Киир

Киир

“Росжелдор уонна Росавтотранспорт Өлүөнэ өрүс күргэтин тутуу бырайыагын өйүүллэр. Инньэ гынан, биһиги РФ Тырааныспарга министиэристибэтин кытары кимиэллээхтик киирсэн үлэлиирбитигэр төһүү буолар” , — диэн бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Алексей Стручков суруналыыстарга иһитиннэрдэ.

Кини этэринэн, билигин Кырыым күргэтэ тутуллан, РФ миниистирдэрин кэбиниэттэригэр Өлүөнэ күргэтин тутууну сөбүлэһиннэрэргэ уонна дойдуга инфраструктураны сайыннарыы национальнай былааныгар киирсэргэ саамай тоҕоостоох кэм буолбут. “Биһиги дьайыыларбытыттан, хамсаныыларбытыттан бу бырайыагы олохо киллэрии быһаччы тутулуктаах” , — диир тойон Стручков.

Федеральнай былаастары кытары үлэни саҕалыырга, өрөспүүбүлүкэ бастатан туран күргэни тутуу үп моделын уонна тэхиниичэскэй уонна экэнэмиичэскэй дакаастааһынын оҥоруохтаах. Ону өрөспүүбүлүкэ тырааныспарга министиэристибэтэ сүрүннүөҕэ. Онуоха ол үлэ чааһын хайдах олоххо киллэриэхтэрин туһунан тойон Стручков быһаара барбата.

2016 сылтан ыла күргэни тутуу үп-тэхиниичэскэй моделын Synohydro LTD Кытай корпорациятын самалык тэрилтэтэ – Power China дьарыктанар. Барыллаан суоттааһынынан, бырайыак 110 млрд солк. сыаналанар.

Маныаха, Алексей Стручков этэринэн, эспиэрдэр саҥа технологиялары туһаннахха, бырайыак сыаната 70-80 млрд солк. диэри түһүөн сөп эбит. Күргэ холбоһук буолуохтаах, ону икки түһүмэхтээн тутары былаанныыллар. Аан бастаан массыына туоруур күргэтэ тутуллуохтаах, онтон – тимир суол ааһар күргэтэ. Үбүлээһин судаарыстыба-чааһынай дьон кыттыһыытынан (ГЧП) уонна концессионнай сөбүлэҥ быһыытынан барара былааннанар.

“Бу федеральнай тутуу. Күргэ икки федеральнай массыына суолун холбуоҕа. Инньэ гынан, бырайыак федеральнай бүддьүөттэн үбүлэниэхтээх” , — диэтэ зампред.

Күргэ тутуутун бырйыагын икки күн устата Өлүөнэнэн уста сылдьан ырытыстылар. “Переход через Лену: пути решения” норуоттар икки ардыларынааҕы кэмпириэнсийэҕэ учуонайдар, күргэни тутааччылар, тутуу тэрилтэтин бэрэстэбиитэллэрэ, кытай уонна дьоппуон инвестордара кытыннылар. Федеральнай былаас өттүттэн Росжелдор сүрүн буҕаалтыра Маргарита Водянова уонна “Дороги России” ФКУ начаалынньыгын солбуйааччы Сергей Анисимов бааллар.

Бу иннинэ Өлүөнэни туоруур күргэни дьоппуоннар ылсан тутуохтарын баҕаралларын туһунан иһитиннэрбиппит.
 

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар