Киир

Киир

“Ааспыт сыл түмүгүнэн АЛРОСА 70 млрд солк. тахса ыраас барыһы ылбыта. Онтон аҥаара – 38,6 млрд солк. аахсыйалаахтарынан барар дивиденд буолар. Инньэ гынан, ити 38,6 млрд солк. өрөспүүбүлүкэҕэ 9,6 млрд солк. киирэр. Ити суумаҕа биһиги оросчуоттаммыппыт”, – диэн Ил Дархан “Якутия 24” ханаалга иһитиннэрэр.

Егор Борисов АЛРОСА 1/3 аахсыйата РФ (судаарыстыбаннай баайы-дуолу салайар федеральнай Ааҕыныстыба), ¼ аахсыйа (25 %) – Саха сиригэр, 8 % - алмаастаах түөлбэ улуустарыгар, оттон 33 %-тан тахса юридическай уонна физическэй сирэйдэр бас билиилэригэр баалларын санатта. Кини ааспыт сыл хампаанньа алмааһы хостооһуҥҥа (39,6 мөл. караат) рекорд олохтообутун тоһоҕолоото. Инньэ гынан, хампаанньа алмаас атыытын улаатыннарбыт.

АЛРОСА Кэтээн көрөр Сэбиэтэ дивиденнэргэ ааспыт сылга аахсыйа иһин 5,24 солк. төлүүргэ сүбэлээбит. Маны таһынан, Ил Дархан этэринэн, Кэтээн көрөр Сэбиэт мунньаҕар алмааһы кырыылыыр бырамыысыланнас сайдыытын дьүүллэспит. Кэнники сылларга нолуок сокуонуттан эҥин сылтаан, алмааһы кырыылыыр бырамыысыланнас Арассыыйаҕа чэпчэкитэ суох кэмнэри ааһар. Смоленскай уобаласка баар дойду биир сүрүн кырыылыыр тэрилтэтин – “Кристалл” АУону АЛРОСА атыылаһан ыларыгар Кэтээн көрөр Сэбиэт көҥүл биэрбит. Маны таһынан мунньахха хампаанньа аахсыйалаахтарын сыллааҕы мунньахтара бу сыл бэс ыйын 26 күнүгэр буолар диэн быһаарбыттар.

egorborisov.ru