Киир

Киир

«Сахалайф.ру» саайт сүрүн эрэдээктэрэ Суоппуйа Булчукей тус ситимигэр «фермаҕа кэллибит, дэриэбинэ олоҕуттан астына-дуоһуйа сылдьабыт» диэн суруйбут. «Тыый, Сунтаарга тиийдэҕэ дуу» диэн өҥөйөн көрбүппүт, олох да Вьемтнам тыатыгар сылдьар эбит.

DdIbMkSTYoxnBOP11voVEMdEFMQ0n9XH

Отон оннугар банан хомуйан сиир, ньирэй оннугар муора свинкаларын аһатар. «Өссө да хаалыам этэ даҕаны, интэриниэт – тобук» диэн суруналыыс муҥатыйбыт. Маннык сынньалаҥ иһин Суоппуйа Быладьыымырабына биир хонукка икки киһиэхэ 15 дуоллары төлөөбүт. Биллэн турар, хоһо толору хааччыллыылаах.

nziP9pB1S9n0ajZzgRm4QlarlKmXPjhi  

VNLqH14k5qi9WJB6Lo PP9J0rPTTSXWh

Онон, тыа сиригэр олорооччулар босхо олороргутуттан үөрүөх тустааххыт. Өссө бу Вьетнам кырдьаҕастарын курдук, дьиэҕитигэр ыалдьыт ыҥыран сынньатан, харчы киллэриниэххитин сөп эбит. Кэлэн отон хомуйдуннар, ньирэй аһаттыннар ээ. Кинилэргэ – көр, эһиэхэ – харчы.  

Бэйэ кэр.