Киир

Киир

Петербурдааҕы норуоттар икки ардыларынааҕы экэниэмкэ форумугар (ПМЭФ) Егор Борисов интервью кэмигэр Саха сиригэр халаантан тахсыбыт хоромньу 1 млрд. солк. куоһарыан сөп диэн иһитиннэрдэ. Санатар буоллахха, сааскы халааҥҥа 11 улууска 37 нэһилиэк эмсэҕэлээбитэ.

“Быйыл сааскы халаан бастакы долгунугар 1,2 тыһ. олорор дьиэ ууга барда. 4 тыһ. тахса киһи дьиэтигэр уу киирдэ. Хоромньу миллиард солкуобайтан тахсар диэн сылыктыыбыт. Сэрэдэ күн номнуо 960 мөл. солк. буолбута. Ити өссө сорох нэһилиэктэри аахпакка туран”, - диэтэ Борисов.

Ил Дархан этэринэн, массыына суолугар 600 мөл. солк. тахса хоромньу тахсыбыт. Халаан содулун туоратыыга Саха сирин бүддьүөтүттэн эбии үп ыытыллыа. Маны таһынан, федеральнай көмө көрүллэригэр Ил Дархан эрэнэрин эттэ.

Санааҕын суруй