Киир

Киир

Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэҕэ интэриниэт саайтарынан, соц-ситимнэринэн “Хотуларга көмө наада” диэн уопсастыбанньык, албакаат Любомир Михайлов “дууһатын кыланыыта” (суруга) тарҕанна. Үөһээ Халыма улууһун тыатын дьонун улуус дьаһалтата, СӨ ТХМ-та “баттаан-атаҕастаан” олороллор диэн “сүгэ-балта” тылларынан үлтү кириитикэлээбит. Ол эрээри, сымыйалааҕын көрөн, ити суругу барытын саарбахтыы саныыгын.

 

Саха ынахтара буолбатахтар

Сурукка миигин ордук: “Үөһээ Халыма оройуонугар Үөһээ Халыма бөһүөлэгэр Олег диэн эдэр дириэктэрдээх кэпэрэтиип 61 саха боруода сүөһүнү тутар, ол эрээри тиэхиньикэ суоҕунан (ол аата отторо тиийбэтинэн), 1960 с. эргэ хотоҥҥо кыайан кыстыахпыт суоҕа диэн, 20 төбөнү өлөрөөрү сылдьаллар”, – диэбитэ соһутта. Өссө кэпэрэтиип саха сүөһүтүн элбэтиэн баҕарар да, Үөһээ Халыма ТХУ-та, баһылык А.С. Яхонтова үбүнэн көмөлөспөттөр эбит диэн буруйдаабыт.

Ити үҥсүүнэн ааптар Ил Дархан А.Николаев саха сүөһүтүн элбэтэр бэлиитикэтин Үөһээ Халыма салалтата “соруйан сабатаастыы, утары үлэлии олорор” диэн өйдөбүлү дьоҥҥо соҥнуу сатыыр буолбатах дуо? Л.Михайлов “Үөһээ Халымаҕа саха сүөһүтүн эһэн эрэллэр” диэн былааһы ыарыылаахтык хаарыйаары албаһырбытын бассаап боростуой дьоно “ыраас манньыакка” ылынан, ТХМ-ы, улуус салалтатын, өрөспүүбүлүкэ да салалтатын ордорбокко, үөҕүү-мөҕүү бөҕө.

Яхонтовалаах “аньыылара” итинэн эрэ бүппэт үһү. Уопсастыбанньык: “Таба аҕыйаабыт, хоту аҕыйах ахсааннаах омуктар олорор Утайа нэһилиэгэр оскуола, кулууп суох, олохтоохтор, табаһыттар хантан да көмө ылар кыахтара суох, ас сыаната улууска “космическай” үрдүк, үлэтэ суох элбиир, АИ-92 бэнсиин – 71 солк., сэлээркэ – 72-73 солк., Үөһээ Халымаҕа «Полярные авиалинии» сууллаары сылдьар эргэ Ан-24 сөмөлүөттэри ыытар”, – диэн эмиэ былаас дьонун “ытыра-ытыра ыкка тамнаабыт”.

1937 сыллааҕы эбитэ буоллар, “сэргэх уопсастыбанньык” олохтоох былаас хоту дьону, ордук кыра омуктары, атаҕастаан олорор диэн, “бэлитиичэскэй дьыаланы” арыйан, НКВД-лартан “хатырык мэтээллэниэ” хаалбыт. Бассаап ити үлүгэр “атаҕастабыл” баарын истэн, оргуйара сөп. Сорох дьон “хотулар көмүскэллэрэ Е.Х. Голомарева хайдах ити иэдээни билбэккэ-көрбөккө олороруй?” диэн кыйаханан да ылла.

Михайлов бастакы сымыйата ити 61 сүөһү саха ынаҕа буолбатахтарыгар биллэн тахсар. Үөһээ Халыматтан саха ынаҕын иитэр патриот, “Төрүт баай” уопсастыба чилиэнэ С.А. Слепцовтан ыйыппыппар кини: “Бу күҥҥэ диэри улууспутугар биһиги эрэ ыал саха сүөһүлээх курдук саныыр этим. 2019 с. муус устар 16 к. биһиэхэ 6 (биир оҕус) саха эдэр сүөһүтэ тиэллэн кэлбитэ. Икки төрүөх кэнниттэн, бу күннээх туругунан, 15 саха сүөһүлэннибит. Кимиэхэ да атыылыы, идэһэҕэ да тутта иликпит. Үөһээ Халымаҕа (Кириэппэскэ) эмиэ 2019 с., муус устар 15 к. 50 төбө симментал сүөһүнү Амматтан аҕалбыттара. Хайдах гынан бу сүөһүлэр 2,5 сылынан саха боруодата буолан хаалбыттарын быһаарар кыаҕым суох. Хара саҕаланыаҕыттан бу кэпэрэтиип тэриллиитэ: 50 сүөһүнү хотоно да, ото да суох сиргэ аҕалтарыы авантюра этэ диэххэ сөп”, – диэн эппиэттээтэ.

“Саха сүөһүтэ” хааһына тэрилтэтигэр эмиэ “ити саха сүөһүлэрэ буолбатахтар, 2019 с. Амма Бөтүҥүттэн илдьиллибит симменталлар” диэтилэр.

Улуус баһылыга А.С. Яхонтоваттан кэмэнтээрий көрдөөбүппүн “туттунабын, бастаан Михайловтан “сымыйаны суруйбуппун” диэн билинэрин ирдэһиэм” диир. Михайлов буруйун билиммэт түгэнигэр Яхонтова баһааҕырдыы иһин суукка биэрэрэ буолуо.

Онон Михайлов симменталы уонна саха ынаҕын араарбата сурук кырдьыктааҕын чахчы саарбахтатар. Оттон ити сүөһү боруодатын быһаарса олордохпуна, 3-4 сыллааҕыта саҕаламмыт букатын атын, бөрүкүтэ суох дьыала арыллан таҕыста.

Хоруупсуйа сыттаах хотон

Урутаан эттэххэ, ити Үөһээ Халымаҕа тиийбит Амма сүөһүлэрэ муҥнаахтар хоруупсуйаҕа майгынныыр “улахан афера” сиэртибэлэрэ буолбуттар да диэххэ сөп курдук. Сорох дьон Л.Михайлов аһыммыт “Халыма” кэпэрэтиибин хоту сир олохтоохторун үүтүнэн-этинэн хааччыйаары буолбакка, судаарыстыба тутууга анаммыт үбүн “хайытан ыларга” эрэ албас буолан тэриллибитэ диэх курдук этэллэр.

Кырдьык, 2019 с. Үөһээ Халымаҕа Зырянкаҕа сэбиэскэй саҕанааҕы 200 миэстэлээх таас хотон элээмэтин саҥардан тутарга 22 мөл. солк. былааннана сылдьыбыт. “Ити кэпэрэтииби тэрийиигэ т/х быдан ыраах, ордук тутууга сыһыаннаах, үксэ улууска олорбот дьон кыттыгастаах этилэр” дииллэр. 2019 с. тохсунньу 19 к. 5 киһи “Халыма” диэн т/х сүөһү иитэр кэпэрэтииби (СПЖК) тэрийбиттэр, олортон 4-дэ улууска суох, сүөһү иитэргэ да интэриэһэ суох дьон үһү. Ити кэннэ үс ыйынан, 2019 с. муус устарыгар, хоту өссө тымныы эрдэҕинэ, Амма Бөтүҥүттэн 50 симментал бургунастары Үөһээ Халыма бөһүөлэгэр аҕалтарбыттар.

Ол туһунан халлаан хайдарынан: “9 апреля из сельскохозяйственного производственного кооператива "Бетюнь" Амгинского района в Верхнеколымский район были погружены и отправились в долгий путь 58 голов скота. В СПЖК "Колыма" Верхнеколымского наслега завезут 50 голов нетелей симментальской породы и 2 быков-производителей, в Арылахский наслег в ИП Слепцов С.А. завезут 5 нетелей якутской породы и 1 быка-производителя. Это историческое событие стало возможным благодаря финансированию из бюджета администрации Верхнеколымского района и Министерства сельского хозяйства РС(Я). Последний раз коров завозили в 1939 году”, – диэн сири-сибиири бараабыттар.

Хомойуох иһин, куһаҕан дьон “харчы хайытар” былааннара табыллыбакка, Амма талыы ынахтара барахсаттар Үөһээ Халымаҕа үүт үрүйэни үрүлүччү сүүрдүбэт дьылҕаламмыттар. Бу “улуу” диэн киһиргэниллибит бырайыагы кэлин кыбыстан, улуус устуоруйатыгар дорҕоонноохтук ахтыахтара саарбах.

Дьэ, сүөһүлэри хаарга сүөкээбиттэрин кэннэ, “фанфаралар өрөгөйдөөх муусукалара” Үөһээ Халыма “Нью-Васюкитыгар” оонньоон бүтэр. Хоту сир тымныы, тыйыс олоҕо саҕаламмыт.

Сотору кэминэн ото, хотоно суох сиргэ эдэркээн бургунастар сутаан өлөн барбыттарын туһунан айдаан күөдьүйэр. 18 бургунас сутаан өлөр. Элбэх бургунас кээһэр, итэҕэс ньирэйи төрүүллэр. Быраабы араҥаччылыыр уорганнар болҕомтолоругар киирэр. Дьыала хаахтыйан барбытыгар, били “аферистар” үгэҕэ кэпсэнэр “куба, араак уонна сордоҥ” курдук үлтү иирсэн, тэрилтэ ыһыллар. Тэрийээччилэрэ тэрилтэттэн тахса-тахса, биир-биир куотар аакка барбыттар. 2019 с. күһүнүгэр биир да куомуннаах хаалбатах.

“ТХМ Халымаҕа саах күрдьэ барыахтаах дуо?”

Ити дэтэктиип курдук устуоруйа туһунан аны СӨ ТХМ дьонуттан ыйыталастым. Дьыала маннык саҕаламмыт. Үөһээ Халыма дьаһалтатыттан бырабыыталыстыба отчуоттарыгар “хоту болҕомто уурбаккыт, “доширагынан” аһыы олоробут, сибиэһэй ас наада” диэн сүөһү ылары туруорсубутттар. 2018 с. бүтүүтэ Үөһээ Халыматтан баһылык 1 солб. Лысенко, ТХУ салайааччыта Андреев, СПЖК салайыахтаах Сирдитов дэлэгээссийэнэн ТХМ кэлэ сылдьыбыттар, мунньах буолбут, боротокуол тахсыбыт. Улууска сылдьан көрдөхтөрүнэ, үлэлиэх курдук эбиттэр. Зырянкаҕа сууккаҕа 500 л үүт оҥорор саҥа модульнай собуот ылбыттара бороһуок үүтүнэн бородууксуйа таһаара олороро үһү. “Сүөһү ыллахпытына, Зырянкаҕа 200 сүөһү киирэр таас хотон элээмэтин модернизациялаан оҥоруохпут” диэбиттэр. ТХМ чахчы бу дьон үлэлииһиктэр диэн көмөлөһөн барбыт. “Халыма” кэпэрэтиипкэ Амматтан 4 мөл. солкуобайга 50 симментал бургунаһы, 2 оҕуһу ыытарга кэпсэппиттэр. 50% улуус төлөөбүт. Тиэйиитин ТХМ субсидиялаабыт. Үөһээ халымаларга сүөһү иһин хаалбыт 50% төлүүргэ “Туймаада” ФАПК-тан сойуом ылыҥ, эһиил “сокуонунан “возмещение” оҥоһуллуо, солуоккут бэйэтинэн улууска төннүө” диэн кыаллар мэхэньиисими сүбэлээбиттэр.

Тоҕо эбитэ буолла, үөһээ халымалар ФАПК-ҕа солуокка эргэ сабыллыбыт оскуоланы биэрэ сатаабыттар. Онно ким сөбүлэһиэй, албынныы, итинниккэ босхо ыла эрэ сатыыллара көстөр буоллаҕа. Онон ФАПК-лар сөпкө “сойуом босхо сиэнэр харчы буолбатах, үүт собуотун солуок аҕалыҥ” диэбиттэр. Ол эрээри, эһиилигэр солуоктара босхолуохтааҕын биллэллэр да, улуус баһылыга биллибэт биричиинэнэн аккаастаабыт (баҕар, “Халыма” кэпэрэтиип афератын билбитэ буолуо диэн сабаҕалыыбыт эрэ – ВС).

2019 с. кэпэрэтиип элбэх ынаҕа кэлээт да өлөн, үрүҥ аһы дэлэтиэх буолбут үлэтэ ыһыллар. Кыстыкка тэрийээччилэрэ, ото, үлэлиир дьоно, туох да бэлэмэ суох киирбиттэр. ТХМ бу тэрилтэ өрүттүө суоҕун өйдөөн “иэһи кытта сүөһүнү Орто Халымаҕа Өлөөкө Күөлгэ биэриҥ” диэн сүбэлээбит. Орто Халыма улууһун баһылыгын сөбүлэһиннэрбиттэр. Өлөөкөлөр 20 т. от тиэйэн, икки ый Үөһээ Халымаҕа үлэлиир дьонноох, халлаан сылыйыыта тиэйэн ылардыы оҥостон массыыналаах кыс ортото Үөһээ Халымаҕа кэлбиттэр. Арай туран, үөһээ халымалар “биэрбэппит, бэйэбит көрөбүт” диэн аккаастаан кэбиспиттэр. Орто халымалар үлтү кыыһыран төннүбүттэр.

Министиэристибэ үлэһиттэрэ бүтэһигэр кэлэн, Михайловынан “ТХМ Үөһээ Халымаҕа тиийэн сүөһү көрүөхтээҕин, саах күрдьүөхтээҕин курдук эргитэн таһаарбыттар” диэн кэлэйбиттэрин эттилэр.  

Сүөһү аҥаарын иһин төлөммөтөх иэс Амма Бөтүҥэр хайдах төлөнүөн сөбүн ыйыттым. Үөһээ Халыма улууһа эрэ көмөлөстөҕүнэ быһаарыллар кыахтаах үһү. ТХМ атын дьон дьалаҕайыттан, буруйуттан тахсыбыт иэһи төлүүр үбэ, мэхэньиисимэ суох, сүөһү кэпэрэтиип баайа-дуола дииллэр.

Дьэ, ити курдук хара маҥнайгыттан халбархай суолга үктэммит кэпэрэтиип олоҕо түҥ-таҥ түһэ турар.

Сталиннара суох

Кэпэрэтиип билиҥҥи дириэктэрэ О.М. Слепцов кэпсээнинэн, кэпэрэтиип тойотторо, чахчы, 2019 с. күһүнүгэр бары тэрийээччиттэн тахсан, ыһыллан барбыт. Слепцов “мин булчуппун, балыксыппын” диир. Ол эрээри 2019 с. күһүнүгэр салалта тылыгар киллэрэн, “тыыннаах сүөһүлэри хайдах быраҕыахпыный” диэн дириэктэр буолбут.

Быйыл сайын сатаан оттообокко, отторо кыстыкка тиийэр-тиийбэт, ол эрээри уотурбалара элбэх эбит. Хотонноро, чахчы, эргэ. Тэрилтэ иэһэ 1,7 мөл. солк. буолбут үһү. Оттон атын дьон этэллэринэн, иккиттэн быдан тахсыбыт буолуон сөп үһү.

Билигин 61 сүөһү баар, 26 ынах, 21 ньирэй, 14 былырыыҥҥы төрүөх. Ити өлөрөөрү гынар 20 сүөһүтэ ынах буолбатах, эдэр сүөһү диир. Ол эрээри “өлөрөрүм да кутталлаах, улуус тойотторо өлөрдөххүнэ, сүөһү атыылаһарга бэриллибит үбү төлөтүөхпүт, СӨ ТХМ-та сүөһү илдьиллибит айанын ороскуотун эмиэ төлүөҥ” диэн куттууллар үһү. Ол аата эмиэ улууһуттан кыстыгы туоруурбар харчыта аҕалыҥ диэн көрдүүһү.

Кэпсэппит дьонум бу кэпэрэтиип тула интириигэ, араас киһи үөйбэтэҕэ-ахтыбатаҕа тахса турар дииллэр. Сүөһүлэрин бырахпакка сылдьар үтүө да кэпэрэтиип диэҕи, үлэҕэ ылбыт дьонноругар хамнас сүгүн төлөөбөт, сайын сүгүн оттообот, сүөһүлэрин сороҕор хастыы да хонук аһаппат түгэннэрдээхтэр эҥин эбит.

Онон бу афера курдук саҕаламмыт дьыала хас да улууһу, тэрилтэни көҥдөй ороскуокка тэбэ олорор. Амма “Бөтүҥэ” сүөһүтүн иһин харчытын төһө да СӨ Арбитраһын суутунан   “Халыма” СХЖК-тан 1 692 129,48 солк. төлөтөр уураах ылбыт да, “Халыма” кэпэрэтиип ити иэһи төлүүр “быта да суох”. Орто халымалар сүөһү ыла сатаабыттара табыллыбакка, отуойкаҕа олорбуттар.

“Халыма” кэпэрэтиип аҕыйах сүөһүнү сатаан көрбөккө, дьаһайбакка, кыһын аайы сутатан, тымныы хотоҥҥо тутан, Үөһээ Халыма улууһун аатын-суолун улаханнык түһэрбит. Эбиитин улуус кэпэрэтиипкэ бу сүөһүнү атыылаһарга биэрбит 2 мөл. солк. төннөрө кыаллыбат буолбут.

Аны туран, мин көрдөхпүнэ, улуус дьаһалтата ити кэпэрэтииби иитэргэ “солуоһунньук” буолбут курдук. “Тыыннаах сүөһүнү өлөрүөххүт дуо” диэн сантаас иһилиннэ да, наар харчы биэрэн иитэ олорорго күһэллибиттэр.

Сталин кэмигэр 15 бургунаһы сутатан өлөрүү иһин, “Халыма” кэпэрэтиип тэрийээччилэрэ бары өссө 2019 с. сыл ытыллыбыт буолуох этилэр. Оттон билигин ким да, туох да иһин эппиэтинэс сүкпэт, буруйдаммат дьикти кэмэ.

“Утайаҕа киһи эрэнэр дьоно хаалбатах”

Е.Х. Голомарева, чахчы, хоту дьонун туһугар дууһатынан ыалдьарынан дириҥник ытыктанар. Ол эрээри Елена Христофоровна бу Михайлов суругун итэҕэйэн, Утайа эбээннэрин көмүскүү сүүрбэтэр, бастаан дьыала, кыһалҕа төрдүн-төбөтүн өйдүүрэ буоллар диэҕи баҕараҕын. Үөһээ Халыма кырдьаҕастара: “ССРС саҕана Утайа табата 9 тыһ. тиийэ сылдьыбыта. Оччолордооҕу эбээн оҕонньотторо улуу үлэһит дьон этилэр, билигин Утайаҕа киһи эрэнэр киһитэ суох курдук”, – диэн соһуттулар. Итини Үөһээ Халыма улууһун т/х сайыннарыытын бырагырааматыгар “таба барыта чааһынайга сылдьар, ахсаана хаһаайыттар элбэҕи өлөрөн аҕыйыыр” диэн этиллибитэ бигэргэтэр. Харчылара тиийбэккэ, астара суох буолан сииллэрэ буолуо диэххэ сөп эрээри, манна эмиэ судаарыстыбаттан “харчы хайытар” киитэрэйдээһиннээҕэ көстөр. Таба аҕыйаатаҕын аайы, “табаһыттары атаҕастыыллар” диэн айдаан тардыллан, сонно улуус, министиэристибэтэ “бассаап үөхпэтин, улуус, өрөспүүбүлүкэ көрдөрүүтэ буортуламматын” диэн, эмиэ солуоһунньук курдук, таба атыылаһа охсон биэрэллэр дииллэр. Билигин баар 1 тыһ. кэриҥэ таба аҥаара улуус харчытыгар атыылаһыллыбыт буолуохтаах үһү.

***

Бассаапка билиҥҥи дьон майгытын биир киһи “былаас аһара атаахтатан дьону буортулаата” диэбитин кытта Үөһээ Халыма холобуругар сөбүлэһиэх курдуккун.

“Халыма” да кэпэрэтиип сүөһүлэрэ баалларын тухары судаарыстыба харчытыгар иитиллэн олороро буолуо. Арай манна хоту олорор дьону төрүт аһынан аһатар үтүө санаа умнуллубута хомолтолоох.

Владимир Степанов.

Сэҥээриилэр

Sandy
0 Sandy 16.09.2022 06:13
Üzerinde Cn Fabrikaları yönlendirilen iyi Fishnet Uyluk Yüksek Çorap satın al Ayrıca Kolayca
dünya geneli Fishnet Uyluk Yüksek Çorap kaynağı olabilir.


My blog ... daddy
Kahretsin stepmom lips creamy: https://chat.casavivaarredointerni.it/f6f6g9
Ответить
Lavada
0 Lavada 16.09.2022 19:50
Nhs تمام مردوں کو اُس سال
سکریننگ کے لیے دعوت دیتا ہے جب وہ 65 برس کے ہو جاتے ہیں۔ 65## سے
بڑے مرد.

Feel free to surf to my web blog: άσκηση για πρόωρη
εκσπερμάτωση και στυτική δυσλειτουργία: https://vip.rebelsokrisky.cz/ed/4e3kddtwion
Ответить
Leola
0 Leola 08.10.2022 01:34
You actually make it seem so easy with your presentation but I
find this matter to be actually something that I think I would
never understand. It seems too complex and extremely broad for
me. I'm looking forward for your next post, I'll try to get the hang of it!


Also visit my website auto approve lists: https://www.firmonet.com/lists/
Ответить
Jeanna
0 Jeanna 08.10.2022 18:35
I'm not sure why but this web site is loading extremely slow for me.
Is anyone else having this issue or is it a problem on my end?
I'll check back later on and see if the problem still exists.


Stop by my web page ... SEO lists: https://www.firmonet.com/lists/
Ответить
Andreas
0 Andreas 22.03.2023 19:33
best customer service jobs to work from home in the
usa
therapist flexible work part-time work for pharmacists with children
earning extra income for doctors online

Check out my web page: best passive
income ideas for doctors in canada: http://yonghengro.gain.tw/viewthread.php?tid=325259&extra=
Ответить

Санааҕын суруй