МЧС Саха сиринээҕи салаатын Сүрүн управлениетын Суһал бөлөҕө Өлүөнэ уонна Халыма өрүстэри кэтиир. Нэһилиэнньэни кытта көрсөр, кэпсэтэр. Ол туһунан биэдэмистибэ пресс-сулууспата суруйар.
Өлүөнэ өрүс мууһа Эдьигээн уонна Булуҥ сирдэринэн күүскэ устар. Муус алын кирбиитэ Күһүүр бөһүөлэгин таһынан ааһар. Онно уу таһыма 1739 см буолан турар. Аллараа өттө Эдьигээн бөһүөлэгэр кэлбит. Уу таһыма 1026 см тиийбит. Көмүөл устата барыта 553 км. Суукка иһигэр 433 км устубут. Байҕал төрдүгэр бэс ыйын саҥатыгар тиийэрэ күүтүллэр.
Дьааҥы өрүс Усуйаана улууһунан уста сытар. Муус алын кирбиитэ Хаһааччыйа бөһүөлэгин аннынан ааһан эрэр. Онно уу муҥутуур таһыма 1350 см буоллаҕына, билигин 970 см буолан турар. Үөһээҥҥи кирбии Уус Куйга бөһүөлэгиттэн аллара диэки бардахха, 100 км сиргэ тиийбит. Уу таһыма 710 см (муҥутуур – 1200 см). Көмүөл устата 101 км. Күннээх түүн иһигэр 86 км сыҕарыйбыт. Өрүс төрдө ыам ыйын 28 – 29 күннэригэр эстэрэ күүтүллэр.
Индигиир өрүс Абый улууһун сиринэн устар. Муус алын кирбиитэ Белай Гора бөһүөлэгиттэн 100 км сиринэн ааһар. Уу таһыма – 801 см (муҥутуур – 1202 см). Үөһээҥҥи өттө Белай Гораттан 50 км үөһэнэн ааһар. Көмүөл устата – 150 км, суукка иһигэр 80 км хамсаабыт. Бу күннэргэ Аллайыаха улууһугар киириэхтээх. Чокуурдаах эҥээр ыам ыйын 28 – 29 күннэригэр муус хамсыыра сылыктанар. Ыам ыйын 30 – бэс ыйын 3 күннэригэр эстиэхтээх.
Халыма өрүс Орто уонна Аллараа Халымалар сирдэринэн устар. Муус алын кирбиитэ Колымкое бөһүөлэгиттэн 20-чэ килэмиэтирдээх сиргэ кэлбит. Уу таһыма 725 см буолбут (муҥутуур – 1010 см). Муус харан турар. Үрдүкү кирбиитэ Орто Халыма куораттан аллараа диэки 325 км сиргэ тиийбит. Муус аҕыйах. Уу муҥутуур таһыма 1200 см буоллаҕына, билигин 855 см буолбут. Көмүөл устата 60 км. Аллараа Халыма Черскэйин таһынан өрүс ыам ыйын 29 – 31 күннэрин эргин эстиэ диэн сылыктыыллар.