Киир

Киир

Бүлүүлүүр айан суолун 47 км (Дьокуускайтан) “Кэнкэмэ” диэн саҥа турбаза баар буолбут. Кэнкэмэ муостатын аттыгар, иһирдьэ баар. Саха эдэр уолаттара, бырааттыылар саҥардыы маннык бырайыак толкуйдаан, бу тохсунньуттан арыллыбыттар. Куоракка туман эбит буоллаҕына, Кэнкэмэҕэ күн да тыгар, ый да көстөр. Халлааммыт күөх этэ дуу диэн астына көрдүбүт. Кыһыҥҥы айылҕа барахсан иһийэн турар кэмигэр, сибиэһэй салгыҥҥа тахсан сынньанар, дэлэлээх үчүгэй буолуо дуо?! Астыык... Киһи чэбдигирэр сирэ эбит. Хаамар дьоҥҥо өссө үчүгэй.

57f6c0b1 a421 4179 8f82 0384bf46f3d4

Дьэ, хаһаайыттары кытары кэпсэтэн тиийиэхтээх сирбитигэр тиийдибит. үс балаакка дьиэ баар эбит. Соһуйумаҥ, тымныы балаакка буолбатах. Таһа эрэ балаакка курдук да, иһэ дьиэ дьиэнэн. Атахха турар буолан сылаас, иһирдэ кирпииччэ камин курдук оһохтоох. Миэбэлэ барыта баар. Биһиги түөрт миэстэлээххэ түспүппүт. Иһитэ-хомуоһа, утуйар таҥаһа барыта баар. Бэл, остуол оонньуулара бааллар, киинэ да көрүөххэ сөп. Бэйэҥ аскын-үөлгүн илдьэ бараҕын.

3a58fae6 f204 4dd2 9aab e586c716fe53

2f8c7414 ecff 4a68 8f05 777074b12f06

Саас, сайын сынньанарга оһуобай буолсу. Кэнкэмэ үрдүгэр турар буолан, сайын айылҕата оһуобай буолсу. Мас арааһа үүнэр эбит, бэс, тиит, харыйа, хатыҥ уонна талахтар. Ойуур быыһа бүтүннүү кумаар,үөн буолуо диибит. Ону, хаһаайыттар: “Соһуйуоххут иһин, олох үөнэ-көйүүрэ суох”, -- диэн соһуттулар. Чахчы оннук буолуо дуо?!

6c20159b 096b 4029 aed3 d82703b66069

Саҥардыы арыллыбыт буоланнар, ситэтэ суох. Саас, сайын уолаттар булгу ситэрэллэрэ буолуо. Саха балаҕанын, хоббиттар дьиэлэрин, баанньык, оҕо былаһааккатын тутуохпут дииллэр. Өссө бассейн оҥоруохпут дииллэр. Саас сырылыыр, хатыыскалыыр сыырдар, бананнаах бураннар сүүрүөхтээхтэр үһү. Чэ, уопсайынан,  уолаттар былааннара киэҥ. 

b4816f40 d96d 4fc6 91b4 33bb5d35cf91

9c554b9a a2cf 4862 ab7b 07c8cdc00705

Киһи кэмсиммэт сирэ. Кыһын тымныыга уурбут-туппут курдук тупсаҕай, сылаас дьиэҕэ киһи дьиэ кэргэнинэн, хампаанньанан баран сынньаныан сөп. Дьыл атын кэмнэригэр өссө үчүгэй буолуохтаах. Кыһын кыстыыр чыычаахтар барахсаттар, бэлиэр, кэлэн аһыырга үөрэммиттэр. Хайдах эрэ барыта, кыһыҥҥы айылҕата, турар сирэ, кыракый дьиэлэрэ, бэл, чыычаахтара – остуоруйа дойдутун санаталлар. Сыаната да удамыр курдук. Чэ, тиийдэххитинэ, бэйэҕит илэ билиэххит, көрүөххүт.

14ff425c 94a4 4a3a bbdb f28452e2b58c

5b29c55d 5266 4231 8e07 610586773055

bbad3782 1491 47f3 bb27 a1e5f4c1ec1c

e398e9d8 5293 4715 8131 c0954aaf8079

Туйаара СИККИЭР.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар