“Чороон XXI үйэ” сахалыы иһити оҥорон таһаарар тэрилтэ кэрэ оһуордаах-мандардаах оҥоһуктары оҥорор. Бу маҕаһыыҥҥа киһи ылбычча тиийбэт, анаан атыылаһардыы, сакаастыырдыы тиийэр эбиккин. Болдьоһон баран тиийэ сырыттым. Хаһаайка Софья Трофимовна үөрэ-көтө тэрилтэтин, мастарыскыайын, маҕаһыынын, сахалыы балаҕанын – барытын кэритэ сылдьан көрдөрдө. Атах тэпсэн олорон астына-дуоһуйа сэһэргэстибит. Манна биири бэлиэтии санаатым, дьэ чахчы, саханы саха дэтэр туой иһиттэрбит барахсаттар айыллан тахсар сирдэрэ эйгэлиин истиҥ, сахалыы ураты тыыннаах эбит. Хайдах эрэ бу чорооннор толору дьолунан угуттаан, киһи сүрэҕин-быарын ортотунан ураты сылаастык сылаанньыйан киирэллэр эбит.
Күөсчүт кистэлэҥэ
– Софья Трофимовна, туой иһити оҥорууну Саха сиригэр, сыыспат буоллахпына, аан бастаан эн киллэрбитиҥ.
– Дьиҥэ, бу идэбит “күөсчүт” диэн ааттанар эбит. Мин күөсчүт быһыытынан саҥардыы дьарыгырар кэммэр Эдьиий Дора элбэхтик арчылыыра, ыраахтан да көрө-истэ, араҥаччылыы сылдьара. Эдьиийбит туох эмэ диэн санаатын эттэҕинэ, миэхэ тута өйбөр-санаабар Үөһэттэн этиттэрии курдук кутуллан киирэрэ. Онто түүн утуйар-утуйбат ыккардынан нуктуу сыттахпына кутуллара. Арыт ойууну, оһуору, иһит быһыытын-таһаатын көрдөрөр, сороҕор онто иһитиннэрии курдук кэлэр. Дьэ, ойон туран тугу көрөрбүн уруһуйдаабытынан, тугу истибиппин суруйбутунан барабын. Инньэ гымматым да, сарсыарда умнан кэбиһэбин. Урут билбэтим-көрбөтүм хара баһаам буоллаҕа. Уопсай турукпун курдары көрө да сырыттаҕа. Ол иһин кыралаан эмп курдук биэрэ сырыттаҕа буолуо. Дьэ, онтон үс сылтан бэттэх, Эдьиий Дора миигин кытта олох аһаҕастык кэпсэтэр, туох алҕаһы оҥорбуппун, оҥорорбун, өссө тугу гыныахтаахпын этэр буолла. Көстүбэт эйгэнэн Кытай салгына кэлэр.
– Ээ, тоҕо Кытай салгына?
– Иһиппитин Кытай собуотугар оҥорторобут. Кытайдар – аан дойдуга иһиккэ хас эмэ үйэни уҥуордаабыт норуот. Фарфор төрөөбүт дойдута – Кытай. Устуоруйаны да үөрэттэххэ, бэл, кытай маастардара бу фарфор састаабын ылы-чып кистэлэҥҥэ туталлар эбит. Ону билээри урукку үйэлэргэ бэйэ-бэйэлэрин утары кыргыһаллар, өлөрсөллөрүн да кэрэйбэт дьон. Кэнники олохторо сайдан, ол састааптарын тарҕатан билигин аан дойдуга биллэр. Билигин аан дойду үрдүнэн фарфор 94 бырыһыана Кытайга оҥоһуллар.
– Оттон сахаҕа туой иһит хантан кэлбитэ буолуой?
– Сахалар нууччалар кэлиэхтэрин инниттэн бэйэлэрэ туой иһиттээх этилэр. Нууччалар кэлиэхтэриттэн 16–17 үйэлэртэн хатыҥтан мас чороону оҥорон киирэн барбыттара. 2004 сыллаахха Василий Попов хаһыыттан атаҕа туллан кэлэр дьикти чороону булбута. Бу чороону кини күөс иһитин кытта ханыылыы көрбүтэ. Күөһү үтүгүннэрбит буолан, чороон атаҕын тууллан кэлэр гынан оҥороллор эбит. Былыргы сахалар көһөллөрүгэр чорооннорун атахтарын тууран баран, иһигэр уган кэбиһэллэр. Күөс иһитин аллараата эмиэ сымыыт курдук төгүрүктүҥү. Ону үтүгүннэрэн аллараатын төгүрүктүҥү гыммыттар. Аны туран, атаҕын тоҕо эрэ үс гыммыттар. Тоҕо түөрт буолбатаҕый? Үс сыыппара сахаҕа – үс кут, үс атахтаах остуол... Үһү наһаа ытыктыыр сыыппаралара. Туойунан иһити оҥорор киһини күөсчүт диэн ааттыыллар. Күөсчүттэр үйэлээх саастарын тухары күөсчүт буолаллар, дьахтар өттүнэн дьиэ кэргэҥҥэ утум быһыытынан бэриллэн иһэр. Кинилэр мэлдьи дьиэлэригэр үлэлииллэр эбит, онно дьиэ кэргэн дьоно көмөлөһөллөр. Күөсчүттэр биир үксүн күн уһаабытын кэннэ үлэлииллэр. Күөс арааһа элбэх: улахан үүт оргутар күөс, эрдэҕэс күөһэ, сүөгэй көһүйэтэ уонна түптэх. Кэнники тимир, алтан иһит дэлэйэн, туой иһит умнууга хаалар.
– Уопсайынан, күөсчүттэр тустарынан ким эмэ үөрэппитэ дуо?
– Чинчийээччи, учуонай Андрей Андреевич Саввин үөрэппитэ. Бу киһи 1948 сыллаахха Чурапчыга оройуон түмэлин тэрийбитэ. Кини эбэтэ былыр күөсчүт дьахтар эбит. Ол иһин эбитэ дуу, Хатылынан, Болтоҥонон сылдьан иһиччиттэри чинчийэн үөрэппитэ, элбэх матырыйаал хомуйбута. Бу киһи өлбүтүн кэннэ, кэлин устуоруйа билимин дуоктара Екатерина Назаровна Романова кини матырыйаалларын үөрэтэн 2022 сыллаахха “Гончарное ремесло у якутов” диэн кинигэ таһаарбыта.
– Мээнэ киһи күөсчүт буолбат. Ол аата, эн эмиэ туох эрэ айдарыылаах буоллаҕыҥ дуу?
– Суох. Дьиҥэ, кыра туох эрэ баар да, бэйэм баҕарбатаҕым, көннөрү бүтэй киһи буолуохпун баҕарабын. Эдьиийим курдук ылынар Эдьиий Дорам, аҕам курдук саныыр Мандар Ууһум араҥаччылыы, сүбэлии-амалыы сылдьаллар. Билигин кэлэн санаатахпына, атахпар үктэниэхпиттэн, хардыы оҥоруохпуттан туой буорга булкуллан, ол бадарааныгар батыллан кэлбит эбиппин. Бэл, оонньуурдарым, кэппит маскарааттарым барыта олоҕум бэлиэлэрэ эбит. Кырабар омук көстүүмнэрин кэтэ-кэтэ үҥкүүлээбиппин, кэнники ол сирдэрбин барытын кэрийдим.
Сахалыы куттаах эрэ киһи ылынар
– Софья Трофимовна, билигин бородууксуйаҕын оҥороруҥ таһынан үөрэх кыһаларыттан устудьуоннары, баҕалаах дьону-сэргэни үөрэтэҕин. Тоҕо?
– Саха сиригэр дьиҥнээх идэтийбит керамист суох. Куоракка уонна улуустарга аҕыйах дьарыгырааччы эрэ баар. Ол гынан баран олохтоохтук дьарыгыран оҕолору эҥин үөрэппэттэр. Бу кэлин оскуолаҕа эбии үөрэхтээһин курдук киллэрбиттэрэ биэс-алта эрэ сыл буолла. Өрөспүүбүлүкэҕэ үрдүнэн үөрэх кыһаларыгар анал туттар тэрил, буһарар оһох бөҕөтүн ылбыттар да, үксүлэрин киэнэ уһуйар, үөрэтэр исписэлиис, маастар суох буолан, таах тураллар. Күөсчүт дьарыгар үөрэтэргэ бастаан туой састаабын, быраабылатын, кистэлэҥин эҥин үөрэтиллиэхтээх. Дьэ, ол кэннэ биирдэ эрэ маастар үөрэтэр оҕотугар, киһитигэр туойу сатаан туттар үөрүйэҕи, сатабылы, маастарыстыбаны иҥэриэхтээх. Уһуйуллар киһи ол бадарааны нэдиэлэҕэ биирдэ-иккитэ эрэ буолбакка, күннэтэ дьарык оҥостуохтаах. Оннук үөрэннэҕинэ эрэ, тугу эрэ айан, оҥорон таһаарар. Дьэ, маннык сатабылга дьиҥнээх маастар эрэ уһуйар кыахтаах. Ол иһин, бэл, оччолортон бу кыһалҕаны өйдөөн 2012 сыллаахха Узбекистаҥҥа бара сылдьан, анаан-минээн керамика маастарын көрдөөбүтүм. Дьэ, уонна Ташкентан олохтоох маастары Мухуддин Набиевы көрсөн, манна көһөн кэлэригэр тылбар киллэрэн, илдьэ кэлбитим. Бу киһи күн баччатыгар диэри миэхэ үлэлии, оҕолору уһуйа сылдьар. Хамсык эрэ кэмигэр дойдутугар үс аҥаар сыл буолан кэлбитэ. Ол кэмҥэ, бэл, олохпут кытта тохтообут курдуга.
– Орто анал үөрэх кыһаларыгар устудьуоннары үөрэтэллэригэр “айыҥ-тутуҥ” диэн үрдүттэн ирдииллэр эрэ быһыылаах.
– Дьиҥэ, оҕоҕо сахалар төрүт былыргы устуоруйабытын, төрүт дьарыкпытын, култуурабытын, үгэспитин кэпсээн, иһит устуоруйатын билиһиннэрэн сахалыы тыыны киллэрэн баран уһуйуохтаахтар. Бастаан оҕо сахалыы өйүн-санаатын уһугуннарыахтаахтар, ол эрэ кэннэ тугу эрэ ирдиэхтээхтэр. Биһиэхэ оннук буолбатах. Билиҥҥи оҕолор нууччалыы чобугуруу сылдьаллар. Мин бу оҕолору, ыччаты, улахан дьону кытта хас да сыл үлэлээри биири кэтээн көрдүм. Дьиктитэ диэн, сахалыы саҥарар эрэ оҕо, ыччат үчүгэйдик уруһуйдуур, иистэнэр, уһанар, айар, оҥорор буолар эбит. Кэнники сылларга анаан-минээн каадыр боппуруоһунан дьарыгырабын. Хамсык иннинэ түөрт аҥаар сыл иһигэр колледжтар 286 устудьуоннарын үөрэттибит. Отуттуу оҕону ыытан үөрэттэрэллэр. Нэдиэлэҕэ икки паара буор босхо үөрэппиппит. Ол оҕолорбут ким эрэ көмүсчүт, ким эрэ муосчут, ким эрэ уруһуйдьут салааларыттан кэлэллэр. Кэтээн көрөрбүнэн, тохсус кылаас кэннэ колледжка киирбит оҕолоро наһаа мэниктэр, өйдөрө-санаалара өссө да ситэ, уһукта илик буолар. Оннук оҕолору кытта хайаан даҕаны уу сахалыы сэһэргэһэбит, арааһы эргитэн кэпсэтэбит.
– Тыый, оҕолоргутун олус бэрт ньыманан үөрэтэр, уһуйар эбиккит.
– Маннык эрэ гынан оҕолорго сахалыы тыыны киллэрэбит, өйдөрүн-санааларын сааһылыыбыт. Бу колледж оҕолоро миэхэ үс аҥаар сыл дьарыктаммыттара. Дьарык бүтэһигэр оҕолорбут сирэйдиин-харахтыын тосту уларыйан, дьоһун дьон буолаллар. Дириэктэрдэрэ оҕолорун кэтээн көрөн баран: “Дьэ, чахчы, оҕолорбут эһиги дьарыккыт кэннэ тосту уларыйан хаалаллар, боччумураллар, дьоһуннаналлар”, – диир. Ол аата, биһигини кытта уу сахалыы сэһэргэһэн, бу оҕолор өйдөрүн-төйдөрүн туталлар, уһуну-киэҥи толкуйдуур, анаарар буолаллар. Ол эрэ кэнниттэн кинилэри туойунан оҥоруу маастарыстыбатыгар, сатабылыгар уһуйабыт. Дьэ, чахчы, өйүн-санаатын бүтүннүү ууран, ис сүрэҕиттэн ылларан туран дьарыгырбыт үөрэҕи ыччат ылынар. Кэнники бэйэтэ маастар да буолуон сөп.
– Улахан дьоҥҥо эмиэ маастар-кылаастары ыытаҕыт дуу?
– Биһиги узбек маастарбыт туойунан оҥоруу маастарыстыбатыгар кими баҕарар уһуйуон сөп. Ол иһин оҕолорго туттар ньымабытынан кэлбит дьону-сэргэни кытта бастаан уу сахалыы сэһэргэһэбит, оһуордар, харысхаллар ис суолталарын кэпсиибит, үөрэтэбит. Ол кэннэ маастарбыт, кинилэри туой кистэлэҥэр киллэрэн, туойунан сатаан туттуу сатабылыгар уһуйар. Сөбүлээбит дьон хаста даҕаны кэлэн дьарыктаныахтарын, үөрэниэхтэрин сөп.
Чороон – үйэлэргэ хаалыахтаах
– Дьэ, чахчы даҕаны, сатабылгытын, маастарыстыбаҕытын кистэлэҥҥэ туппакка, кэлэр көлүөнэҕэ тарҕата, тиэрдэ сатыыр мөккүөрдээх үлэлии-хамсыы сылдьар эбиккит.
– 2021 сыллаахха Путин гранын ылбытым. Ылбычча киһи кыайбат эбит. Саха сиригэр бастакы чааһынай тэрилтэ ылбыт эбиппин. Бэйэм финансист үөрэхтээх буолан, докумуонун, суотун, отчуотун кыайа туттаҕым. Дьэ, бу кэннэ үлүгэрдээх үлэни ыыппыппыт. Чороон хас да хайысхалаах: мас чороон, керамика уонна илиинэн уруһуй чорооно. Мас чороону уһанааччылары уруккуттан билэттиибин. Афанасий Лопатин, Василий Лопатин, Василий Протопопов, Фёдор Чээрин уонна да атын өрөспүүбүлүкэбитигэр аатырбыт чороонньуттар бааллар. Бу дьон бары алта уоннарыттан тахсыбыт дьон. Кинилэр сатабылларын, кистэлэҥнэрин, билиилэрин-көрүүлэрин эдэр ыччакка хаалларар үлэ барыахтаах эбит. Бу маастардары кытта “АНО центр сохранения и развития народного ремесла Чороон” диэн киини тэрийбиппит. Кыттыбыт маастардары барыларын хамнастаабытым. Улуустары кэрийэ сылдьан сыһыаннаах дьоҥҥо маастар кылаас бөҕөтүн ыыппыппыт.
– Чороон сахалар баар-суох өрө тутар, киэн туттар иһиппит буоллаҕа. Маастардары, уустары түмэн кинилэр сатабылларын, кистэлэҥнэрин ыччакка билиһиннэрбиккит олус хайҕабыллаах.
– Бу үлэлиирим тухары Орто Азияны кэрийдэҕим аҕай дии. Хас тиийбит сирбитигэр тумус туттар иһиттээх буолаллар. Онтуларын туохтааҕар да өрө туталлар. Ол сылдьан кэтээн көрдөххө, төһөнөн бэйэтин иһитин өрө туппут норуот сайдар эбит. Биһиги чорооммутун эмиэ хайдах курдук өрө тутабытый?! “Чороон мээнэ иһит буолбатах, ылбычча киһи манан дьарыгырбат”, – диэн Эдьиий Дора этэн турар. Киэҥ сиринэн тэлэһийэн сырыттахха, дириҥ силистээх-мутуктаах дойдуга олорорбутун өйдүүгүн. Дойдугун, бэл, бадарааҥҥын кытары убаастыыр буолаҕын. Биһиги ураты дойдулаахпыт, устуоруйалаахпыт, үгэстээхпит, култууралаахпыт, тыллаахпыт.
– Софья Трофимовна, бириэмэ анаан сэһэргэспиккэр, кэпсэппиккэр барҕа махтал. Эйигин кытары киһи күнү быһа да сэһэргэһэ олоруох курдук. Кэпсэтиибитин барытын тистэххэ, бүтүн кинигэ буолсу.
Сэһэргэстэ Туйаара СИККИЭР.
*Төлөбүрдээх матырыйаал