Киир

Киир

Саха сиригэр пиибэни иһии элбээбит.

“Открытая социология” телеграм-ханаал суруйарынан, пиибэни, сүрүннээн, эдэр дьон уонна дьахталлар иһэллэр, кэлин ол дьон онтон өссө “кытаанах” арыгыга көһүөхтэрэ үһү. Ол түмүгэ өйдөнөр – аны хас эрэ сылынан нэһилиэнньэ бүттүүн арыгылааһына саҥаттан элбиэн уонна ону тэҥэ арыгы арахсыспат аргыһа буолбут социальнай кыһалҕа сытыырхайыан сөп. Судургутук эттэххэ, ыарыы, буруйу оҥоруу, өлүү-сүтүү элбиир.

Арыгыны хааччахтыыр сокуон Саха сиригэр ылыллыан иннинэ быһыы-майгы, хартыына хайдаҕын билиҥҥи көлүөнэ дьон 90%-на үчүгэйдик өйдүүр (уонча эрэ сыл аастаҕа). Улууска буоллун, куоракка буоллун маҕаһыыннар, уопсастыбаннай кииннэр иннилэригэр, уулуссаҕа күлүк курдук сүөдэҥниир, “эдьиийтэн-бырааттан” харчы умналыыр дьон элбэх буолара. Ол хатыланар кутталлаах?

Бэй.кэр.
Хаартыска: “Открытая социология” телеграм-ханаал.

Бүтэһик сонуннар