Истиҥ эҕэрдэ
Үбүлүөйгүнэн эҕэрдэ!
- Подробности
- 9356
Уйулҕаһыт, норуот эмчитэ, “Сандаар” уопсастыбаннай түмсүү салайааччыта, Дьокуускай куорат олохтооҕо, биһиги эрэдээксийэбит чугас киһитэ, ытыктабыллаах Юлия Юрьевна НИКОЛАЕВА бүгүн, бэс ыйын 10 күнүгэр, 65 сааһын томточчу туолла. "Кыым" хаһыат аатыттан эйигин итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит!
Юлия Юрьевна, уйулҕаһыт идэлээх да буолан буолуо, киһи ис туругун, санаатын-оноотун билэр, сэрэйэр ураты дьоҕурдааҕын билэбит. Кини ылыннарыылаах тыла, сүбэтэ-амата хайа да бэйэлээх санаата түһэ, ыалдьа сылдьар киһини олоххо төнүннэрэр, бэттэх аҕалар. Аҕыйах сыллааҕыта биһиэхэ кэлэн “идэтинэн” үлэлээбитэ, баҕалаахтары көрбүтэ-истибитэ. Онно тустаахтарга эппит битэ-билгэтэ үксэ кэриэтэ туолбутун, билигин уос номоҕо оҥостон сөҕөн кэпсииллэр, “чахчы да айылҕаттан баардааҕын” бэлиэтииллэр.
Күндү Юлия Юрьевна! Өссө да өр сылларга чэгиэн-чэбдик сырыт, муударай өйгүн-санааҕын бар дьоҥҥор тиэрдэ тур! Дьиэ кэргэниҥ дьоллоох-соргулаах буоллун диэн, баҕа санаа бастыҥын тиэрдэбит.