Киир

Киир

Муус устар 1 күнүгэр киэһэ 17.00 чаастан Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр аныгы саха эстрадатын сайдыытыгар сүҥкэн суолталаах ырыа айааччы, ырыаһыт, продюсер, киинэ режиссёра Николай Донской өр кэмнээх тохтобул кэннэ  "Лихие 90-е" кэнсиэри тэрийэр. 

Дьокуускай куорат олохтоохторун уонна ыалдьыттарын кэнсиэргэ кэлэн, уларыта тутуу кэмигэр ааспыт эдэр сааскытын санаан, көҥүл санаа долгунугар оҕустаран тыыллан-хабыллан тахсыбыт талааннары, айыллыбыт ырыалары ахтан, астына-дуоһуйа сынньанан бараргытыгар ыҥыраллар.

Санатар буоллахха, Николай Донской 2019 c. инсуллаан дьиэтигэр олорон "Кыым" хаһыат суруналыыһыгар "Cанаабын түһэрбэппин, тапталлаах сыанабар холоруктуу эргичийэн, күөрчэхтии ытыллан тахсыам диэн хайдах эрэ эрэнэ саныыбын", - диэн эппитэ баар. Ол туолан эрэриттэн биһиги олус үөрэбит. Матырыйаалы бу сигэнэн киирэн ааҕыаххытын сөп: https://kyym.ru/sonunnar/kultura/9055-nikolaj-donskoj-taptallaakh-syanabar-kholoruktuu-ergichijen-k-rchekhtii-ytyllan-takhsyam

Билиэттэр буолар сиригэр атыыланаллар. Билсэр төл.: 328-296, 702-867

 

Санааҕын суруй