Киир

Киир

Күһүн-саас бары даҕаны сүһүөхпүт-дьарҕабыт биллэн барар. Бу туһунан Наталья Васильевна Никулинаны, Дьокуускай к. 1-кы №-дээх поликлиникатын ревматолог-бырааһын, кэпсииригэр көрдөстүбүт.

– Ревматологка үксэ ханнык ыарыылаах дьон кэлэрий?

– “Ревматическай” ол аата, судургутук “арамачыыс”. Сүрэх-тымыр уонна тыынар уорганнар ыарыыларын кэнниттэн ол саамай тарҕаммыт. Ол курдук, сүһүөх, өҥүргэс, ол силбэһигин ыарыыта – барыта 100-чэ “арамачыыстыҥы” ыарыы көрүҥэ баар. Саамай тарҕаммыта онтон: артроз, ревматоиднай артрит, Бехтерев ыарыыта, остеоартроз уонна “СКВ” дэнэр ыарыылар (системные заболевания соединительной ткани) системная склеродермия, васкулит. Миэхэ үксүн итинник ыарыылаах дьон көрдөрө кэлэллэр.

– Арамачыыс ыарыы төрүөтэ тугуй?

– Бу тугу кытта сибээстээх (“этиологиялаах”) ыарыы буолаллара баччааҥҥа диэри чуолкай биллибэт дииллэр. Ол эрээри киһиэхэ удьуоругар маннык ыарыы баар буоллаҕына, сэрэниэхтээх. Ол аата, киниэхэ “генетически” (хааныгар) маннык ыарыы ууруллан сылдьар. Аны хас биирдии маннык ыарыы көрүҥэ бэйэтэ кутталлаах төрүөттээх. Холобур, “ревматоиднай артрит” диэн “аутоиммуннай” ыарыы (ол аата – киһи бэйэтин килиэккэлэрэ “киллер” буолан, элбээн, тарҕанан доруобай этин-сиинин алдьаталлар. Холобур, сүһүөҕүн). Чинчийээччилэр бу ыарыыны киһиэхэ баар араас вирус, импиэксийэ көбүтүөн сөп дииллэр. Истириэс, интоксикация (сүһүрүү), сыстыганнаах ыарахан ыарыылар, силикон импланнарын, “филлери” туруортарыы, улахан тымныйыы – бу барыта ыарыы саҕаланарынар төрүөт буолуон сөп дииллэр.

– Маннык ыарыы ордук кимиэхэ көстөрүй? Дьахтарыттан, эр дьонуттан тутулуктаах дуо?

– Холобур, ити “ревматоиднай артрит” ордук “менопауза” кэмигэр сылдьар дьахталларга көстөр. Оттон “красная системная волчанка”, “системная склеродермия” диэн ыарыылар үксүн эдэр дьахталларга, кыргыттарга бааллар. “Псориатический артрит” диэн үксүн эр дьон ыарыыта. Бехтерев ыарыытыгар эмиэ эдэр эр дьон ыалдьар. Ол тугу кытта сибээстээҕин эмиэ чопчу быһаара иликтэр. Артроз диэн ыарыы кимиэхэ баҕарар көстөр эрээри, кэнники “эдэрсийэн” иһэрэ дьиксиннэрэр. Бэл, оҕолорго төрөппүттэринээҕэр эрдэ саҕаланар түбэлтэтэ баар.

– Оттон тымныы килиимэт, буортулаах дьаллык дьайыан сөп дуо?

– Ыарыы кимиэхэ баҕарар, ханна да төрөөбүтүттэн тутулуга суох үөскүөн сөп. Араас омуктар бу ыарыыга ыалдьаллар. Ол эрээри тымныы килиимэт даҕаны, буортулаах дьаллык даҕаны ыарыыга, эмтэнии хаамыытыгар, бу киһи туруга арыый чэпчииригэр дуу, суох дуу, дьайар бөҕө. Өскө бу киһи хамсаммат, биир сиргэ олорон тахсар, эбии ыйааһыннаах, Д битэмиинэ тиийбэт, табахтыыр, арыгыны иһэр буоллаҕына, ол барыта сүһүөҕүн, өҥүргэһин, уҥуоҕун туругар охсоро өйдөнөр.

– Бастаан ыарыы хайдах биллэрэн барарый?

– Дьон баалатан кэбиһэн баран кэлэр. Тоҕо? Тоҕо диэтэххэ, ыарыы бастакы сибикитэ биллэрбэккэ “чуумпутук” ааһар. Холобур, Бехтерев ыарыыта эр дьоҥҥо көстөр диэтибит. Бастакы сылларыгар олох биллэрбэт. Арай, киһи сиһэ кыралаан ыалдьыан сөп. Онтон устунан кылгас кэмҥэ сиһин хам тутар ыарыы үс ыйтан кырата суох салҕанан барар, киһи сынньанар, утуйар кэмигэр ордук ыалдьар. Ол эрээри хамсаннаҕына, ыарыыта мүлүрүйэр. Сарсыарда уһуктарыгар көһүйэн хаалар, ол эрээри сыыйа хамсанан, онто ааһар.

Атын ыарыыларга, киһи сүһүөхтэрэ (илиитин эбэтэр атаҕын киэнэ) ыалдьар, устунан ыарыыта улам уһаан барар, сороҕор ыалдьар сиринэн кытаран, сороҕор иһэн тахсыан сөп. Ардыгар ыалдьар сүһүөҕүнэн итийэр курдук буолар. Ыарыыга киһи кыраадыстаныан, ыйааһына түһүөн сөп.

– Бырааска ханнык түбэлтэҕэ көрдөрөр нааданый?

– Сорохтор ыарыыларын дьаалатынан ыытан кэбиһиэхтэрин сөп. Онон итинник сибики баар буолла да, бырааска уталыппакка көрдөрө охсор наада. Бастаан учаастак терапева көрөн-истэн баран, лабаратыарыйа анаалыһын аныаҕа. Анаалыска сүһүрүү эбэтэр туох эрэ кэһиллии баара (СОЭ, С- реактивнай белок үрдээбит буоллаҕына) көстөр буоллаҕына, тута ревматолог-исписэлиискэ ыытыахтаах.

– Быраас тугу болҕойуохтааҕый, тугу өйдөөн көрүөхтээҕий?

– Бастатан туран, быраас бу киһи туга, хайдах ыалдьарын ыйыталаһар. Ыарыһах кэпсээнин, ыйытыыларга хоруйун, туохха үҥсэргиирин, доруобуйатыгар туох долгутарын болҕойон истиэхтээх. Сүһүөхтэрин, сиһин тоноҕоһун, хамсанарын көрүөхтээх. Урукку анаалыстар, эрэнгиэн синиимэктэрэ баар буоллаҕына, ону көрүөхтээх. Биллэн турар, ыарыытын хаамыытын, эмтэниитин уонна бэргииртэн хайдах харыстанар туһунан өйдөнөр гына быһааран биэриэхтээх.

– Ыарыыны хайдах дигностикалыылларый?

– Кэнники кэмҥэ диагностика ньымата тупсан, ыарыыны эрдэттэн билэр, ситиһиилээхтик эмтиир кыах баар буолла. Урут диагноз туруорар сүрүн ньыма – уопсай клиническэй анаалыс, эрэнгиэн эрэ буоллаҕына, билигин МРТ, көмпүүтэр томографиятын, сүһүөх УЗИ-тын, саҥа лабаратыарыйа анаалыстарын көмөтүнэн, ыарыы саҕаланыытыгар чопчу диагноһы туруоруохха сөп. Сөптөөх диагноһы эрдэттэн туруоран, кэмигэр эмтэниини саҕалаан, ыарыһаҕы ыарахан турукка, инбэлииккэ тахсыыга тиэрдибэккэ эрэ олоҕун устата кэтээн көрө-истэ сылдьыахха сөп.

Кытарбыт уонна сүһүөх испит буоллаҕына, ол аата, сүһүөх сүһүрүүтэ – артрит көстүүтэ. Итинник түбэлтэҕэ быраас “бу атын ыарыы буолбатах” диэн дакаастыыр, “дифференциальнай” диагностиканы ыытыахтаах. Арамачыыс ыарыылара атын ыарыыларга майгынныыр буолан, сороҕор диагнозтыырга уустук түгэн үөскүөн сөп. Холобур, хаан ыарыыта, онкология, вирустаах, атын да ыарыылар майгынныыр өрүттээхтэр. Ол иһин атын ыарыылары суох диэн быһаарарга, “дифференциальнай диагностика” диэн булгуччу ыытыллыахтаах. Салгыы эмтэнии, быраас тугу аныыра онтон тутулуктаах.

– Эмтээһин хайдах ыытыллар? Маас эҥин аныыллара төһө көмөлөөҕүй?

– “Маас аныыр” – саамай судургута. Бу, сүрүннээн, дьарҕа (хроническай) ыарыыта. Исписэлиистэр, ханнык ыарыытын көрөн, чопчу эмтэниини аныыллар. Сорох эмтэнии уһун кэмнээх буолар. Сорох эмтэри анаан баран, ыарыһах туругун, анаалыстарын кэтээн көрө сылдьар наада.

“Аутоиммуннай” дэнэр ыарыылар көстөр түбэлтэлэригэр (ревматоиднай артрит, анкилозирующай спондилоартрит – Бехтерев ыарыыта, реактивнай эбэтэр псориатическай артрит) ыарыһах туругуттан, туга ыалдьарыттан көрөн, быраас “стационарга киирэн эмтэн” диэн сөп. “Аутоиммуннай” ыарыылар дьарҕа буолан, киһини үйэтин тухары арыаллыыр “аргыс” буолаллар. Онон, эмтээһин ол ыарыыта хайдах көбөрүттэн тутулуктанар. Сороҕор бу киһи балыыһаҕа киирбэккэ таһыттан эмтэниэн сөп, сороҕор балыыһаҕа киирэрэ булгуччу наада. Оттон ама буоллаҕына, сылга иккитэ бырааска сылдьыахтаах.

Сүһүөх уонна уҥуох үгүс ыарыыта: артроз, остеоартроз уо.д.а. гормуона суох эмтэниллэр. Ол аата, “стероиднайа суох” дэнэр, сүһүрүүнү бохсор, хондропротектордар, остеоартроһы утары эмтэр. Төһө өр эмтэнэри уонна төһө кээмэйдээх эми иһиллэрин исписэлиис аныыр.

– Сорохтор норуот эмчиттэригэр эмтэнэллэр, имэрийтэрэллэр. Ол туһалыыра буолуо дуо?

– Дьиҥнээх норуот эмчиттэрэ киһи ыарыытын чэпчэтиэхтэрин сөп. Ол эрээри ревматоиднай артрит, СКВ курдук, атын да аутоиммуннай ыарахан ыарыылары исписэлиис-быраас эрэ сөпкө быһааран биэриэн сөп дии саныыбын...

– “Туус мустубут” диэччилэр...

– Ити “отложение солей в суставах” диэн ааттаннар да, ол “биһиги сиир тууспут сүһүөхпүтүгэр мустар” диэн буолбатах. Ити биһиги эппитигэр-сииммитигэр барар бэссэстибэ уларыйыытын түмүгэр тахсар туһата суох элэмиэннэр киһи этин-сиинин устун эргийэ сылдьан, сүһүрбүт сүһүөххэ түһэллэрин этэллэр. Ол – биир үксүн подагра артрита диэн ыарыы төрүөтэ.

– Ыалдьар кэмҥэ олох сытыахтааххын дуу эбэтэр хамсаныахха сөп дуу?

– Ыарыы бэргээбит кэмигэр сүһүөх испит, сүһүрбүт, аһара ыалдьар буоллаҕына, биллэн турар, киһи хамсанар кыаҕа да, сэниэтэ да суох буолар. Онон мээнэ хамсаммата ордук. Ама буоллаҕына, киһи хамсанарын, хаамарын салгыахтаах. Тоҕо диэтэххэ, уҥуох, сүһүөх, өҥүргэс хамсана эрэ сырыттахха, хаанынан угуттанан, иҥэмтэлээх бэссэстибэни, араас туһалаах микроэлэмиэннэри ылан, “аһыыр” буолар.

Киһи мэлдьи этин-сиинин хамсатан, хааман, эрчиллэ сылдьыахтаах. Хамсаныы – олох. Ол эрээри эмискэ тымныы ууга сөтүөлүүртэн эбэтэр түргэнник, ыраах сүүрэртэн туттунуохтаах. Этэ-сиинэ истириэс ылан, төттөрүтүн, ыалдьыан сөп. Онон иммунитеты эмискэччи буолбакка, таһырдьа ыраас салгыҥҥа кыралаан хааман, аһын-үөлүн көрүнэн, сыыйа бөҕөргөтөрө ордук көдьүүстээх.

– Маннык ыарыылаах дьон быһыы ылыахтарын сөп дуо? Ыалдьар дьахтар оҕолоноро хайдаҕый?

– Сүһүөх ыалдьа, бэргии сырыт­таҕына, ханнык да быһыыны ылар табыллыбат. Вакцинаны ыарыы аастаҕына (ремиссия кэмигэр), ылар сөп. Сорох эмтэр хат дьахтарга көҥүллэммэттэр, кутталлаахтар даҕаны. Онон, оҕолонуон баҕарар дьахтар былаанныырыгар бырааһын кытта, ханнык эми туттар-туттубат ордугун сүбэлэһиэхтээх. Оттон ыарахан кэмигэр булгуччу ревматологка кэтэнэ-көрдөрө сылдьара наада.

– Киһи эбии ыйааһыннаах буол­лаҕына, онто ыарыыга дьайар дуо? Таарыйа уонна дийиэтэ туһунан...

– Эбии ыйааһын киһи тобугун, өттүгүн, бэрбээкэйин сүһүөхтэригэр, уҥуоҕар ыар баттык буолар. Санаан да көрүҥ, күн аайы эбии ыйааһыны сүгэ сылдьартан сүһүөх аалыллан, алдьанан-кээһэнэн барар буоллаҕа. Онон ордук сааһырбыт киһи ыйааһынын көрүнэ сылдьарыгар сүбэлиэм этэ.

Биллэн турар, киһи аһын-үөлүн көрүнүөхтээх, сорох бородууктаттан аккаастаныахтаах. Холобур, мэлдьи бобтуҥу аһы, ыыһаммыт халбаһыны, сүөһү-кыыл этин, араас маринады, тууһаммыт балыгы аһаатаҕына, уопсай туруга мөлтүөн сөп. Бу киһи итиннэ эбии куртах-оһоҕос ыарыылаах буоллаҕына, онтун эмиэ көрүнүөн наада. Быһатын эттэххэ, дийиэтэни булгуччу тутуһуллуохтаах. Сыалааҕы-арыылааҕы, гипоаллергеннаах, ону кытта кальцийдаах, клетчаткалаах аһы олох аҕыйатыахтаах.

Ыраас уу силгэҕэ, өҥүргэскэ, сүһүөххэ көдьүүстээх. “Киһи күҥҥэ 2–3 лиитирэттэн итэҕэһэ суох ууну иһиэхтээх” диэн эттэллэр да, киһи этин-сиинин көрүнэн, утаттаҕына биирдэ уу иһиэхтээх. Оттон сүһүөхтэриҥ сууккаҕа 1 лиитирэттэн итэҕэһэ суох ууга наадыйаллар эбит.

– Ыарыыны хайдах бохсуохха сөбүй?

– Ол ревматолог-быраастан, терапевтан, педиатртан эрэ буолбакка, киһиттэн бэйэтиттэн, төрөппүттэн эмиэ олус тутулуктаах. Оҕону кыра сааһыттан чөл олох быраабылатын тутуһарга үөрэтиллиэхтээх. Оҕолорго, эдэр дьоҥҥо ыраас салгын, хамсаныы, чөл ас-үөл суолтатын, көнөтүк тутта сылдьар, сөптөөх атах таҥаһын кэтэр, эти-сиини эрчийэр, сөптөөх ыйааһыны тута сылдьар, сыстыганнаах ыарыыттан сэрэнэр, ону эрдэттэн эмтэнэр, кэмигэр быһыыны ылар наадатын туһунан мэлдьи саната сылдьыллыахтаах.

Үлэлиир дьон тымныйыыттан сэрэниэхтээх, ыараханы мээнэ көтөҕүө суохтаах. Холобур, ыарахан малы-салы, таһаҕаһы “сөпкө” көтөҕөр наада. Олорон эрэ үлэлиир дьон кэмиттэн кэмигэр туран, хамсаналларын, систэрин көннөрөллөрүн, хаама түһэллэрин умнуо суохтаахтар. Үлэлиир сиргэ атах таҥаһын уларыттар ордук, ол хам туппат, чэпчэки буолуохтаах, баҕар, ортопедическай уллуҥахтаах да буоллун.

Оттон үөһэ ахтыллыбыт сибикилэр баар буоллахтарына, уһаппакка-кэҥэппэккэ, бырааска көрдөрүҥ!

– Махтанабын!

Нина ГЕРАСИМОВА.