Көмүстээх Алдан куорат “Сэвэки” култуура-этнография комплексыгар, от ыйын 1 күнүгэр 12-с төгүлүн ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо Ыһыаҕа үөрүүлээх быһыыга-майгыга түмүктэннэ.
Ыһыах сабыллыытын саҕаланыытыгар Андрей Борисов туруоруутугар, Былатыан Ойуунускай “Туналҕаннаах ньуурдаах Туйаарыма Куо” драматическай поэматынан олоҥхону Олоҥхо тыйаатыра көрдөрдө.
Олоҥхо Ыһыаҕын баай бырагырааматыгар араас тэрээһиннэр ыытылыннылар: спорт күрэхтэһиилэрэ, олоҥхону толоруу, төрүт таҥас күрэҕэ, чабырҕах, оһуокай күрэхтэрэ уо.д.а.
Быйылгы Олоҥхо Ыһыаҕын уратытынан, аан бастаан нуучча былинатын, эбээн нимканын уонна эбэҥки нимгаканын толоруу буолла.
Олоҥхо тыйаатырын төрүттээччи, СӨ судаарыстыбаннай сүбэһитэ Андрей Борисов ыһыах сабыллыытыгар Олоҥхо Ассоциациятын аатыттан “Ытык Чыыбыстаан” үрүҥ көмүс бочуот бэлиэтин нимнкааны толорооччу Анфиса Авиловаҕа уонна нимгаканы толорооччу Дарья Осенинаҕа туттарда.
Алдан улууһун баһылыга Северин Поздняков “маннык бөдөҥ тэрээһин биһиги улууспутугар өссө ыытылла илигэ. Бу икки күн анаабыт курдук бэрт истиҥник уонна көрүөх бэтэрээ өттүнэн ааһан хаалла. Биһиги аламаҕай дьонноох, ыалдьытымсах улууспутугар ыалдьыттаабыт дьон астына-дуоһуйа сынньаммыттара буолуо диэн эрэнэбит. Кинилэр дойдуларыгар тиийэн улууспут туһунан кэрэ кэпсээн оҥостуохтара диэн баҕа санаалаахпын” диэтэ. Кини бу улахан тэрээһини тэрийсибит дьоҥҥо. Ыалдьыттарга барҕа махталын биллэрдэ уонна Саха сирин норуоттарын фольклордарын өрөспүүбүлүкэтээҕи көрүү күрэҕин Гран-при хаһаайыннарыгар – Дьокуускай куорат эбээннэрин Ассоциациятын айар бөлөҕөр (сал. Анастасия Куличкина) Кылаан бирииһи туттарда.
“Нуучча былината” күрэх кыайыылааҕынан Алдан куорат “Образ” норуодунай тыйаатырыттан Елена Воронкина ааттанна.
Ил Түмэн спикерэ Александр Жирков оһуокай күрэҕин бастыҥнарыгар наҕараадалары туттарда.
Оҕолорго оһуокай күрэҕэр кыайыылаахтарынан ааттаннылар: Күндээдэ оскуолатын 11-с кылааһын үөрэнээччитэ Алена Ипатьева (Ньурба улууһа, сал. Альбина Платонова), Лөгөй оскуолатын 8-с кыл. үөрэнээччитэ Диана Петухова (Уус Алдан улууһа, сал. Зинаида Лугинова), Тааһаҕар оскуолатын 11-с кыл. үөрэнээччитэ Алексей Шамаев (Бүлүү улууһа, сал. Маргарита Винокурова).
Ыччаттарга “Оһуокай бастыҥ толорооччута” Кылаан бирииһи Сунтаар улууһуттан Марина Хомподоева ылла. Саастаахтарга – Афанасий Алексеев (Дьокуускай) буолла.
Ил Дархан эбээһинэһин быстах кэмҥэ толорооччу Айсен Николаев бастыҥ олоҥхоһуттарга наҕараадалары туттартаата. Оҕолорго кыайыылаахтарынан Чакыр оскуолатын 11-с кылааһын үөрэнээччитэ Анна Макарова (сал. Татьяна Агапова, Чурапчы улууһа), Сылаҥ оскуолатын 11-с кыл. үөрэнээччитэ Мария Сивцева (сал. Лидия Сивцева, Чурапчы улууһа), Лөгөй оскуолатын 8-с кыл. үөрэнээччитэ Диана Петухова (сал. Зинаида Лугинова, Уус Алдан улууһа).
Ыччаттарга “Бастыҥ олоҥхоһут” аатын Мэҥэ Хаҥаластан Аксинья Степанова ааттанна. Сүрүн бирииһи – “Лада Гранта” массыынаны олоҥхоһуттар күрэхтэрин кыайыылааҕа Чурапчы улууһуттан Николай Григорьев ылла.
Ыһыах үөрүүлээх сабыллыытын түмүгэр Олоҥхо Ыһыаҕын Ытык бэлиэтин Нам улууһугар туттардылар.