Истиҥ эҕэрдэ
Үбүлүөйгүнэн!
- Подробности
- 11260
Бүлүү улууһун Илбэҥэтигэр олорор амарах аҕабыт, эйэҕэс эһэбит, хос эһэбит
Дьячковскай Василий Степанович
үбүлүөйдээх 80 сааскын туолбут кэрэ-бэлиэ күҥҥүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит!
Аҕаҥ уоттаах сэриигэ былдьанан, эрдэ тулаайах хаалаҥҥын, сэрии, сут-кураан сылларыгар аас-туор, аччык олоҕу билбитиҥ, кыра сааскыттан араас үлэҕэ эриллибитиҥ.
Төрөөбүт дойдуҥ Кириэс Халдьаайы Ударнигар Дьоруой Федор Охлопков аатынан сопхуоска биир бастакы тырахтарыыһынан үлэҕин саҕалаан Дьокуускай нефтебазатын Илбэҥэтээҕи сапыраапкалыыр ыстаансыйатын ситиһиилээхтик салайан, салалта хайҕалын элбэхтэ ылан, Баппаҕаайы нэһилиэгин уопсастыбаннай үлэтигэр көхтөөхтүк кыттан «Бүлүү улууһун сайдыытыгар кылаатын иһин», «Үлэ бэтэрээнэ» бочуотунай бэлиэлэрин ылбыккынан, тыраассаҕа массыыналара алдьаммыт суоппардарга күүс-көмө буолан, дьон-сэргэ махталын ылбыккынан киэн туттабыт!
Күндү киһибит, барыбытыгар күүс-көмө, өйөбүл буоларыҥ иһин махтанабыт, кырдьыыга кыайтарбакка, чэгиэн, бигэ туруктаах өссө да уһуннук олороргор баҕарабыт!
Илбэҥэттэн, Дьокуускайтан кэргэниҥ Тамара Алексеевна, уолаттарыҥ Алексей, Степан, кыргыттарыҥ Айта, Таня дьиэ кэргэннэрэ, сиэннэриҥ, хос сиэннэриҥ.