Киир

Киир

Олох хаамыытынан сайдыы тэтимирэн иһэр. Урут түһээн да баттаппатах саҥа арыйыылар олохпутугар бэрт түргэнник кимэн киирэллэр. Оннооҕор бүгүн саҥа айыллыбыт сарсын номнуо туһаныллыбат буолан хаалыан сөп. Хор, сайдыы ол курдук тэтимнээхтик барар.

Дьоппуон омук курдук сайдыыны кытары тэҥҥэ хардыылаан, сорох өттүгэр  урутаан да иһэр омук суох. “Куораттар уонна дьон” норуоттар икки ардыларынааҕы кэмпириэнсийэ ыҥырыылаах ыалдьыта Йоитиро Сугиины кытары кэпсэттэххэ, киһи итэҕэйиэ суоҕун курдук сэһэргиир. Кэпсэтэ олорон “бу киһи фантастика киинэтин сценарийын кэпсиир дуу” диэх айылаах.

Дьоппуон биисинэс-коучка этэринэн, 2035 сылга аан дойдуга искуственнай өй олус күүскэ сайдан, биисинэскэ араас өҥөнү оҥорор эйгэ 45 %-на суох буолуон сөп. Кумааҕы харчы диэн туһаныллыбат буолуон сөп үһү, ол оннугар сыппаралааһыҥҥа (цифровизацияҕа) көһүөхтэрэ (электроннай харчы эҥин). Ол эбэтэр, ити кэмҥэ бары сыыппараҕа көһөр суолга үктэниэхпит.

Баҕар, итини кытары киһи сөпсөһүө да суоҕун сөп, ол эрээри урут суотабай төлөпүөн күннээҕи олохпут биир туллубат тутааҕа буолуоҕун ким да сэрэйбэт этэ ээ. IT технология кимэн киирэн, инникитин өссө туох буолуоҕун билбэппит. Йоитиро этэринэн, киһи-аймах атыннык толкуйдуурга, креативнай быһаарыныыны ылынарга үөрэниэхтээх.

- Тойон Йоитиро, бизнес-коучка сыһыаннаах сэминээрдэри тас дойдуларга төһө чаастатык ыытаҕыный?

- Мин ордук Японияҕа тас дойду дьонугар анаан ыытабын. Ол гынан баран, бэйэм ыйга биирдэ эбэһээт атын дойдуларга сылдьабын. Аҕыйах хонуктааҕыта Испанияттан, Турцияттан кэллим. Саха сиригэр сылдьан баран, салгыы Сингапурга, Кытайга уонна АХШка барыахтаахпын.

- Эн Саха сиригэр бастакы сырыыҥ буолбатах. Маннааҕы урбаанньыттар тустарынан тугу этиэҥ этэй?

- Эһиги урбаанньыттаргытын үрдүкү таһымнаах куурустарга кыайан үөрэппэккит. Хаһан баҕарар бастакы хардыыттан саҕалаан, инникигэ дьулуһуохтаахтар.  Мин сэминээрдэрбэр кыраттан саҕалаан баран, аргыый аҕайдык барабын. Аан дойду экэниэмикэтигэр килиимэт уларыйда.  Бу иннинэ Европаҕа, АХШка, Японияҕа, Арассыыйаҕа бизнесменнэр урукку уоппуттарыгар, билиилэригэр олоҕуран саҥа биисинэс моделлары оҥороллоро. Ол гынан баран, билигин искусственнай интеллект сайдан, биисинэс-модель уларыйда. 2035-2045 сс. билиҥҥи биисинэс өҥөлөрүн 45-% эстиэҕэ. Онуоха бастакы хардыылар номнуо бааллар. Бааннарга, страховкалыыр хампаанньаларга, билиэти атыылыыр уо.д.а. сулууспаларга сыыппара технологията күүскэ киирдэ. Сотору кэминэн массыына суоппара суох айанныыр буолуоҕа. Тыа хаһаайыстыбатыгар билиҥҥи курдук элбэх оробуочай, фермер наадата суох буолуоҕа. Маҕаһыыҥҥа персонал биллэ аҕыйыа. Кумааҕы харчы суох буолуо. Маны барытын сыыппара технологията солбуйуоҕа.

- Ити этэр сыыппараҥ технологията кимэн киирдэҕинэ, хайдах буолабыт?

- Дьэ, мин ону кэпсээри, иһитиннэрээри манна кэлбитим. Логическай толкуйга эппиэттиир мэйии хаҥас аҥаара үлэлээбэт буолла. Оттон мэйии уҥа аҥаара саҥа биисинэс-моделы толкуйдуурга эппиэттиир буолуохтаах. Мин бу кэмпириэнсийэҕэ кэлбит салайааччыларга кэлэр кэскилбитин хайдах түстүөхпүтүн сөбүн кэпсиибин. Билиҥҥи ыччат саҥа технологиялары баһылаан, инникитин кыахтаах буола сайдарга олус улахан кыах баар.

- Арассыыйа уонна Япония сыһыаннара тупсар. Онуоха Саха сирин оруола хайдах дии саныыгыный?

- Ону бырабыыталыстыба быһаарыахтаах. Туризм, үөрэх, логистика эйгэтигэр устудьуоннарбытын атастаһан үөрэтиэххэ. Мин Дьокуускайтан олус элбэҕи кэтэһэбин. Япония куораттара туолан тураллар, онно киһи билигин тугу да туппат буолла. Сир суох. Оттон Саха сирин киэҥ-нэлэмэн сиригэр саҥа IT технологиянан “өйдөөх куораттары” тутуохха сөп. Саха сирэ уонна Япония култууралара, философиялара олус майгыннаһар эбит. Дьон-сэргэ аламаҕайа манна баар эбит.

Виктория СТАСЬ