Саха дьоно аттыбытыгар ыраах да, чугас да баар сонун дойдулары, араас омуктары, кинилэр олохторун-дьаһахтарын билэргэ улахан дьулуурдаах, баҕалаах дьоммут.
Ол сиэринэн, бүгүн биһиэхэ улахан айанньыт, туох да омуна суох эттэххэ, аан дойдуну уһаты-туора элбэхтик сыыйбыт Лена Федорова, “Олоҥхо” тыйаатырын солбуйааччы дириэктэрэ, “Олоҥхо дойдута” бырайыак дириэксийэтин салайааччыта ыалдьыттыыр. Кини бу сырыыга саха киһитэ элбэхтик сылдьыбатах Пакистан диэн дойдутугар ыалдьыттаабытын кэпсиир.
– Лена Валерьевна, уопсайа, төһө элбэх дойдуга сырыттыҥ?
– Ээ, ону мин өйдүүр үһүбүн дуо? Африкаҕа, Австралияҕа сылдьа иликпин. Японияны, Кэриэйэни көрбөтөҕүм. Онтон атыттарга син сылдьа сатаатым. Холобур, урут үлэбинэн Израильга, АХШка, Бельгияҕа ый аайы кэриэтэ бара сылдьар этим. Кэлин, саха омуга үөскээбит төрдүн-төбөтүн, олоҥхо үөскээбит сирин булаары-билээри, аймахтарбытын көрдөөн, Киин Азия дойдуларын “дьөлө хаһа” сытабын. Холобур, Индияҕа, Тибеккэ, Кытай Ис Монголиятыгар, Уйгуурдар дойдуларыгар, Непалга, Орто Азия бары өрөспүүбүлүкэлэригэр, Монголияҕа элбэхтик сырыттым. Быһата, “Международный фонд исследования Тенгри” диэн бырайыакпыт чэрчитинэн, саха, түүр-монгуол, бэл болгар, венгр, учуонайдарыттан, этнографтарыттан састааптаах эспэдииссийэлэргэ сылдьабыт, үөрэтэбит, көрөбүт-истэбит.
– Чэ, бээ, сүрүн тиэмэбитигэр киириэхпит иннинэ... Киин Азия омуктарын барыларын биэс тарбаҕыҥ курдук билэн эрдэҕиҥ... Сүүстүүтэ сылдьыбыт дойдуларыҥ буоллаҕа. Дьэ, бу омуктартан “сахаларга саамай майгынныыр омук бу сылдьар эбит” диэн кими этиэххин сөбүй?
– Монгуоллар... Биллэн турар, монгуоллар бэйэлэрин истэригэр араас этническэй бөлөхтөр элбэхтэр. Ол эрээри, туттардыын-хаптардыын, өйдүүн-санаалыын, быһыылыын-тутуулуун үүт-үкчү саха курдук дьону онно эрэ көрөөччүбүн. Онно холоотоххо, холобур, казахтар арыый атыттар. Казахтар дэбдэҥ, дьэллэм, чэпчэки, аһаҕас соҕус буолаллар, тулалыыр усулуобуйаны түргэнник хабан ылар буолан түргэнник сайдаллар. Оттон кыргызтар – сабыылаахтар, бүтэйдэр. Мэлдьи аттыларыгар олорор улахан омуктар (казахтар, узбектар, афганистаннар) күөнтээһиннэригэр олорбут буолан, өһөстөр, кырыктаахтар. Атыннык эттэххэ, “агрессивнайдар”. Алтаайдар – букатын да сабыылаах дьон. Төһө да тас дьүһүннэрэ үкчү саха курдук буолбутун иһин, наһаа сэрэхтэр, туохтан эрэ хомойбуттарын-сөбүлээбэтэхтэрин олус өр умнубакка тута сылдьаллар, сэрэхтэр. Арба, биһиэхэ, сахаларга, хакаастар наһаа майгынныыллар. Туватааҕар да, алтаайдааҕар да ордук.
Уопсайынан, өр кэмнээх кэтээн көрүүбэр олоҕуран, “омук төһөнөн кыра да, бэйэтин иһигэр күөнтэһиитэ, иирсээнэ соччонон улаатан иһэр” диэн өйдөбүллээхпин. Атыннык эттэххэ, кыра омук ыаллаһа олорор улахан омугу кытта тэҥҥэ аахсар кыаҕа суох буолан, туох баар агрессията, алдьатар-сууһарар эниэргийэтэ барыта бэйэтин дьонугар, бэйэтин омугар туһуланар, инньэ гынан кыра норуот эстиитин өссө түргэтэтэр быһыылаах.
Кыра эрээри, бэйэлэрин истэригэр наһаа иирсээннээх омуктар баар буолаллар. Онно холоотоххо, биһиги диэхтээн... Быһата, “саха эр дьонун 90 %-на биир киһиттэн төрөөбүт-ууһаабыт” дииллэригэр дылы, биһиги наһаа эйэлээх, түмсүүлээх дьоммут. Хайдыспаппыт. Биир киһиттэн төрөөн тэнийбиппит тута биллэ сылдьар.
– Киин Азия омуктара сахалар тустарынан туох өйдөбүллээхтэрий?
– Боростуой дьон араас буоллаҕа, билбэт да киһи элбэх. Оттон түүр-монгуол учуонайдара баҕас бэркэ билэллэр. Билэллэрин ааһан, туох эрэ, таҥара талан ылбыт ураты, дьикти норуотун курдук күүркэтэ саныыр өйдөбүллээхтэр. “Биһиги умнан, сүтэрэн кэбиспит сиэрбит-туоммут, култуурабыт барыта сахаларга ордон хаалбыт” диэн бүк эрэллээхтэр. Олору кытта үлэлэһиэхпитин, алтыһыахпытын, билсиэхпитин наада.
Кыталыгы мэҥэстэн...
Кыталык – сахаҕа ытык көтөр. Олоҥхоҕо кыталыкка сыһыаннаах бэрт элбэх түгэн көстөн ааһар. Сорох олоҥхолорго сүрүн дьоруойдар, ол иһигэр Ньургун Боотур аҕаһа Айыы Умсуур удаҕан, “кыталык кыстыыр Кыладыкы кырдалыгар”, “кыталык кыстаабыт улуу дураар хочотугар” төрөөбүттэрэ, онтон кэлэллэрэ-бараллара ахтыллар. Холобур, 19-с үйэҕэ К.Оросин суруйбут олоҥхотугар.
Кырдьык, бары бэркэ билэр кыталык көтөрбүт ханна кыстыырый? Икки сиргэ: Кытайга Янцзы өрүс тардыытыгар баар Поянху күөлгэ уонна Пакистан, Афганистан, Хотугу Индия ыпсыыларыгар баар Гиндукуш хайаларыгар, Сват өрүс хочотугар... Саха сирин кыталыктара чопчу Сватка кыстыыллар эбит. Аны... сорох генетик учуонайдар “сахалар – арийдар”, “сахаҕа арийдар геннара олус элбэх” эҥин диэн суруйалларын өйдүүргүт буолуо. Оттон ол Гиндукуш хайалара – арийдар төрөөбүт-үөскээбит дойдулара. Онон, “саханы кытта ситимниир, аныгы наукаҕа биллибэт туох эрэ дьикти сибээс баара буолуо...” диэн, ити дойдуну көрүөхпүн-билиэхпин баҕарбытым уонча сыл буолла.
Ити – киһи санаатаҕын аайы тиийбэт, элбэх иирсээннээх-сэриилээх, сабыылаах кэриэтэ сирдэр. Мин ол сиргэ чугаһаары урут хаста да Непал, Кытай Тибетин, Гималай Каракорумун өттүттэн кэлэ сылдьыбыттааҕым. Биирдэ Таджикистантан “өҥөйөн көрөөрү” гыммытым табыллыбатаҕа.
Дьэ, онтон былырыын манна буолбут биир кэмпириэнсийэҕэ Пакистантан төрүттээх ыалдьыттар кэлбиттэрин таба тутан, онно бара сылдьыы боппуруоһун чопчуласпытым. Көмөлөһүөх буолбуттара.
Пакистаҥҥа
Быйыл муус устар 13-14 күннэригэр Пакистан Карачи куоратыгар Суфийдар (ислам биир сүүрээнэ) аан дойдутааҕы 4-с кэмпириэнсийэлэрэ буолар сураҕын истэн, онно кыттаары дакылаат суруйан ыыппытым. Суфийдар “зикр” диэн үҥкүүлэрэ сахалар дьуохардарын (оһуокайдарын) кытта сибээһин ырытан. Элбэх дакылаат ыытыллыбытыттан, миигин тоҕо эрэ талан ыҥырбыттар этэ. Баҕар, “ыраах сир, кэмпириэнсийэ географиятын кэҥэтэбит” диэбиттэрэ буолуо.
Инньэ гынан, Дьокуускай-Москуба-Дубай-Карачи диэн маршрутунан сөмөлүөтүнэн көтөн тиийдим. Көрүстүлэр. Арассыыйаттан соҕотохпун. Сырылатан куйаас дойду эбит, +35 кыраадыс. Тула барыта кумах куйаар, Аравийскай байҕал кытыла. Ону мин, биллэн турар, олоҥхобут Араат байҕалыгар ханыылыы санаатым. Байҕал уҥуор – Араб эмираттара, Сауд Аравията. Быһата, бэйэтин туһугар ньиэбинэн тыга сытар олоҥхоҕо ахтыллар Уот Кудулу Байҕал илэ бэйэтинэн.
Үчүгэй баҕайы көстүүнэйгэ түһэрдилэр. Карачи, дьэ, ньиргитэн улахан куорат эбит. Нэһилиэнньэтэ – 23,5 мөл. Олохтоохтор – Индияттан куотан кэлбит ислам мухаджирдара, белуджилар, сингхтэр... Бары да кэриэтэ индус курдук дьүһүннээх дьон. Судаарыстыбаннай тыллара – урду уонна аангылыйа тыла. Онон, оҕолуун-оҕонньордуун аангылыйа тылын бары билэллэр. Мин тылбаасчыт эрэ көмөтүнэн кэпсэтэбин.
Тиийээт да, тута, Арассыыйа посольствотыгар тиийэ сырыттым. Хата, генеральнай куонсулунан Александр Хозин диэн урут мин сылдьыбыт сирдэрбэр: Индияҕа, Непалга – үлэлии сылдьыбыт дипломат үлэлиир эбит. Үчүгэй баҕайытык кэпсэттибит. Пакистан – уустук дойду, Талибан эҥин тэриллибит сирэ. Мээнэ сылдьар сэрэхтээх. Эҥин-дьүһүн буолан хааллаххына, өлөр-хаалар күҥҥэр өрүһүлтэлээх буоларын курдук, дойдуҥ посольствотыгар сылдьан, биллэн-көстөн хааларыҥ мэһэйдээбэт. Куонсул сүбэ-ама биэрдэ.
Көрсүбүт дьонум тэбиэни мииннэрэн Аравийскай байҕалга киллэрэ сырыттылар.
Мин били кыталыгым кыстыыр сирин, көрөөрү, төннөр билиэппин Пакистан хоту өттүгэр баар Пешавар куоратынан оҥорторо сатыыбын. Ону сөбүлэспэттэр. Онно тиийэр туһугар анал көҥүл, кумааҕы-докумуон бөҕө наада эбит. Ол эрээри, Синд провинциятын Култууратын-туризмын миниистирин көмөтүнэн, ол кыаллар буолла.
Кэмпириэнсийэбэр кытынным. Онно аан дойдуттан түмсүбүт ислам биир саамай кытаанах сүүрээнин бэрэстэбиитэллэрин мунньаҕар Бүлүү сахаларын оһуокайын улахан экрантан көрдөрдүм. Киһи да күлэр...
Муус устар 14 күнүгэр археологтар хостоон таһаарбыт былыргы Мохенджо Даро (б.э иннинээҕи 2 тыһ. сыллааҕы былыргы арийдары кытта сибээстээх куорат, “Өлбүттэр куораттара” диэн тылбаастанар) куораттарын көрдүм. Онно сырыттахпына олохтоохтор селфилии сатаан эрэй бөҕөбүн эрэйдээбиттэрэ. Мин курдук азиялыы дьүһүннээх дьон онно букатын да суохтар, сылдьыбаттар эбит. Ол иһин, саҥаттан саҥа баартыйа дьон кэлэ-кэлэ, солбуйсан хаартыскаҕа түс да түс буолаллар. Ону үүрэн ыытыаҥ дуо, тулуйаргар тиийэҕин. Ип-итии. Адьас, уҥа сыспытым.
Аара Сехван Шариф диэн куоракка тохтоон аастыбыт, ислам биир сибэтиэйин мавзолейын көрдүбүт. Сирдьиттэрим миигин “ислам итэҕэлин улахан аптарытыата сылдьар” дии саныыллар быһыылаах, анаан илдьэн көрдөрдүлэр. Дьэ, ыарахан дойду. Саатар бу иннинэ ардаабыта. Хара бадараан, чалбах, бөх-сыыс, буйволлар, оселлар, козалар, матасыыкыллар, массыыналар, умналыы сылдьар, сиргэ утуйа сытар дьон, ас-үөл ырыынага барыта биир уопсай хааһы буолан оргуйа-көөнньө турар дойдута. Умнаһыт бөҕө иилистэ сылдьар. Онуоха эбии, куп-куйаас, +40-ча кыраадыс. Киһи аһыах эҥин буолбатах, ынырыктаах антисанитария. Дуу-даа буолан хаалаҕын. Ол эрээри, бу дойду олохтоохторо олус кырасыабай, “благороднай” дьүһүннээхтэрэ харахха тута быраҕыллар. Бэл, умнаһыт эр дьон баттахтара субу парикмахерскайга кырыттаран тахсыбыт курдугун, дьахталлар бука бары сабыылаах таҥастарын нөҥүө быһыылара-таһаалара имигэһин, көнөтүн сөхпүтүм.
Карачи куораттан биир тылбаасчыттаах (онтум, кэлин санаатахха, Пакистан куттала суох буолуутун ааҕына, судургутук эттэххэ, чуҥнуу сылдьар “үспүйүөн” буолуон сөп эбит), суоппардаах, Пакистан хоту өттүгэр баар Пешавар куоракка айаҥҥа туруннубут. Киһим аара турар хонтуруоллуур пууннарга туох эрэ кумааҕытын көрдөрдө да, аһаран иһэллэр. Ол курдук, 6 чаас айаннаатыбыт. Арба, ол барыам иннинэ Карачи куораттан анаан-минээн “исламныы” дьахтар таҥаһын атыыластыбыт. Холобур, уруккута Аангылыйа холуонньата буолан Карачи куорат арыый “светскэй”, дьахталлар таҥастарыгар улахан хааччах суох эбит буоллаҕына, Пешаварга оннук сылдьыбаккын.
«Кутталлаах» Пешавар куоракка
Пешавар – пуштуннар куораттара. 3,6 мөл. нэһилиэнньэлээх. Кэнники сылларга “сэрэхтээх”, “элбэх терактаах” сир быһыытынан киэҥник биллэр. Биллэрин курдук, Пешавар уруккута ССРСы утары сэриилэһэр Афганистан моджахедтарын тирэх пууна, киинэ этэ. Кэлин талибтар Афганистантан элбэхтик кэлбит-барбыт, сыбыытаабыт-ордууламмыт сирдэрэ (“Пешаварский вальс” диэн киинэни өйдүүргүт буолуо). Чэ, быһата, туох да бэрдэ суох имиджтээх, “кутталлаах дэнэр” куорат. Хайбер-Пахтунхва провинция киинэ. Уруккута Улуу Солко суолугар турбут буолан, Пешавар былыр-былыргыттан Киин Азия устуоруйатыгар үчүгэйдик биллэр куорат. Өскөтүн Пакистан соҕуруу өттө, Карачи диэки барыта кумах куйаар буоллаҕына, Пешавар диэкиттэн хайалар саҕаланаллар эбит.
Бэйэтигэр тиийэн көрдөххө, Пешавар оннук улахан кутталлааҕа, ынырыга биллибэт курдук. Хайбер-Пахтунхва провинциятын салалтата, наһаа үтүө дьон, миигин кытта кэпсэтэн баран, Саха сиригэр бараары тииһэн туран кэллилэр. “Быйыл хайаан да Дьокуускайга ыһыахха тиийэ сырыттахпытына сатанар, ыҥырыыны ыыттар да сабаас” дииллэр. “Эһиил кэлээриҥ” эҥин диэн уҕалдьыта сатаатым да, туһа суох. Инньэ гынан, ол Пешаварга сылдьан Дьокуускай куорат дьаһалтатын кытта сибээстэһэн, дьыала-куолу бөҕөтүн бэрийэн, сарсыныгар Дьокуускай мээрэ илии баттааһыннаах ыҥырыы сурук оҥортордум. Дьонум ыһыаҕы киэргэтиһэр ырыаһыттаах-үҥкүүһүттээх тиийиэх буолан үөрдүлэр-көттүлэр аҕай (хомойуох иһин, мин төннөөппүн кытта онно былаас уларыйан, ол дьонум виза оҥорторон, ыһыахха кыттар дьоннорун, харчыларын эҥин барытын булан баран, кыайан кэлбэтэхтэрэ. Биһиги Тас сибээскэ министиэристибэбит, сыра бөҕөнөн, 10-ча киһиэхэ виза оҥорбута таах хаалбыта). “Сахалар, хайаан да кэлэ сылдьыҥ, сахалыы кэнсиэри көрүөхпүтүн баҕарабыт” дэһэллэр.
Күннээх Пешавар куорат түмэлигэр сырыттым. Онно биир учуонай уол “биһиги, пуштуннар, төрүттэрбит сактарга тиийэр, онон аймахтыы эбиппит” диэн матырыйаал бөҕө хомуйбутун көрдөрдө. Арай, Пакистаҥҥа сактар устуоруйаларын билэр, үөрэппит, учуонай истиэпэннээх салайааччы суох буолан, диссертациятын салгыы сайыннарар кыаҕа суох сылдьар эбит. Ону мин Казахстаҥҥа баар сактарга идэтийбит учуонайдары кытта ситимнээн биэрдим. Чэ, быһата, санаабар улахан үтүө дьыаланы оҥордум.
Аҕыйах сыллаахха диэри Пешавар радикал исламистар былаастарыгар олорбут. Ол кэмҥэ куоракка баар ускуустуба-култуура тэрилтэлэрин, киинэ хампаанньатын, түмэллэри уо.д.а. барытын урусхаллаабыттар, култуура үлэһиттэрин өлөртөөбүттэр. Инньэ гынан билигин 4 мөл. чугаһыыр нэһилиэнньэлээх Пешаварга биир кыракый култуура киинэ эрэ ордон турар. Билигин ол исламистар “нэһилиэстибэлэриттэн” босхолонор үлэ бөҕө бара турар. Куорат барыта кэриэтэ саҥалыы тутулла, уулуссалара-суоллара өрөмүөннэнэ, саҥа тутуу бөҕө дьэндэйэ турар. Ол эрээри, хас хардыы аайы – байыаннай тиэхиньикэ, аптамааттаах саллааттар... Холобур, былыр Улуу Моголлар саҕаттан ордон хаалбыт Кириэмил – устуоруйа пааматынньыга – байыаннай хаһаарыма буолан турар эбит.
Куорат устун сылдьан көрдөххө, маһынан уус-уран быһан оҥоруу, тимиринэн уһаныы, ювелир идэтэ аһара сайдыбыт. Бүтүн кыбартаалларынан оннук идэтийэн дьарыктаналлар. Үкчү саха киэнин курдук ытарҕалар, кылдьыылар баалларын бэлиэтии көрдүм.
Кыталык кыстыыр кырдалларыгар
Пешаварга көстүүнэйгэ хонон баран, сарсыныгар кыталык кыстыыр Сват хочотугар бардыбыт. Бу – былыргы буддизм пааматынньыктара, индо-арийдар, Кушан саарыстыбата олоро сылдьыбыт сирдэрэ. Ханнык эрэ кэмҥэ Александр Македонскай судаарыстыбатын састаабыгар киирэ сылдьыбыт.
Былыргы индустар “Ригведа” диэн эпостарыгар бу сир “Сувасту” диэн аатынан киирбит. Ньиэмэс фашистарын аатырбыт “свастиката” эмиэ бу дойдуттан төрүттээх дииллэр. Манна билигин, сүрүннээн, пуштуннар олороллор. Сып-сырдык, үксэ күөх, сиэрэй, от күөҕэ харахтаах, сырдык баттахтаах, иранныы дьүһүннээх дьон. Онно холоотоххо Карачи олохтоохторо дьиҥнээх индус курдуктар этэ.
Адьас, чээлэй күөх дойду, оазис эбит. Өрүһү бата биир күдьүс куорат буолан тохтообокко бара турар. Кытыыта – истиэнэ курдук таас хайа. Тула барыта хайа. Олохтоохтор “аан дойду үрдүнэн саамай уһун светофора суох уулусса” диэн билиһиннэрэллэр. Кырдьык, биир да туоруур уулуссата суох, кытыытыгар биир эрэ эрээтинэн хас эмэ уонунан килэмиэтири быһа барар уһун куорат.
Бу тиийэ сылдьан олохтоох дьонтон билбиппинэн, биһиги кыталыктарбыт манна Сват өрүс үөһэ өттүгэр хочолорго кыстыыллар эбит. Олус чуолкайа суох кэпсээннэринэн, ол иһигэр урут дьон кэпсээбитинэн, манна олохтоох араас кыра норуоттар кыталыгы уол оҕо эр киһи буолар сиэригэр-туомугар туһаналлар үһү. Ол курдук, кыталыгы килиэккэҕэ уган иитэллэрин онно тиийэн билэн, соһуйуу бөҕөтүн соһуйдум. “Ити – биһиэхэ сахаларга ытык көтөр, ону өлөрөн сиир, килиэккэҕэ хаайан иитэр үһүгүт дии?” – диэн ыйыппыппар, биир 101 саастаах кырдьаҕас оҕонньор “этин сиэбэппит, туһаҕынан тутан ылан, иитэбит. Тас дьүһүнэ үчүгэйин, өйдөөҕүн иһин” диир. Кыыл кыталыктары дьиэҕэ иитиллибит кыталыгынан ыҥыртаран ылан туһахтаан туталлар үһү. Онтон да суох кырыымчык астаах-үөллээх дойдуга кыталыгы “дьүһүнэ үчүгэйин, өйдөөҕүн” эрэ иһин иитэллэрин ситэ өйдөөбөтөҕүм. Мунаах соҕус дьыала эбит.
Олохтоох дьон кэпсээбиттэринэн, Сват өрүһү үөһэ өттүгэр өксөйдөххө, араас тыллаах-култууралаах, аҕыйах ахсааннаах, “цивилизация буортулаабатах” араас омуга бөҕө олорор үһү.
Таарыйа, ити үөһэ ахтан аһарбыт 101 саастаах оҕонньорбуттан “өр олорбут киһи быһыытынан, дьоҥҥо-сэргэҕэ туһаайан, тугу сүбэлиэҥ этэй?” диэн ыйыттым. Оҕонньор “олох, дьон-сэргэ уларыйда. Урут икки буолан тугу кэпсэппитиҥ эйигин кытта анараа дойдуга барсар эбит буоллаҕына, билигин кими да кытта кистээн кэпсэтэн туһа суох. Барыта биллэ турар. Киһи киһини итэҕэйэр, истиҥ сыһыана суох буолла. Ону таһынан, дьахтары бас-баттах, көҥүл ыыттыбыт. Билиҥҥи олохпут иэдээннэрэ бука бары ону кытта сибээстээхтэр” диэн бэйэтин муудараһын үллэһиннэ.
Түмүк
Ити курдук, ыраах Пакистаҥҥа тиийэн, норуот дипломатиятын таһымынан, ситим-сибээс олохтуу сатаатым. Гиндукуш-Гималай таһынан тарҕанан олорор дард норуоттара, ол иһигэр Пешавар таһыгар олохтоох былыргы арийдыы норуоттар: кашмирдар, шиналар, пхалурдар, савилар, кохистаннар, тирахтар бэрэстэбиитэллэрэ, төһө да быйыл кыаллыбатаҕын иһин, хаһан эрэ Туймаада ыһыаҕар кэлэн бэйэлэрин ускуустубаларын-култуураларын көрдөрүөхтэрэ.
Ислам суфийдарыгар сахаҕа “дьуохар, оһуокай” диэн кинилэр “зикрдарын” кытта уруулуу үҥкүү баарын илэ харахтарынан көрдөрдүм. (Ол оһуокайым запиһын биир улахан учуонай анаан-минээн сонордоһон кэлэн ылан хаалбыта. Улаханнык сэҥээрбит этэ). Сакалары үөрэтэр пуштун эдэр учуонайыгар билим салайааччытын булан биэрдим. Баҕар, ол киһи саха төрдүгэр сыһыаннаах тугу эрэ быһаарар улуу учуонай буолан тахсыа.
Бу сырыым түмүгэр кэпсэппит дьоммун барытын камераҕа устан, хаартыскаҕа түһэрэн архыыппар киллэрдим. Кэлин ону сааһылаан, түмэн, баҕар туох эрэ үлэ оҥоһуллан тахсыа.
Чэ, ити курдук.
Иван Гаврильев.