Суотабай сибээс эпэрээтэрдэрэ куорат дьаһалтатыгар сибээс министиэристибэтин кытары көрсүһүү кэмигэр, Туймаада ыһыаҕар сибээс ханаалларын күүһүрдүү туһунан эттилэр.
“Үс Хатыҥҥа суотабай сибээс Саталга уонна Жатайга баар мобильнай ситимтэн хабар. Ол гынан баран, олус элбэх киһи тоҕуоруһарынан, сибээс мөлтөөн хаалар. Онуоха эбии базовай ыстаансыйаны туруоруллара ирдэнэр”, — диэтэ сибээс уонна информационнай технология миниистирин солбуйааччы Евгений Макаров.
Маннык миэрэ сибээс ханаалын, Интэриниэт күүһүрэрин, куолаһынан иһитиннэрии барарын хааччыйыаҕа.
Санатар буоллахха, Туймаада ыһыаҕа бэс ыйын 23-24 күннэригэр буолуоҕа.