Киир

Киир

Балаҕан ыйыйгар буолаары турар Илиҥҥи экэниэмикэ форумугар (ВЭФ) Саха сирэ 150 млрд солк. үбү эрэйэр 30-ча бырайыагы билиһиннэриэҕэ. Бу туһунан экэниэмикэ миниистирин э.т. Майя Данилова иһитиннэрдэ.

Кини этэринэн, саамай бөдөҥ бырйыактарынан Өлүөнэни туоруур күргэни тутуу, баар ТОРдары кэҥэтии буолар. Маны таһынан, куорат Кангаласс түөлбэтигэр экология бөһүөлэгин итиэннэ ювелир-кырыылыыр кластеры тэрийии бырйыактарын билиһиннэриэхтэрэ. Илиҥҥи экэниэмикэ форумугар өрөспүүбүлүкэ быластара “Арктика” диэн Саха сирин хотугулуу-илиҥҥи өттүгэр минеральнай ресурсалары туһаҕа таһаарар ТОР бырайыагын билиһиннэриэхтэрэ. Хотун Данилова этэринэн, бу ТОРу тэрийии туһунан Уһук Илини сайыннарыы министиэристибэтигэр өссө сыл аҥарын инниттэн сайаапканы биэрбиттэр. Маны таһынан, форумҥа чох уонна ньиэп хостооһуннарыгар саҥа бырйыактары кэпсиэхтэрэ.

Форумҥа баараҕай бырайыактары тэҥэ, эрэгийиэн былаастара гостиница комплексын, социальнай эйгэҕэ тутуулары ыытарга, дьиикэй отонноох үүнээйилэри астыырга инвестордары көрдүөхтэрэ. Маны таһынан, сэлии муоһун атыылыыр электроннай былаһаакканы билиһиннэриэхтэрэ.

Санатар буоллахха, Владивостокка төрдүс төгүлүн ыытыллар Илиҥҥи экэниэмикэ форума балаҕан ыйын 11-13 күннэригэр буолуоҕа. Манна Кытай, Соҕуруу Кэриэйэ, Япония уо.д.а. дойдулар баһылыктара, салайааччылара кэлиэхтэрэ.

Сэҥээриилэр

Hwa
0 Hwa 22.11.2022 01:41
You should tell your doctor about all prescription, non-prescription, illegal, recreational, herbal, nutritional,
or dietary drugs you re taking while taking clozapine, especially those listed in the warning section or any of what is the dosage of dicyclomine 1g: https://album.spumantiallopera.it/bt/5lbe699ud4y following antihistamines benztropine cogentin cimetidine tagamet ciprofloxacin cipro dicyclomine bentyl epinephrine erythromycin e.
Ответить
Maryann
0 Maryann 22.03.2023 22:37
generating passive income as a senior healthcare professional
places to make extra money for doctors best investments
for doctors
online counseling jobs for extra income

Also visit my webpage: social media management jobs from home: https://bossladiesgastrobar.com/forums/users/elysegebhardt8/edit/?updated=true/users/elysegebhardt8/
Ответить

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар