Истиҥ эҕэрдэ
Үйэлээх үбүлүөйгүнэн эҕэрдэ бастыҥа буоллун!
- Подробности
- 2946
Сүдү ытык киһибит, таптыыр күндү саҥаспыт, норуот үөрэҕириитин туйгуна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕирии систиэмэтин бочуоттаах бэтэрээнэ, "Үлэҕэ килбиэнин иһин", "Аҕа дойду сэриитин кэмигэр килбиэннээх үлэтин иһин", "Сэбиэскэй Сойуус Маршала Жуков" аатынан, "Ийэ буолуу" 1 уонна 2 истиэпэннээх мэтээллэринэн наҕараадаламмыт Хатас нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо
Дегтярёва Екатерина Николаевнаны
бу Орто дойдуга биир үйэ олорбуккун бэлиэтиир кэрэ-бэлиэ күҥҥүнэн, Уус Алдан Бээрийэ нэһилиэгин Уус Алааһын халыҥ удьуордара, сүгүрүйэн туран, ис сүрэхтэн эҕэрдэлиибит. Эн ыалдьытымсах, аламай дьиэҥ сылааһа биһиги аймах элбэх ыччатыгар үөрэнэр, сайдар кэмигэр эрэллээх кытыл буолан абыраабыта, эйэҕэс сыһыаныҥ, минньигэс, тотоойу аһыҥ күүс-уох биэрэрэ, ыллыктаах тылыҥ-өһүҥ үрдүккэ кынаттыра. Биһиги барыбыт баараҕай махталбыт сылааһа Эйиэхэ уон оччонон эргийэн, күүс-көмө буоллун, өссө да биһиэхэ чөл өйгүнэн, мааны майгыгынан, үтүө санааҕынан холобур буола тур!
Уус Алааһын ыччаттара.