Киир

Киир

Саха сиригэр 3 тыһ. киһини тэхиниичэскэй идэлэргэ үөрэттэриэхтэрэ уонна өрөспүүбүлүкэ бырамыысыланнай тэрилтэлэригэр үлэҕэ ылларыахтара. Бу туһунан парламент пленарнай мунньаҕар Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Михаил Осипов эттэ.

Маннык дьаһалы тыа сиригэр нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун быһаараары ылыммыттар. Михаил Осипов “гражданнары үөрэтии номнуо бара турар” диэтэ.

Үөрэнэн бүппүттэрин кэннэ, 3 тыһ. Саха сирин олохтооҕо өрөспүүбүлүкэ 5 бөдөҥ бырамыысыланнай тэрилтэлэригэр үлэлии барыаҕа.

Санатар буоллахха, “Олохтоох каадырдары – бырамыысыланнаска” бырайыак чэрчитинэн, кулун тутар 27 күнүгэр Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун судаарыстыбаннай кэмитиэтэ “Полюс Алдан”, “Якутуголь”, “Эльгауголь”, “Прогноз”, “Золото Селигдара” курдук хампаанньалардыын сөбүлэҥ түһэрсибитэ.