Киир

Киир

Саха сиригэр 2019-2021 сс. салгын аалларыгар – авиационнай хамсатааччылаах сөмөлүөттэргэ, бөртөлүөттэргэ уонна атын көтөр аалларга, хас ат күүһүн ахсын 25 солк. диэри (250 солк.) тырааныспар нолуогун түһэриэхтэрэ. Маннык миэрэ аччыгый авиация сайдыытыгар төһүү буолуоҕа. Бу туһунан бүгүн Ил Түмэҥҥэ “О налоговой политике Республики Саха (Якутия)” эрэгийиэннээҕи сокуоҥҥа туһааннаах уларытыыны ылыннылар. 

Экэниэмикэ миниистирэ Майя Данилова бу сокуоҥҥа 4 уларыйыыны киллэрбиттэрин ылынарга эттэ. Бастатан туран РФ Нолуок кодексатынан бигэргэммит базовай нолуок ыстаапкатын – 25 солк. туһанарга. Иккиһинэн, Суол пуондатын үбүн көдьүүстээхтик туһанарга, тэрилтэлэр баайдарыттан төлүүр нолуоктарыттан судаарыстыбаннай тэрилтэ балаансатыгар баар күргэнэн туоруур нолуогу ылан бырахтылар.

Сокуон барылын от ыйын 19 күнүгэр көрүөхтэрэ.

Санааҕын суруй