АЛРОСА генеральнай дириэктэрэ Сергей Иванов акционердар сыллааҕы уопсай мунньахтарыгар дивиденнэри үллэрии саамай сүрүн түмүк буолла диэн эттэ.
Бу туһунан бэҕэһээ Мииринэйгэ буолбут мунньах кэннэ кылгас кэпсэтиигэ суруналыыстарга иһитиннэрдэ. «Хампаанньа быйыл МСФОнан ылбыт ыраас барыһын 50 бырыһыанын үллэрдэ», – диэтэ Иванов. Акционердар сыллааҕы уопсай мунньахтарыгар АЛРОСА генеральнай дирикэтэрин солбуйааччы Алексей Филипповскай хампаанньа аспыт сыл түмүгүнэн МСФО (международный стандарт финансовой отчетности) бигэргэппитинэн, хонтуруолламмат өлүүгэ сыһыаннаах барыһы аахсыбакка туран киллэрбит ыраас дохуота 77 млрд 075 мөл. солк. тэҥнэспит. Акционердар бу харчыттан аҥаарын (38 млрд 592 мөл. солк.) дивиденнэри төлөһөргө ыытары кытары сөпсөстүлэр. Ааспыт сыл түмүгүнэн дивиденнэри ылар акционердар испииһэктэрэ 2018 сыл от ыйын 18 күнүнээҕи туругунан оҥоһуллуоҕа.
Санатар буоллахха, бу улахан мунньахха Ил Дархан эбээһинэһин быстах кэмҥэ толорооччу Айсен Николаев кыттыыны ылбыта.
Ил Дархан уонна бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.