Киир

Киир

Төһө да үп кириисиһэ ааҥнаатар, кэнники сылларга Саха сирин экэниэмикэтэ үрдүү турар. Бу туһунан бүгүн Егор Борисов парламент иннигэр үлэтин отчуоттууругар эттэ.

“Төһө да ыарахаттар баалларын үрдүнэн, Саха сирин экэниэмикэтэ кэнники сылларга улаата турар. Эрэгийиэннээҕи баалабай бородуукта (ВПР) киһи ахсааныгар 1 мөл. солк. тиийэн эрэр уонна өрөспүүбүлүкэ үгэс курдук бу көрдөрүүтүнэн уон бастыҥ эрэгийиэн ахсааныгар киирсэр”, - диир Егор Борисов.
Ил Дархан тоһоҕолообутунан, Саха сирин экэниэмикэтин сүрүн хамсатааччытынан хостуур бырамыысыланнас буолар. Хостуур хампаанньалар өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн 60 % хааччыйаллар. Нолуоктан киирии дохуотун Саха сирэ 5 бөдөҥ хампаанньаттан ылар.

Аан дойдуга буола турар быһыыттан-майгыттан өрөспүүбүлүкэ ааспыт сылга 10 млрд солк. тахса нолуок барыһыттан үбү ситэ ылбатах.

Егор Борисов бэлиэтииринэн, Саха сирэ “федеральнай үптэн олус элбэх харчыны ылар”, тоҕо диэтэххэ “дойду саамай улахан эрэгийиэнин быһыытынан, өрөспүүбүлүкэ киинтэн көрдүүр үбүн сатабыллаахтык туһанар, баар федеральнай бырагыраамалар Саха сирин үрдүнэн барытыгар үлэлиэхтээхтэр”.

Санааҕын суруй