Киир

Киир

Истиҥ эҕэрдэ

95 сааскын томточчу туолбуккунан!

 

Күндү убай курдук саныыр кылааһынньыкпыт, сэрии кыттыылааҕа, сэбиэскэй-бартыыйнай үлэ бэтэрээнэ, СӨ бочуоттаах гражданина, Сунтаар улууһун бочуоттаах олохтооҕо, Дьокуускай куоракка олорор

Петр Константинович Яковлевы

95 сааскын туоларгынан киэн тутта, кэрэ-бэлиэ үбүлүөйгүнэн ис сүрэхпититтэн эҕэрдэлиибит! Сэрии саҕана аармыйаҕа ыҥырыллан, 6 сыл сулууспа кэнниттэн дойдугар кэлэҥҥин, 1950 сылтан Сунтаар орто оскуолатыгар үөрэниэхпититтэн күн бүгүнүгэр диэри биһиэхэ истиҥ доҕор, аҕа табаарыс быһыытынан сылдьаҕын. 1952 с. онус кылааһы 96 буолан бүтэрбиппит. Аан маҥнай оскуола устуоруйатыгар биһиги выпуск оҕолоро Петр Яковлев уонна Федор Попов этиилэринэн учууталларбытыгар махтанан баҥкыат оҥорбуппут. Бары кэриэтэ тута үрдүк үөрэххэ туттарса диэн ким Дьокуускайга, ким Омскайга, Москубаҕа, Ленинградка уо.д.а. куораттарга барбыппыт. Ленинградка үөрэнэр Сунтаар 20-чэ оҕолорун түмсүүтүн Эн, Петр Яковлев, салайбытыҥ. А.И. Герцен аатынан пединституту үс сыл үөрэнэн бүтэрбитиҥ. Дойдугар Сунтаарга кэлэн, бастаан учууталынан, дириэктэринэн, Сунтаардааҕы РОНО сэбиэдиссэйинэн анаммытыҥ. Кэлин баартыйа Сунтаардааҕы райкомугар 20 сыл устата үлэлээбитиҥ. Биһиги, этэҥҥэ 4-6 сыл үөрэнэн, эдэр исписэлиис буолан, төрөөбүт Сахабыт сиригэр кэлэн, ким куоракка, үгүспүт оройуоннарга үлэлии тарҕаспыппыт. 1974 сылтан Дьокуускайга үлэҕэ ананан, утуу-субуу уонча буоламмыт көһүтэлээн кэлбиппит. Онтон дьэ кылааһынньыктар түмсэр буолбуппут. Биэс сыл буола-буола оскуоланы бүтэрбит сылбытын бэлиэтиир үгэстэммиппит. 2017 с. 65 сылбытын аҕыйах буолан бэлиэтээбиппит. Ону таһынан бэйэбит үбүлүөйдэрбитин бары түмсэн атаарар этибит. Итиннэ барытыгар, убайбыт Петр Константинович, көҕүлээччи, тэрийээччи буоларыҥ. Аны туран, бэйэбит түмсүүбүтүгэр кэргэттэрбитин (кийииттэри, күтүөттэри) холбоон син элбээбиппит. Ити түмүгэр ыалынан сылдьыы саҕаламмыта, иллээх дьиэ кэргэн курдук олорбуппут. Кэлиҥҥинэн биһиги кэккэбититтэн доҕотторбут олохтон туорааннар, билигин аҕыйахпыт. Убайбыт Петр, эдэр сааскар ыарахан олоҕу олорон ааспытыҥ. Бэйэҥ дьулуургунан үөрэнэн, ситиһиилээхтик үлэлээн-хамсаан, дьиэ-уот тэринэн олоҕуҥ тупсубута. Ирина кыыһы көрсөн, түөрт оҕоҕо күн сирин көрдөрөн, дьоллоох ыал буолар дьолун билэн, 56 сыл бэйэ-бэйэҕитин өйөһөн, тапталынан угуттанан олорон кэлбиккит, оҕолоргутун үөрэттэрэн, ыал оҥортоон, билигин 9 сиэннээххит, 7 хос сиэннээххит. Ханна да үлэлээбитиҥ иһин, таһаарыылаах үлэҥ сыаналанан, салалта өттүттэн хас да уордьанынан наҕараадаламмытыҥ, элбэх мэтээллээххин, үгүс хайҕал суруктааххын. Биһиги эйигинэн киэн туттабыт. Тапталлаах оҕо сааспыт доҕоро Эн, Петр Константинович, билиҥҥи туруккун ыһыктыбакка, оҕолоруҥ, сиэннэриҥ тапталларыгар уйдаран, өссө да өр сылларга этэҥҥэ сылдьаргар ис сүрэхтэн баҕарабыт уонна алгыыбыт!

 

Эҕэрдэни кытта: Гуринова А.Д., Ефимова З.П., Китаева М.Н., Посельская М.И., күтүөт Борисов Н.Е.

09.07.2020 16:37

Истиҥ эҕэрдэ

  • Үбүлүөйгүнэн эҕэрдэ!

    Уйулҕаһыт, норуот эмчитэ, “Сандаар” уопсастыбаннай түмсүү салайааччыта, Дьокуускай куорат олохтооҕо, биһиги эрэдээксийэбит чугас киһитэ, ытыктабыллаах Юлия Юрьевна НИКОЛАЕВА бүгүн, бэс ыйын 10 күнүгэр, 65 сааһын томточчу туолла. "Кыым" хаһыат аатыттан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит!
  • Үбүлүөйгүнэн эҕэрдэ!

    СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын дьокутаата, “Ил Түмэн” бэчээт кыһатын генеральнай дириэктэрэ - сүрүн эрэдээктэрэ Мария Николаевна Христофорова үбүлүөйдээх сааһын бэлиэтиир.
  • 70 сааскынан истиҥ эҕэрдэ!

    Күндү кэллиэгэбитин, ытыктыыр доҕорбутун Владимир Николаевич Федоровы 70 сааскын томточчу туолбуккунан ис сүрэхпититтэн эҕэрдэлиибит!
    Эҕэрдэни кытары "Ситим" медиа бөлөх, "Кыым", "Күрүлгэн эрэдээксийэлэрэ"
  • Истиҥ эҕэрдэбитин этэбит

    Ытыктыыр киһибитин Анатолий Никитич Осиповы 80 сааскынан сүһүөхтээх бэйэбит сүгүрүйэн туран эҕэрдэлиибит!
    Эҕэрдэни кытары кытары оҕолоруҥ, кийииттэриҥ, күтүөтүҥ, сиэннэриҥ, хос сиэниҥ, аймахтарыҥ, чугас дьонуҥ!

Бүтэһик сонуннар