Аныгы кэм биир үтүөөрүтүнэн киһи бэйэтэ билэн-көрөн, булан-талан элбэхтэн үчүгэйин ылан туһанар кыахтааҕа буолар. Ол курдук, мэдиссиинэ да эйгэтигэр дьон үчүгэй килииньикэни, уопуттаах бырааһы булан көрдөрөр буоллулар. Холобура, атах тымырын эмтиир «Варикоза нет» килииньикэ Арассыыйа үрдүнэн киэҥник биллэр буолла. Бэл диэтэр, манна Сахабыт сирин араас муннугар, хоту улуустарга тиийэ, отуттан тахса сыл хирурдаабыт улахан уопуттаах быраас уонна икки тылынан айар дэгиттэр суруйааччы Анатолий Слепцов үлэлиир. Бүгүн кинини кытта кэпсэтэбит.
– Анатолий Игнатьевич, эйигин суруйааччы эрэ быһыытынан истэн билэр этим. Манна кэлэн хируг-флебологынан үлэлии сылдьаргын көрөн соһуйдум даҕаны, үөрдүм даҕаны. Сүрүн тиэмэҕэ киириэхпит иннинэ, ааҕааччыларбытыгар хайдах хирург уонна суруйааччы буолбуккун кылгастык билиһиннэриэххэ эрэ.
– Училище кэннэ мэдиссиинэ институтун кыһыл дьупулуомунан бүтэрэн бараммын, госпитальнай хирургияҕа ординатураны ааспытым. Ону бүтэриэхпиттэн уон биэс сыл устата Таатта киин балыыһатын хирургиятыгар сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитим. Ол кэмҥэ кэллиэгэм, поэтесса Мария Решетникова-Арылы Дуйдаах «Араҥас Сулус» диэн айар холбоһук бөлөҕөр киллэрбитэ. Кинилэри кытта Дьааҥы диэки айаҥҥа сылдьан бараммын бастакы уус-уран айымньыбын суруйбутум. Онтон үлэм ыстааһынан биэнсийэҕэ тахсаат, Москубатааҕы литэрэтиирэ институтугар икки сыллаах үөрэххэ барарга санаммытым. Улахан үөрэхтээх суруксут дьону кытта соҕотох дэриэбинэ бырааһа буһан-хатан кэлэммин, идэбэр төннүбүтүм. Хоту улуустарга хирурдаан бараммын, киин куоракка кэлэн олохсуйбутум. Урут наар бүргэс үрдүгэр сылдьан үлэлээбит уонна айар-тутар киһи быһыытынан, аны арыый холку уонна чөкө үлэни ордорор буолбуппун өйдөөбүтүм. Онон, бу «Варикоза нет» килииньикэҕэ атах тымырын лазерынан эмтиир аныгы ньыманы баһылаан, баҕам хоту үлэлии сылдьабын. Түүннэри аймыыр төлөпүөн тыаһын, буут быстарынан сүүрэр үлэни дьэ умнан эрэбин.
– Аны, кэпсэтиибит сүрүн тиэмэтигэр киириэххэ. Эн санааҕар атах тымырын ыарыыта тоҕо наһаа элбээтэ? Хайдах сэрэтиэххэ сөбүй?
– Киһи атаҕа икки көрүҥ тымырдаах – бастакыта түгэх сытар тымыр уонна иккитэ – тирии аннынааҕы күөх тымырдар. Түгэх сытааччыны быччыҥ тутар буолан, варикоһунан дэбигис ыалдьыбат. Оттон тирии аннынааҕылары туох да туппат буолан, киһи тугу гынарыттан тутулуктанар, дэбигис уунар, кэҥиир, ыалдьар. Биллэрин курдук, варикоһунан сүнньүнэн дьахтар аймах ыалдьар. Ол биир үксүн оҕолоноругар киэлитэ (матката) хорук тымыры баттыырын кытта ситимнээх. Уонна аныгы кэмҥэ компьютер иннигэр уһуннук олоруу элбээбитэ дьайар. Өссө варикоһу сэрэтии үчүгэйдик барбатыттан буолуон сөп. Дьон урут эластичнай биинтэттэн атыны билбэт этэ. Ону сыыһа эринэн баран сылдьааччы элбэҕэ буолуо. Билигин компрессионнай чулку диэн баар. Көннөрү чулку курдук саныыллар даҕаны, туһата улахан. Ону ылан кэтэр ордук. Ол эрээри хаһан хайдаҕы кэтэри быраас эрэ быһаарар кыахтаах. Оттон олорон үлэлиир дьон кэмиттэн кэмигэр туран хамсана эбэтэр атахтарын үөһэ ууран олоро түһэллэрэ ирдэнэр.
– Варикоһу эмтэммэккэ баалатан кэбиһии туохха тиэрдиэн сөбүй?
– Бастатан туран, кэҥээбит тымырга хаан хаатыйаланан, бөлөхсүйэн тромбаны үөскэтиэн сөп. Ол хаһан баҕарар туллан үөһэ тахсан тымыр устун барыан сөп. Иккиһинэн, эмтэммэтэх тромб иһэн тахсан тромбофлебит диэн ыарыы үөскээн тымыры барытын бүөлээн кэбиһиэн сөп. Варикозтаах тымырга тромбофлебит түргэнник үөскүүр диэн сэрэтэбин. Үсүһүнэн, варикоз үөскээбит сиригэр кирдээх хаан баттааһына үрдээн, хорук тымыр (артерия) хаанын үтүрүйэн барар. Онтон сылтаан, тириигэ салгын тиийбэккэ тирии хараарыыта эбэтэр язва үөскүөн сөп. Биһиги, атах тымырын бэйэбит УЗИ аппаракка көрөр буоламмыт, ити ыарыылары тута быһаарабыт уонна эмтэнии аныыбыт. Мантан тромбофлебиттаах хас да киһини “Суһал көмө” массыынатынан стационарга ыытан турардаахпын. Тромбофлевиты эмтэнии кэннэ икки ый буолан баран биирдэ лазерынан эмтиибит.
– Эһиги атах тымырын лазерынан эмтиир ньымаҕыт урукку ньыматтан туох уратылааҕый уонна ордуктааҕый?
– Урукку ньыманан ыарыһах атаҕын узига түһэрэн баран, тирии аннынааҕы күөх тымыр (вената) кэҥээбитин быһаараллар уонна эпэрээссийэҕэ ыыталлар. Хирург ыарыһах быттыгын таһынан тириитин хайытан варикозтаах тымырын булар уонна төрдүн быһан баран, хаалар өттүн тигэн кэбиһэр. Онтон ыалдьыбыт тымырга синньигэс тросс угар уонна ол көмөтүнэн тымыры хостоон ылар. Бу, биллэн турар, ыарыылаах, онон киһини бүтүннүү эбэтэр сиһинэн утутан баран оҥоһуллар. Ол эбэтэр, ыарыһах балыыһаҕа сытан эрэ эмтэнэр. Оттон биһиги лазерынан эмтиир ньымабытыгар анал аппарааты туһанабыт. Бу тэрил кыл курдук синньигэс сардаҥаны оҥорон таһаарар. Ыалдьыбыт тымыры УЗИ-нан көрөн тураммыт тымырыгар иннэни угабыт уонна ол нөҥүө лазер сардаҥатын ыытабыт. Ыалдьыбатын диэн, тымыр устун анал убаҕаһы хачайдыыбыт. Онон наркоз ирдэммэт. Ыарыһахха процедура кэннэ компрессионнай чулку кэтэрдэбит уонна дьиэтигэр ыытабыт. Урукку ньыманан эпэрээссийэ кэннэ ыарыһах сытыахтаах буоллаҕына, лазерынан эмтэнии кэннэ төттөрүтүн биир чаас устата хаама сылдьара ирдэнэр. Сарсыныгар «склерозант» диэн укуолу тымырыгар туруоран ситэри эмтиибит. Биир тымыры эмтииргэ күҥҥэ чаас аҥаара – биир чаас барыан сөп.
– Маннык лазерынан эмтэнии киһиэхэ барытыгар барсар дуо?
– Биллэн турар, хайа баҕарар эмтэнии хааччахтаах буолуон сөп. Киһи уопсай туругун, анаалыстарын көрөн, ыарыыларын билэн баран биирдэ эмтиибит. Биһиги ньымабыт киниэхэ барсыбат буоллаҕына, үгэс буолбут ньыманан эмтэниигэ ыытабыт.
Ити курдук, бэриниилээх хирург уонна үс кинигэлээх, хас да улахан бириэмийэлээх суруйааччы Анатолий Слепцовы кытта бэрт кылгастык кэпсэттибит. Тус бэйэм, доруобуйабын маннык бырааска уонна үтүө киһиэхэ бүк эрэниэм этэ диэн санаалаах таҕыстым. Күндү ааҕааччыларбыт, киниэхэ эмтэниэххитин баҕарар буоллаххытына, +7 (4112) 31-90-19 нүөмэргэ эрийэн суруйтарыҥ.
Килииньикэ аан ситимэ: https://yakutsk.varikozanet.org/
Кэпсэттэ КҮНДЭЛИ.
*Төлөбүрдээх матырыйаал