Ол курдук, хаһаайыстыбаннай тутууларга киирсэр теплица, баанньык, сарай, хотон, туалет уонна да атын хапытаалынайа суох тутуулар Росреестргэ тутууну бас билэр туһунан регистрацияламматах буоллахтарына, нолуок ааҕыллыбат.
Өскөтүн үөһээ этиллибит тутуулар регистрацияны ааспыт буоллахтарына, Нолуок кодексыгар олоҕуран, хаһаайыстыбаннай тутуу биир көруҥэ 50 квадратнай миэтэрэттэн улахана суох иэннээх буоллаҕына чэпчэтии көрүллэр.
Тутууну бас билэр киһи аатыгар хас да көрүҥ хаһаайыстыбаннай тутуу баар буоллаҕына, бас билээччи нолуоктан босхолонор туһуттан, кэлэр сыл ыам ыйын 1 күнүгэр диэри бэйэтэ талан ылбыт тутуутугар нолуок уорганыгар иһитиннэрии оҥоруохтаах. Бас билээччи ити кэмҥэ диэри биллэрбэтэҕинэ, нолуок хомуйар тэрилтэ биир көрүҥ хаһаайыстыбаннай тутууга улахан кээмэйинэн ааҕыллыбыт нолуокка чэпчэтиини олохтуур.
Олохтоох бэйэни салайыныы уорганнара чэпчэтии көрүҥнэрин элбэтэн, кэҥэтэн ылар бырааптаахтар (холобур, бас билээччи хас да көрүҥ хаһаайыстыбаннай тутууларыгар эбэтэр биир көрүҥ хаһаайыстабаннай тутуу 50 кв. миэтэрэ иэнтэн улахан буолар тугэнигэр чэпчэтиилэри олохтуохтарын сөп).
Сокуонунан ылыныллыбыт нолуокка чэпчэтиилэри кытта эһиги www.nalog.ru ФНС саайтыгар «Справочная информация о ставках и льготах по имущественным налогам» электроннай өҥө нөҥүө сиһилии билсиэххитин сөп.
Нолуок хомуйар Федеральнай сулууспатын Саха сиринээҕи салалтатын пресс-сулууспата