Киир

Киир

Ыам ыйын 31 күнүгэр Арассыыйаҕа Сыбаарсык күнэ бэлиэтэнэр. Бэлиэ күҥҥэ тоҕооһуннаран, бу эйгэҕэ ылсан үлэлии сылдьар, ону таһынан дьоҥҥо тимири кытта үлэни кэпсиир, көрдөрөр дьарыктаах “Сарыал” тутуу тэрилтэ салайааччыта Сарыал Кириллини кытта кэпсэттибит.

 

– Үтүө күнүнэн! Кэпсэтиибитин, үгэс курдук, билсиһииттэн саҕалыахха.

– Дорооболоруҥ, Сарыал Кириллиммин. Сунтаартан төрүттээхпин, кыра эрдэхпинэ дьонум Дьокуускайга көһөн кэлбиттэрэ. Куоракка уһуйаан кэннэ үс оскуолаҕа үөрэммитим: бастаан олорбут дьиэбиттэн чугас 6-с №-дээх оскуолаҕа, онтон “Личность” диэн чааһынай оскуолаҕа уонна билигин лиссиэй буолан турар 14-с №-дээх оскуолаҕа 11-с кылааһы бүтэрбитим.

– Сарыал, оскуола кэннэ тута бу идэҕэ үөрэммитиҥ дуо?

– Ол саҕана “ханнык үөрэххэ киириэхпин сөбүй?” диэн бэрт уһуннук толкуйдаабытым. Онтон киһи бары сэҥээрэр үөрэҕин талан, “менеджмент управления организацией” диэн идэҕэ киирбитим. Үөрэх былаанынан үс сыл Дьокуускайга уонна икки сыл Санкт-Петербурга үөрэниэхтээх этибит, ону мин үһүс сылбар аармыйаҕа барбытым. Онтон сулууспалаан кэлбитим үөрэҕим суох буолан хаалбыт этэ, онон орто үөрэхтээх хаалбытым.

Быһа түһэн эттэххэ, бу идэм билигин дьону кытта үлэҕэ, тэрилтэбин үлэлэтэргэ, салайарга көмөлөһөр.

Бэйэм кыра сааспыттан ыарахан үлэҕэ сыстан улааппытым. Аҕам Михаил Антонович Кириллин куоракка  таһар-тиэйэр тэрилтэҕэ сүүсчэ киһини дьаһайан-салайан үлэлэтэрэ. Мэлдьи ону көрө-истэ улааппытым.

WhatsApp Image 2024 05 29 at 16.54.46

– Оччоҕо аармыйа кэнниттэн тугу дьарыктанныҥ?

– 2014–2015 сылларга Соҕуруу Кэриэйэҕэ “небоскрёбтары” тутууга инженер-альпомщигынан үлэлээн кэлбитим. Альпомщиктар тутулла турар кутуу дьиэлэр алюминийтан оҥоһуллубут улахан опалубкаларын хомуйан этээстэн этээскэ таһаарар эбээһинэстээх этибит. Судургутук быһаардахха, арматууранан туттарыллар эркиннэргэ бетон кутулларыгар опалубкатын бэлэмнээн, хас дэтээлин барытын холбоон-сыһыаран биэрэрбит, онтон хаппытын кэннэ хомуйан ылан салгыы барарбыт.

Дьэ, ол сылдьан аан бастаан сыбааркалаан көрбүтүм. Биллэн турар, анал үөрэҕэ суох, ыйар-кэрдэр киһитэ суох киһи ылла да сыбаарканы баһылаабат. Аттыбар баар кэриэй сыбаарсыктартан ыйыталаһан үөрэниэхпин сөп этэ да, оччолорго тылларын билбэт буолан сатамматаҕа. Кэриэй тылын кэлин, сыбааркаттан тэйэн баран биирдэ, өйдүүр буолан барбытым.

– Дойдугуттан ыраах тэлэһийбит эбиккин, туох эрэ сыаллаах-соруктаах буоллаҕыҥ?

– Үлэлии, сири-дойдуну билэ, сайда уонна биир сүрүн соругум – уруубар, ыал буоларбар харчы оҥосто. Бастакы былаан быһыытынан, икки ый үлэлиэхтээх этим да, сыл буолбуппун билбэккэ хаалбытым. Бииргэ барбыт табаарыһым, кэргэнэ оҕолонон, икки ыйынан дьонугар төннөн кэлбитэ. Мин биригэдьиир буолан, салгыы үлэлии хаалбытым.

– Омук тылын үчүгэйдик билэр этиҥ дуо?

– Аангылыйалыы ортотук билэбин уонна тугу этэллэрин киһи таайан да билэр. Онно: кытайдар, индустар, африкалар – бары атын-атын тылынан кэпсэтэр дьон баар буоллахтара дии.

WhatsApp Image 2024 05 28 at 21.13.41

– Дьэ, онтон дойдугар кэллиҥ, уруу киэһэтин тэрийдиҥ...

– Кэлэн. Сыбаайба буолла. Барыта этэҥҥэ ааста. Онтон үлэлиэххэ-хамсыахха наада дии сырыттахпына, били, Кэриэйэҕэ бииргэ сылдьыбыт табаарыһым Евгений Дьячковскай “сыбааркаҕа ылсыахха” диэн этии киллэрбитэ. Ол курдук бастаан тимир олбуор оҥорон барбыппыт. Евгений сыбааркаҕа сыһыаннаах этэ. Мин бастаан утаа силиэсэртэн саҕалаатым, сүрүн туттар тэрилим “болгарка”. Ол сыл бастакы улахан бырайыакпыт “Болид” автосервис биир улахан эбийиэгин  туппуппут. 

Былырыыҥҥыттан тус-туспа тарҕаһан, Евгений улахан таһаҕас таһар массыыналары өрөмүөннүүргэ идэтийэр. Саха сиригэр сыбааркаҕа биир биллэр үчүгэй исписэлиис. Онтон мин Евгенийтэн үөрэнэн, сыбааркаҕа сакаас ылан саҕалаабытым. Ол сылдьан сыбаарсык убайым Денис Кириллинниин кыттыспытым, убайбыттан элбэххэ үөрэммитим. Онон киниэхэ махталлаахпын. Сыыйа сыбаарсык идэтигэр Нам колледжыгар үөрэнэн, кыра да, улахан да гарааһы оҥорууга, ыскылаат, маҕаһыын, олбуор тутууга үлэлиибит. Былырыыҥҥыттан тургутук быһыытынан тимир каркаастан дьиэлэри тутабыт.

– Үлэҕит туһунан сиһилии кэпсиэҥ дуо?

– Гараас тутар буоллахпытына, бастатан туран, сири тэҥниибит уонна бетон кутабыт. Үрдүгэр тимир каркаас туруоран баран сэндвич паныалларынан бүрүйэбит. Сэндвич паныал икки көрүҥнээх: ис өттө – пенополистирол эбэтэр базальт. Пенополистирол сылаас эрээри, тыаһы-ууһу туппат уонна уоттан сэрэхтээх соҕус, базальт арыый тымныы буолуон сөп эрээри, тыаһы киллэрбэт уонна уокка куттала суох. Өссө базальт кв. м таһаардахха, сыаналаах буолар. Сэндвиһи каркааска уһун сурууктарынан холбонор, икки арда барыта сылытыылаах оҥоһуллар. Онтон быһа охсуһар сирдэрэ (стык) “доборнай” элэмиэннэринэн кистэнэр. Сэндвич паныал ис-тас өттүттэн лиистээх буолан, эбии бүрүөһүҥҥэ наадыйбат. Маҕаһыыннар тас көстүүтүн тупсараары эбии өстүөкүлэнэн эҥин киэргэтээччилэр.

WhatsApp Image 2024 05 29 at 16.54.44

– Туттуон баҕалаах киһи сыананы интэриэһиргиир буолуохтаах...

– Быһа холоон, кв. м 35 тыһ. солк. Ол аата, 6х6 гараас 1 260 000 солк. курдук тахсар. Ол эрээри хас биирдии тутуу сирин дэхсититтэн саҕалаан ырааҕыттан-чугаһыттан, туттуллар матырыйаалларыттан, түннүгүттэн, ааныттан уо.д.а. тутулуктанан тус-туспа сыаналаах буолар. Онон тустаах дьон тэрилтэҕэ кэлэн, көмпүүтэргэ 3D мадьыал оҥорторон, суоттатан көрүөхтэрин наада.

– Онтон олбуор тутуута?

– Билигин биһиги “кэссиэтэлии” олбуордары тутабыт. Маннык олбуор сүрүн баҕаналара эрэ көстөллөр, конструкцията иһигэр киирэн хаалар, онон көстүүтэ быдан кырасыабай, үйэлээх даҕаны. Сыанатын этэр буоллахха, матырыйаалын уонна үлэтин ааҕан туран миэтэрэтэ – 6 500 солк.

WhatsApp Image 2024 05 28 at 21.13.43

– Тутууга үстүрүмүөнүнэн хааччыллыы уонна уопуттаах үлэһит быһаарыылаах буолара сарбахтаммат...

– Үлэҕэ туттар тэрилиҥ төһөнөн үчүгэй да, соччонон туттарга чэпчэки буолар. Биһиги Германияҕа оҥоһуллар EWM PICO, ESAB сыбааркалыыр аппарааттарынан үлэлиибит. Бу – эрэллээх үстүрүмүөннэр, уһун кэмҥэ мэктиэлээхтэр.  Бэйэм эмиэрикэлэр Milwaukee пиирмэ туттар тэриллэрин күүстээхтэрин, итиигэ-тымныыга, сиргэ-уокка үлэлииргэ табыгастаахтарын уонна бөҕөлөрүн иһин сөбүлүүбүн. Анаан дьарыктанар тэрилтэ ити өттүгэр хаачыстыбалаах, эрэллээх үстүрүмүөннэринэн хааччынара инбэстииссийэ курдук буолар.

Үлэһит туһунан эттэххэ... Билигин үлэһит күүс тиийбэт кыһалҕата күүскэ турар дии саныыбын. Ыччат харчы халлаантан кэлэн түһэрин күүтэн олорор, олоххо оннук суох. Ол иһин үлэлээн, үөрэнэн, сайдан иһиэххэ наада.

Тэрилтэ тэринэн үлэһиттэри буларбар бастаан ыарахан этэ. Ким да саҥа саҕалаан эрэр киһини билбэт, эн эмиэ билбэккин, ол эрээри эбийиэккэр тахсан үлэлиэххин наада. Онон элбэх киһи кэлэн, боруобаланан көрөр. Ким эрэ сөбүлээн үлэлии хаалар, ким эрэ кыайбакка тохтуур. Бэйэм өттүбүттэн үлэһиттэрбэр, эдэр дьоҥҥо тугу билэрбин үөрэтэ, көрдөрө сатыыбын. Ону тэҥэ үлэҕэ мэлдьи саастаах, уопуттаах үлэһиттэрбитин кытта туруорабын, оччоҕо элбэххэ үөрэнэллэр. Киһи киһиттэн үөрэнэр, баҕалаах киһи дьону көрөн, сүрдээх түргэнник ылынар.

– Сарыал, тутууга сыһыаннаах видеоларгын соцситимнэргэ бэрт үгүс киһи сэҥээрэр.

– Видеоҕа устар буолбутум түөрт сыл буолла. Бастаан судургутук үлэбин-хамнаспын көрдөрөр, билиһиннэрэр сыаллаах устарым. Итинник устарга анаан үөрэммэтэҕим, Арассыыйаҕа тутууну устарга ким даҕаны үөрэппэт. Бэйэм интэриэһиргээн, соҕурууҥҥулартан көрөн саҕалаабытым. Билигин соцситимнэрбитигэр быһа холоон 25 500 киһи сурутар, онтон көрүү иккилии-үстүү мөлүйүөҥҥэ тиийэр. Соҕурууттан сэҥээрэн көрөр дьон элбэх. Кэлин бэйэм кэтээн көрөрбүнэн, устууларым биир халыыптаах буолбуттар, онон эбии сайдаары, үөрэнээри тутууга аналлаах видеоны оҥорууга куурус ыытабын. Ол иһин, нууччалыы эттэххэ, “эффектнэй” устууга биллэрэр-көрдөрөр, туһалааҕы кэпсиир суруйуулары эбэр былааннаахпын.

Бу устуум биир сүрүн сыала-соруга – эдэр ыччаты үлэҕэ тардыы. Онон үлэбит тэтимин, кэлэктииппитин, түргэн түмүктэрбитин көрдөрөргө кыһаллабын. Маннык устуу кэннэ эр дьон эрэ буолбакка, дьахталлар эмиэ “үлэҕэ киириэххэ сөп дуо?” диэн ыйыталаһааччылар.

WhatsApp Image 2024 05 28 at 21.13.43 1

– Устууларгар биир үксүн нууччалыы кэпсиигин, оттон күннээҕи олоххор сахалыы холкутук саҥарар эбиккин дии?

 

– Видеоларбар үксүн нууччалыы кэпсиибин. Ону сорох дьон “саха эрээри тоҕо сахалыы саҥарбаккын?” дииллэр. Итиннэ хоруйдуур буоллахха, мин тэрилтэбин бренд таһымыгар тиэрдиэхпин баҕарабын, ол туһугар Саха сиринэн эрэ муҥурдаммакка, атын куораттарга, дойдуларга тахсаары, кинилэргэ санаабын тиэрдээри нууччалыы кэпсиибин. Биллэн турар, күннээҕи олохпор сахалыы холкутук саҥарабын.

– Салайааччы быһыытынан ханнык бириинсиптэри тутуһаҕыный?

Миэхэ үлэһиттэрим – мин хамаандам. Хас биирдии киһи сарсыарда үлэтигэр баҕаран туран кэлэрин курдук, усулуобуйа тэрийэбит. Хамнастарын, үлэлэригэр астарын-таҥастарын үчүгэйдик хааччыйабыт, наар кыыһыра сылдьар тойон-хотун суох, үлэбитин өрө көтөҕүллэн туран үтүө санаалаах үөрэ-көтө оҥоробут. Холобур, сынньана таарыйа, бииргэ тугу эрэ толкуйдаан видео устуохпутун сөп.

WhatsApp Image 2024 05 28 at 21.13.43 2

– Биир эбийиэккэ ортотунан хас киһи үлэлиирий?

– Чэ, 14х10-наах о.э. 140 кв. м гарааһы ылан көрүөххэ, үгэс курдук, бастакы күн саамай сылаалаах, элбэх толкуйдаах, элбэх тимир таһыылаах, быһыылаах буолар. Ол иһин бу күн эбийиэккэ 7–8 киһи барыан сөп. Саҥа кэлбит үлэһиттэри эмиэ хайаан да ыытабыт, манна үлэни иһиттэн билсэллэр, уопуттаах дьонтон үөрэнэллэр. Бэйэм эмиэ офиска күнү-күннээн олорбоппун, үксүн эбийиэккэ үлэлиибин, тимир таһабын, быһабын, сыбааркалыыбын.

Тутулла турар эбийиэккэ икки сүрүн сыбаарсыгы кытта икки көмө сыбаарсык уонна барараап үлэлиир. Ону кытта тимири быһыыга үс силиэсэр сылдьар: биир турба кээмэйин суоттуур, икки киһи таһар-быһар. Оннук 3–4 нэдиэлэ күүстээх үлэ кэннэ, сыбаарсыктар бэйэлэрэ хаалан конструкцияны сыбааркалыыллар. Дьэ, онтон кырааска үлэтэ саҕаланар.

– Үлэни туттарыы хайдах барарый?

– Чааһынай тутууларга улахан тэрилтэҕэ курдук технадзор кэлбэт. Сакаасчыттар бэйэлэрэ билэр, сыһыаннаах киһини илдьэ кэлэн “акт приёмки” илии баттаһалларыгар көрүөхтэрин сөп. Онно, бастатан туран, бырайыагы кытта тэҥнээн бэрэбиэркэлииллэр уонна сиик хаачыстыбатын, дэтээллэр холбоһууларын (стык) көрөллөр.

WhatsApp Image 2024 05 28 at 21.13.42

– Быйыл үлэҕит барыта былааннанан, наарданан турдаҕа...

– Билигин 3 сиргэ тэҥинэн үлэ ыытыллар. 6х4-тээх түөрт скаттаах вальмовай сарайдаах тимир бэсиэккэ уонна ол таһыгар “парящай декоративнай” кирилиэһи кирилиэс оҥоруутугар анаан дьарыктанар исписэлиис Денис Кириллин тутан бүтэрэн эрэр. Бу кирилиэс каркааһа тимир уонна мас үктэллэрдээх. Ону таһынан эргэ кыладыапканы ыһан баран, саҥаны тутуохтаахпыт. Үһүс сирбитигэр гарааска эбии тутуохтаахпыт. Ити курдук быйылгы сезоҥҥа хайыы үйэ сакааспыт туолан турар.

– Сарыал, ыйытыыларбытыгар сиһилии хоруйдаабыккар махтанабыт. Инники үлэҕэр ситиһиилэри баҕарабыт!

Мария САННИКОВА.