“Бүлүү” федеральнай суола бадараантан босхолонон, сирэ кууран, Үөһээ Бүлүүгэ суол өрөмүөнүн үлэтэ күргүөмнээхтик саҕаланна.
Нам сэлиэнньэтиттэн Ороһуга диэри “Бүлүү” аартыгын аспааллааһыны саҕалаатылар. Ыам ыйын 20 күнүттэн Бүлүү суолун 641-с км саҕалаан 635 км диэри, ол аата Нам сэлиэнньэтин аттыттан Ороһуга диэри суол аспаалланыахтаах. Ол кэннэ, салгыы Харбалаах аттыттан (623 -с км) Тамалакааҥҥа (628-с км) диэри аспааллыахтара. Былаан быһыытынан сайын устата үлэ түмүктэниэхтээх.