Халлаан сылыйан саас кэлэн иһэрэ биллэр. Таһырдьа таҕыстахха күн уотуттан харах саатар, киһи таһырдьа эрэ сылдьыах күннэрэ үүннүлэр. Онон да буолуо, төһө да өрөбүл күннэр турдаллар, субуота күн Дьокуускай куорат Бааһынай ырыынагар “Гуляй Масленица” дьаарбаҥка буоларын истэммин аа-дьуо ол диэки орох тэбэбин.
Ырыынак иһигэр киирээккин кытта балык арааһа кыстаммыт, эрээттэрин аттынан ааһан иһэн харах халтарыйар балыга “саас кэлэн салгыҥҥа ылларарбыт чугаһаата, ылан амсай даа-аа” диэбиттии кыстанан тураахтыыллар. Биллэн турар, сыаналара абытайа бэрт буолан, хапсыгыр хармааннаах киһи чугаһыы да соруммат. Хайыамый, силбин быһа ыйыстан баран салгыы ырыа-тойук иһиллэр сирин диэки ааһа турабын.
“Три мистерия” эдэр ыччат тыйаатырын ыытааччылара Андрей Адамов уонна Екатерина Бутырина көрү-нары көҕүлүттэн туппуттара ырааппыт. Мустубут оҕо-уруу, дьон-сэргэ ортотугар араас бириистээх оонньууну ыыта сылдьаллар. Манна 28 бириис оонньонно. Бириистэр барыта оҥорон таһаарааччылар бородууксуйалара буолан бэрт сэргэхтик ыытылынна. Ол курдук, балык арааһа, Нерюнгри кууруссата, эриллибит ынах, сибиинньэ этэ, о.д.а.
Тэрээһин быыһыгар минньигэс бэйэлээх блинынан тото-хана сиэххэр диэри күндүлээтилэр. Шашлык ыһаарылла турар сыта-сымара, уота-күөһэ киһини сааскылыы туймаардар.
Бу күн “Ньидьили” ХЭУо Кэбээйи улууһа, “Амма” СХПК, “Амма” промкомбинат, “Сахаагропродукт”, Аллараа Бэстээх эти атыылыыр дьиэтэ уонна Нерюнгри птицефабриката бэйэлэрин оҥорон таһаарбыт бородууксуйаларын атыыга хамаҕатык тартылар.
Саргылаана БАГЫНАНОВА.