Киир

Киир

Айсен Николаев үлэтин сүрүн түгэннэрэ

Муус устар 1 күнэ. Ил Дархан Арассыыйа Бэрэсидьиэнин иһинэн Саха сирин Бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтигэр Арассыыйа Дьоруойдара, майордар Николай Соболевы уонна Игорь Юргины кытта көрүстэ. Саха сирин олохтоохторун махталларын биир дойдулаахтарбытыгар тириэртэ уонна саха быһаҕын бэлэхтээтэ. Айсен Николаев офицердарга өрөспүүбүлүкэ байыаннай сулууспалаахтарга өйөбүл миэрэлэрин туһунан кэпсээтэ.

Муус устар 1 күнэ. Айсен Николаев дойду Арктическай зонатын тирэх пууннарыгар киирбит «Тиксии — Найба» агломерация маастар-былаанын оҥоруу боппуруостарыгар «ДОМ.РФ» АУо, Сибирдээҕи урбанистика лабораториятын, өрөспүүбүлүкэ министиэристибэлэрин уонна биэдэмистибэлэрин бэрэстэбиитэллэрэ кыттыылаах мунньаҕы ыытта. Маастар-былааны оҥорорго дьон олоҕун хаачыстыбатын тупсарарга болҕомто ууруллуо. Докумуону оҥорооччулар Булун улууһугар олохтоохтору кытта көрсүбүттэрэ. Кэккэ социальнай эбийиэктэри, ол иһигэр оскуолалары, балыыһалары уонна олорор дьиэлэри тутуохтара. Тиксии порта омук уу аалларыгар аһаҕас муора пуортарын ахсааныгар киирбит.

Муус устар 2 күнэ. Ил Дархан уопсастыбанньыктары, волонтердар уонна доброволецтар хамсааһыннарын бэрэстэбиитэллэрин өрөспүүбүлүкэҕэ гражданскай актыбыыс күнүнэн эҕэрдэлээтэ. Саха сиригэр бүгүҥҥү күҥҥэ 2 527 кэммиэрчэскэйэ суох тэрилтэ регистрациялаах, онтон 188 быйыл тэриллибит. Бэтэрээннэргэ, доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо, анал байыаннай эппэрээссийэ кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр, дойду саҥа эрэгийиэннэрин олохтоохторугар көмө, халаан уута ааһарыгар уонна тыа баһаардарыттан кутталлаах кэмҥэ бэлэмнэнии, социальнай эбийиэктэри тутууну хонтуруоллааһын, олорорго табыгастаах усулуобуйа баар буоларыгар бырайыактары оҥоруу уонна олоххо киллэрии уонна да атын боппуруостар гражданскай актыбыыстар болҕомтолорун киинигэр сылдьар. 2023 сылга уопсастыбаннай тэрилтэлэр 71 бырайыактара Арассыыйа Бэрэсидьиэнин уонна Ил Дархан граннарын куонкурсугар кыайбыттара.

Муус устар 2 күнэ. Айсен Николаев «Улуу айаннар суолларынан» бырайыак чэрчитинэн тэриллибит эспэдииссийэ кыттыылаахтарын сыалларын ситиспиттэринэн эҕэрдэлээтэ. Эспэдииссийэ Витус Беринг суолунан айанын Дьокуускай куораттан саҕалаан, 1250-тэн тахса км уһуннаах сири айаннаан, муус устар 1 күнүгэр Хабаровскай кыраай Охотскайыгар тиийэн түмүктээтэ. Айан кэмигэр «Беринг куода» диэн документальнай киинэ уһулунна.

Муус устар 2 күнэ. Ил Дархан «Хоту: бигэтик сайдыы территорията» эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы билим-үөрэтэр киин ааспыт сылга үлэтин түмүктэрин таһаарда уонна инники соруктары туруорда. 2023 сылга  киин улахан үлэни оҥорбутун, билим эйгэтигэр арыйыылары олоххо киллэрэр үлэ түмүктээҕэ көстөн, индустриальнай партнердар ахсааннара элбээбитин бэлиэтээтэ. 2024 сылга климат уларыйыытын өттүгэр үлэни күүһүрдэр былааннанар.

Муус устар 2 күнэ. Айсен Николаев «Селигдар» полиметаллическай холдинг бэрэсидьиэнэ Константин Бейриты кытта 2023 сыл түмүгүн уонна өрөспүүбүлүкэҕэ холдинг инники үлэтин ырыттылар. Ааспыт сылга холдинг көмүһү оҥорон таһаарыыта 10%-нан үрдээн, 8,27 туоннаҕа тэҥнэспит. Мантан 7,6 туонната Саха сиригэр хостоммут. Алдаҥҥа «Хвойнай» производственнай комплекска сылга 3 млн туонна руданы оруур кыахтаах көмүһү хостуур фабрика тутуута бара турар. Билигин сүрүн корпус уонна фильтрация сыаҕа оҥоһуллар. Оҥорон таһаарар комплекс акылаата ууруллубут. Ону тэҥэ 2023 сылга «Селигдар» Күчүс көмүс хостонор хонуутугар лицензия ылбыта. Быйыл кулун тутартан саҕалаан вахтовай бөһүөлэги тутууга бэлэмниир үлэлэр ыытыллаллар. Холдинг эрэгийиэн бүддьүөтүгэр 2023 сылга 3,7 млрд тахса солк. нолуогу ыыппыта.

Муус устар 3 күнэ. Ил Дархан Донецкай норуодунай өрөспүүбүлүкэ баһылыга Денис Пушилины кытта Докучаевскайга көрүстэ. Куораты чөлүгэр түһэрии боппуруостарын ырыттылар. Бастатан туран, суолу-ииһи, уопсастыбаннай миэстэлэри, социальнай эбийиэктэри, элбэх кыбартыыралаах дьиэлэри өрөмүөннүүр үлэлэр ыытыллыахтара. Элбэх өҥөнү оҥорор Киин аһыллыытын үлэтэ номнуо түмүктэннэ. Бассейннаах успуорт саалата, култуура, сынньалаҥ паарката уонна култуура дьиэтэ оҥоһуллуохтара. Онуоха дойду култууратын министиэристибэтин нөҥүө федеральнай бырайыакка кыттарга сайаапкалары биэрии былааннанар. Айсен Николаев биһиги бары биир улахан хамаанданан үлэлиибит диэн бэлиэтээтэ. Денис Пушилин Саха сирин олохтоохторугар Кировскай куораты чөлүгэр түһэриигэ көмөлөрүн иһин махталын тиэртэ, улахан үлэ түмүгэр куорат тупсубутун бэлиэтээтэ.

Салгыы Айсен Николаев ДНР баһылыга Денис Пушилины кытта Докучаевскай куораты чөлүгэр түһэриигэ үлэ хаамыытын  бэрэбиэркэлээтилэр. Элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэлэри, уулуссалары, Култуура дьиэтин уонна да атын эбийиэктэри өрөмүөннээһин саҕаламмыт. Ол курдук, куорат пааркатыгар эргэ мастары эрбээн ыраастаабыттар, сатыы дьон сылдьар суолларын, паарка зонатын тупсарыы, ону тэҥэ сырдатыы үлэлэрэ барыахтара. Куорат кытыытыгар Еленовкаҕа судаарыстыбаннай уонна муниципальнай өҥөнү оҥорор саҥа киин сотору арыллыаҕа. Бассейнаах «Юность» спортивнай сааланы көтүрүү үлэтэ барар турар. Саала түннүктэрэ, муостата, үрдэ, ититиинэн уонна уотунан хааччыйыы систиэмэлэрэ, вентиляцията барыта уларыйар. Ону таһынан, эбийиэк тулатын тупсарыахтара. Информационнай технология киинин арыйары былаанныыллар. «Экстра Синема» саха хампаанньата киинэ көрдөрөр систиэмэни туруоруо. Ил Дархан федеральнай бырайыактарга уонна бырагыраамаларга кыттарга сайаапка ыытарга докумуону оҥоруу үлэтин түргэтэтэргэ соруйда. Куорат маастар-былаанын оҥорорго сорудах биэрдэ.

Айсен Николаев уонна Денис Пушилин Саха сириттэн тиийбит хирург уонна харах быраастарын үлэлэрин билистилэр, ыытар үлэлэрин үрдүктүк сыаналаатылар. Олохтоохтортон өрөспүүбүлүкэ, быраастар үлэлэрин туһунан үгүс үтүө тылы иһиттилэр. Саха сирин көмөтүнэн балыыһаҕа рентген хоһун өрөмүөннүүллэр, итиэннэ саҥа тэрилинэн хааччыйыахтара.

Ил Дархан анал байыаннай дьайыы сиригэр Саха сириттэн сылдьар «Боотур» добровольческай этэрээт, Чуумпу акыйаан флотун муора пехотатын биригээдэлэрин, инженернай-сапернай уонна да атын чаастар байыастарын кытта көрсөн кэпсэттэ. Эбии анал тиэхиникэни, тэрили, массыыналары, квадроцикллары уонна гуманитарнай өҥө тиэртэ. Байыастарга махтанна, Саха сирэ барыта кинилэринэн киэн туттарын бэлиэтээтэ.

Муус устар 4 күнэ. Айсен Николаев анал байыаннай дьайыы сиригэр пилота суох көтөр аппарааттар исписэлиистэрин бэлэмниир салаа дьарыктыыр полигонугар сырытта. Манна Саха сириттэн курсаннар уонна инструктордар бааллар. Ил Дархан байыаннай көтөр аппарааттар холобурдарын көрдө, курсаннар үөрэхтэрин хаамыытын билистэ.

Ил Дархан Луганскай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэ баһылыга Леонид Пасечнигы кытта көрүстэ. Саха сирин  Бырабыыталыстыбата уонна Луганскай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэ бииргэ үлэлиир туһунан сөбүлэһиини түһэристилэр. Докумуоҥҥа Айсен Николаев уонна Леонид Пасечник илии баттаатылар. Эрэгийиэннэр тутууга, тыа хаһаайыстыбатыгар, үөрэх уонна билим салаатыгар, доруобуйа харыстабылыгар бииргэ үлэлэһиэхтэрэ. Айсен Николаев Леонид Пасечникка ЛНР-га Саха Өрөспүүбүлүкэтин тирэх пуунун үлэтигэр көмөтүн иһин махтанна.

Салгыы Айсен Николаев Арктикаҕа сулууспалыыр зенитнай-ракетнай пуолка байыастарын кытта көрүстэ. Пуолка сорох чааһа анал байыаннай эпэрээссийэ сиригэр салгынынан саба түһүүттэн хаххалыыр. Ил Дархан байыастарга эбии тэрили, ол иһигэр сибээс уонна кэтээн көрөр сириэстибэлэри, квадрокоптеры, дрону ытар саалары, «Хоту Тент» тикпит хаххалыыр сабыылары уонна өрөспүүбүлүкэттэн гуманитарнай көмөнү тириэртэ.

Муус устар 5 күнэ. Айсен Николаев дойду Бырабыыталыстыбата Госдумаҕа отчуотун тула санаатын эттэ. Тастан тыҥааһыннаах дьайыылар буола турдахтарына, биһиги дойдубут сайда турарын туһунан этилиннэ, ВВП сылга 3,6% улаатта - бу сайдыылаах дойдулар орто көрдөрүүлэриттэн икки төгүл улахан. Бу элбэҕи этэр диэн Ил Дархан бэлиэтээтэ. Бэрэсидьиэн көҕүлээбит национальнай бырайыактарын көрдөрүүлэрин хас биирдии сыыппаратыгар Саха сирин улахан кылаата баарын туһунан эттэ. Үөрэх, доруобуйа харыстабылын тиһигин саҥардыыга, суол тутуутугар, хаарбах дьиэлэртэн көһөрүүгэ, уопсастыбаннай тырааныспары саҥардыыга бары бырагырамааларга көхтөөхтүк кыттабыт диэтэ.

Муус устар 5 күнэ. Айсен Николаев «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы кэмитиэт бэрэсидьиэнэ Владимир Максимовы кытта Арассыыйа эрэгийиэннэрин уонна тас дойдулар хамаандалара VIII «Азия оҕолоро» сайыҥҥы оонньууларга кыттарга сайаапкаларын хомуйуу хампаанньатын түмүгүн дьүүллэстилэр. 21 тас дойду, 6 федеральнай уокурук уонна Арассыыйа эрэгийиэннэрин хамаандалара кытталларын бигэргэттилэр. Өссө 5 дойду сайаапканы биэрэргэ болдьоҕун уһатарга көрдөспүт. Муус устар 1 күнүттэн успуорт дэлэгээссийэлэрин аккредитацияларыгар үлэ саҕаланна. Билигин Саха сирин улуустарыгар «Азия оҕолоро» оонньуу уотун эстафетата ыытыллар.

Муус устар 5 күнэ. Ил Дархан Марьинскай хайысханан Новомихайловка оройуонугар кыргыһыыга хорсун быһыыны оҥорбут «Восток» бөлөх «Бурхат» диэн позывнойдаах байыаһа Родимир Максимов госпитальга эмтэнии ааһарын, Саха сирин олохтоохторугар эҕэрдэ тириэрдэрин иһитиннэрдэ уонна киниэхэ түргэнник үтүөрэригэр баҕа санаатын эттэ.

Муус устар 6 күнэ. Айсен Николаев Саха сирин олохтоохторун Булчут күнүнэн эҕэрдэлээтэ. Хотугу дьон сиэринэн биһиги эһээлэрбит уонна аҕаларбыт биһигини бултуурга эрэ буолбакка, ону таһынан ийэ айылҕаҕа уонна кыылларга харыстабыллаахтык сыһыаннаһарга үөрэппиттэрэ диэн бэлиэтээтэ. Бу бэлиэ күн үйэлэри уҥуордаан кэлбит булт үгэһигэр, сиэригэр-туомугар сүгүрүйүүнү көрдөрөр, булка-алка сиэрдээхтик сыһыаннаһыыга уонна Сахабыт сирин уйаҥ айылҕатыгар харыстабыллаахтык сыһыаннаһарга төһүү буолар диэн эҕэрдэҕэ этиллэр.

Муус устар 7 күнэ. Ил Дархан өрөспүүбүлүкэҕэ Аҕа күнүнэн эҕэрдэлээтэ. Бастакы Бэрэсидьиэн Михаил Ефимович Николаев бу күнү дьиэ кэргэҥҥэ аҕа оруолун үрдэтэр сыаллаах бастакынан олохтообута. Арассыыйаҕа Аҕа күнэ 2021 сылтан национальнай бырааһынньык статуһун ылбыта. Биһиги хотугу тыйыс кыраайбытыгар аҕа былыр-былыргыттан ураты суолтаны ылар, киниттэн чугас дьоно-сэргэтэ этэҥҥэ буолуута тутулуктаах, Аҕа холобуругар оҕолор иитиллэн-уһаарыллан тахсаллар, дьоһун дьон, Ийэ дойдуларын көмүскээччи уонна патриот буолаллар, Саха сиригэр мэлдьи оннук этэ уонна оннук буола туруоҕа даҕаны диэн бэлиэтээтэ.

Күндү Саха сирин олохтоохторо! Муус устар ыйбыт үүнэн, таммах таммалаан, уу-хаар тахсар, тыала күүһүрэн ылар, түүнүн тоҥорор, күнүһүн ириэрэр кэмигэр бэйэни харыстанан, көрүнэн, доруобай, чөл сылдьыаҕыҥ, сааскы кэмҥэ дьиэҕэ-тиэргэҥҥэ үлэбит таһаарыылаах буоллун.

Афанасий Ноев.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар