Мэҥэ Хаҥалас улууһун Павловскай сэлиэнньэтигэр саҥа өрүс суудуналарын тиксэр сирин тутуохтара. Эбийиэги инвестиционнай сөбүлэҥ чэрчитинэн тутуохтара. Онуоха туһааннаах сөбүлэҥи атырдьах ыйын 24 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас, Аллараа Бэстээх, Нөөрүктээйи нэһилиэгин дьаһалталара уонна "Старвей" хампаанньа бөлөҕө түһэрсибиттэр.
Павловскайга саҥа причалы тутуу Өлүөнэ бассейныгар тырааныспар инфраструктуратын өйүүргэ уонна таһаҕас тиэйиитэ харгыһа суохтук барарын хааччыйыаҕа. Бу саҥа причалы тутуу Аллараа Бэстээх 2032 сылга дылы тырааныспар-логистика сайдыытын тосхолугар киирэн турар.