Саха сирин хотугулуу-илин өттүгэр эрэгийиэн экэниэмикэтин сайыннарар өссө биир урутаан сайдар түөлбэ (ТОР) тэриллэрэ былааннанар. Саҥа ТОРу тэрийиигэ 10 миллиард солк. чааһынай инвестиция ирдэнэр. Бу туһунан бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин эбээһинэһин быстах кэмҥэ толорооччу Владимир Солодов иһитиннэрэр.
Солодов этэринэн, сотору кэминэн бу боппуруоһу Уһук Илин сайдыытын миниистирин Александр Козлову кытары дьүүллэһиэхтэрэ.
“Уопсайынан Саха сиригэр 27 млрд солк. чааһынай инвестицияны тардар былааннаахпыт. Оччоҕо 1 700-тэн тахса үлэ миэстэтэ тахсыахтаах. Маныаха, бу бырайыактар олоххо киллэрэргэ саҥа урутаан сайдар түөлбэлэри (ТОР) тэрийиэхпитин наада. Оччоҕуна нолуок чэпчэтиитэ, араас префиренция баар буолуо этэ. Оттон ол баар буоллаҕына. Бырайыагы олоххо киллэрии тэтимириэҕэ. Инвестиция кээмэйинэн буолбакка, ол төһө көдьүүстээҕин, хаачыстыбалааҕын көрүөххэ наада”, — диир Солодов.