Дьоллоох Дьокуускай куораппытыгар саха улуу бэйиэтэ Алампа Софронов аатынан уулуссаҕа турар “Тээйэ” диэн ытык сир-дойду аатын кытта ситимнээх кафеҕа Тээйэ Катя-Екатерина Борисова "поэтическай киэһэни тэрийэбин, кэлэн ыалдьыттаа" диэбитигэр үөрэ-көтө сөбүлэспитим.
Ити курдук, ыам ыйын 5 күнүгэр, айар тыл аҕата Алампа аатынан уулуссаҕа поэзия дьоро киэһэлэрэ ыытыллар айыы ситимэ олохсуйар олоҥхо эйгэтэ оҥоһулуннун диэн, дьэ, өрө көтөҕүллэн туран, айар куттаахтар мустан хотоҕостуу субуллар хоһооннорбутун аахтыбыт, ырыа-тойук да дьиэрэйдэ, сайдам иэйии саҕылынна, сыккыс санаа тыргылынна.
Бу иннинэ, олунньу ый бүтүүтэ, “тээйэлэр” литератураҕа саҥа аат быһыытынан сонуннук киирбит Анатолий Софронов- Онтуон кинигэтин сүрэхтэниитин ыыппыттар. Онтон кыым саҕаннар, поэтическай киэһэлэри ыытар баҕа санааларын олоххо киллэрэргэ дьулуспуттар.
“Айар кут: көҥүл иэйии” түмсүү бу сыллар устата, чахчы да, айар куттаах дьону бэйэлэрин тула түмэннэр, түмсүүлэрин иһинэн “Кырсаада” ансамблы тэрийэннэр, бу поэтическай киэһэ уотун-күөһүн сүрүн саҕааччыларынан буоллулар. Амма түмсүүтэ, тутуспутунан кэлэн, тускуллаах тусаһаны олохтостулар. Айар куттаах доҕотторум Маргарита Иванова-Дайар Суһум, Саргылаана Харитонова, Афанасий Гуринов-Арчылан, Тамара Егорова-Талбаана, Константин Петров, Иван, Сардаана Дьячковскайдар-Кыталыктар, Любовь Горохова-Сүүмэх, Акулина Белолюбская-Дойдууна, Антонина Христофорова уонна да атыттар бу поэтическай киэһэ кэрэхсэбиллээх ыалдьыттара буоллулар. “Тээйэҕэ” поэзия дьоро киэһэтэ табылынна!
Саха омук — айыы куттаах, айар куттаах.
Саха омук — Саха сирэ диэн киҥкиниир киэҥ эйгэлээх сомоҕолоспут тутуллаах.
Субу “Тээйэҕэ” ыытыллыбыт курдук хомуһуннаах хоһоон киэһэлэрэ, айар куттаахтарбыт ырыалара-тойуктара иһиллэр истиҥ эйгэлэрэ үөскүү-тэнийэ турдуннар. Саха хоһооно сайыннын, саха ырыата дьиэрэйдин! Туску!
Саргылаана ГОЛЬДЕРОВА-Саргы КУО.