Киир

Киир

«Анаабыр алмаастара» – алмаас хостуур салааҕа биир бастыҥ, инники күөҥҥэ сылдьар хампаанньа. Ону таһынан Саха сирин бөдөҥ бырамыысыланнай тэрилтэлэриттэн уонна АЛРОСА  тэрилтэлэрин бөлөҕүттэн биир бөдөҥнөрө буолар.  Хампаанньа үйэ чиэппэрин усталаах туоратыгар ситиһиилээхтик үлэлииригэр үрдүк таһымнаах, талан ылбыт үлэлэригэр бэриниилээх,  идэтийиилээх, туруу үлэһит дьон үтүө суобастаах үлэлэрэ быһаарар оруоллаах. Хас күн аайы баахтаҕа сыралаһар дьон тыйыс усулуобуйалаах Уһук Хоту дойдуга даҕаны алмаас хостуур кыах баарын күннэтэ ырылхайдык туоһулуулар. Үбүлүөйдээх бэлиэ күнүгэр сыһыаран, алмаас хампаанньата бары үлэһиттэрин дириҥник махтанан туран, кинилэргэ анаан-минээн үс учаастакка сахалыы сиэринэн ыһыах ыста: Эбэлээх Хаастаахха, Талахтаахха уонна Молуодаҕа. Самаан сайыны айхаллыыр үбүлүөйдээх тэрээһиҥҥэ икки тыһыынчаҕа чугаһыыр баахта үлэһитэ сылдьан, астынан, үөрэн-көтөн тарҕаста.  

Төрүт бырааһынньык тыына илэ бааччы билиннэ

Хампаанньа үлэһиттэрин бүтүн 98 % -на – Саха сирин олохтоохторо. Онон өбүгэ саҕаттан силис тардар ыһыах кинилэргэ биир тутаах, күүтүүлээх бырааһынньыктара да диэтэххэ, сыыспаккын. Тэрийээччилэр ыһыах толору киэбинэн барарыгар улахан кыһамньыларын уурдулар. Тас көстүүттэн, киэргэтииттэн саҕалаан, ыһыах ыһыллар сирин олоччу сахалыы истииллээтилэр. Тэрээһин, үгэс курдук, алгыс сиэриттэн-туомуттан саҕаланна. Анаан бэлэмнэммит сыанаҕа национальнай ансаамбыллар, эстрада биллэр-көстөр ылбаҕай ырыалаах ырыаһыттара бииртэн биир тахсан истилэр.

Эр дьоҥҥо успуорт сахалыы көрүҥнэригэр күрэхтэр тэриллэн, «Анааабыр алмаастарын» үрдүнэн ким кыахтааҕа, сымсата, муҥутуур күүстээҕэ билиннэ. Оттон уонна ыһыах буолан баран, хайдах төрүт аһа, сырдьыгыныы кыынньар кымыһа суох буолуой! Ыһыах ыалдьыттарыгар аһаҕас халлаан анныгар сандалылары туруоран, төрүт ас арааһын, эгэлгэтин тартылар, онтон да атын мааны бүлүүдэлэринэн күндүлээтилэр.

«Анаабыр алмаастара» өссө да уонунан сылларга Саха сирин аатын аар-саарга аатырда туруохтун»

photo 2023 07 25 20 33 15

Хампаанньа үлэһиттэрин тустаах тэрилтэни сэттэ сыл салайбыт, билигин АЛРОСА хампаанньа генеральнай дириэктэрэ, бырабылыанньа бэрэссэдээтэлэ Павел Маринычев истиҥник эҕэрдэлээтэ. Кини онно «Анаабыр алмаастара» олохтоох каадыр алмаас хостооһунугар хайдах курдук үлэлиир кыахтааҕын өссө үрдүк ситиһиилэнэрин анаан бэлиэтээтэ.

Биһиги тэриллибиппит «25 сыл – үйэ чиэппэрэ – буолла. Биллэн турар, бу бэлиэ күн хайаан да бастаан тэрийбит, олук уурбут дьоммутун ­– «Анаабыр алмаастарын» бэтэрээннэрин – ахтан-санаан, бэлиэтээн ааһабыт. Кинилэргэ сүгүрүйэбит! Ону таһынан билигин үлэлии сылдьааччыларга, тэрилтэбитин салгыы бииргэ сайыннарар дьоммутугар махтанабыт. Биһиги «Анаабыр алмаастара» өссө да уонунан сылларга Саха сирин аар-саарга аатырда сылдьарын туһугар бары күүспүтүн ууруохпут. Онуоха кыах толору баар диэн, бүк эрэллээхпин!» – диэн, тоһоҕолоон бэлиэтээтэ Павел Маринычев.

Үбүлүөйдээх сылга сыһыаран, Павел Маринычев «Анаабыр алмаастара» АУо генеральнай дириэктэрэ Алексей Окороковка 2022 сыл от ыйын 13 күнүгэр Эбэлээх учаастагар көстүбүт  217, 99 карааттаах сэдэхтик көстөр алмаас куоппуйатын туттарда. Бу алмааска  «Анаабыр алмаастара аахсыйалаахтар уопсастыбаларын 25 сыла» диэн аат иҥэриллибит.

Кэмпитиэнсийэбитин кэҥэтэбит

photo 2023 07 25 20 33 17

«Анаабыр алмаастара» АУо генеральнай дириэктэрэ Алексей Окороков бу ааспыт 25 сыл иһигэр кыракый артыалтан саҕаламмыт тэрилтэ аныгы, биир бөдөҥ тэрилтэ буола сайдан тахсыбытын бэлиэтээтэ. Билигин хампаанньа иннигэр саҥа, сонун сыал-сорук турар – алмааһы таһынан  көмүс хостуурга ылсыахтара.

«Күн бүгүн «Анаабыр алмаастара» хампаанньа АЛРОСА тэрилтэлэрин бөлөҕө хостуур алмааһын 11 %-ын хааччыйар, оттон хампаанньа киллэринэр үбүлээһинин – 9 %-нын. Үйэ чиэппэрин устата «Анаабыр алмаастара» тэрилтэ өрөспүүбүлүкэтээҕи муниципальнай бүддьүөккэ 40 млрд солк. үбү нолуок быһыытынан төлөөтө.  Ыраас барыһа – 70 млрд солк. Бу барыта – биһиги туруу үлэһиттэрбит көмөлөрүнэн. Биһиги кэлэктииппит – сэдэх идэтийиилээх, үлэлэрин чахчы сөбүлүүр, бары күүстэрин ууран туран үлэлиир дьон. Хамаандабытыгар эдэр исписэлиистэр да, уопуттаах профессионаллар да бары киириэхтэрин, үлэлиэхтэрин баҕараллар. Мантан инньэ кэмпитиэнсийэбитин кэҥэтэн, “Анаабыр алмаастара” алмааһы эрэ буолбакка, көмүһү эмиэ хостуур хампаанньа буоларыгар сыал-сорук туруорунан  үлэлиибит. Онуоха хостонор көмүс кээмэйэ алмаас киэниттэн итэҕэһэ суох буолуоҕа. Күүспүтүн түмэн, бииргэ үлэлэһэн, бу сыалбытын олоххо киллэриэхпит дии саныыбын», – диэтэ Алексей Окороков.

Хампаанньа салайааччыта үбүлүөйдээх даатаны бириискэлэргэ бэйэлэригэр ыытар туһунан быһаарыыны хампаанньа салалтата мээнэҕэ ылымматаҕын эттэ.

«Анаабыр алмаастара» – оҥорон таһаарыынан дьарыктанар тэрилтэ, ол иһин бырааһынньыгы үлэһиттэргэ анаан, учаастактарга бэйэлэригэр ыытарга быһаарбыппыт. Кэлэктиип ыһыахтан астыммытын биллэрэр, тэрээһин иһин махтаналлар. Логистика өттүгэр, төһө да уустугун иһин, сөпкө дьаһанан тэрийдибит», – диир Алексей Окороков.

Бастыҥнары наҕараадалаатылар

photo 2023 07 25 20 33 17 2

Тэрээһин үөрүүлээх чааһыгар бастыҥ үлэһиттэри бэлиэтээһин буолла. Алмаас хостуур салаа эйгэтигэр уһулуччу кылааты киллэрбиттэргэ, уһун сылларга үтүө суобастаахтык эҥкилэ суох үлэлээбиттэргэ араас наҕарааданы туттардылар. Кинилэр ортолоругар «Майаат» бириискэтин «Хара Мас» учаастагын алмааһы суортуур холбоһугун начаалынньыга Алексей Тарскай баар. Киниэхэ Ил Дархан Бочуотунай кыраамататын туттардылар. Кини быйыл хайыы үйэ алмааһы сууйуу 19-с сезонугар үлэлиир. Үлэлээбит кэмин устата рационализатордыы элбэх үлэни толкуйдаан-тобулан, олоххо киллэрбит үтүөлээх.

«Мин хайа инженерин идэтигэр үөрэммитим. Үөрэхпин бүтэрээт, «Анаабыр алмаастарыгар» кэлбитим. Бастакы сууйуу сезонун кэнниттэн бу, чахчы, мин дьарыгым эбитин өйдөөбүтүм. Манна 2005 сылтан үлэлиибин. Хара ааныттан байытааччы (обогатитель) диэн дуоһунастаахпын. Эбээһинэспэр хайа боруодатын сууйуу киирэр, онтубар хас сезон аайы дьарыктанабын. Сыл аайы былаан быһыытынан 300 тыһ. туонна урууданы сууйабыт. Тэрилтэбит киэҥ кэскиллээх, инникилээх. Манна атахтарыгар турбут исписэлиистэри эрэ кытта үлэлэспэттэр, ону таһынан эдэрдэри хайаан да өйүүллэр.  Мин чуо манна, бу үчүгэй кэлэктиипкэ үлэлиирбиттэн үөрэбин», – диир Алексей Тарскай.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар