини кытары үлэлээбитэ быһыылааҕа.

- Мин эмиэ кулун тура 15 күнүгэр Киров аатынан уулуссаҕа турар “Туймаада” ансаамбыл кэнсиэрдиир саалатыгар  90 киһиэхэ анаан улахан тэрээһин ыытабын. Онно Үөһээҥҥилэрим көмөлөрүнэн барыларын уопсай турукка киллэриэм. Онон, түгэни туһанан, баҕалаах дьону ол тэрээһиҥҥэ кэлэргитигэр ыҥырабыт. Биирдиилээн дьону кытары эмиэ бэйэм балаҕаммар үлэлиибин, эмтиирбэр -- эмиэ онно.

- Истиҥ кэпсээниҥ иһин махтал.

Untitled 2024 03 12T160128.942

Ирина КУЛИЧКИНА, Дьокуускай куорат:

- Мин бу Күн Кыыһын үөрэҕэр 2017 сыллаахтан сылдьабын. Манна кэлиэхпиттэн эйгэм тосту уларыйда, быдан кэҥээтэ. Киһи сымыйалыырын курдук, тугу ыралана санаабытым барыта туолан иһэр курдук. Холобур, 2019 сыллаахтан бэйэбит күүспүтүнэн куупаллаах дьиэ туттан барбыппыт.  Онтубутун ситэрэн-хоторон бүтэрдибит. Ол дьиэбит билигин үлэлии турар, Күн Кыыһын сорох дьарыгын онно ыытааччыбыт. Күн Кыыһыгар сылдьан, олоҕум тубуста, ыалдьыбат буоллум, дьоҕурум, сатабылым тубуста.

Айталина ХРИСТОФОРОВА, Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх, Өлөөҥҥө олорбут:

- Олоххо олус элбэх охсууну ылбыт киһибин. 2001 сыллаахха отут сааспар дьиэбит умайан, бастакы курууппалаах инбэлиит буолан хаалбытым. Даҕатан эттэххэ, суорҕаннаах тэллэххэ лигиччи сыппытым. Күнү быһа ыар ыарыыны кытта охсуһа сытар киһиэхэ ол-бу санаа киирэрэ баһаам буоллаҕа. “Тоҕо ала-чуо мин эрэ маннык буолан хааллым?!” диэн ыйытыкка хоруй көрдөөн барбытым. Тугум барыта бүттэтэ суох ыарытыйара, сүрэхпин эпэрээссийэлээбиттэрэ уонна атын да уорганнарым эмиэ ыалдьыбыттара. Кэнники атахпар туран баран, сөпкө аһыыр кулуупка кэлбитим. Онно иммунитета суохпуттан бу айылаах  буола сылдьарбын өйдөөбүтүм. Сөпкө аһаан, эппин-сииммин ыраастаабытым, ыйааһыммын түһэрбитим, өйбүн-санаабын кэтэнэн көрбүтүм. Ол сылдьан Александраны кытта билсибитим. Ол онно бастакы үөрэҕиттэн саҕалаан сылдьыбытым. Медитация эҥин диэнтэн төрүт ыраах киһи этим. Кини үөрэҕин кэнниттэн ыраах өбүгэлэрбиттэн саҕалаан үөрэтэн, бэйэм ыйытыыларбар хоруй көрдөөн барбытым. Былырыын аны соҕотох уолум массыына саахалыгар суох буолбута. Дьиҥэ, оҕом соһуччу суох буолбутуттан улахан истириэһи көрсүөхтээҕим, хайдах буолуом эбитэ буолла?! Сатаан санаабаппын. Бу Күн Кыыһын көмөтүнэн, ити ыар аһыыбын олус ытаабакка-соҥообокко, кими да улаханнык аймаабакка,  этэҥҥэ аһарбытым. Ити быһылаан кэннэ этим-сииним бүтүннүү дарбайан хаалбыта уонна охтон хаалбытым. Хата, Күн Кыыһа муусука иһитиннэрэн, быраастар соһуйуохтарыгар диэри, ол дарбайыым, бааһым-үөлүм биирдэ суох буолан хаалбыта. Атын эйгэ баарын билэр буолан, арыый чэпчэкитик аһарбытым диэххэ сөп. Сыл иһигэр уолбун кытары элбэхтик ситимнэспитим. Ол саахалга баар дьону кытары сууттаһаары тииһэ сырыттахпына, илэ курдук көстөн: “Сууттаһыма, ийээ, ити барыта мин оҕолорбор охсуулаах буолуо”, -- диэн уолум тохтоппута. Ситинник араас түгэҥҥэ сэрэтэр. Онон Күн Кыыһыгар махталым муҥура суох.

Наталья ШЕРГИНА, Сунтаартан төрүттээх:

- Күн Кыыһын ютубка истэн-көрөн, сөбүлээн, былырыын бэс ыйыгар тиийэн кэлбитим. Киһи барыта син биир туох эрэ кыһалҕалаах кэлэр буоллаҕа. Мин эмиэ оннук түгэҥҥэ кэлбитим. Кэлэн баран бастаан бэйэбин сааһыламмытым. Бастаан киниэхэ тус бэйэтигэр сылдьан баран, олоҕум 180 кыраадыс уларыйбыта диэххэ сөп. Медитациятыгар сылдьан, өбүгэлэрбин кытары көрсүбүтүм. Эһэм олоҥхолуур, туойар киһи этэ. Оттон бэйэм туойбат да, хоһуйбат да, быһата, туох да талаана суох киһи этим. Күн Кыыһа: “Олоҥхолуоххун сөп эбит ээ”, -- диэбитигэр бастаан күлэ да, соһуйа да истибитим. Билигин бэйэм да билбэппинэн кыралаан олоҥхо курдугу суруйа сылдьабын. Аны туран, туойар буолан хааллым. Өбүгэ уһуктуута эбитэ буолуо.

Untitled 2024 03 12T155740.456

Балаһаны бэлэмнээтэ Туйаара СИККИЭР.

 

Санааҕын суруй