Киир

Киир

Саха сиригэр биэс сыл иһигэр 920 тыһ кв. м. иэннээх хаарбах туруктаах дьиэлэртэн дьону көһөрүү былааннанар.

РФ бэрэсидьиэнин ыам ыйынааҕы ыйааҕын чэрчитинэн, федеральнай бүддьүөттэн 60 млрд солк үп көрүллүбүт. Дьокуускайга 300 тахса элбэх кыбартыыралаах дьиэлэртэн дьону көһөрүөхтэрэ.

СӨ Архитектура уонна тутуу комплексын министиэристибэтигэр бу күҥҥэ 51120 киһи олорор хаарбах туруктаах дьиэлэрин испииһэгэ оҥоһулунна.

Санатабыт, тустаах бырагыраама бастакы кэрдииһэ олоххо киириэҕиттэн Саха сиригэр 473 тыһ кв м хаарбах туруктаах дьиэлэртэн дьон көһөрүллүбүт.

Ил Дархан Айсен Николаев эрдэ эппитин курдук, Саха сиригэр дойду үрдүнэн саамай элбэх 1 мөлл.200 тыһ кв м хаарбах туруктаах дьиэлэр бааллар.

“Бу уопсай олорор пуондаттан 7 % ылар. Биллэн турар, былаас хаарбах туруктаах дьиэлэртэн дьону көһөрүү   тыын боппуруоһа буолар. Саха сирин нэһилиэнньэлээх пууннарыгар хаарбах туруктаах олорор дьиэлэр суох буолуохтаахтар”,   диэн  Айсен Николаев бэлиэтиир.

Санааҕын суруй